Маассабай вакцинация ыарыыны кыайыа дуо?
Өрөспүүбүлүкэбитигэр бу нэдиэлэбит “соһуччу” уураахтарынан, дьаһалларынан саҕаланна. Сорох итэҕэйдэ, сорох уочараттаах “фейк” диэн эмиэ итэҕэйбэтэ. Онтон оптуорунньук күнтэн саҕалаан, куйаар ситимин нөҥүө сайтарга тахсыбыт сонуннар тарҕананнар, бу дьиҥнээх быһыы-майгы буоларын бигэргэттилэр.
Ол курдук, коронавируһу утары эпидемиологическай балаһыанньабыт мөлтөөн, Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта, СӨ кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева ыам ыйын 19 күнүгэр таһаарбыт “Нэһилиэнньэни булгуччулаахтык иммунизациялааһын” уурааҕар олоҕуран, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ А.В. Тарасенко ыам ыйын 24 күнүнээҕи дьаһалынан коронавирус дьаҥын утары кэккэ сорудахтары таһаарбыта нэһилиэнньэ ортотугар долгуйууну таһаарда. Бары да бу сураҕы сүрдээх ыарыылаахтык ылынныбыт. Социальнай ситимнэргэ кэпсэтии, балаһыанньаны ырытыы, санаа атастаһыыта саҕаланна. Бэл диэтэр, Арассыыйа киин ханаалларыгар кытта бу информациябыт тарҕанан, Сахабыт сирэ эмиэ уостан түспэккэ ахтыллар буолла бадахтаах.
Урукку вакциналар уһун кэмҥэ бэрэбиэркэни ааһаллар этэ. Билиҥҥи вакцина кылгас кэм иһинэн оҥоһуллан, сорох дьон реакциялыыр диэн суруйаллар. Ол эмиэ оруннаах. Урукку кэмҥэ элбэх инфекция вакцина көмөтүнэн хаптайбыта. Дьон саарбахтыан сөп, ол эрэн ылар ордук буолуо этэ. Арассыыйа вакцинатын ылан, билигин гепатит А, корь, скарлатина, коклюш, столбняк, паратит, сэллик, туляремия диэн ыарыылар суох буолуталаабыттара. Оспа сир үрдүгэр олох суох буолла. Онон вакцина эрэ кыайыа дииллэрэ оруннаах курдук.
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта, СӨ кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева уурааҕынан:
- убаастыыр биричиинэтэ суох вакцина быһыытын ылбатах үлэһит кылгас кэмҥэ үлэтиттэн тохтотуллар (коронавирус пандемията тохтуор диэри, ол эрээри үлэтиттэн ууратыллыбат).
- вакцинация сөптөөх таһымын ситиспэтэх тэрилтэ (кыратыттан, улаханыттан тутулуга суох) 200 000-500 000 солк. ыстарааптанар.
- вакцинация көрдөнүллэр таһымын ситиспэтэх тэрилтэ салайааччыта, ИП 50 000-150 000 солк. ыстарааптанар.
- вакцинация бары тэрилтэлэргэ, ИП, ХЭТ, АУо, кооперативтар үлэһиттэригэр булгуччулаах (баҕа өттүнэн буолбатах).
- вакцинацияҕа көрдөнүллэр, сөптөөх таһым 70 % тэҥнэһэр. Маны Дьокуускай куорат уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһа бэс ыйын 1 күнүн, атын улуустар бэс ыйын 15 күнүн ааспакка ситиһиэхтээхтэр.
- нэһилиэнньэ 70-тан тахса бырыһыана вакцина быһыытын ыллаҕына эрэ, коллективнай иммунитет үөскээн, маассабай тэрээһиннэр, ол иһигэр ыһыахтар көҥүллэнэллэр.
Ыам ыйын 25 күнүгэр «Саха» НКИХ «Үлэ үөһүгэр» биэриитигэр өрөспүүбүлүкэ түөрт профсойууһун салайааччылара, Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын бу дьаһалларын сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.
