17.05.2021 | 12:17

Үлэҕиттэн сылайдыҥ дуо?

Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Бу олоххо баар көстүү. “Үлэттэн сылайдыбыт” диир дьону элбэхтэ истэҕин. Аны билиҥҥи олохпут оллура-боллура, кыһалҕата үксээн, дьон-сэргэ моральнай уонна материальнай өттүнэн “стресскэ”, “депрессияҕа” киириитэ элбээтэ.

Сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, үгүс тэрилтэлэр “онлайн” үлэҕэ көспүттэрэ номнуо биир сыл буолла. Онон бэйэ-бэйэни кытта алтыһыы аҕыйаата, сырыы хааччахтанна. 

Психолог сүбэтэ

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар психолог сүбэтин билиһиннэриэхпит.

Светлана Владимировна Федорова, психология институтун старшай преподавателэ:

Үлэттэн хал буолуу сүрүн биричиинэлэрэ:

бастатан туран, биир күдьүс үлэ;

күн аайы биири гынаргыттан, үлэҥ түмүгэ көстүбэт буоллаҕына;

күүстээх үлэ, бириэмэ сырсыыта;

түүннэри-күнүстэри үлэлээһин;

аһара уустук үлэ;

кыра хамнас, бириэмийэ суоҕа;

начаалынньыктар куруук мөҕө-үтүрүйэ сылдьаллар, хаһан да үлэҕин хайҕаабаттар;

өрөбүлэ суох буоллахха;

үлэлиир кэлэктиип иһигэр иирсээн баар буоллаҕына.

Үлэттэн хал буолуу, дьону кытта элбэхтик алтыһыы ордук маннык идэлэргэ көстөр. Ол курдук, быраас, учуутал, психолог, атыыһыт, тренер, тэрилтэ администратора, колл-киин үлэһитэ, стюардесса, социальнай сулууспа үлэһитэ. Оттон дьон саамай эрэйи көрөр уонна кутталлаах идэлэрэ: быыһааччы, полицейскай, лүөччүк, байыаннай сулууспалаах, кризис киинин үлэһитэ, тэрилтэ салайааччылара.

 

Хал буолбуккун хайдах билиэххэ сөбүй?

Үлэлиэххин баҕарбат буолаҕын. Сарсыарда үлэҕэр бэрт эрэйинэн бараҕын, онтон сылтаан үлэҥ хаачыстыбата түһэр;

Туохха да наадыйбат турукка тиийэҕин. Мөҕөллөрүгэр, хайгыылларыгар наадыйбаккын;

Умнуган буолаҕын, кэллиэгэлэргин кытта кэпсэтэриҥ аччыыр;

Куруук сылайа сылдьаҕын. Сарсыарда уһуктаргар дэлби илистэн тураҕын;

Туох да үөрдүбэт буолар;

Ыарыыҥ элбиир;

Маннык түгэҥҥэ тугу гыныахха?

Психологка тиий;

Олоххун, кыратык да буоллар, уларыт. Холобур,  үҥкүүлээ, бассейнҥа, айылҕаҕа сырыт, баттаххын кырыйтар;

Уоппуската ыл. Кылаабынайа – сытыма эрэ, сытартан өссө ордук сылайыаххын сөп;

Эбэтэр атын хайысхаҕа үлэлээн, бэйэҕин боруобаланан көр. Холобур, учуутал буоллаххына, дьиэтээҕи үөрэтиигэ көс, ол эбэтэр үлэҥ хайысхатыгар туох эрэ саҥа сүүрээни, уларытыыны киллэр;

Бириэмэни таһынан үлэлээмэ, эбии ноҕуруусканы ылыма;

Хоббигын быраҕыма, эбии саҥа дьарыкта булун;

Арыгы, табах көмөлөспөтүн өйдөө;

Бириэмэтигэр сөпкө утуйан, аһаан сырыт. Сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик күүлэйдээ.

 

Үлэ – дьол, эбэтэр үлэттэн хал буолуу...

Марина Васильева, бухгалтер, Бүлүү улууһа:

