Маартан алаас оҥорбутум — саамай бастыҥ айымньым
«Урут киһи кута-сүрэ тохтообот маарыттан билигин көнө хонуулаах, оттонор ходуһалаах алаас буолла», – диэн үөрэ кэпсиир Үөһээ Бүлүү Боотулуутун олохтооҕо, сэттэ уонугар чугаһаабыт Баһылай Луукус Баһылаайап. Тыа сиригэр киһи бэйэтин илиитин күүһүнэн хайдахтаах курдук үлэни көрсөн, маннык түмүгү ылбытын туһунан ааҕыҥ, тускутугар туһаныҥ.
Сайынын Дьокуускай куораттан, ону ааһан ыраах Хабаровскайтан ийэлээх аҕаларыгар кыргыттара, эһэлээх эбэлэригэр сиэннэрэ кэллэллэр эрэ, куорат дьалхааннаах олоҕуттан бу алаастарыгар тиийэн сынньаналларын, оттуулларын туохтааҕар даҕаны сөбүлүүллэр. Дьиэлэриттэн кыракый ойуур сир эрэ мэһэйдиирин аастылар эрэ, аҕалара оҥорбут алааһа нэлэһийэ түһэр. Дойду мүөттээх салгына, ото-маһа, сирин аһа, куһа-көтөрө. Куорат дьонугар мантан ордук дьол уонна туох кэлиэй?!
– Манна оҕо сырыттахпына кустуу киирэр буоларым. Өҥөлөк-чөҥөлөк уулардаах, бүтүннүү кутаҥныы турар сирдээх. Дулҕа, мас, лаҥха буолбут от. Уруккута ойуур быһыылаах. Сиргэ охтубут мастардаах. Тулата чөҥөчөк. Ат дулҕа диэн үрдүк дулҕаны ааттыыллар, бүтүннүү оннук дулҕа этэ. Ол ыккардыгар кыракый ырааһыйалардаах. Эргийэ барар ынах ыллыга баар буолар. Маарга киһи оччо кута-сүрэ да тохтообот. Аата Эҥиэттэй маара диэн. Былыр Эҥиэттэй диэн киһи билиҥҥи пилорама оннугар өтөҕө турбут эбит. Аҕыйах тиит хаххалаах. Тиргэлээн да эрдэҕэ, күһүҥҥү өттүгэр ынах уулатар буолуохтарын сөп.
Доруобуйам мөлтөөн, тутуу үлэтиттэн тохтообутум. Кустуур баҕаттан дьиэм таһыгар баар ити маарга кус кэтиир буолбутум. Бастаан лаппаакынан тоҕута сынньан, уутун кэҥэттибитим. Ол сыл 28 куһу өлөрбүтүм. Ол олорон санаа киирбитэ. Хата, бу маары дулҕатын ыраастаатахха, кустуурга да бэрт буолсу, оттуохха да сөп эбит ээ диэн. Инньэ гынан саас эрдэттэн хаарын ууллараары, күл ыспытым. Аны дулҕатын, отун араастаан албастаан, сороҕор кыраабыллаан, бокуой буллум эрэ, дьарык оҥостубутум.
Мутукча тылла илигинэ дьиэм уота көстөн турааччы. Ити маар оннук чугас. Эбэлэр уулара уолан, маар уута баар буолуо дуо?! Уута уолан хаалбыта. Хата, маны ыраастаан баран алаас гыныахха. Арай ыраас баҕайы, дулҕата суоҕа буоллар, оттуохха сөп эбит. Таах туруон кэриэтэ туһаҕа таһаарар киһи диэн санаам олох арахпат буолбута.
Биир саас хаар саҥа ууллан эрдэҕинэ, муус устар быһыылааҕа, табаарыһым Ыстапаанап Ньукулайы дулҕатын анньан биэриэҥ дуо диэбитим. Ону быһа гыммакка, астарарын астарбыта эрээри, тыраахтырбыт алдьанан хаалбыта. Саас хаар уулларыгар, дьэ, доҕоор, ураты көстүү буолла. Киһи эрэ саллыах бэйэлээх дулҕата өрө анньыллан турара. Оннооҕор быһалыы сылдьар сылгылар сиргэнэн, ойуур өппүттэрин санаатахха, кырдьык, дьулаан көстүү этэ. Тардыалаан көрбүтүм, ыараханнара сүр. Ууну иһэ сыттахтара. Улаханнык мунаарбытым. Сири таах алдьаппыппын диэн. Ханнык баҕарар үлэ ньымалардаах буоллаҕа дии.
