29.05.2023 | 20:00

Өлүү күнэ

Киһи үтүөтэ – өллөҕүнэ ахтыллар...
Өлүү күнэ
Ааптар: Александр-ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Кини итиинэн угуттуу кууһар, дьэп-дьэҥкир ыраас да ыраас ууга умуста. Тулата барыта сырдыгынан сыдьаайар, чаҕыллар, күлүмүрдүүр... Бу улаҕата биллибэт, көҕөрөмтүйэн көстөр дьикти киэҥ дуолга ис-иһиттэн чэпчээн, илиилэрин көтөн иһэр курдук даллатан, холку бэйэлээхтик устан истэ. Ол иһэн, мөһүүрэ долгуннарга күлүмүрдээн көстөр көмүс хатырыктаах балыктары эккирэтэ оонньуур, эмиэ да дьикти кэрэ сибэккилээх хонуулары сэргии көрөр. Ити курдук төһө өр устубута биллибэт, арай биирдэ өйдөөтөҕүнэ, аллара түстэр түһэн иһэр. Тулата тоҕо эрэ улам-улам тымныйан, болоорон барда. Көмүс хатырыктаахтары салыҥнаах, сыалыһарга маарынныыр дүлүҥ саҕа хара балыктар солбуйдулар. Кинилэр диэтэх дьон иҥсэлээх айахтарын аппаттылар, тымныы харахтарынан суптурута көрө-көрө иннинэн-кэннинэн устан сундулуҥнастылар.

Кини онтон этэ саласта, сиргэннэ... Өрө тахсаары мөхсө сатаата даҕаны, төттөрү илиитэ-атаҕа кыаһыланан, дьаакырдыы аллара куугунаата. Ыам бырдаҕын курдук хойуутук устар хара балыктар, муус тымныы салыҥнарынан сыстаҥнаан, аалыҥнаан тыынын-быарын хаайан бардылар. Төһөнөн тимирэн, дьуоҕуран иһэр да, балыктара өссө ынырыктыйан, сытыы тиистэнэ охсубут айахтарын аппаппытынан хайыта ыстыыллара элбээн истэ. Ол аайы киһи өйө-санаата туймааран, тыына-быара бобуллаҥнаан барда. Биирдэ өйдөөбүтэ үөдэн түгэҕэр хара саабан сабыылаах, сытыы хотуурдаах Өлүү сибиэнэ обургу тимир күрүчүөгүнэн төбөтүн батары саайбытынан, кытыаста турар уот кутааҕа соһон иһэр эбит. Оргуйа турар сымалалаах хочуолу тула эккирэтиһэ сылдьар атырдьахтаах абааһы аймаҕа баҕайылар кинини көрөөт, үөрэн алларастаһа түстүлэр. Уостарын-тиистэрин сыып-саап сотуннулар, кэлэн-баран күлүкүчүстүлэр. Өлүү обургу хаһыытаппытынан, кини илиитин-атаҕын тоһуталаан, тырыта тыытан ыла-ыла хочуолга быраҕаттаан барда. Киһи этин-сиинин ынырык ыарыы хам тутта...

Бүтэһигэр орулаппытынан, туйахтаах атаҕынан түөһүттэн тэбинээт, төбөтүн быһа тардан ылла уонна оргуйан бидилийэ турар сымалалаах хочуолга элиттэ. Киһи хаанынан ыһыахтанар төбөтө хочуолга көтөн, сабыллан иһэр халтаһаларын быыһынан кылатан көрдөҕүнэ, арай биир тэрилтэҕэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ ыдьырыччы буһан сыталлар. Ааттаах атаһа Дайыыла, тыыннаах эрдэҕинэ үгүс киһи хараҕа иҥнэр таллайбыт улахан кулгааҕа кытарчы буһан, өссө улаатан тэллэх саҕа тэллэйбитэ көстөн ааста...

Оо, онтон ол үөлээннээҕэ Бииктэр харахтара буспут балык курдук туртайбытынан, арбайбыт баттахтаах төбөтө оргуйа турар сымалаҕа көстө-көстө күөрэйэр... Тыый, аны дьахталлары кытта бииргэ буһара тураллар эбит дуу... Ити хайаларын эрэх үрүҥ, толору самыыта ласпайан ааста?... Оо, тугуй бу – өлүү күнэ үүннэ дуу?! Бээ-бээ, миигин эмиэ буһараары бырахтахтара! Абытаай! Аа-а, өө-ө...

Лүөхэ будильник тыаһыттан уһуктан, орулаабытынан олоро түстэ. Төбөтүн хам тутта олорон, харахтара кураанаҕынан сүүрэлээмэхтээт, хомуллубатах остуолга хатаммытыгар, биирдэ дьиэтигэр баарын, тыыннааҕын биллэ... Бэҕэһээҥҥи бырааһынньык содула төбөтүн төһө да “тимир күрүчүөгүнэн” хам ыллар, тыыннааҕар хаһан да үөрбэтэҕин үөрдэ. Кэбис, аллара дойдулара диэн ынырыга бэрт эбит. Өлүү сибиэнэ чугас да сылдьар быһыылаах ээ? Ол эрээри, бастакы умсуута үчүгэйэ бэрдэ... Эчи хаарыаны, куруук итинник аллара түспэккэ, туох да кыһалҕата суох көҥүл күөх дуолга уста сылдьыбыт киһи баар ини... Ону баара барыта кэмнээх-кэрдиистээх буолан эрэдэҕэ...

Уол туран суунна-тараанна. Бүгүн тойоно Сааба уонна Маайыс кэллэхтэринэ төрөөбүт нэһилиэктэригэр оскуолаларын үбүлүөйүгэр тахсыахтаахтар. Ыраах айаҥҥа барыан иннинэ аһыы оҕустаҕына табыллар. Сааба обургу өрүтэ сабыахтаан эрдэ кэллэҕинэ да көҥүл. Арба бэҕэһээ Бииктэр сатана уопсайыгар үчүгэйдик хаалла ини. Дьахталлар күннэрин кытаанахтык бэлиэтээбиттэр. Аһыан баҕалаах дьоҥҥо бу күн биричиинэ курдук көһүннэр даҕаны, хата уолаттарыҥ бэйэлэрэ эрэ мустан кэрэ аҥардар тустарыгар уус-уран тост бөҕө эппиттэрэ. Бука үгүс ааттара ааттаммыт дьахталлар барахсаттар, иэдэстэрэ итийдэҕэ... Онтон кэлин хайдах арахсыбыттарын, дьиэтигэр кэлбитин тугу да өйдөөбөт. Чэ, барыта этэҥҥэ ини. Иэдээн барыта дьахтартан тахсар дииллэр, оттон бэҕэһээ этэҥҥэ биир да дьахтары кытта алтыспатахпыт, баара суоҕа ааттара эрэ ааттаммыттара, һэ, һэ... Көр, хата бүгүн тугу барытын мэлдьэһэрдии, түүлүн аҥарыгар көстүбүт кэрэ дойдутун курдук, сырылатан-сырбатан сааскылыы чаҕылхай күн да күн тыкпыт.

