26.09.2020 | 18:26 | Просмотров: 639

Кыбаартал иһинээҕи тупсарыы үлэтэ салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка суол үлэтэ тохтообот. Ол курдук, “Аныгы куорат эйгэтин оҥоруу” муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн кыбаартал иһинээҕи суоллары өрөмүөннүүллэр.

“Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” муниципальнай хааһына тэрилтэтэ иһитиннэрбитинэн, “Якутдорстрой” бэдэрээттиир тэрилтэ уопсайа 1, 1 тыһыынча кв.миэтэрэ кыбаартал иһинээҕи суол дьаамата өрөмүөннэммит. Өчө 2, 1 тыһыынча кв.миэтэрэ оҥоһуллара былааннанар. Бу үлэҕэ 7, 5 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүбүт. Маны таһынан бэдэрээтчик “Мегафон” өттүттэн Халтурин уулуссатыгар киирэр суолу аспааллаабыт. Уопсайа 650 тыһыынча солкуобай суума көрүллүбүт.

“Пул” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ Бурнашов уулуссатыгар үлэ ыытыаҕа. Ол курдук, манна Жорницкай уулуссатын уонна 2 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа өттүттэн киирэр суолу аспааллыахтара.

“Стена” тутуу, тырааныспар хампаанньата 6 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа Чернышевскай уул., 12 уонна 12/1 олбуордарын өрөмүөннээтилэр. “Тудор” ХЭТ 1, 3 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа Октябрьскай уул., 5, таһын өрөмүөннүөҕэ.

“Аныгы куорат эйгэтин оҥоруу” муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн Дьокуускай куораттааҕы клиническэй балыыһа олбуоругар, 5 тыһыынча кв.миэтэрэ сиргэ асфальт кутулунна. “Алаас” хаампаанньа үлэни ыытта.

Аммосов уул., 4/1 уонна 4/2 турар дьиэлэр олбуордарын “Основа” ХЭТ оҥордо. Каландарашвили, 23/1, олбуоругар тупсарыы үлэтин А.И. Матахова чааһынай тэрилтэтэ ыытта.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.