Кыайыы 75 сылыгар анаммыт тутуулар
Бүгүн айылҕаттан талааннаах дьоммут Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр хорсуннук сэриилэспит ньургун уолаттарбыт ааттарын үйэлэргэ үйэтитэр сыаллаах оҥорбут оҥоһуктарын таһаарабыт.
Бэрдьигэстээххэ Кыайыы тааҥката
Захар Егорович Павлов, Горнай улууһа, Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо:
–Былырыын олохтоох дьаһалта баһылыга Марк Сидорович Парфенов, миигин ыҥыран ылан, эргэ танкетканан тааҥка оҥоруоҥ дуо диэн этии киллэрбитэ. Мин тута сөбүлэспитим. Кини АТЛ-5 танкетка баар, онон оҥоруоххун сөп, наадалаах матырыйааллары ыларга үбүнэн көмөлөһүөм диэбитэ. Бу танкетканы сэрии кэнниттэн тустаах экспедиция тутта сылдьыбыт. Былыргы тиэхиньикэ буолан, тимир тиһиликтэрин (көлөһөтүн) эрэ туһанным. Уолум Георгийы кытта бииргэ үлэлээтибит. Ааспыт сыл ыам ыйын ортотуттан саҕалаан баран, атырдьах ыйын бүтүүтэ оҥорон бүтэрбиппит. Үбүлүөйдээх Кыайыы бырааһынньыгар, ыам ыйын 9 күнүгэр тааҥкабытын Кыайыы болуоссатыгар анал постамеҥҥа илдьэн туруорбуппут. Кырааскатын өттүгэр аармыйаҕа танковай чааска сулууспалаабыт Бэрдьигэстээхтэн танкист уолаттар Кирилл Мартынов, Степан Скрыбыкин, Аһыма нэһилиэгиттэн Аркадий Попов үбүнэн көмөлөспүттэрэ. Онон кинилэргэ махталым улахан.
Биһиги улууспутуттан Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр биир дойдулаахтарбыт Бэрдьигэстээхтэн “Кыһыл Сулус” уордьан кавалера, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Петр Михайлович Федоров, Солоҕон нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитин 1-кы истиэпэннээх уордьанын кавалера Егор Иванович Семенов танковай чааска хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Ол курдук, Петр Федоров, кырыктаах кыргыһыыга сылдьан, тааҥкатыгар биэстэ умайа сыспыт. Кинилэр иккиэн, уоттаах сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, дьоһун олоҕу олорон ааспыттара. Бу үлэбит танкист дьоммут сырдык ааттарын үйэтитиэ диэн эрэнэбит.
Бэйэм туспунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, муус устар ыйга 73 сааспын туолбутум. Быйыл сыбаарсыгынан үлэлээбитим 50 сыла буолла. 22 сааспыттан “Горнай” сопхуоска үлэлии киириэхпиттэн, күн бүгүҥҥэ диэри ол дьарыкпын ыһыктыбакка сылдьабын.
Бүлүүгэ скульптура, бюст
Николай Николаевич Степанов, СӨ норуотун маастара, РФ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, меценат, Бүлүү улууһун Балаҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Бүлүү куоратын олохтооҕо:
– Кыайыы 75 сылыгар уолбун кытта ааспыт сылтан нэһилиэктэр сакаастарынан 10-тан тахса скульптураны, бюстары оҥордум. Ол курдук, Балаҕаччы нэһилиэгиттэн уоттаах сэриигэ аттаммыт биэс бырааттыы Борисовтар уонна үс бырааттыы Николаевтар дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ. Кинилэргэ анаан төрөөбүт нэһилиэктэригэр бюст оҥорон туруордубут. Снайпер Дмитрий Алексеевич Гуляев төрөөбүт Бороҕонугар эмиэ бюст оҥорторбуттара. Кини сэриигэ Кыргыдай нэһилиэгиттэн барбыт. Улуу сирдьит Иосиф Сталин төрөөбүтэ 100 сылыгар, тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр эмиэ бюст оҥорбуппут. Билигин “Сэрии оҕолоро” диэн ааттаах бырайыакка үлэлии сылдьабын. Оҕус сиэтэн иһэр уоллаах-кыыс туһунан. Оччотооҕу оҕолор тыылга улахан дьонтон итэҕэһэ суох үлэлээбиттэрэ. Маны барытын былырыын сайын саҕалаабыппыт.
Ньурбаҕа Ытык Хобо
Аммос Прокопьевич Давыдов, уус-уран оҥоһук маастара, худуоһунньук, Ньурба куората:
– Кыайыы 75 сылын көрсө, Ньурба куоратын пааркатыгар, Кыайыы болуоссатыгар мин бырайыакпынан Сүүнэ Ытык Хобо сквер олоххо киирдэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, тыылга, ыарахан үлэҕэ бэйэлэрин харыстаммакка, Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбыт сырдык кэриэстэригэр ананна. Сахабыт сиригэр бастакы оҥоһуллубут Сүүнэ Ытык Хобо Ньурба олохтоохторун саамай сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буолар. Сүүнэ Ытык хобону охсон, тыас таһааран, ыраах куйаарга көтүтэн, Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут дьоннорбут үс куттарын ырааһырдар. Саха сэргэтигэр маарыннатан оҥоһуллубут үлэҕэ саха итэҕэлэ, олоҥхото, оһуокайа, харысхал, алгыс оһуордара барыта тиһилиннилэр. Хобо анныгар мрамортан оҥоһуллубут саха үс кута ойууламмыт. Ол 18 үйэтээҕи кычым ойуутуттан ылыллыбыта. Сэриигэ барбыт дьоммутун кэриэстээн, нэһилиэктэрин ааттарын ааттаан туран, хара мрамор дьааһыктарга дойдуларын буора кэлэн кутуллуохтаах. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги улуустан 2697 киһи ыҥырыллан барбыта.