Лүөхэ төбөтүн тымныы уунан суунан арыый дьэгдьийдэ уонна хобордооҕун туппутунан, тугу астанарын толкуйдуу турдаҕына, аанын тоҥсуйан дабдыгыраттылар. Ойон тиийэн аспыта, сэрэйбит сэрэх, Сааба обургу уонна Маайыс кэлэн, кинини көрөн, тоҕо эрэ дьиксиммиттии чугуруҥнаһа тураллар.

– Хайа, эрдэ кэллигит дуо? Туох буолан чугуруҥнастыгыт? Мин аһыы да иликпин ээ, сымыыт буһара охсобун дуо? – Лүөхэ хобордооҕун ыһыктыбакка сылдьан тойонун уонна Маайыһы дьиэтигэр киллэрэн иһэн ыйытта.

–          Суох, суох! Хата тыыннаах эбиккин дии... Куһаҕан сураҕы иһиттибит! – Сааба ыксаабыт куолаһынан хабыгырайда.

–          Лүөхэ соһуйан, хобордооҕун ханна гыныан билбэт курдук эргим-ургум тута турда.

–          Кырдьык, кырдьык, – Маайыс тойонун кэнниттэн туран чиҥэтээччи буолла.

–          Бай, туох сураҕый?

–          Сарсыарда тэрилтэҕит киһитэ өллө диэн телефоннаатылар...

–          Тыый... – мүччү тутуллубут хобордоох тыаһа өрө лаҥкыныы түстэ. Ол кэнниттэн киһи кутун-сүрүн баттыыр чуумпута саба бүрүүкээтэ. Бэл сааскы күн сырдык сардаҥалара кыараҕас түннүгүнэн кутуллара тохтоон, дьиэ иһэ хараҥаран ылла.

–          Кимий? Хайдах? – Лүөхэ кэһиэҕирбит куолаһынан ыган таһаарда. Түүлэ илэ кэлэн, итирэн охто сытар Бииктэр уонна Дайыла көстөн кэллилэр. Бииргэ аһаан баран, дьэ, иэдээн. Өлүү сибиэнин сытыган сыта кытта биллэргэ дылы гынна.

–          Биллибэт! Ким өлбүтүн эппэтилэр!

–          Эс, хайдах оннугуй?

–          Кырдьык, кырдьык. Миитээ собуоннаан чуолкай эһиги тэрилтэҕит киһитэ өлбүт диир. Миитээ сымыйалаабатын билэҕин уонна куһаҕан сурах хаһан да сымыйа буолбат! Бэҕэһээ уолаттары кытта хаска диэри аһаабыккытый? Туох буолбутай? – Сааба куолаһа кытаатан ылла.

–          Суох, улахан аһааһын суоҕа. Мин сөпкө кэлбитим. Кырдьык Бииктэр хотторбут этэ. Кыыһырсыы да, тутуһуу да суох курдуга, – Лүөхэ куолаһа титирэстээн ылла уонна сирэйин-хараҕын туттумахтаата.

–          Бу, баас-үүт суох!

–          Оччоҕуна Бииктэр хотуотугар хардаҕа, – Сааба быһа баттаата.

–          Кырдьык, кырдьык оннук эбит, – Маайыс тойонун кэнниттэн түһэристэ.

Чочумча саҥа-иҥэ мэлийдэ. Үһүөннэрин хараҕар кыра уопсай хоско соҕотоҕун олорор Бииктэр эрэйдээх быстах өлүүтэ көстөн ааста. Өлүү сибиэнэ бу сырыыга Бииктэр муҥнаах олоҕун ылбыта чуолкай эбит. Муҥун эттэххэ, доруобуйата аһаах этэ. Хайа уонна бөппүрүөскэтин умуруорбат табахсыт дьаарайа. Онон куһаҕанын таллахха табаҕын уоппутунан утуйдаҕына да көҥүл киһи... Туох барыта тахсыан сөп...

– Бээрэ, венокпутун хантан ыларбытый? Бырааһынньык өрөбүллэрэ ээ... уонна дьуһуурустубаны олохтуохха наада, –  Тойон өлбүт киһини атаарыы сиэрин-туомун хайдах дьаһайыахтааҕын толкуйдуу оҕуста.

–          Чэ, туруохпут дуо! Барыахха! Аара чааһынай атыылааччылартан венок атыылаһыахпыт.

Лүөхэ буруйдаах курдук туттан, хап-сабар хоһугар таҥнаары ойдо. Кыл-тыынынан ырбаахытын тимэхтэнэ-тимэхтэнэ тахсыбытыгар, тойоно биир иһит кыһылы туттаран кэбистэ:

–          Мэ, астыы оҕус эрэ! Биирдии үрүүмпэни стресс уста, кыратык абырахтана таарыйа иһиэххэ. Аны кэлэн туохха ыксаан!

Тэрилтэ массыыната сааскылыы халтархай суолунан айаннаан Бииктэр дьиэтигэр чугаһаата. Сааба инники олбохтон эригэй-эргийэ:

–          Дьонугар биллэрэ охсуохха наада. Лүөхэ, эн билэр киһи бэйэҥ төлөпүөннээр эрэ, – диэтэ.

–          Төһө эрэ айманаллар... – Лүөхэ саҥа атыыласпыт веноктарын атыҥыраабыттыы көрө-көрө, – Баҕар кини буолбатаҕа буолуо... – эрэҥкэдийэрдии симиктик хоруйдаата.