Иммунитет үөскүүр, санаа бөҕөргүүр
Гавриил Угаров, биологическай наука дуоктара, профессор:
– Быһыы ылар, ордук саастаах дьоҥҥо, хайаан да наада. Бу ыарыыны тулуйбакка, үгүс кырдьаҕас дьон олохтон туораата. Ол иһигэр университеттан бэрт элбэх профессор анараа дойдуга аттанна. Быһыы көмөтүнэн оспа курдук уодаһыннаах ыарыыны суох гынан тураллар. Быһыы оҥоһуллубута, туттуллар буолбута быданнаата. Наука сайдар. Вакцинаны оҥорор ньыма эмиэ сайда, тупса турар. Арассыыйа вакцинатын билигин аан дойду үксэ тутта олорор. Ити дойдулар биһиги ковиды утары вакцинабытын саамай бастыҥынан ааҕаллар. Саха сиригэр тыһыынчанан киһи прививкаланна да, онтон эмсэҕэлээбит киһи суох. Биир эмит киһи эмсэҕэлээбитэ буоллар, куйаар ситимин нөҥүө сонно тута туола түһүө этэ. Онон вакциналанар куттала суох, 3-5 күн устата инструкцияны тутуһуохтааххын эрэ. Быһыыны иккитэ ыллаххына, иммунитет үөскүүр, санааҥ бөҕөргүүр. Ол эмиэ үөрэ-көтө, дьону кытта тэҥҥэ сылдьаргар олус наадалаах. Сертификат биэрэллэр уонна сотору кэминэн сертификата суох киһини онно-манна сылдьарын боболлоро буолуо. Ол эмиэ сөп. Оччоҕо эрэ ыарыы тохтуоҕа. Биһиги төрүөхпүтүттэн бэрт элбэх быһыыны ылан-ылан кэллибит ини. Билигин биир да быһыыны ылбатах киһи, арааһа, суох буолуохтаах. Быһыылаах киһи ыарыйдаҕына даҕаны, ыарыыны чэпчэкитик аһарара биллэр. Онон ити сымыйа дойҕоҕу истимэҥ, быһыыта ылыҥ диэн сүбэлиибин. Быһыы эрэ ыарыыны бохсор уонна биһигини быыһыыр кыахтаах диэн үчүгэйдик өйдүөхтээхпит.
Тускар туһан!
Баайахсаана, норуот эмчитэ:
- Коронавирус ыарыыга бадьыҥа (ревень) барыанньата туһалыыр. Урут оспа, цинга, свинка ыарыыта турбут кэмигэр, бу үүнээйи дьоҥҥо сүрдээҕин туһалаабыт эбит.
«Паническай атаакаҕа» бэринимиэххэ наада
Марина Афанасьевна Семенова, биэнсийэлээх, Дьокуускай куорат:
– Ыарахан күннэр-дьыллар кэллилэр. Бүтүн аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт коронавирус сыстыганнаах дьаҥа киһи аймах уйулҕатын, олоҕун отуорун хамсатта. Онно саарбахтааһын суох. Аны туран, бу нэдиэлэҕэ Сахабыт сиригэр вакцинацияны булгуччулаахтык киллэрдилэр. Нэһилиэнньэ 70 %-на ылыахтаах диэн буолла. Хайыахпытый, саастаах көлүөнэ дьон икки түһүмэҕин ыллыбыт ээ. Былааһы билиниэххэ, ирдэбил күүһүрэрэ эмиэ наада курдук. Бары даҕаны хайдах курдук ыарахан балаһыанньаҕа сылдьарбытын билиниэхтээхпит. Маннык түгэҥҥэ түмсүүлээх буолуу сүрүн оруолу ылыа дии саныыбын. “Коллективнай иммунитет” үөскээтэҕинэ, ыарыыбыт, баҕар, намырыа ээ, онно эрэниэххэ. Сахалар киэҥ көҕүстээхпитинэн биллэр омукпут. Кылаабынайа, “паническай атаакаҕа” бэринимиэххэ наада. Дьэ, ол эрэн урукку көлүөнэ дьон оҕолорбут, сиэннэрбит инники олохторо хайдах буоларын санаатахпытына, хараастыах санаам кэлэр. Биһиги “экстремальнай” усулуобуйаҕа олорорбут быһыытынан, айылҕабыт эмтээх отунан-маһынан, дьылыттан сөпкө көрөн, “настойка” оҥостон иһэ сылдьыахтаахпыт. Эмтээх үүнээйилэрбит туһалара элбэх буоллаҕа. Бу ыарыы хааны хойуннаран, кыра тымырдары бүөлүүр. Онтон сылтаан хааҥҥа салгын (кислород) киириитэ уустугурар. Ол иһин организммыт салгын тиийбэтиттэн кэбириир эбит. Үрдүк технология үйэтэ кэлэн, олохпутугар араас үөйбэтэх-ахтыбатах быһыы-майгы тахсан эрэриттэн ардыгар дьиксиниэх санаа кэлэр.
Хаһан сүтэр ыарыыный?
