31.12.2022 | 09:00

Үлүһүйэн туран үлэлээбиттэр — үрдүккэ, астынан туран айбыттар айхалга тигистилэр

Аптаах-алыптаах, сандаархай санаалаах, кэтэһэн-кэтэһэн кэрэхсэтэр аналлаах, күүтэн-күүтэн күндүргэтэр идэлээх Саҥа дьыл түүнэ үүнэр ахсынньылыыр ый үлүһүйэн туран үлэлээбиттэргэ, астынан туран айбыттарга түмүк оҥорор күннэрэ саҕаланнылар.
Үлүһүйэн туран үлэлээбиттэр — үрдүккэ, астынан туран айбыттар айхалга тигистилэр
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Тапталлаах «Киин куорат» хаһыаппыт ааҕааччыларын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит!

Ханна да иһиттэххэ, «ол көрүү түмүгэ”, “бу күрэх кыайыылааҕа” диэн сурахтар субуллан олороллор. Биһиги эмиэ ол долгуҥҥа олорсон, ол көххө кыттыһан, кэпсиир сонуннаахпыт. Ол курдук, Хатастааҕы «Тускул» култуура киинин иһинэн үлэлиир норуот тыйаатыра уонна Кангалаастааҕы «Горняк» култуура кииниттэн «Радуга» вокальнай ансаамбыл өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура бэстибээлин кыайыылааҕын үрдүк аатын ылан, 450 тыһ. солк. кээмэйдээх сертификаттарынан наҕараадаланнылар!

Үс төгүл үбүлүөйдээх, түөрт төгүл өрөгөйдөөх, үтүмэн үтүөкэн кэмнэрдээх 2022 сыл устата киэҥ нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн ыытыллыбыт «Наше наследие» диэн култуура араас хайысхатыгар бастыҥнары талан, үп-харчы өттүнэн көмө оҥорор күн ахсынньы ый 20 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин киэҥ уораҕайыгар буолан ааста. Ити ааттаабыт күрэхпит быйыл сааскыттан олорор сирдэринэн, онтон улуустарынан, онтон бөлөх-бөлөх улуустарынан ыытыллан, Дьокуускай куоракка кэлэн түмүктүүр киэһэтэ буолла. Ол эбэтэр араас таһымнаах көрүүнү ааһан, этэргэ дылы, буһан-хатан, ситэн-хотон, бастыҥтан бастыҥнар кэнсиэрдэригэр баара-суоҕа 14 нүөмэр ыҥырыллыбыта. Үөрүөхпүт, киэн туттуохпут туһугар, Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы норуот айымньытын кииниттэн икки кэлэктиип ыҥырыллыбыта – «Тускул» култуура киинин иһинэн үлэлиир Хатастааҕы норуот тыйаатыра (режиссер Семенова Е.Е.) уонна Кангалаастааҕы «Горняк» култуура  кииниттэн «Радуга» вокальнай ансаамбыл (салайааччы Кладковая Г.В.) уонна иккиэн кыайыылаах үрдүк аатын ылан, 450 тыһ. солк. кээмэйдээх сертификатынан наҕараадаланнылар!

Дьокуускай куораттааҕы Норуот айымньытын киинэ 16 култуура тэрилтэтин үлэтин иилиир-саҕалыыр, ол иһигэр Кангалаастааҕы «Горняк» култуура киинэ баар. Тоҕус уонус сыллар бүтүүлэригэр, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар дойду үрдүнэн олох-дьаһах тутулун уларыйыыта Кангалаас нэһилиэнньэтин биллэ аччаппыта. Дьон олоҕун сэргэхситээччи, санааны бөҕөргөтөөччү, түмээччи култуура киинэ бу түгэҥҥэ төһүү суолтаны оонньообута – дьон култуура тула мустан, ыллаан-туойан, мунчаарыы муҥкугуттан куоппуттара. «Радуга» ансаамбыл салайааччыта Галина Владимировна Кладковая бэйэтин тула биир санаалаахтарын түмэн, таҥас-сап тиктэн, олохтоохтук оҥостон, дьаныардаахтык дьарыктанан,  ситимнээх үлэ сыыйа ситиһиилэргэ тиэрдэн испитэ. Кэлии-барыы, сайдыы-үүнүү буолан барбыта. Иккис улахан тургутуу аны хааччахтааһын кэмигэр буолан ааспыта. Манна даҕаны «радугалар” өлөн-охтон биэрбэккэлэр, куруутун иҥэһэ үрдүгэр сылдьыбыттара. Онон «Горняк” КК өтөрүнэн тахсыбатах үрдүк үрдэлигэр үктэммитэ, биллэн турар, барыбытын үөрдэр.

Бэстибээл түмүк тэрээһинэ кэнсиэр хабаанынан ыытыллыахтааҕа ордук норуодунай тыйаатырдары мунчаардыбыта. Испэктээк курдук бөдөҥ кээмэйдээх айымньыны аҕыйах мүнүүтэ иһигэр көрөөччүгэ өйдөнөр гына туруоруу – уустук сорук. Хатастааҕы «Тускул» КК иһинэн үлэлиир норуот тыйаатырын режиссера Евдокия Семенова соторутааҕыта эрэ турбут «буруолуу сылдьар» С.А. Зверев «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны ылан сыыстарбатах.

– Евдокия Ефимовна, бастатан туран, эҕэрдэлиибит, үөрүүгүтүн үллэстэбит! Дьэ эрэ, хайдах, туохтан саҕаланна этэй, олоҥхоҕо айан?

Мин ийэм өттүнэн олоҥхо дойдута Сунтаартан силистээхпин-мутуктаахпын, онно улааппытым, сахалыы ырыа-тойук, төрүт үгэс, ытык ыһыах диэн өйдөбүллэргэ иитиллибитим. Онон олоҥхону туруоруу, бастатан туран, улуу Сергей Зверевкэ сүгүрүйүү уонна режиссер быһыытынан холонон көрүүм дии саныыбын. Биллэн турар, манна мин хаһан да соҕотох буолбатахпын, куруутун өйдүүр-өйүүр биир санаалаахтарым, чугас дьонум, артыыстарым бааллар. Бу күрэххэ куораттааҕы түһүмэҕи ааһан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыы, буолаары буолан САССР 100 сылын көрсөр, Арассыыйа норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин сылын түмүктүүр кэнсиэргэ киирии даҕаны улахан чиэс дии санаабытым. Ааттаах-суоллаах тыйаатырдары кытта күөн көрсүһүү туонатыгар киирбиппититтэн төһөлөөх долгуйбуппут буолуой?! Бу түгэни бэлэхтээбит артыыстарбар, кэлэктииппэр муҥура суох махтанабын. «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхобутун бастаан ахсынньы 5 күнүгэр туруорбут буоламмыт, бастатан туран, «сибиэһэй» этибит; иккиһинэн, хаста да оонньоон, сыыһа-халты хамсаныы даҕаны суох буолбута. Аны туран, гала-кэнсиэргэ артыыстарым барахсаттар өссө кыһаллан-мүһэллэн биэрдилэр, олох дьиҥ-чахчы турукка дириҥник киирэн, хас биирдии тылы дорҕоонугар тиийэ чуолкайдык саҥаран, хас биирдии хамсаныыны чочуйан, сэниэни, күүһү-уоҕу учуоттаан оонньоотулар. Норуот тыйаатырын сүрүн уратыта – биһиги артыыстарбыт норуот дьоно – ким биэкэр, ким оробуочай, ким устудьуон, ким учуутал уо.д.а. Үлэ-хамнас кэннэ кэлэн бэлэмнэнэн, түбүк быыһыгар тыл-өс үөрэтэн... Ол үрдүнэн, холобура, Бүлүү улууһун «Сыгый Кырынаастыыр» операта хайдахтаах курдук үрдүк таһымҥа турда?! Талаан норуокка баар диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

– Евдокия Ефимовна, эн санааҕар, бу ситиһии төрдө туохха сытарый?

Биһиги, хатастар, уонунан сылларга «Олоҥхо – олохпут ситимэ» бырагырааманы ылынан, бары биир санааҕа кэлэн, түмсэн, сомоҕолоһон, билии-көрүү, сатабыл эбинэн, оҥорор-тутар эйгэбитин кэҥэтэн, буһан-хатан, ситэн-хотон кэллибит дии саныыбын. Ол да иһин тэрилтэлэрбит, нэһилиэнньэ бары араҥата холбоһон, ким тугу сатыырынан көмө, тирэх буолан таҕыстыбыт. Сатанар, табыллар буоллаҕына, арыллыы-аһыллыы да баар буолан иһэр эбит. Биллэн турар, олох барытын сатыыбыт, таһыммыт оччо, таһыммыт бачча диир эрдэ эрээри, биири бигэтик өйдөөн, ылынан сылдьабыт – бииргэ буолартан бигэ санаа тирэх буолар, өйөбүл-өйдөбүл баар буоллаҕына, ситиһии ситимнээх, кыайыы кынаттаах диэн.

Ити курдук Хатастааҕы норуот тыйаатырын режиссера Евдокия Семенова бэлиэтээн эппитигэр 100 бырыһыан сөбүлэһэн туран, өрөспүүбүлүкэбит салалтата норуот бараммат барҕа баайа умнуллубакка, билиҥҥи олох тэтимигэр, хардыытыгар киирэн, төрүт дьоммут өркөн өйдөрө өтө көрүүлээҕин, этитиилээҕин өйдөөн, улахан суолта биэрэн, болҕомто ууран, анал бырагыраама бигэргэтиллэн, уһун сыллардаах былааннар ылылланнар, үп-харчы көрүллүбүтүгэр махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...