– “Үлэ – дьол” диэн мээнэҕэ этиллибит тыллар буолбатах. Өскөтүн идэҕин сөпкө талан үлэлиириҥ олоҕуҥ кэрчик кэмин сүрүн кэрдииһэ буолар. Үлэ эмиэ хомоҕой хоһоон дьүөрэлэспит тылларын, норуот сөбүлээн ис сүрэҕиттэн ылыммыт ылбаҕай ырыатын матыыбын курдук тахсардаах, тахсыбаттаах буолар. Холобура, мин тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин суоччутун үлэтин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Мин биир тэрилтэҕэ уһуннук үлэлээбит уопуттаахпын. Тыа хаһаайыстыбатын салаата биир уустук салаалартан биирдэстэрэ буолар. Сыл ахсын бэриллэр былаан уларыйан иһэр. Ол быһыытынан көрдөрүү тупсан, оҥорон таһаарар бородууксуйа арааһа элбээн иһиитэ суоччут киһиэхэ үлэлииригэр эмиэ олус интэриэһинэй буолар. Былырыын баччаҕа көрдөрүүбүт оччо эбит буоллаҕына, быйылгы көрдөрүү лаппа тупсубута суоттаан таһаара олорор киһиэхэ үөрүүлээх буолар. Оччоҕо үлэһит дьон хамнаһа эмиэ үрдээн, дьон онтон үөрбүтэ киһиэхэ күүһүгэр күүс эбэр. Манна барытыгар улахан оруолу тэрилтэ салайааччыта, кини инникини сылыктаан көрөн үлэни-хамнаһы сөпкө аттаран туруоруута, дьон үлэлиир, сынньанар усулуобуйатын таба туһаныыта улахан оруолу ылар диэм этэ. Хас биирдии үлэ көрүҥэ, хас биирдии идэ барыта туһугар интэриэһинэй өрүтэ олус элбэх, киэҥ далааһыннаах. Онон, мин саныахпар, үлэттэн хал буолуу суох дии саныыбын. Киһи бэйэтин идэтин сөпкө талбыт буоллаҕына, мэһэйдэри көрсүбэт диэн санаалаахпын.

Петр Никифоров, такси суоппара, Дьокуускай куорат:

– Мин үйэм тухары тимир көлөнү ыытан кэллим. Ол эбэтэр ыраах улуустарынан сылдьан таксилыыбын. Билигин да үлэлиибин. Дьиэ кэргэммин иитиэхпин-аһатыахпын наада буоллаҕа. Оҕолордоохпун, сиэннэрдээхпин. Дьэ, үлэттэн хал буолууну мин бэйэбинэн билбитим ыраатта. Күн тура-тура улуустарынан айанныыр, дьону тиэйэр сылаалаах үлэ. Аны туран, айанньыттарбыт араас майгылаах дьон түбэһэллэр. Миэстэ былдьаһан айдаарсан туруохтарын сөп. Сорохтор табахсыт дьону сөбүлээбэттэр. Онон айаннаан иһэн кыыһырсыы, тыл бырахсыыта, ардыгар охсуһан тилиргэтиһэн туран кэлээччи эмиэ баар буолааччы. Мин бэйэм бу сыллар тухары психолог да курдук буоллум. Хас биирдии киһини санаатын көтөҕөн, сүбэлээн, сорох ардыгар уустук балаһыанньаттан тахсабын. Бэйэм оскуола кэнниттэн үөрэммэтэх буоламмын, тустаах идэм суох. Онон аҕам кыра сааспыттан тиэхиньикэҕэ сыһыарбыт буолан, оччолорго улууска киирэн суоппар быраабын ылбытым. Онон бачча сааспар диэри тимир көлөм миигин аһатан кэллэ. Наар биир маршрутунан дьону тиэйэр-таһар киһи уйулҕатыгар биллэр эбит. Үлэбиттэн хал буоллахпына, сылаабын таһаара таарыйа, сайынын тыа сиригэр аймахтарбар тиийэн оттуубун. Дьэ, онно баар айылҕалыын алтыһыы. Сыллааҕы эниэргийэбин иҥэринэбин, айылҕаҕа сылдьан сибиэһэй салгынынан тыынан, күүс-уох, өй-санаа  өттүнэн чэбдигирэн кэлэбин. Күһүн “сезон” аһыллыыта массынабын оҥостоммун, аны сайыҥҥа диэри эмиэ күүскэ үлэлиибин. Онон төһө да хал буолларбын, дьиэ кэргэним туһугар инним диэки түһүнэн кэбиһэбин.

«Ыра санаа каартатын» туһанабын
Вероника Александрова, Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолатын психолога, Мэҥэ Хаҥалас улууһа:
– “Профессиональное выгорание” диэни сахалыы өйдөөтөххө – “үлэттэн сылайыы”. Бу ордук учууталларга уонна биир кэлим хатыланар офис үлэһиттэригэр баар көстүү. Учууталлар сылтан сыл биири үөрэтэллэр, үөрэх бырагыраамата сүнньүнэн уларыйбат. Ол иһин “сылайыы” тахсыан сөп. Дьиҥэ, “выгорание” ханнык баҕарар киһиэхэ, бэл, дьиэҕэ олорор хаһаайкаҕа тирээн кэлиэн сөп. Тоҕо? Олоҕор тугу да саҥаны киллэрбэт киһиэхэ оннук буолар. Киһи сылын аайы көрүүтэ уларыйан иһэр, санаата кэҥиир. Онуоха бэйэтин үлэтэ-хамнаһа, дьарыга сөп түбэһиэн наада. Ол иһин тус бэйэм үлэбэр “Ыра санаа каартатын” туһанабын. Кэлэктииппэр сылын ахсын бэлэх оҥороммун, маастар кылаас ыытабын. Киһи сылтан сыл, бэйэтигэр саҥаттан саҥа сыал-сорук туруоран ону ситиһэн истэҕинэ, онтон сырдык энергия кэлэн сырдыыр, чэгиэн сылдьар. Олоҕуттан, үлэтиттэн дуоһуйар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...