20.05.2021 | 15:13

Кыбартыырабытын саҥалыы былаанныырбытыгар тугу гынабыт?

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кыбартыыраны былааннааһын II түһүмэҕинэн оҥоһуллар. Кыбартыыраны бас билээччи «Мои Документы» кииҥҥэ тиийэн, “Согласование переустройства и/или перепланировки жилого помещения” диэн ааттаах өҥөҕө эрдэттэн сөбүлэһиигэ олоҕуран, маннык докумуоннары биэрэр:

Пааспар;

Нотариальнай итэҕэл (бэрэстэбиитэл нөҥүө оҥоһуллар буоллаҕына);

Саҥалыы былааннааһын бырайыага (бырайыактыыр тэрилтэҕэ сакаастыахха наада);

Кыбартыыраны бас билэччилэр иккиттэн элбэх буоллахтарына, кинилэртэн нотариальнай итэҕэл ирдэнэр (дьиэ уопсай бас билиигэ баар буоллаҕына);

Элбэх кыбартыыралаах дьиэни бас билээччилэр уопсай мунньахтарын боротокуола.

Дьиэни былааннааһыҥҥа дьаһалы уонна сөбүлэһиини ылар уокуруктан уонна дьиэни салайар хампаанньаттан улахан тутулуктаах. Өскөтүн эһиги истиэнэҕит көтүрүллүбэт түгэнигэр, көҥүл биэримиэхтэрин сөп.

Дьиэни былааннааһын докумуона уопсайа 45 + 3 үлэ күннэрэ оҥоһуллаллар.

II түһүмэх

Кыбартыыраны былааннааһын түмүктэммитин кэннэ, "Утверждение акта приёмочной комиссии о перепланировке жилого помещения" диэн өҥөҕө сайабылыанньа биэрэҕит, онно маннык докумуоннары ирдииллэр:

Пааспар;

Нотариальнай итэҕэл (бэрэстэбиитэл нөҥүө оҥоһуллар түгэнигэр);

Саҥалыы былааннааһын бырайыага (бырайыактыыр тэрилтэҕэ сакаастыахха наада);

Уокурук салалтатыттан уонна салайар хампаанньаттан үлэ ыытылларын/ыытыллыбатын туһунан аакта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...