29.05.2020 | 18:24

ҮЛЭ КҮӨСТҮҮ ОРГУЙАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка күннэтэ  уулуссалары уонна тротуардары киртэн, быылтан, кумахтан ыраастааһын үлэтэ ыытыллар. Ону тэҥэ алдьаммыт дьаамалары өрөмүөннүүллэр. Толорооччу – «Якутдорстрой» АУо тэрилтэ.

Ыам ыйын 25 күнүгэр грунтовой үлэлэри КО-806 массыынанан маннык аадырыстарга ыыттылар: Бабушкин, Челюскин, Кржижановскай, Очиченко, Рихард Зорге, Үс бэс, Яков Потапов, Винокуров, Ильменскэй, Курнатовскай, Тэки Одулок, Иван Кульбертинов, Крупскай, Стерх оройуоҥҥа Иван Крафт, маны таһынан Советскай, Олег Кошевой уулуссаларыгар уонна Марха оройуонугар.

Ыам ыйын 26 күнүгэр суол үлэһиттэрэ алдьаммыт  суоллары грунтовкалаатылар, тупсаҕай, үйэлээх буоларыгар үлэлээтилэр. Ол курдук: Бабушкин, Челюскин, Кржижановскай, Очиченко, Рихард Зорге, Үс бэс, Яков Потапов, Винокуров, Ильменскэй, Орджоникидзе, Ярославскай, Дзержинскэй, Петр Алексеев, Лермонтов, Федор Попов, Ойуунускай, Поярков уонна Богатырев уулуссаларын хаптылар.

Суоллары Дз-98 грейдеринэн  өрөмүөннээтилэр. Ол курдук: Мерзлотнай, Хатыҥ-Үрэх, сынньанар шоссе уонна Сэргэлээх суола. Дзержинскэй уулуссаҕа суол хайа барбытын КАМАЗ уонна ЭД-135 анал тиэхиньикэлэринэн өрөмүөннээтилэр.

УУ ХАЧАЙДААҺЫНА

Ууну хачайдааһын маннык аадырыстарга  ыытылынна: Ойуунускай уулуссатын 11-рэ, Каландарашвили 39, Чехов 28-30, Лонгинов-Бекетов, Петровскай 34, Билибин 6/1, Богдан Чижик-Кальвица, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, Дзержинскэй уулуссалар. 3 цистернэлээх «Беларусь»  тыраахтар уонна 3 мотопомпалары туһаннылар.

СУОЛУ ТУПСАРЫЫ

Санитарнай ыраастааһыҥҥа 4 КАМАЗ массыына үлэлээтэ. Оптуобус тохтобулугар 2 КАМАЗ, суол бордюрун көннөрүүгэ 1 КАМАЗ, 5 бырысыаптаах «Скандия» уонна суолу сууйар 4 КО-806 массыыналар үлэлээтилэр.

БҮЛҮҮЛҮҮР СУОЛ

Ыам ыйын 25 күнүгэр «Якутдорстрой» тэрилтэ суол кыра өрөмүөнүн  Бүлүүлүүр суол 3 килэмиэтиригэр ыытта. Манна суолу аспаалынан  уонна бетонунан бүөлээн, кыра дьаамалары өрөмүөннээтилэр.

КУТТАЛА СУОХ УОННА ХААЧЫСТЫБАЛААХ

Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат дьаһалтата куорат олохтоохторун бу дьыл ыам ыйын 21 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр диэри «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн, 2020 сыллааҕы эбийиэктэргэ уопсастыбаннай дьүүллэһиигэ кыттаргытыгар ыҥырар.

Дьокуускай куорат олохтоохторо бэйэлэрин уокуруктарыгар өрөмүөн үлэтэ хаһан, хайдах ыытылларын Zoom нөҥүө видеоконференцияҕа холбонон билсиэхтэрин сөп.  Уокуруктар нэһилиэнньэни кытыннарар графиктара барыта куорат дьаһалтатын сайтыгар бастакы сирэйгэ ыйанан турар.

Бу сылга бырагыраама чэрчитинэн 28 эбийиэги өрөмүөннүүллэрэ күүтүллэр, суол ситимэ 23, 5 км усталаах буолуоҕа.

Биэс сыл иһигэр национальнай бырайыагынан 204,5 км усталаах суолу оҥоруохтара, онтон 85  %- на – киин куоракка.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...