25.03.2020 | 18:30

Мааска тула

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирус ыкса саас туруо диэн сабаҕалаабыттара сатаммата. Номнуо тиийэн кэллэ. Ким эрэ ас хаһаанна, ким эрэ оҕотун-уруутун хомунан, дэриэбинэҕэ тэскилээтэ. Үгүс тэрилтэлэр онлайн эрэһиимнээх үлэҕэ көстүлэр...

Дьокуускайга аптекаларга медицинскэй мааска олоччу бүппүтэ быданнаата. Ону кытта састаабыгар испиирдээх уонна хлордаах убаҕас дезинфекциялыыр эмп атыыга суох. Хаһаайыстыбаннай маҕаһыыннарга, бэл, бары билэр “доместоспыт” бүттэ...

Кыһалҕа тугу оҥотторботоҕо баарай, вирустан харыстыыр маасканы дьон бэйэтэ тигэн саҕалаата. Бастаан Предпринимательство министиэристибэтэ хас да ИП-ны кытта дуогабардаһан, хлопок таҥастан мааска тигэргэ кэпсэтэн, төлөпүөннэрин тарҕаппыта. Кэнники күннэргэ инстаграмҥа баар иистэнньэҥнэр бары мааска тигиитигэр көстүлэр.

Инньэ гынан мааска тигиитэ бизнес саамай дохуоттаах салаата буола түстэ.

Дьокуускайга тигии мааска сыаната 50-тан саҕалаан 450 солкуобайга тиийдэ. Сыаната ыараханын сууйан, өтүүктээн элбэхтэ туттуохха сөп диэн быһаардылар. Оттон короналаах вируспут, сураҕа, ыам ыйыгар диэри сабардаан туруо үһү...

Онон тарбахтарыгар талааннаах кыргыттар оҕуруолаан, пайетка, наклейка сыһыаран, быысыбайдаан эбэтэр олох даҕаны сабынан баайан, мааска арааһын атыыга таһаартаан эрэллэр. Киэргэллээх дизайнерскай мааска сыаната 350-500 солкуобайтан саҕаланар буолла. Боростуой х/б мааска 100-150 солк. Оттон Арассыыйа киин куоратыгар Москваҕа дизайнерскай мааскаларын сыаната 2500 солкуобайга тиийбит курдук.

Ательелар фрилансердары ыҥырдылар

Элбэҕи биирдэ тигэн таһаарар ательелар баар буоллулар. Саамай судургу моһуону толкуйдаан, хас да хос таҥаһы биирдэ быһар массыыҥканан быһан баран, бэйэлэрэ кыайбакка, туораттан баҕалаахтары үлэҕэ ыҥырдылар. Ол курдук, ателье матырыйаалыттан быһан биэрбиттэрин дьиэҕэ олорон эрэ тигиэн баҕалаахтарга биир мааска иһин хамнас 20 солк. тарыып олохтонно.

Бэйэтэ иистэнньэҥ быһыытынан биллибэт, инстаграмҥа аудиторията суох киһиэхэ табыгастаах, барыстаах даҕаны бизнес курдук. Бэлэми тигэн эрэ биэриэххэ наада.

Ким баҕарар бэйэтэ тиктиэн сөп

Маасканы иннэҕэ сабы сатаан угар киһи бэйэтэ тиктиэн сөп. Оннук судургу. Мааска тигэр босхо маастар-кылаастар, уруоктар интэриниэккэ баһаамнар. Хлопок, бязь таҥас миэтирэтэ 150-200 солк. саҕалаан сыаналаах, эрэһииҥкэ 10 миэтэрэтэ – 100 солк. Биир миэтирэ таҥастан элбэх мааска тахсар.

Биһиги эрэдээксийэбит бэрэбиэркэлээн көрбүтүнэн, хлопчотабумажнай матырыйаал салгыны курдат киллэрэр-таһаарар буолан, мааскаҕа ордук табыгастаах. Икки хос гынар буоллахха, ис өттө чараас соҕус сиитэс эбэтэр бязь буолара ордук эбит. Тас өттүгэр сатин, поплин, хлопок ордук барсар.

Эбэтэр хлопок таҥаһынан биир хос гына тигэн баран, иһигэр маарыла угуохха сөп эбит. Маарылабытын 2-3 чааһынан уларытан иһиэхтээхпит. Оччоҕо мааска таһа уларыйбат, иһинээҕи маарылата эрэ сууллар, өтүүктэнэр.

Маасканы икки хос таҥаһынан тигэр ордук эбит диэн быһаардыбыт, үс хос гыннахха, тыынарга ыарахан.

Биллэн турар, таҥас мааска киһини олус тиритиннэрэр, медицинскэй анал мааска курдук буолбатах. Ол эрэн таҥара сэрэҕи таптыыр. Уопсастыбаннай сиргэ, тырааныспарга, быстах таһырдьа тахсарга да харыстыыр мааска кэтиэхтээххит.

Ойуурдаах куобах охтубат

Мааска тигэр бизнес чэчирии сайынна диэтибит. Ол эрэн маннык ыксаллаах быһыыга-майгыга тоҕо наар барыс киллэрэр эрэ туһунан толкуйдуохтаахпытый? Аһыныгас санаалаах Айыы Хаан аймаҕа буоллахпыт.

Холобур, Дьокуускай Ильменскэй уул., 21 нүөмэрдээх дьиэтигэр олорор пенсионер, уруккута идэтийбит иистэнньэҥ Валентина Слепцова ыаллыыларыгар босхо мааска тигэн тарҕатта. 141 кыбартыыралаах улахан уопсай дьиэ олохтоохторо бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөргө туруммуттар. Дьиэлэрин кырдьаҕастарыгар, таһырдьа тахсыбатыннар диэн, күннээҕи бородуукталарын бассаап бөлөххө сакаас ылан, атыылаһан аҕалан биэрэллэр эбит.

23 нүөмэрдээх оскуола 5-ис кылааһын үөрэнээччитэ Влад Чуркаев бастаан айылҕаны харыстыыр, планетаны экологическай иэдээнтэн өрүһүйэр сыаллаах эко-суумкалары тигэн атыылаан саҕалаабытытынан биллибитэ. Үгүс дьон кини саҕалааһынан хайҕаабыта. Билигин Влад удамыр сыанаҕа мааска тигэн атыылаан эрэр.

“Парус” оҕо саадын иитиллээччитэ 6 саастаах Миа Алексеева дьонун баҕатынан карантиҥҥа олорор. Кини бөлөҕөр 40-тан тахса оҕо баарыттан, билигин уһуйааҥҥа сылдьааччыта 5 эрэ хаалбыт, атыттар бары карантиннаан олороллор. Миа ийэтин кытта мааска тигэн, коронавирус кэмигэр үлэлии сылдьар иитээччилэргэ бэлэхтээтэ.

“Сахачай” хампаанньа салайааччылара Заморщиковтар дьиэ кэргэн аһымал ааксыйалары ыыталларынан биллэллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта Саха сирин 15 кырдьаҕастары көрөр-истэр интэринээт-дьиэлэригэр 100 кг тахса бэйэлэрин бородууксуйаларын босхо түҥэттилэр. Ферментированнай иван-чай организмы бөҕөргөтөр, иммунитеты күүһүрдэр кыахтааҕа науканан дакаастаммыта. Онон Заморщиковтар олохтоох чэй ытык кырдьаҕастарга кутталлаах вирустан харыстанарга өйөбүл буоларыгар саарбахтаабаттар.

Ыччат политикатын министиэристибэтин иһинэн волонтердар үлэлээн эрэллэр. Дьиэлэриттэн тахсыбакка олорор кырдьаҕастарга көмөлөһөр сыаллаахтар. Маннык волонтерскай ыстааптар Арассыыйа 12 регионугар үлэлээн эрэллэр. Коронавирус туһунан гражданнар ыйытыыларыгар хоруйдуур быһа линия: 88001001403.

ЯТЭК хампаанньа дезинфекциялыыр сириэстибэлэри, медицинскэй мааскалары, наада буоллаҕына, эбии прибордары ылыы боппуруоһун быһаарыыга анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 50 мөл. солк. харчы ыытта.

IT бизнес саамай чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ "inDriver” хампаанньа салайааччыта Арсен Томскай уонна “MYTONA” хампаанньа салайааччылара бырааттыы Ушницкайдар 15-тии мөлүйүөнү кыттыһан, өрөспүүбүлүкэҕэ 45 мөл. солк. көмө харчыны – тыҥаны искусственнайдык үлэлэтэр медицинскэй аппараттары атыылаһарга анаан биэрдилэр.

***

Мааска диписиит табаар буолаатын кытта, араас анекдоттар тарҕаннылар. Ханнык да балаһыанньаҕа күлэри эмиэ сатыахха наада. Холобур, маннык иһитиннэрии баар: “3 хаа сабыс-саҥа медицинскэй мааскалаахпын. Бүгүн эрэ 2 хостоох кыбартыыраҕа атастаһыахпын сөп! Куорат кытыы сирдэрин интэриэһиргээбэппин, куорат киинигэр эрэ баҕарабын”. Эбэтэр Саха сиригэр бастакы коронавируһу аҕалааччы аатыттан таһааран: “Арассыыйаҕа барытыгар Коронавирус тарҕанна, сахаларга – Коробовирус”, - диэтилэр.

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын саппаас пуондата кэҥээтэ. Коронавируһу утары охсуһууга 150-200 мөл. солк тыырыллыан сөп диэн Ил Дархан брифинигэр иһитиннэрдэ. Ааспыт бээтинсэҕэ 5-6 мөлүйүөн маасканы атыылаһан нэһилиэнньэҕэ тарҕатыах буолбуттара. Ол эрэн аптекаларга медицинскэй мааска билигин да атыыга тахса илик...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...