–          Суох, суох! Киниттэн атын ама ким буолуой? Соҕотох олорор киһини итирдибиккит туох аанньанан тахсыай? – Сааба киһитин өтөр-батары көрө олорон быһа биэрдэ.

Массыына дьиэ таһыгар хорус гынна.

–          Чэ, бастаан иккиэн киириэххэ, веногу билигин тыытыма, – тойон дьаһайда.

Дьиэ таһыгар туох да сүпсүлгэн баара көстүбэт. Арай таҥхаччы кырдьыбыт эмээхсин хаппыыста курдук бытырыыс таҥаһынан хаттанан, торуоскатыгар өйөнөн туох да кыһалҕата суох сааскы күҥҥэ сыламныы олорор. Уолаттар кини таһынан тыаһа суох сыбдыйан ааһан истэхтэринэ, эмээхсиннэрэ аҥар хараҕынан кылатан көрө-көрө  хобдьооро түстэ:

–          Тукаларыам, кимиэхэ кэллигит? Били тойоҥҥо кэлбит буоллаххытына, бэҕэһээҥҥи кэнниттэн тоһун ылан сытар ини...

Ааһан иһээччилэр соһуйан хорус гына түстүлэр. Барытын өйдүүрдүү бэйэ-бэйэлэрин утарыта көрүстүлэр уонна санньылыспытынан, ыарахан таһаҕаһы сүгэн иһэрдии, атахтарын аат эрэ харата соһон дьиэҕэ киирдилэр. Ол да иһин аат эмээхсинэ – кырдьаҕас суор барытын билэн олордоҕо...

Хараҥа көрүдүөрүнэн харбыалаһан тиийэн, соруктаах ааннарын буллулар. Чочумча иһиллээн турдулар эрээри, куттаммыт санааларыгар тула киһи дьиксинэр чуҥкунуур чуумпутуттан ураты туох да суох. Ааннарын тардан көрбүттэрэ хатааһыннаах. Онон сэрэммиттии оргууй тоҥсуйдулар. Балайда табыгыраттылар эрээри, иһирдьэ туох да хамсааһын баар сибикитэ биллибэтэ. Хоруоп иһин курдук хараҥа уонна уу-чуумпу...

Ити туран тоҥсуйааччылларга араас санаа барыта киирдэ. Дьоно кэлэн иһиттэн хатаннахтара дуу? Оччоҕо тоҕо аспаттар? Итиччэ тоҥсууру инчэҕэй эттээх, илэ сылдьар киһи истиэхтээх этэ! Хайдах хайдаҕый? Аны иһирдьэ уу-чуумпу? Киһилэрэ анараа дойдуга барбыт буоллаҕына, ааннарын бука хатаныа суохтаахтар ини? Милииссийэлэр хатаан барыахтарын, хатааһына иһиттэн дии...

Таһырдьааҥылар тоҥсуурдара улам улаатан барда. Кэнникинэн атахтарынан кытта түһүөлээн лүҥсүйдүлэр. Арай ол турдахтарына, иһирдьэ киһи ыҥыранна уонна соҕотохто:

–          Туох суоластаргытый?! – диэн бэркэ билэр хойуу куоластара ордоотоото. Саабалаах Лүөхэ киһи эрэ буоллар бастаан утаа соһуйан тылларыттан маттылар. Онтон төтөлө суох үрүт-үөһэ:

–          Бииктээр, эн дуо? Бу биһиги, биһиги... Тыыннааххын дуо? Ааҥҥын аһа оҕус! – диэн хобдьооро түстүлэр.

Иһирдьэ тимир орон куруһуната кыычыгыраата уонна тыастаах атах тыаһа лиһиргэйдээн кэлэн аан хатыырын төлө оҕуста. Биһиги дьоммут, хараҥа көрүдүөрдээҕэр арыый сырдык хоско, бииктэрдэрин баттаҕа арбайан турарын аанньаллааҕар да күндүтүк манньыйа көрдүлэр уонна бэйэ бэйэлэригэр үтүрүһэн кыбылла-кыбылла тоҕо сууллан киирдилэр. Киирээт уйадыйан:

–          Бииктэр, тыыннааҕыҥ үчүгэй даҕаны! – дии-дии киһилэрин кууспаҕалаан бардылар.

–          Айакка, туох буоллугут?! Бэйэм да өлөттөрө сытар киһини майааччылаамаҥ! – Бииктэр хараҕын ириҥэтин сотто-сотто, дьонуттан сирэйин куоттара сатыы туран кыыһырыахча. Дьоно онно эрэ уоскуйан, күлэ-күлэ тахсыбыт балаһыанньаны быһыта-орута кэпсээтилэр.

–          Оччоҕо ким өлбүтүй? – диэн Бииктэр туруору ыйытыга күлсэ турааччылары соҕотохто уоска биэрдэ.

Кырдьык даҕаны, ити ыйытыы көһүппэтэх өттүлэриттэн күөрэйэн, өлүү сибиэнэ син биир кинилэр ортолоругар күлүҥнүүрэ илэ-бааччы көһүннэ. Бу күн кини илиитигэр киирбэтэх үс тыыннаах хаалбыт уоланнар үөрүөхтэрин да, хомойуохтарын да билбэккэ турдулар. Аны кинилэр дьоҕус тэрилтэлэригэр өлүү хайаларын эрэ олоҕун ылла. Эргиир кыччаан иһэр. Онно бастакы уочараттаах хандьыдаатынан бэҕэһээҥҥи чалбараҥ кыттыылааҕа, чахчы сүрэҕинэн мөлтөх Дайыыла сордоох эбит. “оо, барахсан, күлэн-үөрэн бэрт киһи этэ” диэн үһүөн биир санаалаах турдулар.

Сааба: Дайыыла бокуонньук төһө да арыый аһары соҕус “аһыырын” иһин, үлэтигэр-хамнаһыгар бэрт бүгүрү киһи этэ. Киһи эттэҕинэ барытын түргэн-тарҕан баҕайытык толоро охсон кэбиһээхтиирэ. Үнүрүүн бостуой даҕаны быыгабар биэрбиппин. Эр дьон барахсаттар бары даҕаны “аһыыллар” ини. Таҥара кылгас үйэлээҕин билэн, хатаҕалаан аһата сатаабытын өйдөөбөтөхпүн...

