18.12.2019 | 10:12

«КЫҺЫН САХА СИРИТТЭН САҔАЛАНАР»

«КЫҺЫН САХА СИРИТТЭН САҔАЛАНАР»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр туризм сайдыытын көҕүлүүр аналлаах «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээлбит саҕаланна. Быйыл тэрээһин  сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри буола турар. Нэдиэлэ устата киин куораттан саҕалаан Тымныы Полюһун Өймөкөөн улууһугар тиийэ араас хабааннаах үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ Саха сиригэр, хоту дойдуга олорор норуоттар ураты дьикти култуураларын, астарын-үөллэрин, омук быһыытынан уратыларын туоһулаан Аан дойду үрдүнэн улахан болҕомтону ылыан ылла.

НАМҤА МУҤХА-2019

Сэтинньи 29 күнүгэр бэстибээл чэрчитинэн аан маҥнайгытын Нам улууһугар «Мунха-2019» ыытыллыаҕа. Омук сириттэн кэлбит туристарга уонна ыҥырыылаах ыалдьыттарга мууһунан бүрүллүбүт күөлтэн балыктыыры көрдөрүөхтэрэ. Итиэннэ сылгы сиэлиттэн ураты оҥоһуктары, Саха сирин төрүт омуктарын национальнай аһылыктарын амсайыахтара, атынан хатааһылатыахтара.

МУУСТААХ УУГА СӨТҮӨЛЭЭҺИН

Бу ураты экстремальнай күрэх эмиэ аан бастаан ыытыллар. «Тэрийээччилэр баҕа санаабыт диэн, ыалдьыттар олохтоохтор хайдах курдук тулуурдаахтарын, доруобайдарын, төһө даҕаны тымныы сиргэ олордоллор,  Сахаларын сирин хайдах күүскэ таптыылларын билиэхтэрин баҕарабыт», — диир тэрийээччи,  атыы-эргиэн уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких.

ХААР, МУУС ОҤОҺУКТАР

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл ыытылларын тухары хаар, муус оҥоһуктарга дьоһун болҕомто ууруллар. Быйыл даҕаны Орджоникидзе болуоссатыгар Муус куораты оҥоруу саҕаламмыта үһүс күнэ. Быйылгы тэрээһиҥҥэ уопсайа 25 хамаанда кыттыыны ыла сылдьар, онтон аҕыһа – аан дойду араас муннуктарыттан кэлбит ыалдьыттар. Маастардар үлэлэрин Хабаровскай куораттан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыт сыаналыыр.

САХА СИРИН АМТАНА

Үгэс буолбут «Саха сирин амтана» ас-үөл бэстибээлэ быйыл үбүлүөйдээх бэһис төгүлүн ыытыллар. Манна Дьокуускай куорат бастыҥ рестораннара кытталлар. Асчыттарбыт быйыл даҕаны ыалдьыттары бииртэн биир деликатеһынан соһутардыы оҥосто сылдьаллар. Ол курдук, норуот төрүт үгэстэригэр олоҕурбут бастыҥ астарын «Своя компания», «Карлсон», «Крыша», «Муус Хайа», «Река-озеро-лес», «Мясо есть», «Каре», Kitchen, «Тыгын Дархан», «Усадьба Атласовых», «Махтал» о.д.а. амсатыахтара. Бэстибээл сүрүн ыҥырыылаах ыалдьыта — биллэр шеф-повар, International del Chef анал аат хаһаайына Рашид Рахманов.

КЫҺЫҤҤЫ ОҺУОР

Тоһуттар тымныыбыт кэрэни кэрэһилиирин хоһуйар «Түннүкпүтүн түүн кэлэн түүлүнэн ким киэргэттэ» диэн тыллардаах хоһоону хас биирдии саха оҕото билэр. Быйыл предпринимательство министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат дьаһалтата, «Көмүлүөк» хампаанньа, «Көмүлүөк тула» арт-кулууп айар дьону көҕүлүүр худуоһунньуктар куонкурустарын ыыталлар.

