Кыайыы болуоссатыгар ураты кыһамньы
Быйыл Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылыгар куорат дьаһалтатын хааһынатыттан Кыайыы болуоссатын көҕөрдүүгэ уонна тупсарыыга анаан 315 220,08 солкуобай суумалаах үп көрүллүбүт.
Бэс ыйын 8 күнүгэр болуоссакка 5375 устуука сибэкки арааһын олордубуттар. Ааспыт 2019 сыл хатыҥ мастары олордубуттара саҥа ситэн, силигилээн үүнэн эрэр. Билигин ааспыт сылга сорох кэхтэ быһыытыйбыт мастары чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллар.
“Солдат Туймаады” сквергэ көҕөрдүү үлэтигэр куорат бүддьүөтүттэн 486 156,53 солкуобай суумалаах үп сибэкки уонна араас мас олордуутугар туһуламмыт. Манна 6 625 устуука сибэкки олордуллубут. Бу сквергэ эмиэ тургутууну ааспатах, буомтуйбут мастары иккис тыынныахтара. Уопсайынан, куораты көҕөрдүү үлэтигэр сыһыаран эттэххэ, уулуссаларга олордуллубут от-мас, талах үксэ кыһамньылаах көрүү-истии суоҕуттан, кэмигэр кыайан үүммэккэ, хагдарыйан өлөн хаалара баар көстүү диэм этэ.
Марфа Саввинова, 202 микрооройуон олохтооҕо:
– Мин бу микрооройуон төрүт олохтооҕо буолабын. Онон бу болуоссат хараҕым далыгар үүнэр-сайдар, силигилиир. Быйыл пандемиянан сибээстээн, Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылын өрөгөйдөөх бырааһынньыгын көрсүбэтибит. Биллэн турар, олус хомолтолоох. Хайыахпытый, баар балаһыанньаны өйдүүр буоллахпыт. Кыайыы болуоссатыгар сылын аайы көҕөрдүү үлэтин ыыталлар. Көрөрүҥ курдук, күөл өттүн диэки, ойоҕолуу хатыҥ мастары, талахтары былырыын олордубуттара, улахан аҥаара бэркэ үүнэн эрэр диэн олохтоох киһи быһыытынан бэлиэтии көрөбүн. Ыраастаныы, көрүү-харайыы өттүн этэр буоллахха, тустаах үлэһиттэр кыһамньылаахтык харайаллар. Ханна да бөх-сыыс сыппат. Хас хардыы аайы бөх тоҕор дьааһык элбэх. Онон сыыһырдыы суоҕун кэриэтэ. Улуу Кыайыыны уһансыбыт хорсун уолаттарбытыгар анаммыт Кыайыы болуоссатын, ама, ким санаата буолан сыыһырда сылдьыаҕай. Биһиги күндү дьоммутун ахтан-санаан ааһар болуоссаппыт буоллаҕа. Дьыл ханнык баҕарар кэмигэр куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара саамай сөбүлээн сынньанар сирдэрэ.