Табаарыстарым сайын ортотуттан, дулҕа уута тартаҕына, начаас куурар, оччоҕуна чэпчэки буоллаҕына хомуйуохха сөп диэн өй уктулар, оннук тэринним. Бастаан кыайан хомуйуом суох диэн саллыбытым. Онтон пластмаасса салааскалаах киирэммин, чохчолуу быраҕаттаатым. Үлэтэ суох, сүөһүтэ суох киһи иллэҥ буоллаҕым. Ол сылдьан сэрээккэлии таарыйа хамсанарга бэрт дьарык дии санаан ылабын. Дьэ оннук, илиибин араарбакка, дулҕаларбын таһаммын, бугул бөҕө оҥордум. Ырааһыран истэ. Шассинан ол чөмөхтөрбүн таскайдаатыбыт. Эбэ үрэҕиттэн сиэрдийэ тартаран, күрүө оҥорорго сананным. Сүрэхтээх киһи буоларым быһыытынан оргууй аҕай сылдьаммын күрүөбүн оҥорон саҕалаан бүтэрдим.
Нөҥүө сылыгар от бытыгыраата. Дьэ, доҕор, маннык буоллаҕына от үүнүүһү диэн санаам өссө бөҕөргөөтө. Аны ыаллар балбаах оҥорбут танка диэннэрин состорон аҕалан, уоҕурдуу курдук тутуннум. Дьэ элбэҕи таскайдаатым. Бастаан тоҕуһу, нөҥүө сылыгар сүүрбэни киллэрдим. Сирим кырыһыран, отум үүнэн, бастакы сылбар биир оту ыллым.
Нөҥүө дьылыгар икки от турда. Онтон түөрт оту ылбытым. Онтон биэс от буолбута. Быйыл бэһис сылбын оттуур сирим буолла, түөрт оту туруордубут. Урут киһи кута-сүрэ тохтообот маарыттан билигин көнө хонуулаах, оттонор ходуһалаах алаас буолла.
Сүрэхпин эпэрээссийэлээбит бырааһым хайдах маннык барыта бүөлэнэн баран сылдьыбыт киһигиний диэн улаханнык сөхпүтэ, хомуруйбута даҕаны. Элбэхтик хамсанаммын, сүрэхпинэн улаханнык моһуогуруох киһи, айылҕаҕа, сибиэһэй салгыҥҥа үлэлээммин, бу сылдьыбыппын диэн маарбар махтанабын. Маары алаас гына оҥоро сатыы сылдьаммын үлэ киһини эмтиир, көрөр-истэр, харыстыыр-харыһыйар эбит диэн санаа күүһүрбүтэ.
Ити ноһуому тарҕатыы түмүгэр от уларыйар эбит. Уруккута дулҕа сиэлэ икки кус олоҕоһо курдук суортаах оттор үүнэр эбит буоллахтарына, билигин хонуу ото үүнэр. Халба дабыдала үчүгэйдик үүнэр. Өтөххө үүнэр чооҥ кура от үүнэр буолан эрэр. Онон отум суорда кытта тупсан иһэриттэн үөрэ саныыбын. Маарым билигин көбүс-көнө ньуурдаах. Алаас буолан турар. Улахан оттор кээһиллэр икки улахан күрүөлээх.
Сиэннэрим Хабаровскайтан тиийэ кэлэллэр. Кыргыттарым наһаа сөбүлүүллэр. Сиргитигэр-дойдугутугар махтана сылдьыҥ диэн үөрэтэбин. Киирэ-тахса сынньалаҥ курдук оттуубут. Мин оппун охсорбор сиэннэрим киирэннэр субуу тардаллар. Биир чаас курдук үлэлии охсоот, дьиэлэригэр киирэллэр. Манна тулатынааҕы маһа чөл турар буолан, таһыгар бу аҕыйах мас нөҥүө дэриэбинэ баар да дии санаабат ээ киһи. Оннук чөл баҕайытык турар. Сайын устата бэйэбит эрэ сылдьабыт. Дьиикэй ойуур курдук. Хатыҥ, тиит, талах.
Бэйэм эт илиибинэн оҥорбут сирим буолан, дууһам үөрэр, астынар. Аа-дьуо оттуубут. Бэйэ тэтиминэн үлэлиир буолан, олус үчүгэй, киһи үлэлиибин да дии санаабат. Дьарык элбэх. Ырыа диэтэххэ – ырыа, уруһуй диэтэххэ – уруһуй, уус идэ, олоҥхоҕо да холонуу, ырыа матыыбын суруйуу, тыйаатырга артыыстааһын, чэ, итинник элбэх эрээри, эт илиибинэн бу маартан алаас оҥорбутум саамай табыллыбыт айымньым дии саныыбын. Мин манна дууһам ыллыыр.