Лүөхэ: Дайыыла бокуонньук чахчы киһи киһитэ этэ. Кини курдук чугас атаһым-доҕорум суох. Оо, барахсан күлэн-үөрэн сэһэргээн бардаҕына, киһи эрэ кутун тутара. Аны арыгыны буларын оҕоккото! Хайа да күн син биир булбута эрэ баар. Хайдахтаах да киһини кутугунатан, эрийэн ылан тэйэр эрэт этэ. Тыый, аны арыгыны уйарын оҕоккото! Хара сарсыардаттан да истэҕинэ син биир үлэтин үлэлээбитэ эрэ баар. Ону баара ити кылгас дьылҕаланыах быатыгар, быыгабар биэрэн сиэтэхтэрэ. Бэҕэһээ ол иһин быыгабар биэрбиттэрин бэркэ сөбүлээбэт курдук саҥаран эрэрэ. Өссө булан иһиэххэ диирэ. Ол кэнниттэн Дайыыла муҥнаах халтархай хайыһарын ханна эрэ хайыһыннарбытын, бөһүөлэк хайа эрэ муннугар өлүүтэ обургу ситтэҕэ!

Бииктэр: Дайыыла бокуонньук ама да буолтун иһин куһаҕана суох киһи этэ. Төһө да киэптиир курдугун иһин, сырдык санаалаах этэ. Куруук иэс ылан баран биэрбэтэҕин да иһин, арыгы буллаҕына көҥөммөккө бэрсэрэ. Үнүрүүн уон солкуобайы иэс ылан баран биэрбэтэҕэр бостуой саҥараммын. Маны билбитим буоллар... оо, кэргэнэ, оҕолоро төһө эрэ буорайдылар! Биһиги үрдүбүтүгэр түһэллэрэ чахчы. Бэҕэһээ бостуой кистэлэҥ арыгыбын таһааран. Онтон атын “собуоттаммакка” эрдэ тарҕаһыахтаах этилэр...

–          Лүөхэ, ыл, били аспытын тобоҕолоон кэбиһиэххэ! Аны кэлэн туохха чымаадыстаан! Сэрии толоонуттан өссө биир “тыыннаах хаалбыт” киһибит доруобуйатын эмтээн көрүөххэ! Сирэйэ-хараҕа бөчөҕүрэн түһэн, билигин да бэттэх кэлэ илик... – Сааба аны Бииктэрэ тыыннааҕын үгэргээтэ.

–          Ээ, ээ! Кэргэннээх дьон оннугар соҕотох, холостуой киһи өлүөхтээҕим ордук бөҕө буоллаҕа! Аһыйан ытыыр кэргэн, оҕо суох! Өллөхпүнэ даҕаны проблема кыччыгый... Били Сталин оҕонньор “нет человека, нет проблем” дииригэр дылы.

–          Кэбис, кэбис Бииктэр! Бу ыксалга, иэдээҥҥэ ону-маны саҥарыма! Ыл, хата абырах кутар иһиттэргин аҕал. – Лүөхэ хоонньуттан ордубут кыһылын хостоото.

Уолаттар астарын ыстакааннарга кутуннулар, үөрэнэн хаалбычча охсуһуннараары дугдуҥнаһан иһэн, сирэй-сирэйдэрин көрсө түстүлэр. Онтон өлүү сибиэниттэн этэҥҥэ куоппуппут иһин диирдии, тугу эрэ ботугураһан баран, хантас гыннаран кэбистилэр.

–          Дьэ, уолаттар бэҕэһээ иэдээн бөҕөнү оҥорбуккут! Туох эмэ криминаллаах буоллаҕына милииссийэлэнэрбит чуолкай. Онон аны испэккит, -- тойон уолаттарыгар муос-таас курдук эттэ.

Ити кэмҥэ боруҥуй хос аана аргыый аһыллан хаахынаата. Уолаттар соһуйан чохчос гына түстүлэр. Киһи бэрдэ Бииктэрдэрэ баттаҕа бураллыар диэри илгистээт, хаһаайын киэбинэн:

–          Һуу, кимий? – диэн ыган таһааран ордоотоото. Онуоха хараҥаттан бэрт симиктик:

–          Мин, мин Маайыспын! – диэн саҥа иһилиннэ. – Бииктэр баар эбит дии!

–          Баар, баар! Ээ, Маайыстаахпытын умнубут эбиппит. Чэ, Бииктэр! Бу ыксалга сытыаҥ дуо! Таҥна оҕус! Тэрилтэ уопсай иэдээнэ! Аны киһилэрин дьаһайбатахтар диэн тыл-өс барыа! Дайыыла муҥнаахха барарбытыгар тиийэбит!

–          Оо, кэргэнэ төһө эрэ айдаарар!

–          Хайыахпытый! Аһаппыт буруйдаах дьон барарбытыгар эрэ тиийэбит! Хата венокпут лиэнтэтигэр аатын эрдэ суруйтарбатахпыт ордук эбит.

–          Оксиэ, мин аатым суруллуохтаах этэ дуо?

–          Эн, эн! Маннык иэдээнтэн тыыннаах хаалбыт киһи, чахчыта уһун үйэлэнэр инигин!

.........................................................................................................................................................

Сааскы чаҕылхай күн, өлүү илдьитин эккирэтэр массыынаҕа эрэ кыһаммакка, олох сырдык сардаҥаларын орто дойдуга кутар да кутар. Тула барыта күн уотуттан күлүмүрдүүр-чаҕыллар, үөрэр-көтөр. Арай биһиги эрэ дьоммут ыар санааҕа баттатан күлүгүрэн иһэллэр.

–          Хайа доо, Дайыыла дьиэтин таһыгар массыына бөҕө тоҕуоруспут дуу? Оо, арааһа киһибит кырдьык бараахтаабыт быһыылаах!

–          Нэһилиэктэн аймахтара кэллэхтэрэ.

–          Иэдээн! Кэргэнэ биһигини төһө эрэ мөҕөн күлүбүрүтэр. Оннооҕор Дайыылаттан тыыннаах эрдэҕинэ тутан сиэри гынара.

–          Буруйдаах дьон тулуйаргытыгар эрэ тиийэҕит! Хара сордоохтору аһары аһаамаҥ дии сатыырбын истибэтэххит ити баар!

