11.04.2021 | 10:56

Любовь КАРАТАЕВА: “Аҕам эрэлин толордум...”

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Кыыл-сүөл саҥата, көтөр айманыыта, хомус киһини абылыыр тыаһа, сахалыы тойук, дэгэрэҥ ырыа – бу барыта “Дьээ-буо” ансаамбыл биир нүөмэригэр көрдөрөр, тиэрдэр, киһи тылынан эппэт дьикти дорҕоонноро, тыыннаах муусуката...

Хомойуох иһин, ону мин ааҕааччыларбар иһитиннэрэр кыаҕым суох, онон суруйан тиэрдэрбэр эрэ тиийэбин. Оттон эһиги, ааҕааччылар, ханнык эрэ кэнсиэргэ “Дьээ-буо” ансаамбыл кыттарын иһиттэххитинэ, булгуччу баран эт кулгааххытынан ылынан, кинилэр дьырылыыр матыыптарыттан, муусукаларыттан дуоһуйаарыҥ диэн ыҥырабын.

Любовь Афанасьевна Каратаева – “Дьээ-буо” ансаамбыл салайааччыта, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, аан дойдутааҕы бэстибээллэр лауреаттара, Саха-Канадскай 38 нүөмэрдээх оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин педагога.

Ойор күннээх оҕо саас

Оҕо сааһым наһаа үчүгэйдик, көҥүллүк, туох да күлүгэ суох, Сунтаар Тойбохойугар үтүө кэмнэргэ ааспыта. Тойбохой диэн ырыаҕа ылланар, кэпсээҥҥэ кэпсэнэр дойду диэн этэллэрэ саамай сөптөөх дии саныыбын. Улаатан баран син сир-дойду бөҕөтүн кэрийдим ини, ол эрэн Тойбохой курдук кыраһыабай сири көрө иликпин диэн чахчы этэбин. Ол курдук кэрэ дойдуга улааппыт эбиппин.

Георгий Евдокимович Бессонов диэн Социалистическай Үлэ Дьоруойа,  билигин да үлэлии сылдьар муусука учуутала Клара Степановна Тихонова кынаттарын анныгар улааппытым. Тихоновтар диэн аатырбыт музыканнар. Клара Степановна байаанын туппутунан  билигин да үлэлии сылдьар.

Мин ийэм Бабыканова Дария Яковлевна наһаа үчүгэй, үтүөкэн бэйэлээх истиҥ-иһирэх санаалаах этэ. Ийэбин дьон наһаа сөбүлүүрэ, ытыктыыра. Хаһан да дьону кытта кыыһырса, этиһэ сылдьыбат этэ, олус сымнаҕас майгылааҕа, барыларыгар үтүө сыһыаннааҕа. Аҕам Афанасий Андреевич Семенов нохтолоох тыллааҕа, хааһахтан хостоон эрэ курдук саҥарара, туох баар мунньахтары, эҕэрдэ тыллары барытын салайан ыытара. Кини саҥарда да, дьон уу чуумпу буолан хаалаллара. Оннук уус-ураннык уонна  ис-иһиттэн саҥарар тыллаах буолан дьон кутун-сүрүн тутара. Төрөппүттэрбин  олохтоохтор наһаа ытыктыыллара, кинилэр  чиэһинэй,  дьоллоох олоҕу олорон ааспыттара. Бииргэ төрөөбүт биэс этибит, мин кыраларабын, онон атаахтык иитиллибитим, ону таһынан биир тулаайах оҕону дьонум иитэ ылбыттара. Аҕам оһуокайы этэрэ, миигин кыра эрдэхпиттэн “кыыһым, кэл эрэ” диэн түһэҕэр көтөҕөн олордон ыллыыра, тойуктуура. Ону истээри атаҕар кэлэн олорор этим. Ол курдук бигээн ыллыырын истэ-истэ, утуйан хааларым. Киҥинэйэн ыллыырын матыыба күн бүгүн да кулгаахпар иһиллэр. Онон аҕам тойуга миэхэ олох курдары киирбит курдук. Ийэм наһаа чиэһинэй, биллэ-көстө сатаабат, үрдүк үөрэхтээх эрээри үйэтин тухары биһигини, дьиэтин-уотун көрөн олорбута. Аҕабыт араас командировкаларга сылдьара, салайар үлэҕэ үлэлээбитэ, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ эҥин этэ. Онон дьиэбитигэр мэлдьи ааммыт сабыллыбат, куораттан, соҕурууттан тойоттор кэлэллэрэ, онуоха ийэм куруук аһылык астаан тахсара, остуол хотойорунан буолара. Ол кэлэр-барар дьоҥҥо миигин анаан ыҥыран ыллаталлара, үҥкүүлэтэллэрэ, ардыгар туойарым даҕаны.  Бүтүн биир кэнсиэри көрдөрөбүн, кыра сылдьан оннук аналлаах этим. Дьон наһаа астынара, ытыстарын тыаһын харыстаабакка таһыналлара, ол миигин олус кынаттыыра, үөрдэрэ.

