Лүөччүк эһэбинэн киэн туттабын
Мин эhэм Кириллин Николай Наумович 1932 сыллаахха сэтинньи 29 күнүгэр Ньурба улууһун Улахан Күөл сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Улахан Күөлгэ 4 кылааһы бүтэриэр диэри олорбута, 5-7 кылаастарга Маалыкай оскуолатыгар үөрэммитэ, онтон 1948 сыллаахха Ньурба 1 №- дээх интэринээт-оскуолатын бүтэрбитэ.
1951 сыллаахха эһэм Бугуруслан куоракка летнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Ону ситиһиилээхтик бүтэрэн баран дойдутугар Ньурбаҕа ПО-2 сөмөлүөккэ лүөччүгүнэн үлэлээн саҕалаабыта. Ити кэмҥэ араас рейстэри толороро, оройуон нэһилиэктэригэр элбэхтик барара-кэлэрэ, ордук Амакинскай экспедиция партияларыгар Подпорожнайга, Эҥэрдээккэ, Дымокка, Опытнайга, Ласточкаҕа көтөрө. Кини идэтигэр дириҥ билиилээҕэ, көтөргө уопуттааҕа, салайар үлэҕэ дьоҕурдааҕа, онон Ми-1 звено хамандыырынан, Ми-1, Ми-4 авиаэскадрилья хамандыырын солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Эдэр пилоттары бэйэтин курдук үрдүк кылаастаахтык көтөргө уһуйбута. Барыта 9948 ч. 23 мүн. көтүүлээх, ол иһигэр 222 ч. 58 мүн. – түүҥҥү өттүгэр.
Эһэм Николай Наумович сыралаах үлэтэ сыаналанан, “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьанынан, “Аэрофлот туйгуна” бэлиэнэн, “Үлэ бэтэрээнэ” мэтээлинэн уо.д.а. үгүс наҕараадалаах.
Эбэм Мавра Павловналыын 4 оҕоломмуттара. Бары үрдүк үөрэхтээхтэр, ыаллар. Сиэннэр эһэбитинэн киэн туттабыт, кини үлэтигэр сыһыанынан, идэтигэр бэриниилээҕинэн биһиэхэ үтүө холобур буолар.