–          Эс, эн тэҥҥэ асаһар этиҥ дии! Хаһан иһимэҥ диэбиккиний? Хата абырахта аҕалыҥ диэн маҕаһыыҥҥа сүүрдээччи ким этэй?

–          Чэ, аны кэлэн ону-маны хаһыспыта, буруйдааҕы була олорумаҥ! Бүгүн тэрилтэ үлэһиттэрэ бары бокуонньукка дьуһуурустубаҕа түүннэри турабыт. Туохха эмэ наадыйдахтарына, көрдөөтөхтөрүнэ булан биэрэбит. Буорун үлэтигэр биригээдэни кэпсэтэрбит дуу? Хоруобун арааһа эмиэ биһиги сакаастыыр инибит. Дьонугар, аймахтарыгар найылаамыахха наада.

–          Буорун үлэтигэр Дайыыла элбэхтэ бииргэ аһаспыт, билэр уолаттара бааллар. Олору кэпсэтэрбит дуу? Ханныгын да иһин доҕотторо, онон кыра соҕус сыанаҕа кыһаллан хаһыахтара.

–          Эс, ол харчыны харыһыйыахпыт дуо! Хаалары лахсыйымаҥ! Ыл, Маайыс, үчүгэй буочардаах киһи ити венок лиэнтэтигэр бу фломастерынан “Дайыыла, үйэ-саас тухары уһуктубат уугунан сымнаҕастык утуй!” диэн суруйа оҕус. Кэннигэр тэрилтэҥ аатын умнума. Бастаан Лүөхэ биһиги киириэхпит. Бииктэр эн, кэргэниттэн куруук мөҕүллэр киһи хойутуу киирээр. Бэйэтэ нэһиилэ сылдьар киһини эрдэ ньиэрбинэйдэтэн иэдээни таһаарыаххыт!

Сааба тойон киэбин сүтэримээри бартыбыалын кыбыммытынан, венок тутуурдаах Лүөхэни батыһыннарбытынан этээстээх дьиэҕэ хаамта. Иккис этээскэ тахсан иһэн киһитигэр сибигинэйдэ:

–          Доо, киирии-тахсыы тоҕо эрэ суох. Ити массыыналар атын дьоҥҥо кэлбэтилэр ини?

–          Суох, ол өлбүттээх дьон тоҕо да киирэ-тахса күүлэйдии хаамсыахтарай? Дьиэҕэ чөкө олордохторо дии!

Уолаттар итинник сибигинэһэ-сибигинэһэ тиийиэхтээх ааннарыгар тиийдилэр. Санааларыгар кириэстэнэн, ааннарын анньан көрбүттэрэ хатааһыннаах. Эмиэ өйдөөбөккө утарыта көрүстүлэр. Өлбүттээхтэр хатаналларын туһунан истэ иликтэр этэ эрээри, тэҥнэһиэхтэрэ дуо, чуумпуну аймаабатарбыт диэбиттии, топ-топ гына тоҥсуйдулар. Бу сырыыга ону эрэ күүтэн турбуттуу, ааннара тута сэгэс гынна уонна бөх тоҕор биэдэрэтин туппут Дайыыла мунна кытарбытынан, убаҕас бытыга тойтойбутунан бу мылайа түстэ. Биһиги дьоммут өмүрэн хаһыытаһа түстүлэр...

Онуоха Дайыылалара туох да буолбатаҕыныы тарбаҕын уоһугар даҕайаат:

–          Тс-сс, кэргэним утуйа сытар! Абырах баар дуо? – диэтэҕэ үһү.

Уолаттар санныларыттан ыарахан сүгэһэри түһэрэн, дьэ, “һуу” гына түстүлэр. Ордук буруйдана сылдьар Лүөхэ үөрээхтээтэ:

–          Сатана уола тыыннаах эбит дуу! “Абырах баар дуо” диэбитэ бу минньигэһин көр! Баар бөҕө, тыыннаах буоллахха абыраҕы баҕас булуохпут, – дии-дии уйадыйан ылла, үөрүүтүн омунугар веногун киһитин моонньугар кэтэрдэ быраҕан кууспаҕалаата. Дайыыла олимпидаҕа кыайбыт чемпионнуу, “лавровай” веногу кэтэн туран, бастаан утаа дьонугар баһыйтаран тугу да саҥарар кыаҕа суох турда. Онтон венокка туох суруллубутун көрөөт, кинини “өлөрбүттэрин” сэрэйдэ.

–          Дайыылаа, ким кэллээ-э? – иһирдьэ хостон ситэ уһуктубатах дьахтар куолаһа унаарыйда. Кэргэнэ маны биллэҕинэ бууса буорайарын сэрэйэн, Дайыыла веногун устар бокуойа суох, бөх тоҕор биэдэрэтин туппутунан, аанын саба баттаата уонна дьонун таһырдьа үтүрүйдэ.

Үөрүү чараас кынатыгар уйдарбыт эр бэртэрэ, хара дьиэттэн хараҥаччылыы тыаһа суох көтөн тахсыбыттыы сананнылар эрээри, ыаллар ити дьолунан туолбут атахтар этиҥнии лүһүгүрэспиттэрин, “өрөбүлгэ да сынньаппаттар” диэн хаһыынан доҕуһуоллаатылар.

Таһырдьа массыынаҕа күүтэн олорор Бииктэрдээх Маайыс, веногун моонньугар кэппит, бөх тоҕор биэдэрэтин туппут, ыксаабыт сирэйдээх Дайыыланы көрөөт, айахтарын аллаччы аттылар. Уолаттар сүүрэн тигинэһэн кэлэн, массыынаҕа тоҕо кутуллан киирдилэр:

–          Кытаат, собуоттуу оҕус, эмээхсин тахсыа, бардыбыт-бардыбыт! – дэһэн суоппардарын ыгылытан хаһыытастылар.

Массыына күөх буруону унаардан, суол ортотугар чороҥ соҕотох сайыспыттыы олорон хаалбыт бөх биэдэрэтин хаалларан, үөрбүт-көппүт дьону иҥнэл-таҥнал түһэрэн, түннүктэригэр күн сырдык чаҕылын оонньоппутунан, ыстаннара турда.

............................................................................................................................................