«Айар талааннаах көҥүл худуоһунньуктары өйүүр уонна кинилэргэ тирэх буолар аналлаах «Саха сирин кыһыҥҥы оһуора» куонкуруһу тэрийэбит. Национальнай култуурабыт сайдыыта айар-тутар дьоҕурга сытарын туоһулуохпут»,диэн этэр «Көмүлүөк» хампаанньа салайааччыта Ольга Григорьева.

Бу түһүмээхэ ким баҕалаах кыттар. Балаһыанньа быһыытынан, уруһуй булгуччу кыһыҥҥы тиэмэҕэ аналлаах буолуохтаах. Интэриэстээх дьону Ленин проспегын 36-с нүөмэрдээх дьиэтигэр күүтэллэр.

КЫҺЫҤҤЫ ТҮБҮКТЭР

Саха сиригэр массыынаны таһырдьа туруорар сабыы, истээх ыстаан курдук туһалаах табаардары оҥорон таһаарыы саҕаламмыта ыраатта.  Сэтинньи 29—ахсынньы 1 күннэригэр «Триумф» спорт киинигэр «Саха сирин кыһыҥҥы таҥаһа» диэн быыстапка-дьаарбаҥкаҕа маны барытын билсиэххэ сөп.

ХААРТЫСКАНАН ФОТОМАРАФОН

Эмиэ биир ураты киллэриинэн хаартыска күрэҕэ буолар. «Ниже нуля» диэн ааттаах куонкурус чуолаан туристарга ананар. Манна кинилэр Саха сирин тымныытын үс чаас иһигэр хаартыскаҕа түһэриэхтэрэ. Бастыҥ үлэлэр киин куорат оптуобус тохтобулларыгар ыйаныахтара.

СПОРТ

Спортивнай тэрээһиннэр быйыл да өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыахтара. Сүүрүү, ыстаныы, тустуу барыта буолуоҕа.

«ТОҤ БАЛЫК-2019»

Дьон-сэргэ кутун туппут «Тоҥ балык-2019» тэрээһин «Триумф» кииҥҥэ ахсынньы 1 күнүгэр ыҥырар. Тэрийээччилэр ааспыт сыллардааҕар өссө тыҥааһыннаах күрэҕи эрэннэрэллэр. Ону сэргэ быйыл «Тойон Балык» диэн саҥа түһүмэх эбиллибитин бэлиэтииллэр. Ыалдьыттарга анаан хотугу норуоттар култуураларын быыстапката үлэлиэҕэ.

КҮӨХ ХАРЫЙА УМАЙАР

Лаглайбыт күөх харыйабыт симэнэн саҕалаабыта оруобуна икки нэдиэлэ буолла. Ол саҕана таһырдьа арыый сылаас этэ. «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл Орджоникидзе болуоссаттыгар Саҥа дьыллааҕы күөх харыйаны уматыынан түмүктэниэҕэ. Бу күн Чысхаан Тымныы Моруос оҕонньорго кыһын саҕаламмыт бэлиэтин — Тымныы полюһуттан, Өймөкөөнтөн  аҕалыллыбыт тымныы анал бэлиэтин туттарыаҕа. Бу кэннэ Моруос Оҕонньор Арассыыйа киин куораттарынан кыһын кэлбитин кэпсии барыаҕа. Маны таһынан, кыһын кэлбитинэн сибээстээн оҕо социальнай кииннэригэр Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри уунуохтара.

Кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ бүгүҥҥү күҥҥэ Арассыыйаҕа биир бастыҥ тэрээһининэн биллэр. Ааспыт сылтан норуоттар икки ардыларынааҕы суолталаммытынан, аан дойду хайа баҕар муннугуттан элбэх турист биһиги Сахабыт сирин билсиэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...