20.10.2023 | 14:00

Үлэ көрдөрүүтэ — «Главстрой» отчуотугар

Үлэ көрдөрүүтэ —  «Главстрой» отчуотугар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ эппиэтинэстээх министиэристибэлэри кытта мунньаҕар: «Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии дьон олоҕун тупсарарга, табыгастаах эйгэни тэрийэргэ туһуланар. Былааннаммыт тэрээһиннэр Саха сирин олохтоохторун тустарыгар хаачыстыбалаахтык, үрдүк таһымҥа ыытыллыахтаахтар. Быйыл национальнай бырайыактарга көрүллүбүт үбүлээһин рекорднай, 67 млрд солкуобай кэриҥэ», – диэн бэлиэтээн эппитэ.

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 4 сыл түмүгүнэн куорат уокуругун 116 эбийиэгэр 134,02 км уулусса-суол ситимэ нуормаҕа эппиэттиир турукка тиэрдилиннэ, итинтэн үлэ арааһын көрдөххө: өрөмүөн – 72 эбийиэк; хапытаалынай өрөмүөн – 31 эбийиэк; уларытан тутуу/тутуу – 13 эбийиэк. Үбүлээһин уопсай суумата – 8,04 млрд солкуобай.

Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:

– 2023 сылга «Дьокуускай куорат» куорат уокуругар «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириитинэн 2,56 млрд солкуобай көрүлүннэ, ол иһигэр 1,46 млрд солкуобай – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн, 0,80 млрд солкуобай – федеральнай уонна 0,30 млрд солкуобай – олохтоох бүддьүөттэртэн. 2023 сыл 3-с  кыбаарталлааҕы туругунан, көрүллүбүт үбүлээһиҥҥэ олоҕуран, барыта 23 эбийиэккэ тутар-таҥар үлэ былааннанна, ол иһигэр: 10 индикаторнай, 9 эбии (эбии сөбүлэҥинэн) уонна 4 көһөрүллэр эбийиэктэр.

РФ бырабыыталыстыбатын регионнааҕы сайдыыга хамыыһыйатын Президиумун мунньаҕын  2023 сыл муус устар 6 күнүнээҕи 20-с №-дээх боротокуолугар олоҕуран, эрдэттэн үбүлээһининэн хааччыйар, бүддьүөт кирэдьиитин көрөр курдук эбийиэктэр испииһэктэрэ чопчуламмыта, ол иһигэр куорат агломерациятыгар эбии  – 7,29 км. Ити курдук, быйылгы уопсай индикатор – 29,499 км.

Куорат уокуругар 2022 – 2026 сыллардааҕы тутуу, уларытан тутуу, хапытаалынай уонна уулусса-суол ситимин өрөмүөннэрэ Олохтоох дьаһалта  2023 сыл от ыйын 26 күнүнээҕи 1284р №-дээх дьаһалынан бигэргэтиллибитэ. Алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан, 2023 сыллааҕы Сөбүлэҥинэн, барыта 1 713,25 мөл. солкуобай, ол иһигэр 498,75 мөл. солкуобай федеральнай бүддьүөттэн,  1 010,70 мөл. солкуобай өрөспүүбүлүкэ уонна 203,80 мөл. солкуобай олохтоох бүддьүөттэртэн туһанылынна. Билиҥҥи кэмҥэ сыллааҕы лимиит 66,95% туттулунна.

Быйыл 29,499 км усталаах 19 эбийиэккэ үлэ барар:

Аспаал-бетон бүрүөһүннээх эбийиэктэр усталара – 18,626 км, ити үлэ  100% түмүктэннэ;

Көһөрүллэр эбийиэктэр усталара – 10,873 км (Севернай дьоҕус оройуон, Ветеранскай уул., Тулагы сэлиэнньэтин уулусса-суол ситимэ, итинтэн 6,723 (61,83%) км түмүктэннэ.

Тутар-таҥар үлэ 4 эбийиэккэ түмүктэннэ:

Кымньыылаах уул., Хаан кутар станцияҕа киирэр суол, Аржаков уул., «Хочо» СОТ уул.