–          Таак, тэрилтэбит өссө биир тутаах үлэһитэ тыыннаах хаалла, – Сааба, Дайыыла тыыннааҕыттан астынарын биллэрдэ. Тойон бука арааһа тэрилтэҕэ тахсыбыт өлүү арыгыны кытта сибээһэ суоҕуттан үөрдэ бадахтаах.

–          Айыкка! Абырахтана охсубут киһи! – “тыыннаах бокуонньуктарга” бу барыта түүл буолбатаҕын, дьиҥнээх олоххо баарын көрдөрөн, аны бэйэтин быраабын туруоруста.

–          Абырах диэн мелочи жизни! Тыыннаах буоллахха барыта баар буолуо. Тэрилтэҕэ барыахха, онно салгыы тугу гынарбытын толкуйдуохпут, – тойон дьаһайда.

–          Ээ, дьоппуон баара! Хата тыыннаах хаалбычча уон солкуобайбын биэрээр эрэ, –  Бииктэр иэһин син биир умнубатах.

–          Хайа доо, өлөн баран тиллибит киһини итинник көрсөҕүн дуо? Былыргыны былыт саппыта. Ол анараа дойду олоҕун билбэппин. Мин билигин саҥа киһибин, –  Дайыылалара балаһыанньанан туһанан түөһүн мөтөппүтүгэр, Маайыстара дьоллохтук күлэн сыһыгырыыр.

Тэрилтэҕэ тиийэн, өлүүттэн куоппут дьон, веноктарын тула олорон салгыы сүбэлэстилэр.

–          Чэ, кэбис, аны ыалларынан сылдьан кэрийимиэххэ! Туох гынаары телефон диэн баарый? Бастаан кимнээххэ эрийэбит?

–          Арааһа, бухгалтер Хаачаҕа эрийэрбит дуу? Доруобуйата мөлтөх этэ дии!

–          Ээ, кырдьык кини буолуон сөп! Быйыл хаста да больничнай ылла дии...

–          Маайыс, дьахтар киһи дьахтарга эн эрийэн көр!

–          Кэбис, кэбис! Туох диэн ыйытыахпыный? Ама, “Хаача тыыннааххын дуо” диир сүрүкэтэ бэрт! Кыыһырымтаҕайын бары бэркэ билэҕит!

–          Ол өлбүт киһи кыыһырар дуо?

–          Аньыы даҕаны, ону-маны саҥаран! Онтон билбэтэх курдук туттан кэпсэт. Ким эмэ ыллаҕына Хаача баар дуо диэн ыйытаар, бэйэтэ ыллаҕына тыыннааҕа чуолкай буоллаҕа! Чэ, мэ, эрийдим, кэпсэтэ оҕус...

Маайыс телефон туруупкатын ылан, уһун-уһуннук ыҥырар гудогу долгуйа иһиллии турда. Бу чыпчылҕан түгэннэригэр Хаача дьылҕата быһаарылларын бары өйдөөн, саҥата суох кулгаах-харах буолан турдулар. Өлүү сибиэнин тыйыс тыына Хаача барахсан үрүҥ тыынын үрдүнэн сабардаабытын, сүрэхтэринэн-быардарынан сэрэйэн турдулар.

Сааба: Хаача барахсан, ама да ааспытын иһин, тэрилтэни тутан-хабан олорбута. Кимтэн да толлубакка барыларын саҥарарын, бэл кинини кытта мөхпүтүн иһин, үлэтигэр чахчы кыһаллара. Арба кыбартаалынай отчуотун оҥоруохтааҕа, аны хайаларынан ситэртэрэбин? Бээ, бээ, кини оннугар кими үлэҕэ ылабын?! Сыл тахсан иһэн, дьэ, моһуок доҕор...

Маайыс: Оо, Хаача барахсан эдьиийим тэҥэ этэ! Үлэбэр куруук сүбэлии-амалыы сылдьаахтыыра. Аҥардас хамнаспын кини туруорсуутунан үрдэппиттэрин иһин махталым улахан. Сыл аайы оҕуруот аһа уонна сибэкки үүннэрэргэ үнүгэс бөҕөнү ыларым. Быйыл кимтэн ыларбыный?..

Лүөхэ: Хаача эдьиийбит, төһө да элбэхтэ мөхпүтүн, хаһыытаабытын иһин киһи киһитэ этэ. Ити олорор дьиэбин кини кэпсэтэн булбута дии. Аны оттук маспын тэрилтэ суотугар төлөппүтүн да ылан көр. Хамнаспытын хаһан да хойутаппакка кэмигэр оҥоро охсон бэрдэрэрин оҕоккото...

Бииктэр: эдьиий Хаача, кытаанах курдугун иһин, майгыта иҥэ-дьаҥа суох көнө этэ. Кырдьыгы хаһан баҕарар сирэйгэ этэр кыахтааҕа. Хамнаспын кэлэр ыйтан улаатыннарыах курдук эппитэ, ити баар дии...

Дайыыла: Хаача эдьиий курдук эр дьону өйдүүр дьахтар арааһа суоҕа буолуо?! Көр, үлэлээбитим тухары арыгы иһэн баран үлэбэр балачча элбэхтэ киниэхэ түбэстим эрээри, сирэйбэр утарытынан эрэ мөҕөр уонна тойоҥҥо, бэл атын үлэһиттэргэ кэпсээбэт. Барахсан үтүө киһи этэ. Мин кэргэним итинник миигин өйдүүрэ буоллар...

Кэмниэ-кэнэҕэм дьон санаатын ситимин быһан, дьылҕа-хаан ким эрэ илиитинэн туруупканы ылларда:

–          Алло!

–          Алло, Хаача баар дуо?

–          Истэбин... Маайыс эн дуо? Тугу кэпсээтиҥ? Арба дьахтар күнүн бырааһынньыгынан эҕэрдэ!

–          Ба-баһыыба! Ээ, кырдьык Хаачаҕын дуо? Хата тыын... ээ, баар эбиккин дуу?

–          Бу кыыс даҕаны, хайдах буоллуҥ? Сарсыардаттан бырааһынньыктаатыҥ дуо? Оскуола үбүлүөйүгэр тоҕо барбатыгыт? Туохха наадыйдыҥ?

–          Ээ, баран, баран... ити көннөрү билсээри эрийэ сырыттым. Чэ, пока!