Михаил Иванов, илин эҥээр улуус:
Дьэ, тэрилтэбит тойоно туруммут аҕай. Вакцинаны бары булгуччу ылаҕыт дии олорор. Мин ылбаппын, ол кэриэтэ үлэбиттэн уураттын. Тэрилтэ 27 үлэһиттээҕиттэн ким да ыла илик. Онон уоппускалаах, уоппуската суох дьону барыларын прививканан күһэйэн эрэллэр.
Мария Саввинова, Дьокуускай куорат:
– Мин кэргэмминиин ааспыт сайын ковидтаан, Губин уулуссаҕа баар обсерваторга киирэн, эмтэнэн тахсыбыппыт. Мин тыҥам этэҥҥэ этэ. Оҕонньорум тыҥата биирэ 11 %, иккиһэ 13 % сутуллан, ыараханнык ыалдьыбыта. Уон хонук олох аһаабакка сыппыта. Хата, быраастар кыһамньылаахтык эмтээннэр, туруга этэҥҥэ буолбута. Мин төһө да тыҥам эмсэҕэлээбэтэр, организмым кыра да ыарыыны тулуйбакка, балыыһаҕа син өр сыппытым. Билигин доруобуйам туругун көрдөрүммүтүм, ковид содулуттан тымырдарым “бляшка” буолбуттар. Бу “коварнай” ыарыы киһи тымырдарын кэбирэтэр, таах үтүөрэн хаалбат эбиккин. Аны сахарнай диабеттаах буоламмын, инсулинынан сылдьабын, эбиитин аллергикпын. Ыалдьаат, тута бырааһы ыҥырбыт буоламмын, ыарыыны удамырдык аһарбытым. Чугас дьүөгэм балыыһаҕа кыһыл зонаҕа үлэлии сылдьан, тыҥатын 93 % сиэтэн, өлө сыспыта. Балыыһаҕа киирэн өйө суох сыппыта. Билигин этэҥҥэ эмтэнэн, үлэлии сылдьар эрээри, уруккута буолбатах. Киһи ити ыарыыттан доруобуйатыгар улахан охсууну ылар уонна уопсай туруга мөлтүүр эбит диэн санааҕа кэллим.
Николай Семенов:
– Мин кулун тутар ыйга вакцина ылбытым. Уопсай турукпар туох да уларыйыы суох. Бэйэм аэропорка үлэлиибин. Манна ый аайы иккитэ диэбит курдук, “ковиднай рейстэр” кэлэ тураллар. Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү ыарыһахтарын таһаллар. Уонна өрөспүүбүлүкэ иһигэр күн аайы кэриэтэ, итинник рейстэр оҥоһулла тураллар. Хаандыганан, Усть Ньааранан, Өлөөнүнэн. Санитарнай рейстэр ыараханнык коронавирустаабыт ыарыһахтары Дьокуускайга, сорохтору Мииринэйгэ илдьэллэр. Маннык рейстэр “СОVID – 19” диэн статустаналлар.
Светлана Борисова, Мэҥэ Хаҥалас улууһа:
– Мин вакцина ыла иликпин, ылар санаам суох. Арассыыйа атын куораттарыгар барыта этэҥҥэ эбит ээ. Саха сирин бастакынан түүрэн эрэллэр. Дьокуускай куорат уонна Мэҥэ Хаҥалас дьоно 70 % прививка ылыахтаахтар дииллэр. Онон оптуобуһунан кэрийэ сылдьан, вакцина биэрэ сылдьаллар. Дэриэбинэлэргэ эмиэ тахсаллар үһү. Саамай элбэх ыарыы биһиэхэ баар, өлүү да элбээн эрэр диэбиттэрэ. Бэйэбит да туохха барытыгар сөбүлэһэ сылдьар курдукпут. Ууга түһүҥ диэтэхтэринэ, түһэрбит да буолуо. Барааннар курдук, тыал хайа диэки үрэр да, ол диэки көтө турабыт быһыылаах.
Нина Васильева, Өлүөхүмэ улууһа:
– Дэриэбинэҕэ күһүн, кыһын элбэх киһи ковидтаабыта. Ыалдьыбыттарын тоҕо эрэ кистииллэр, ыарыыны тарҕаппыт аатырымаары. Ойоҕостоттубут, бронхиттаатыбыт дэһэ сыппыттара. Ол гынан, сир түгэҕинэн иһиттэххэ, күн аайы иккилии-үстүү киһи ковидтыы турар дииллэр. Ону кистииллэр үһү, Олоҥхо ыһыаҕын оҥороору.