Үлэттэн сылайыыттан, хал буолууттан тэттик сүбэлэр
Кэлиҥҥи кэмҥэ киhи олоҕун тэтимэ олус түргэтээтэ. Хас да дьыаланы тэҥҥэ тута оҥоруу, хас да үлэнэн сүүрүү киhи доруобуйатыгар охсуулаах.
Кини бэйэтин ис туругун истэн, ылынан сырыттаҕына эрэ үлэ таhаарыылаах, хаачыстыбалаах буолар. Үлэттэн сылайыы, хал буолуу күн аайы биири гынаргыттан, үлэҥ түмүгэ көстүбэтиттэн, бириэмэ тиийбэтиттэн тахсыан сөп. Маннык турукка киирбит киһи туохха да наадыйбат, кинини туох да үөрдүбэт, умнуган буолар, этэ-сиинэ күүрэ сылдьар, ыарыыта элбиир. Бу турукка киирбэт инниттэн олоххор кыра туох эрэ уларытыылары киллэриэххэ наада:
- Айылҕаҕа сырыт. Айылҕа киһини уоскутар, санааны сааһылыыр, санааҕа ылларыыттан босхолуур күүстээх. Сибиэһэй салгынынан элбэхтэ тыын;
- Ханна эрэ айаннаа. Хаһан да сылдьыбатах сирдэргин көр. Айаннаатахха, билииҥ-көрүүҥ кэҥиир;
- Спордунан дьарыктан, эккин-хааҥҥын эрчий;
- Маастар-кылааска сырыт (үҥкүү, ырыа, уруһуй, иистэнии о.д.а);
- Психологка сырыт;
- Атын эйгэҕэ үлэлээн, бэйэҕин холонон көр;
- Арыгыттан, табахтан аккаастан;
- Сөпкө аһаа, сөпкө утуй, күннээҕи эрэсиимҥин тутус.
Киһи сылтан сыл бэйэтигэр саҥаттан саҥа сыал-сорук туруоран, ону ситиһэн истэҕинэ, онтон сырдаан олоҕо тупсар. Ким үлэлээх – ол дьоллоох, ким сүрэхтээх – ол ситиһиилээх.
Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин