22.09.2022 | 18:00

Үлэҕэ ыыппытым, состоруулаах кэллэ

Үлэҕэ ыыппытым, состоруулаах кэллэ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Биһиги ыал буолан олорбуппут 20-тэн тахса сыл буолла. Кэргэммин хас хамсаныытын, тыынарын, атаҕын тыаһын, оннооҕор ааны арыйан киирэриттэн настарыанньата уларыйбытын олох ончу курдаттыы билэбин. Ол курдук чугастыыбыт, ол курдук бэйэ-бэйэбитин билсэн, биир сыалай буолбуппут ыраатта. Оннооҕор биир түүлү түһээн турааччыбыт, киэһээҥҥи аһылыкка тугу астыахтаахпытын, тугу сиэхпитин баҕарарбытын тэҥинэн этэн кэбиһэн күлсэбит. Ол бэйэбит атырдьах маһыныы арахсан эрэбит. Саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык...

Кинилиин биир дэриэбинэҕэ үөскээбиппит, биир уһуйааҥҥа сылдьан, биир кылааска үөрэнэн олох оҕо сааспытыттан эн-мин, сороҕор ар-бур дэһэн улааппыппыт. Дьоммут сопхуоска оробуочайдыыллар, ийэлэрбит ыанньыксыттар этилэр. Онон биир баайыылаах дьон оҕолоро ыал буолбуппутугар олус диэн үөрбүттэрэ, ханна да ыраах барбакка, тиэстибэккэ илин, арҕаа олохтоохтор аймахтыы буолан хаалбыппыт. Мин Сэргэйбин оскуола кэнниттэн аармыйаҕа атааран, кэтэһэн, кэлээтин кытта төрөппүттэрбит икки өттүттэн улахан уруу тэрийбиттэрэ. Мин аҕам өттүнэн эдьиийдэрэ кыахтаах, иккиэн ыал буолбатах, оҕо-уруу тэниппэтэх, куоракка үрдүк сололоох үлэһит дьахталлар бырааттарын оҕолорун оҕо оҥостон куруук биһиэхэ сылдьаллара, сайылаан да бараллара. Онон улаханнык көмөлөспүттэрэ. Сыбаайбабыт кэнниттэн тута үөрэххэ күүстэринэн кэриэтэ иккиэммитин илдьэ барбыттара. Мин оскуола кэнниттэн ийэбин кытта ыанньыксыттыы хааллаҕым дии, үөрэх эрэ сах эрэ, Сэргэйбин дойдубар кэтэһэбин диэн.

Дьэ ол курдук эдьиийбит аах биир дьиэлэрин биһиэхэ туран биэрдилэр, иккиэн биирдии кыбартыыралаахтар этэ, онон кыттыһан олоруохпут диэтилэр. Уопсайынан, эдьиийдэрим барахсаттар бырааттарын, биһиги аҕабытын, наһаа таптыыр, аһынар, хараанныыр этилэр, кинилэр бүөбэйдээн улаатыннарбыт буоланнар, кини оҕолорун, биһигини, эмиэ олус таптыыллара, кыһаллаллара, өйүүллэрэ.

Мин Сэргэйбиниин хата наһаа чэпчэкитик үөрэххэ туттарсан киирбиппит, кини тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, механизатор, мин алын кылаастары үөрэтэр учуутал идэтигэр. Түргэнник үлэһит буолуохпутун наада диэн орто үөрэххэ киирбиппит. Иккиэн да үөрэхпитин ыарырҕаппатахпыт, ол олорон иккис сылбытыгар мин хат буолбутум. Үөрэхпин бүтэрэрим чугаһаабыт буолан уоппуска ылбатаҕым, онон этэҥҥэ эксээмэннэрбин туттаран, бастакы кыыс оҕобут төрөөбүтэ.

Чэ, ити курдук кылгастык кэпсээтэххэ, иккиэн үлэһит буолан салгыы эбии үс оҕо кэлбитэ. Онон түөрт оҕолоох, куоракка таас дьиэлээх, биллэн турар, эдьиийим дьиэтин миэхэ анаабыта, ону кэҥэтэн, эбиитин даачаланан, массыыналанан быр-бааччы олорбуппут. Икки сиэни көрөр дьолу билбиппит.