Дьиэ кэргэҥҥэ саамай мэниктэрэ, сытыылара этим. Уолаттарга киһиргээн дьиэ үрдүттэн ыстанан түһэн дөйөн турардаахпын. Акка олорсон баран сирэйбин таһыйтаран, атым кэлэн тэпсэн истэҕинэ атахпын нэһиилэ быыһаан ылбытым, ынах көрдүү сылдьан саамай улахан маска тахсарым.

Тойбохойго күөлбүтүгэр куба кэлэн түһэр этэ. Тыыннаах кыыллар бааллара – эһэ, бөрө, о.д.а. Сарсыарда кыыл саҥатынан уһуктарбыт. Бу Бессонов Георгий Еводкимович тэрийбит тыыннаах муннуга этэ. Эһэ, бөрө, араас кыыллар саҥалара,чыычаах ырыата, биһиэхэ тыыннаах зоопарка этэ, дэриэбинэ ортотугар баара. Ити айылҕа дорҕоонноро миэхэ киирэн халбыттара. Онон билигин сылдьан эрэ  дойдум матыыба киирэр, онон Тойбохойбор, оҕо сааспар олус махтанабын.

Бастакы сибэкким дьөрбөтө

Оскуолаҕа үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына Москваҕа бэстибээлгэ ыыппыттара. Арай хонууга оонньуу сырыттахпына, “Люба, Клара Степановна ыҥыртарар, Москваҕа барар үһүгүн”, - диэтилэр. Ол курдук бүтүн Саха сирин талааннарын көрдөрөр кэнсиэргэ оскуолабыттан соҕотох барбытым. Онно туойуохтаах этим, ону тоҕо эрэ нууччалыы ыллаппыттара, куолаһым олох чаҕаарыйан олорор. Кэнсиэр кэннэ элбэх буолан турабыт, арай миэхэ кэлэн сибэкки дьөрбөтө биэрдилэр. Аан бастаан артыыс быһыытынан онно сибэкки ылбытым. Наһаа үчүгэйдик ыллаатыҥ диэн хайҕаабыттара, оо, онно үөрбүппүөн.

Талаан өттүнэн аҕам ууруна сылдьар кистэлэҥэ этим, кини миигин туйахпын хатарыахтааххын диирэ. Ийэм сылдьан эрэ сиэркилэ иннигэр туран ыллаан тахсар этэ. “Оо, куоластаах буолан баран ыллыы сылдьыбыт киһи баар ини” диэбитин өйдүүбүн.

Онтон аҕам миигин сыанаҕа таһаара, ыллата сатаабыта, билигин санаатахпына, арааһа, бэйэтин олоххо киллэрбэтэх баҕа санаата эбитэ дуу, наар салайар үлэҕэ сылдьыбыт буолан, сатаан толорботох ырата эбитэ дуу. 

Кыыс оҕо анала

Кэбээйигэ баран кэргэммин кытта билсибитим. Иркутскайга “Хо-Ши-Мин аатынан омук тылын институтун” бүтэрэн Дьокуускайга үөрэх министиэристибэтигэр үлэлии барар сирбин анаттара кэлбитим. Аҕам билсэр дьоно элбэх буолан, манна куоракка хааллараары гыммыттара. Мин Кэбээйигэ миэстэ баар диэбиттэрин истэн, онно бара сатыыбын, дьонум ыытыахтарын баҕарбатахтара. Алдаҥҥа, промышленнай куораттарга, уопсай дьиэлээх диэннэр ыыта сатаабыттара, манна өссө дьиэлээх биир үлэни булан биэрбиттэрэ. Мин олох аккаас. Дьонум куоракка эдьиийбэр олордон миигин манна хааллара сатаабыттара. Ол үрдүнэн күүспүнэн син биир Кэбээйи Мастааҕар барбытым.

Ол курдук сөмөлүөтүнэн көтөн тиийбитим. Мастаахха анаммытым. Дьон сөмөлүөтү анаан көрсө киирэллэр эбит, саҥа учуутал, саҥа киһи кэллэ диэннэр. Мин дьэ билигин хааларбын-хаалбаппын халлаан быһаарыа дии санаатым. Уонна сөмөлүөттэн тахсан иһэн дьону буолбакка, халлааны көрдүм. Ол курдук көрөн баран турдум. Хайдах эрэ наһаа үчүгэй салгын оҕуста, бу дойдуга эн олоруоҕуҥ диэбит курдук. Ол курдук аҕыс сыл олорбутум, ыал буолбутум, оҕо-уруу төрөппүтүм. Онно төрүт култуураны, оһуокайы, тойугу үөрэппитим. Ити 1985-86 сылларга, оччолорго төрүт култуураны, фольклору сэҥээрбэт кэмнэрэ этэ.

