07.11.2020 | 17:57

КЫБАРТЫЫРА АТЫЫЛАҺААЧЧЫЛАРГА СҮБЭЛЭР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыбартыыра атыылаһыахпыт иннинэ тугу бэрэбиэркэлиэхтээхпит туһунан юристар сүбэлииллэрэ үгүс. Ону барытын үөрэтэн көрөн баран, сүрүн түһүмэхтэри бэлиэтээтибит.

Иккис ырыынакка, ол аата эргэ дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһар буоллаххытына:

- ЕГРН выпискатын сакаастаан ылаҕыт. МФЦ нөҥүө судургутук ылыллар ыспыраапка, сыаната – 400 солк. Бу кумааҕыны ылан эһиги бэрэбиэркэлиигит: дьиэ атын бас билээччилэрдээх дуу, суох дуу; дьиэ ханна да солуок ууруллубатаҕын; дьиэ хайдах, хаһан ылыллыбыта (манна араас мөккүөрдээх түгэннэр үгүс буолуохтарын сөп).

- Кыбартыыра илииттэн илиигэ бэриллибитин көрдөрөр ЕГРН выпискатын ылаҕыт. Аҕыйах сыл иһигэр киһиттэн киһиэхэ элбэхтик атыыламмыт дьиэ буоллаҕына сэрэхэдийиэххэ сөп.

- Дьиэни атыылыыр киһи бэйэтин моҥкуруутунан биллэрбэтэҕин бэрэбиэркэлиигит. Тоҕо диэтэххэ, моҥкуруукка барбыт киһи хамсаабат баайы-дуолу кытта дуогабардары түһэрсэрэ 3 сыл устата дьиҥэ суоҕунан ааҕыллыахтарын сөп.

http://fssp.gov.ru сайтка атыыһыт толору аатын киллэрэн информацияны көрдөөҥ. Атыыһыт улахан иэстээх буоллаҕына, моҥкуруукка бараары сылдьар буолуон сөп.

Арбитражнай суут дьыалаларын картотекатыгар атыыһыт туһунан информацияны көрүҥ.

  • Дьиэни атыылыыр киһи кэргэннээҕин, кэргэнэ суоҕун бэрэбиэркэлээҥ. Дьиэ кэргэн уопсай баайын-дуолун атыылыырга, дьиэ биир эрэ киһи аатыгар суруллубут да буоллаҕына, кэргэнин нотариальнай көҥүлэ хайаан да наада. Бу көҥүлэ суох атыылаатаҕына, кэлин кэргэнэ дуогабары көтүрэр кыахтаах.
  • Дьиэни атыылаһарыгар хаһаайын Ийэ хапытаалын туһаммытын бэрэбиэркэлээҥ. Туһаммыт буоллаҕына, бу дьиэҕэ оҕолоругар өлүүлээбит буолуохтаах. Өлүүлээбэккэ атыылаабыт буоллаҕына, эргиэн дуогабара кэлин дьиҥэ суоҕунан билиниллиэн сөп.
  • Атыылааччыттан хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар иэһэ суоҕун туһунан ыспыраапката көрдөөҥ. Урукку хаһаайын иэһэ саҥа хаһаайыҥҥа көһөр.
  • ОДьКХ өҥөлөрүгэр иэһэ суоҕун туһунан ыспыраапканы ирдиэххитин сөп. ОДьКХ иэһэ хаһаайынтан атын хаһаайыҥҥа көспөт, ол иһин бу ыспыраапка булгуччу наада буолбат.
  • Ф-3 формалаах ыспыраапканы ылыҥ – кыбартыыраҕа пропискаламмыт дьон туһунан. Ким эмэ пропискатыттан уһуллубакка сылдьар буоллаҕына суутунан устуохха сөп. Бастайааннай олорор бырааптаах, приватизацияттан аккаастаммыт дьону пропискаттан сатаан устубаккыт.
  • Кыбартыыра уопсай иэнигэр уларыта тутуулар ыытыллыбыт буоллахтарына докумуоннарга киирбит буолуохтаах (техпаспорт).
  • Кыбартыыра атыыланарыгар иччитэх буолуохтаах. Дьон дьиэни атыылаһан баран хаһаайыттары сатаан таһаарбат түгэннэрэ баар.
  • Кыбартыыраны дэбиэрэнэһинэн атыылыыр буоллахтарына, дэбиэринэс чуолкай эһиги атыылаһар кыбартыыраҕытыгар бэриллибит буолуохтаах. Хаһаайыны кытта сирэй көрсөн доруобуйатын туругун, өйүн-санаатын тургутан көрөр наада. Дьиэни атыылаһарга бас билээччиттэн бэйэтиттэн ылбыт быдан ордук.

Эргэ дьиэни атыылаһарга араас күчүмэҕэйдэри көрсүөххэ сөп. Иккис, үһүс бас билээччи хаһан баҕарар бэйэтин быраабын туруорсар кыахтаах. Ханныктаах да юрист 100 бырыһыан мэктиэлээбэт. Ол иһин “титульнай страховка” диэни оҥорторор тоҕоостоох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...