Дьэ онтон ыһыллыы-тоҕуллуу буолан, пандемия, ыарыы туран аҕабыт аны үлэтэ суох хаалла, биир тэрилтэҕэ мэхээнньиктии сылдьыбыта, тохтотон кэбиспиттэрэ. Биир сыл сытта, икки сыл сытта. Үлэ көрдүү, биллэрии көрө сатаан баран туох да көстүбэтэ. Таксистаан көрөн баран сирдэ. Аны оҕолорбутугар саамай көмөлөһөр кэммит тирээн кэллэ. Кырабыт оскуоланы бүтэриэхтээх, икки оҕо төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэллэр. Ыксал буолла, мин киһибин кэтэһэ сатаан баран кэнникинэн кыыһырар, мөҕүттэр буолан бардым. Хата кини бэлэмҥэ үөрэммит, дьыбаан киэргэлэ буолла, уойан да киирэн барда. Ол кэмҥэ мин үлэлээ да үлэлээ, оҕолорбун, эрбин иитээри. Аны туран бастакы сылбар дистанционнай үөрэх оҥорбуттарыгар букатын да иэдэйэ сыстым, көмпүүтэри баһылаабакка, тугу да сатаабаппын, түүннэри-күннэри олоробун, кыһыыбыттан ытаан да ылабын. Дьиэбит иһинээҕи балаһыанньа да тыҥааһыннаах буолан барда. Сыыйа син оҕолорум да үөрэтэннэр ылыннаҕым дии. Аны алын кылаас оҕолоро буоланнар  эмиэ биир кыһалҕаны көрүстүбүт, оҕолор да, төрөппүттэр да.

Ити курдук сылдьан уулуссаҕа хааман иһэн урукку дьүөгэбин, училищеҕа бииргэ үөрэммит кыыспын көрүстүм. Күннээҕи сонуммутун, кыһалҕабытын, дистанционнай үөрэх ыараханын кэпсэттибит. Онтон кэргэммин үлэтэ суох сытарын истэн баран атын уобаласка вахтовай ньыманан үлэҕэ ыларга биллэрии баарын миэхэ ыытыах буолла. Онтубут Амур уобалаһыгар эбит. Кини быраатын ылбыттар, көрдөрүнэ сылдьар диэтэ. Онно үөрэҕэ да суох буоллаххына, доруобуйаҥ туруга эрэ үтүө буолуон уонна куһаҕан дьаллыга суох буолуоххун наада үһү, ылаллар диэтэ. Мас суулларыыта, эрбээһинэ курдук эттэ. Оччолооҕу истэн баран киһибэр тиийэн кэпсии оҕустум. Сарсыныгар баран билис диэтим.

Саха сиригэр да вахтовай ньыманан үлэҕэ ыҥырааччылар да, онно наар улахан уйуктаах тиэхиньикэҕэ, туох эрэ инженер үөрэхтээх эҥин буолуоххун наада диэччилэр. Киһибин букатын ыытан эрэрбин билбитим буоллар, хантан, ол кэриэтэ дьиэҕэ сытан көр диэм эбитэ буолуо.

Дьэ, үлэһиттэргэ суһаллык наадыйар тэрилтэ эбит, нэдиэлэ иһинэн киһим барар буолан хаалла. Ол тэриниитэ, таҥас-сап булунуута туспа остуоруйа буоллаҕа.

Аҕабытын порка киирэн атааран баран ол түүн хайдах эрэ ону-маны санаан утуйбатым. Сүрэҕим тугу эрэ таайдаҕа буолуо, бука санаатахха.

Бастаан утаа Сэргэйим эрий да эрий, хата төлөпүөн хабар сирэ эбит. Олох тэһийбэппин, үлэбэр бардахпына эрэ аралдьыйабын, киэһэтин киһи бөрөлүү улуйуох курдук диир. Саатар интэриниэт хаппат буолан тугу да аахпаппын, көрбөппүн диэн муҥатыйар. Ол аайы мин киһибин аһынабын да, хайыахпыный, харчы наада буоллаҕа. Арба, хамнаһа ботуччу, этэргэ дылы, харахтаабатах, истибэтэх суумабыт этэ.