14 эбийиэккэ үлэ түмүктэнэн эрэр:

1. Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ – Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри кэрчиккэ (2,946 км). Билиҥҥи туругунан түмүктэнэн эрэр үлэ:

• Газон хааччахтыыр күрүөлэрин оҥоруу;

Оптуобус павильоннарын туруоруу;

Аччыгый архитектурнай пуормалары туруоруу (ыскамыайкалар, ууруналар уо.д.а.);

Светофор эбийиэктэрин туруоруу;

Суол бэлиэлэрин туруоруу;

Салайар ыскааптары таҥыы;

Сквердэр тирээбиллэрин туруоруу.

2. Поярков уулуссатыгар Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскай уулуссаҕа диэри кэрчиккэ (1,850 км):

Бэлиэлэри уларытыы түмүктэнэн эрэр.

3. Бабушкин уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Очиченко уулуссатыгар диэри кэрчиккэ (2,359 км):

Сатыы сылдьар дьон суолларыгар хааччахтыыр күрүөлэри, суол бэлиэлэрин, оптуобус павильоннарын туруораллар.

4. Винокуров уулуссатын Ильменскэй уулуссаттан Чайковскай  уулуссатыгар диэри учаастакка уларытан оҥоруу (1,014 км):

Ууну ыытар лотуоктары, таһынааҕы уот ситимин, үрдэл сиртэн түһүүнү, тротуардары оҥороллор.

5. Вилюйскай быстах туора суол  Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа диэри учаастагар  хапытаалынай өрөмүөнэ (1-кы пусковой комплекс) (1,415 км):

Бордюр таастарын таҥыы, ууну ыытар лотуоктары, таһынааҕы уот ситимин оҥоруу, үрдэл сиртэн түһэр суолу, парковкалары уонна тротуардары аспааллааһыҥҥа бэлэмнээһин ыытыллар.

6. Челюскин уулуссатын Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Беринг уулуссатыгар диэри учаастакка хапытаалынай өрөмүөнэ (0,577 км):

Оптуобус сылаас тохтобулун туруоруу.

7. Кузьмин уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ (1-кы учаастак) (0,510 км):

Таһынааҕы уот ситимин, носуос станциятын оҥоруу.

8. Севернай кыбаартал суолларын хапытаалынай өрөмүөнэ (1-кы уочарат) (8,950 км):

Оптуобус павильоннарын туруоруу, суол бүрүөһүнүн оҥоруу, итиэннэ суол бэлиэлэрин туруоруу, таһынааҕы уот ситимин оҥоруу ыытыллар.

9. Табаҕа сэлиэнньэтин Центральнай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ (2,371 км):

Таһынааҕы уот ситимин, үрдэл сирдэртэн түһүү суолларга хайыр тааһы кутуу, кюветтары оҥоруу, суол бэлиэлэрин таҥыы, уот ситимин таһыгар таһаарыы, сылаас павильону туруоруу үлэлэрэ ыытыллар.

10. Тулагы сэлиэнньэтин уулусса-суол ситимин өрөмүөнэ  Первомайскай, Совхознай, Строительнай уулуссаларга ыытыллар (1,473 км):

Суол кытыытын, таһынааҕы сырдатыы ситимин оҥоруу.

11. Хапытаалынай тутуу эбийиэгэр бырайыактааһын, хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн Табаҕа сэлиэнньэтин Строительнай уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар (0,871 км):

Ууну ыытар лотуоктары, тактильнай плиткалары, тротуардары оҥоруу түмүктэнэн эрэр.

12. Табаҕа сэлиэнньэтин Комсомольскай уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар (0,610 км):

Манна эмиэ ууну ыытар лотуоктары, тактильнай плиткалары, тротуардары оҥоруу түмүктэнэн эрэр.

13. Оҕо сэллигин санаторийыгар киирэр суол өрөмүөнэ – Покровскайдыыр суол 8-см км (0,620 км):

Таһынааҕы уот ситимин тардаллар.

