23.07.2020 | 14:59

Кустукка көппүт кыыс

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былыргы дьыллар быдан мындааларыгар, ааспыт дьыллар анараа арҕастарыгар саха омук араас дьиктини, дьээбэни көрөн-билэн, истэн кэлбитэ.

Биир оннук дьиктинэн кустукка киирэн Үөһээ Дьааҥыттан Үөһээ Бүлүүгэ көтөн тиийбит Оҥхой кыыһа буолар. Бу түбэлтэ нуучча кэлиэн иннинэ тахсыбыт буолуохтаах. Аны манна Ньыыкан Арамаанап диэн эмиэ дьикти, көстүбэт киһи кыттыгастаах. Үөһээ Дьааҥы (Верхоянье) биир эриэккэс абыычайдаах – оҕолору кустугунан куттууллар. Кыра оҕолору: «Кустукка чугаһаама, сүтэн хаалыаҥ» – диэн мөҕөллөр, кустукка чугаһаппаттар. 2002 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Улуу Киһилээх хайатын куораттан 7 экстрасенс («Эйгэ» бөлөх) тиийэн алгыстаан арыйбыппыт, туристар ытык хайаҕа сылдьалларыгар көҥүлү ылбыппыт. 15 киһи буолан Улуу хайаҕа тиийбиппит. Ытык хайа үөрэ-көтө, эйэҕэстик көрсүбүтэ.

*      *        *

  Киһилээх кэнниттэн мин төрөөбүт дойдубар Боруулаахха (Оҥхойго) тиийэ сылдьыбыппыт. Оҥхой диэн Боруулаах былыргы аата. Боруулаах түөрт сүдү хайа ортотугар оҥхойго турар. Ыыннаах, Көстөр, Өндөкөччү хайалар нэһилиэги төгүрүйэллэр. Баатаҕайтан айаннаатахха, биир биэрэстэ үрдүктэн аллараа оҥхойго түһэҕин. Ол иһин дойдум Оҥхой диэн былыргыттан ааттаммыт. Кулуупка лиэксийэ аахпыппыт. Түүн уоҥҥа айаннаан тиийбиппит, лиэксийэ буолар диэн илдьиттээбиппит. 11 чаас саҕана кулуупка киһи толору, эдэр ыччат репетициялыы сылдьара. Боруулаахтар оннук  көхтөөх дьон. Сарсыныгар оскуолаҕа лиэксийэ аахпыппыт. Онно биир оҕо кустукка көппүт кыыс туһунан дьикти үһүйээни суруйбутун биһиэхэ бэлэхтээбитэ.

Былыр Оҥхой сиригэр, Омохто хайатыгар сайын от саҕана дьэрэкээн кустук түспүт. Оҕолор ону көрөн кустукка сүүрбүттэр. 13 саастаах эдьиийдэрэ бастаан тиийбит, кустукка киирбит. Кустук кинини көтүтэн илдьэ барбыт, тыа кэтэҕэр тиийэн сүппүт. Киэһэ дьоно оттоон кэлбиттэрэ – оҕолоро эдьиийдэрин сүтэрэн ытаһа олороллор үһү. Дьону хомуйан кыыһы сайыны быһа көрдүү сатаабыттар, холорук көтүппүтэ буолуо дии санаабыттар. Кыыс ол курдук көстүбэтэх, таастыы сүппүт. Ол кэнниттэн оҕолору манна кустугунан куттуур буолбуттара.