Сэргэйим үс ыйга диэн дуогабардаах барбыта. Иккис ыйа чугаһаабытыгар арай киһим кэпсэтэрэ, эрийэрэ аҕыйаан барда, кэлин олох да сүтэ-сүтэ кэпсэтэр буолла. Онуоха мин дьэ оннун-тойун булан, дьону кытта табаарыстаһан тэһийэр буоллаҕа диибин. Кэлин бэйэм да наһаа аралдьыппат, эрийбэт буоллум, дьиэтээҕи да кыһалҕам, үлэм элбэҕэ. Ол курдук үс ый ааһа оҕуста, аҕабыт кэлэрэ чугаһаата.

Биир күн үлэбиттэн кэлбитим, аҕабыт олорор эбит, мин наһаа соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны. Ахтыбытым да бэрт эбит, маннык уһуннук, этэргэ дылы, аармыйаттан ураты арахса илик этибит.

Арай киһим сирэйэ-хараҕа уларыйбыт, миигин утары көрбөт курдук. Олус диэн соһуйдум, куттанным, ыарыйдаҕа дуу, туохха эрэ түбэстэҕэ дуу диэн аһынан кууһа түстүм. Киһим онуоха халбарыччы анньан баран: “Доҕоор, мин атын дьахтары таптаатым, кини онно остолобуойга асчыт этэ, мин кинитэ, кини миигинэ суох табыллыбат буоллубут, ол курдук бэйэ-бэйэбитигэр ыллардыбыт”, — диэн саҥата уу чуумпу халлааҥҥа этиҥ эппитинии сүрэҕим ортотунан сааллан киирдэ. Нууччалыы маны этэн эрдэхтэрэ, “ступорга” бардым. Туох да диэхпин билбэтим, олоҕум бирээмэ барыта элэҥнээн ааста. Киһи өлөрүгэр олоҕун барытын киинэ курдук көрөн ааһар дииллэринии балаһыанньа буолла. Тэмтээкэйдээн баран олоро түстүм, харахпыттан биир хааппыла уу кэлбэтэ, ытыы да сатаабатым. Оҕолорбун, олохпун барытын санаатым, икки-үс ый билсибит дьахтарыгар сүүрбэттэн тахса сыл олорбут олоҕун биэрэр киһи диэн кыһыйыах-абарыах санаам кэллэ уонна саҥата суох хоско киирэн, таҥаһын-сабын хомуйан икки харахпар көстүмэ диэн үүрэн кэбистим.

Өссө кини состороонньолоох кэлбит буола-буола. Дьахтара батыһан кэлсибит, ис иһэ, кимэ-туга биллибэт буоллаҕа. Оо, эр киһи акаары да буолар эбит. Бу туох ааттаах сиэргэ-майгыга баппат быһыы эбитэ буолла. Түөрт оҕолоох ыал аҕатын иирдэн ылар диэн, биһиги да киһибит баар ээ, мин санаабар, быстах санааҕа ылларан кэбиспит быһыылаах. Арай төннүүм диэтин, арай төттөрү кэлэбин диэтин, хайыыбыный дьэ, олох буккуллан хааллым. Сэргэйбин кимиэхэ да биэрэр санаам суох этэ, аны таҥнарбытын кэннэ икки харахпар көрүөхпүн баҕарбат буолан хааллым. Оҕолорум өйдөөтүлэр, олоххо арааһынай буолар диэн кэпсии, уоскута сатаатым. Ол эрэн, бу соторутааҕыта атын нүөмэртэн ким эрэ эрийэ, суруйа сатыыр, тоҕо диэтэххэ кини нүөмэрин эрийбэт гына блоктаан кэбиспитим. Онон кини буолуо диэн сэрэйэбин, арай төттөрү кэлэбин диэтин, хайыыбыный?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...