Өссө биир умнуллубат түгэнинэн 1989 сыллаахха ыһыахха куонкуруска кыттан бастакы миэстэ буолбутум. Бирииспин сыалай биир сүөһүнү биэрбиттэрэ. Онтон улуус киинигэр, атын нэһилиэктэргэ салгыы кыттан эмиэ инники миэстэ ылан көбүөр, икки иистэнэр массыына бэлэх тутан олус долгуйбутум, үөрбүтүм.

Ол курдук айымньылаахтык үлэлээн оскуолабар айыы кылааһа диэн тэрийбитим. Сахалыы тутуллаах, концепциялаах оскуола буолбута.

Кыыс оҕо анала буолан, дьылҕам бэйэтэ ыҥыран ылан Кэбээйи Мастааҕар тиийэн, тапталбын көрсөн Каратаев Данил Даниловичка кэргэн тахсан билигин икки оҕолоох ыалбыт, сиэннэрдээхпит.

 

Ансаамбылым туһунан

Арай ырыа матыыба кэлэр. Хатаска олорор Маргарита Барабанская диэн дьүөгэбэр ыллаан иһитиннэрдим. Онуоха наһаа үчүгэй ырыалар, матыыптар, таһаартаа диэтэ. Ол курдук кыраттан да кынаттанан ырыаларбын көтүтэн, сыыйа-баайа “Дьээ-буо” диэн ансаамбыл тэрийдим. Билигин үһүс састааппын илдьэ сылдьабын. Биһиги норуот дьонобут, норуот ырыатын ыллыыбыт, саха дэгэрэҥ ырыаларын, хомуһу, тойугу, фольклору пропагандалыыр дьоммут. Салайааччы быһыытынан ирдэбиллээхпин, кыргыттарбар оннук этэбин. Ермолаева Екатерина, Жиркова Евдокия, Кривошапкина Кристина, Меркурьева Варвара диэн сүрдээх талааннаах, эдэркээн кыргыттары кытта тапсан, ылсан, бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн, кимтэн да тутулуга суох үлэлээн эрэбит.

Хайдах эрэ испэр саҥа састаабы көрдүү сырыттым. Арай “Арчыга” биир кыыс куонкурус ыыта турар, икки чаас күүттүм. Миэхэ киириэҥ дуо диэтим. Кыыһым сөбүлэһэбин диэн төлөпүөннээтэ. Икки кыыһы аҕалла, төрүт култууранан дьарыктанар кыргыттар, онтон бэйэм оскуолабар муусука учууталын булбутум. Ол иннинэ Айыы тойонтон көрдөстүм, бэйэм испэр көрдөһөр идэлээхпин. “Баһаалыста, эн көҥүлгүнэн буоллун, миэнинэн буолбатах, мин быйыл ансаамбылбын үлэлэтэбин дуу, суох дуу”, – диэн. Онтон ити үлэлээн киирэн бардыбыт. Кыргыттарым эмиэ суолбут наһаа үчүгэйдик арылынна дииллэр. Куоластарын туруорабын, ырыаларын бэйэм да айабын, атын да ааптардары туһанабыт. Сергей Зверев репертуарыгар киирэн эрэбит, онтон кэлин айбыт ырыаларбын ыллыахпыт.

Yгүс талааннаах ыччаты профессиональнай сыанаҕа таһаарсыбыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, талааннаах режиссер Светлана Григорьевна миигин таба көрөн, 2005 сыллаахха "Олоҥхо" театр-  студиятыгар ыҥырбыта. Онтон ыла араас омук дойдуларынан бэстибээллэргэ, Сахабыт сиригэр элбэх гастролларга, түһүлгэлэргэ ситиһиилээхтик кытынныбыт. Студия бастакы састаабыгар бааллара: Варя Аманатова, Амгаяна, Дархан, Евкодия Павлова, Кыталы Куо, Саарын, Эрхаан, мин уо. д.а.

Бу айымньылаах үлэбэр барытыгар Светлана Григорьевна Лукинаҕа махтанабын. Былааммыт элбэх. Клип уһулуохпутун баҕарабыт. Табылыннаҕына ансаамбыл иһинэн хомуска үөрэтиэхпит, онон тойукка, оһуокайга, ырыаҕа эмиэ маастар-кылаастары ыытыахпыт.

Тойукка сыыһа үөрэтии баран хааларын сөбүлээбэппин, тойук эмиэ туһунан методикалаах. Дьону үөрэтиэхпин баҕарабын. Тэлэбиисэргэ урут фольклор, оһуокай туһунан үөрэтэр биэрии баар этэ. Онно киирэн фолькор кэрчигин ыыппыт киһи диэн баҕарабын. Оччоҕо тойугу, саҥа тойуксуттары, ырыаһыттары арыйыам этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....