05.03.2021 | 13:53 | Просмотров: 639

Өлүөхүмэлэр чаҕылхай кыайыылара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ волейболга турнирын маҥнайгы лигатыгар мэтээллэри Саха сирин алта бастыҥ хамаандата былдьаста: Дьокуускай, Ленскэй оройуона, Амма, Чурапчы, Өлүөхүмэ  уонна Нам  улуустара.

Хамаандалар эргиир систиэмэтинэн  биэстии тууру оонньоотулар. Өлүөхүмэ волейболистара Аммалары 3:1 Ленскэйдэри 3:1 хотон соһуттулар. Намнары эмиэ кыайдылар – 3:1 (25:22, 22:25, 26:24, 26:24).

Төрдүс  тууру өлүөхүмэлэр турнир таблицатын лидердаринэн көрүстүлэр. Кинилэр ыгыыларын киин куорат хамаандата тулуйбата, улахан утарсыыны оҥорбото. Ол түмүгэр – 0:3. Үс партияҕа утарсааччыларыттан биир төбөнөн үрдээн таҕыстылар – 25:15, 25:18, 25:17.

Онон, чемпионат бүтэрэ туур хаалбытын кэннэ, Өлүөхүмэ хамаандата кыһыл көмүһү холкутук ылан, Саха сирин историятыгар аан бастакытын бастаата!

Бүтэһик, тугу да быһаарбат  туурга, Чурапчы улууһун хамаандатын классическай ахсаанынан 3:0 хотто.

Өлүөхүмэлэр чемпионат бары оонньууларыгар чаҕылхай, туйгун түмүгү көрдөрдүлэр. Турнир дьиҥнээх дьоруойунан хамаанда хаппытаана Николай Павлов буолуон буолла. Улууһун хамаандатын чөмпүйүөн оҥорбут киһинэн Ньургун Сивцев ааттанна. Кини Өлүөхүмэ улууһун хамаандатыгар аан бастакынан оонньоото. Эбэн эттэххэ, Ньургун өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар бу сэттис кыһыл көмүс мэтээлэ. 

Үрүҥ көмүс мэтээллэри Нам, боруонсаны Дьокуускай хамаандалара ыллылар.

Чемпионат түмүгүнэн номинацияларга бастыҥнарынан ааттаннылар:

Ньургун Сивцев (Өлүөхүмэ)

Ньургун Иванов (Нам)

Семен Слепцов (Дьокуускай)

Вадим Оконешников (Чурапчы)

Семен Васильев (Нам)

Николай Павлов (Өлүөхүмэ)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.