23.06.2022 | 16:00

Кырдьаҕастан алгыһын

Кырдьаҕастан алгыһын
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 17 күнүгэр баай историялаах Тулагы Киллэм уйгулаах сиригэр Дьокуускай куорат  бэтэрээннэрин түмсүүтүн Ыһыаҕа буолан ааста. Социальнай харалта управлениета уонна Николай Александрович Тряпша салайааччылаах Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин сэбиэтэ аҕам саастаахтарга бэрт сэргэх бырааһынньыгы тэрийэн ыыттылар.

Дьаҥ тарҕаммыт кэмигэр ытык дьоммут үксүлэрэ да дьиэҕэ хааллан олорбуттара. Билигин ыарыы намыраан “көҥүл олох” буолбутуттан үөрбүттэрэ, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ харахха быраҕыллар.

Киин куорат араас уокуруктарыттан 300-тэн тахсан киһи түмсүбүт. Ыһыах аһыллыыта холуонналар сэлэлии хаамыыларыттан саҕаланна. Тулагы Киллэм, Автодорожнай, Гагаринскай, Губинскай, Октябрьскай, Сайсары, Строительнай, Промышленнай уокуруктар, Марха, Кангалаас, Табаҕа кытыннылар.

Киин уокурук

Ыһыах сиэрин-туомун толорууга улахан болҕомто ууруллубута кэрэхсэбиллээх. Кэлбит дьон алгыс иҥэриннилэр, сир-дойду, уот иччилэригэр сүгүрүйдүлэр, айах туттулар.

Сэлэлии хаамыы кэнниттэн ырыа-тойук, үҥкүү-битии көҕүлүттэн тутулунна. Араас омуктар ырыаларын, үҥкүүлэрин сэргэ сэрии кэминээҕи уостан түспэт ырыалар толорулуннулар. Эҕэрдэ кэнсиэр кэмигэр бэтэрээннэри чиэстээтилэр, ол иһигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петр Константинович Яковлевка ураты ытыктабыллаах сыһыаннарын көрдөрдүлэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Сэрии бэтэрээннэрин, сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар уопсастыбаннай түмсүүлэрин дааннайыгар олоҕуран, Саха сиригэр билигин 25 Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыы-лааҕа баар. Олортон 19-һа Дьокуускай куоракка олорор.

Бэтэрээннэр Үрүҥ Тунах Ыһыахтарыгар күн-дьыл туран биэрдэ: түһүлгэҕэ күн сандаарыччы тыкта, ону кытта сөрүүкэтэр сиккиэр тыал күүлэйдээтэ. Дьон сүргэтэ көтөҕүллэн, олус көхтөөх бырааһынньык буолан ааста. Алгыс тыла алкыйда, оһуокай ыраахха диэри дьиэрэйдэ, сахалыы таҥас күрэҕэ, талааннар куонкурустара – барыта үрдүк таһымнаахтык барда.

Губинскай уокурук

Н.А. Тряпша – Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччыта:

- Ыһыахпытыгар 300-тэн тахса кырдьаҕаһы түмтүбүт.

Куорат Дууматын сессиятыгар бэтэрээннэри Өлүөнэ очуостарыгар сынньатар туһунан этии киирбитин бэлиэтиэм этэ. Икки сыл пандемия кэмигэр кырдьаҕастарбытын ханна да айаннаппатахпыт. Быйыл табыллыан сөп буолла.

Талааннар күрэхтэрэ тыҥааһыннаахтык уонна интэриэһинэйдик ааста, кыайыылаахтар сыаналаах бириистэри тутан үөрдүлэр. Оттон холуонналар күрэхтэригэр Октябрьскай уокурук бэтэрээннэрин сэбиэтэ кыайда, иккис – Киин уокурук, үһүс Тулагы сэлиэнньэтин бэтэрээннэрэ буоллулар. Бырааһынньык доҕордоһуу оһуокайынан түмүктэннэ.

Октябрьскай уокурук
Тулагы бэтэрээннэрэ
Табаҕа бэтэрээннэрэ
Марха

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...