–          Бу тухары эрийбэт этиҥ, эмиэ тугун муо... – Хаача туох эрэ диэн мөҕөн эрдэҕинэ, Маайыс туруупкатын уура оҕуста:

–          Ураа, Хаача тыыннаах!

–          Эмиэ тугун ураатай-тайматай! Хата быыс булан мөхпөтөҕөр баһыыба! – Бииктэр өс-саҕа буолла. – Оччоҕуна ким өлбүтүй?

–          Кырдьык даҕаны, хаалбыт дьоҥҥо шанстара кыччаан иһэр!

–          Кутталлаах балаһыанньалаах икки эрэ киһи хаалла. Ыл Маайыс, уопутурбут киһи эрийэн билэ оҕус! Хаһааҥҥа диэри таабырыннаһа туруохпутуй!

–          Бастаан кимиэхэ эрийэбин? Ньукулайга дуу, Маабыраҕа дуу?

–          Чэ, Маабыраҕа эрий! Тыыннаах буоллаҕына, сир түннүгэ буоллаҕа! Ким өлбүтүн хата билэн олорор ини!

Маайыс хап-сабар эрийэн куугунатта. Эмиэ уочараттаах киһи дьылҕата быһаарыллар түгэнэ үүннэ. Ол икки ардыгар мустан турар дьон маабыра барахсаны манньыйа ахтан-санаан ыллылар. Тэрилтэлэрин баар-суох тутаах үлэһиттэрэ этэ. Кэпсэтиитэ кыайыылааҕынан, ыпсарыылааҕынан чугас эргин киһи тэҥнэспэт киһитэ. Аны сайаҕаһын оҕоккото. Мөхтөҕүнэ даҕаны, кыра оҕону атаахтатар курдук тахсара. Оо, ама да ааспытын иһин, киһи кэрэмэһэ этэ...

–          Алло, алло... Хайа тоҕо саҥарбаккыт?

–          Ээ, Маабыра дорообо! Баар эбиккин дии... Бу мин, Маайыспын! Туох солуннааххын?

–          Туох да суох, арай ыаллыы тэрилтэбит саҥа үлэҕэ киирбит уолларын аҕата атын улууска өлбүт үһү... Тэрилтэбит аатыттан хаһыакка некролог биэрэрбит буолуо. Ханныгын да иһин биир хонтуораҕа, дьиэҕэ үлэлиибит...

–          Онтон венок ылабыт дуо?

–          Эс, атын улууска көмүллэр киһиэхэ ылбат инибит. Бээрэ, сарсыардаттан тойоммутугар Саабаҕа, эйиэхэ эрийэбин да ылбаккыт. Ханна сылдьар дьоҥҥутуй?

–          Онтон Ньукулайга эрийбитиҥ дуо?

–          Эрийэн...

–          Хаһан эрийбиккиний?

–          Бу соторутааҕыта.

–          Оо, чэ бэрт эбит!

–          Туох бэрдин этэҕин этэҕин?

–          Суох, суох, манна саҥарабын. Чэ, Маабыра, тойоҥҥо бэйэм этиэҕим, венок, ээ тьфу-тьфу, некролог быһаарыллыбыта, туй-сиэ быһаарыллыа! Эн долгуйума, хата баар эбиккин дии! Бырааһынньыгынан уонна пока!

–          Бу кыыс хайдах буолбутуй...

–          Маайыс туруупканы элэс гыннаран уура оҕуста:

–          Дьэ, дьиҥнээх ураа! Биһиги бары тыыннаахпыт! Ыаллыы тэрилтэбит саҥа үлэҕэ киирбит уолун аҕата өлбүт...

–          Һуу, бэрт эбит, оннук эрэ буоллун!

–          Ол атын да киһи өлбүтэ эмиэ туох бэртээх үһүнүй? – Бииктэр кэм да хадьардаһан хаалла.

–          Хата абырахтана таарыйа сууйуохха, – Дайыыла ытыһын сууралаамахтаата.

–          Ай-да Миитээ! Үөдэн уола! Хааһы бөҕөнү оҥотторбуккун көр! Дьэ, бэйикэй! Ол эрээри, хата барыта этэҥҥэ түмүктэммитинэн, ылыҥ нохолоор, маҕаһыыҥҥа ыстаныҥ! Абырах уонна биһиги ыраатар дьон өйүөбүтүн быһаара охсуохха! Мэйиҥ, бу үөрбүччэ мин туруорабын! Бары куруук тыыннаах буоларбыт туһугар! – Сааба хаһан да харчыны ордук-хоһу ыһыктыбат бэйэтэ үөрэн дэлэмсийдэ.

Айанньыттар дьахталлар тустарыгар тылларын-өстөрүн чочуйа-чочуйа балачча тост көтөхтүлэр бадахтаах, тоҥ күөс быстыҥа кэнниттэн олорбохтоспут дьон үөрэн-көтөн, кытаран-наҕаран тахсан кэллилэр. Дайыылалара моонньугар веногун кэтэ сылдьан тэбиэһирэн:

– Аны өлөн бэрт, тьфу мэ! – диэн халлааҥҥа хокуоскалаан саайда уонна веногун уһулу тардан ылан бөх дьааһыгар элиттэ.

Түбэлтэтигэр, ол ньамалаһа турдахтарына, сырылатар-сырбатар, олох уҕараабат сырдыгын кутар күннэрэ тоҕо эрэ өһөн, харааран киирэн барда. Тула барыта өһөх кыһылынан кытара кыыһаат, улам-улам көҕөрөмтүйдэ, онтон боруоран, болоорон иһэн, аҕыйах мүнүүтэ иһигэр олох даҕаны им-балай хараҥаҕа куустарда. Бэйэлэрэ өлөр өлүүттэн мүччү түстүбүт диэн, кыырпах да былыта суох сааскы чаҕылхай халлааҥҥа үөрэ-көтө турбут дьон, тулалара соҕотохто хараҥарбытыгар, сүрэхтэрэ эмискэ толугуруу мөхсөн, кут-сүр баттаттылар... Бөһүөлэк күрүлүүр күнүс ытыс таһынар хараҥаҕа тимирэн, соҕотохто ньим барда... Бэл ыттар үрэн баргыһаллара тохтоон, тула иин түгэҕин курдук им-дьим иһийдэ... Тоҕо эрэ айылҕа бэйэтинэн, өлүү күнэ хас биирдиибитигэр урут-хойут хаһан эмэ син биир адаҕыйан кэлиэхтээҕин – кытаанахтык сэрэттэ! Оннооҕор миллиардынан сыл тыкпыт күнү – сарсын өлүү илдьиэн сөп...