14. Ветеранскай уулусса өрөмүөнэ (1,340 км):

Суол бэлиэлэрин таҥыы, кумахтаах хайыр тааһынан суолу бүрүйүү.

Манна даҕатан эттэххэ, хаһыат матырыйаала бэлэмнэнэр кэмигэр, Островскай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ, эбийиэк алтынньы 14 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Уопсайа 265 миэтэрэ уһуннаах суол икки балаһалаах буолла, кэтитэ – 6 миэтэрэ, биир балаһа кэтитэ – 2 миэтэрэ, тротуар кэтитэ – 2 миэтэрэ. Суол бүрүөһүнүн тротуары кытта уопсай иэнэ – 4 тыһыынча кв. миэтэрэ кэриҥэ.

Көһөрүллэр эбийиэктэр тустарынан этэр буоллахха, алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан үлэ 3 эбийиэккэ ыытыллар:

1. Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссатыттан Строд уулуссатыгар диэри учаастагар уларытан оҥоруу:

Эбийиэк бэлэмэ – 23 %;

Инженернэй-техническэй үлэһиттэр – 6 киһи, оробуочайдар – 18 киһи.

Тиэхиньикэ: экскаватор – 1, погрузчик – 1, каток – 2, автогрейдер – 1, автосамосвал – 6, манипулятор – 1, аспаал уурар массыына – 1.

Үрдүк баттааһыннаах гаас турбата оҥоһуллар, ЛЭП 0,6 кВ анаммыт тирээбил туруоруллар, сүрүн суолга аспаал-бетон бүрүөһүн ууруллар, быстах кэмҥэ үлэлиир светофор туруоруллар, оптуобус павильонугар анаан бетон балаһаакка оҥоһуллар.

2. Кангалаас дьоҕус оройуонун Ольховая уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар.

Инертнэй матырыйааллары тиэйэллэр, мастары кэрдэргэ көҥүл ылылынна, компенсатордары, канализация ситимнэрин футлярдарын оҥордубут.

Инженернэй-техническэй үлэһиттэр – 2 киһи, оробуочайдар ра – 5; погрузчик-1, автосамосвал – 2.

3. Хапытаалынай тутуу эбийиэгэр бырайыактааһын, хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн Көтөр фабрикатын дьоҕус оройуонугар Хомустаах уулуссаҕа баар элбэх оҕолоох ыаллар олорор кыбаарталларыгар киирэр суол оҥоһуллар. Манна 2 инженернэй-техническэй үлэһит, 5 оробуочай, биирдии экскаватор, манипулятор уонна погрузчик үлэлииллэр.

Бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуон оҥоһулла сылдьар. Таһынааҕы сырдатыы ситимин тардыыга сөбүлэҥ түһэрсиллиэхтээх.

Уу турбата ууруллар, сир болотуната оҥоһуллар.

«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов 2019-2022 сыллардааҕы үлэ уонна үбүлээһин туһунан иһитиннэрбитинэн:

2019 сыллаахха киин куорат уокуругун уулусса-суол ситимин 19 эбийиэгэр тутуу, уларытан тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта, үбүлээһин суумата – 1,32 млрд солкуобай, өрөмүөннэммит суол уһуна – 25,95 км.

2020 сыллаахха уокурук уулусса-суол ситимин 28 эбийиэгэр тутуу, уларытан тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта, үбүлээһин уопсай суумата – 1,45 млрд солкуобай, өрөмүөннэммит суол уһуна – 23,56 км.

2021 сылга куорат уулусса-суол ситимин 36 эбийиэгэр тутуу, уларытан тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта, үбүлээһин уопсай суумата – 2,28 млрд солкуобай, өрөмүөннэммит суол уһуна – 48,26 км.

2022 сыллаахха куорат агломерациятын уулусса-суол ситимин 33 эбийиэгэр тутуу, уларытан тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта, үбүлээһин уопсай суумата – 2,99 млрд солкуобай,  өрөмүөннэммит суол уһуна – 36,25 км.

Ити курдук, национальнай бырайыак туруорбут индикаторыттан 66,0%-на нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэрилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...