 

Эпилог

ЯСИА сонуннара:

1997 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Россия олохтоохторо Камчаткаттан Калининградка тиийэ күн өлүүтүн көрдүлэр. Бу сүүс сылга биирдэ буолар айылҕа дьикти көстүүтэ ордук Саха сирин киин улуустарыгар чуолкайдык бэлиэтэннэ. Ол курдук күнүс 11 чаас 05 мүнүүтэттэн саҕалаан үс мүнүүтэ устата күн диискэтэ бүтүннүү бүрүллэн, тула барыта ытыс таһынар хараҥара сырытта. Маннык үйэҕэ биирдэ буолар улуу көстүү дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар, кыыл-сүөл майгытыгар-сигилитигэр хайдах дьайарын учуонайдар күн бүгүнүгэр диэри толору быһаара иликтэр. Психологтар дьон санаата түһэрин, самнарын, олохтон барыы элбиирин, саахал тахсарын бэлиэтииллэр. Историяҕа биллэринэн сорох дьон сырдыктан сырдык күн өлүүтүн, бэстилиэнэй тыһыынча туолуутун кытта сибээстииллэр. Бу түгэн орто дойду олоҕо кылгаһын өссө төгүл санатарга дылы. Оттон бу күн Саха сиригэр ханнык да ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбэтэ, дьон-сэргэ күн өлүүтүн научнайдык толкуйдаан ылынна.

 

“Таатта” хаһыат:

Биһиги корреспондеммыт кулун тутар 8 күнүгэр күн өлүүтэ дьон майгытыгар-сигилитигэр хайдах дьайарын билэр соругу туруоруммут бэлиэтээһиннэрин оҥордо. Бу күн кыыл-сүөл майгытыгар уларыйыы тахсыбыта эрдэттэн биллэн, бөһүөлэк ыттара түүннэри күргүөмүнэн үрэн баргыйан нэһилиэнньэни утуппатахтара. Оттон Ытык Күөлгэ хара сарсыардаттан дьон-сэргэ уулуссаҕа элбэхтик тоҕуоруйда. Дьахтар күнүн бырааһынньыгар мааны хотуттарын дьиэлэриттэн таһаарбакка сынньаппыт, эр дьон барахсаттар түбүгүрэ сылдьаллара көстөр. Дьон өйүн-санаатын долгутар туох да уларыйыы көстүбэт эрээри, тоҕо эрэ арыгы маҕаһыыныгар элбэх эр киһи тоҕуоруйда. Онон туһанан биһиги корреспондеммыт аҕыйах киһиттэн экспресс-ыйытыы оҥордо:

–          Табаарыс, бүгүн күн өлөрүн туһунан истибитиҥ дуо? Ол туһунан туох санаалааххын?

–          Күн өлөр даа! Пахай, ол аата бэстилиэнэй тыһыынчалара туоллаҕа. Чэ, син биир бары өлөбүт, онон гулять так гулять, өссө биир бытыылканы эбии атыылаһар эбиппин.

–          Табаарыс, онтон эн туох дии саныыгын?

–          Ээ, күн өлүүтүн дуо? Оннооҕор күн өлөр буоллаҕына, биһиги өлбүппүт диэхтээн. Ол иһин бу дьахтар күнүгэр сынньаммакка, күн өлөрүн бэлиэтээри сылдьабын.

–          Убай, онтон эн туох санаалааххын?

–          Өлөр да буоллахха музыкалаах, шампанскайдаах барар ордук!

Биһиги респонденнарбыт ити курдук өлүүнү утуйарга холоон, хорсуннук хоруйдаһаллар.

Салгыы уулуссаҕа бэлиэтэммит өссө биир дьикти түгэни ахтыахпын баҕарабын. Икки киһи Ойуунускай уулусса “Н” нүөмэригэр баар дьиэҕэ өлбүт дьоҥҥо аналлаах веногу тутан, бэркэ санаарҕаабыттыы туттан киирдилэр. Мин бу дьиэҕэ олорорум быһыытынан, бүгүн сарсыардааҥҥа диэри ким да өлө илигин билэбин. Арай ыалбыт уолун сыбаайбатыгар үгүс массыынанан ыалдьыттар кэлбиттэрин билэбин. Онон суруналыыскай силиэстийэ ыытарга сананным. Өр-өтөр буолбата, дьиэттэн үс киһи уһулу ойон таҕыста. Били дьонум баарыан санаарҕаабыттара ханан да суох, хата бэркэ үөрбүттэр-көппүттэр, эбиитин ыалым Дайыылаҕа аҕалбыт веноктарын моонньугар кэтэрдэн кууспаҕалыы сылдьаллар. Ити чахчы, күн өлөр күнүгэр дьон өйө-санаата моһуоҕурарын көстүүтэ эбит. Бэркэ ыксаабыт дьону, “запорожец” массыынабынан, бөх тоҕор биэдэрэлэригэр кэтиллэн эргийэ сыһа-сыһа, өсөһөн эккирэттим. Сотору “Н” хонтуораҕа тиийэн кэлибит.

Дьонум тоҥ күөс быстыҥа кэнниттэн, эмиэ үөрэн-көтөн таҕыстылар. Ыалым Дайыыла кэм да моонньугар кэтэ сылдьар веногун, халлааҥҥа хокуоскалаан баран, бөх тоҕор дьааһыгар бырахта. Ити курдук чахчыта да дьон күн өлүүтүн, ол эбэтэр өлүү күнүн санаа түһүүтэ суох хорсуннук көрсөллөрө бэлиэтэннэ уонна биһигини сэргэхситтэ. “Маннык дьоннортон тимир тоһоҕону оҥоруохха наада” диэн сөпкө да этиллэр эбит. Ол да иһин, статистика көрдөрөрүнэн, бу күн биир да киһи улуус үрдүнэн өлбүтэ бэлиэтэммэтэ.

Федор Александров, хаһыат бэйэтин корр.

 

 

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....