*        *        *

 Хас да үйэ ааспытын кэнниттэн, 100 сыллааҕыта Боруулаах таҥаратын дьиэтигэр биир дьикти сургуустаах сурук Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит. Бу сурукка сүппүт кыыс былыр Үөһээ Бүлүүгэ тиийбитин, булчут үүтээнин таһыгар түспүтүн туһунан суруллубут. Булчут муммут оҕону булан ииппит. Оҥхой кыыһа улаатан баран чугас эргэ барбыт, киниттэн туспа ийэ ууһа үөскээбит. Улуу Киһилээҕи Ньыыкан ойуун сүбэтинэн арыйбыппыт, бу, дьиҥэ, Ньыыкан арыйбыт хайата. Ол иһин Киһилээххэ түһэрбит хаартыскаларбытыгар былыкка Ньыыкан дьүһүнэ элбэхтик тахсааччы. Аны билигин оҕонньор Ньурбаҕа баар улуу Сата хайатын сүүрбэччэтэ алҕатан туристарга анаан арыйтарда. Бу эмиэ эмтээх хайа буолла. 2002 сыллаахха Киһилээх кэнниттэн Ньыыкан оҕонньор биһигини бэйэтигэр ыҥырбыта. Кулун тутар бүтүүтэ уон буолан, Киһилээҕи арыйбыт бөлөх Боотулууга Ньыыкан уҥуоҕар тиийбиппит. Онно аан бастаан былыкка тиийэр дьоннор (Айыылар) сүөдэҥнэһэ сылдьалларын көрбүтүм. Оҕонньор уҥуоҕа үрэх арыытыгар, туруору булгунньахха турара, бюстаах этэ.

*        *        *

  Бэйэм сорук оҥостон кустукка сүппүт кыыһы, дьикти суругу ким ыыппытын көрдүүр санаалааҕым. Кырдьаҕастары кытта элбэхтик кэпсэппитим, ким даҕаны оннук үһүйээни билбэт этэ. Арай Оҥхой диэн ааттаах дэриэбинэни булбутум. Былыр онно Оҥхой диэн эмээхсин олорбута үһү. Дьэ, ити эмээхсин былыр сүппүт Оҥхой кыыһа буолуохтаах. Арай Боотулууга тиийэн, ыалга чэйдии олорон биир дьиктини иһиттим. Сургуустаах суругу көстүбэт киһи, Ньыыкан Арамаанап суруйбутун биллим. Кини Буолка диэн киһиэхэ олорон биирдэ түүнү быһа сурук суруйбут. Ол суругун сургустаан баран, Буолканан ыыттарбыт. Уонна хойутун хойут бу суругу ирдээн аптаах дьон манна кэлиэхтэрэ диэн эппит. Буолка оҕонньор ол аптаах дьону сааһын тухары күүппүтэ, ол эрээри өлбүтэ үһү. Буолка туһунан биир оҕонньор киирэн итинник кэпсээбитэ. Итини истэн баран Ньыыкан Арамаанаптан сүрдээҕин саллыбытым. Оҥхой уола Оҥхой сүппүт кыыһын көрдөөн, аны сүүс сылынан кэлэрин, дьэ, кини хантан, туохтан биллэ?

*       *        *

    Ити аата Үрдүкү Айыылар Үөһээ Дьааҥыны уонна Үөһээ Бүлүүнү түҥ былыр кустук ситиминэн холбообуттар, кыыһы ыытан оннооҕор хааннарын булкуйбуттар. Аҕыс сыл ааспытын кэнниттэн, эмиэ кулун тутар бүтүүтэ, Үөһээ Бүлүүгэ дьиэлэри ыраастыы, лиэксийэ ааҕа бара сырыттым. Аан бастаан Балаҕаннаахха тиийэн биир ыалга тохтоон чэйдээтибит. Дьиэлээх оҕонньор аҕыс сыллааҕыта биһиэхэ сылдьыбытыҥ, чэйдээбитиҥ диэн соһутта. «Эйгэ» бөлөх киһитэ Семен Егорович балтын дьиэтэ эбит. Балта Лидия Никитична Элгэскэ олорбута, Киһилээххэ сылдьыбыта үһү. Онтон Оҥхойго тиийэн Киһилээххэ былырыын бииргэ сылдьыбыт дьоммутугар түстүбүт, хоннубут. Сарсыныгар Оҥхойго үс чаастан оскуолаҕа лиэксийэ аахтыбыт. Ньыыкан оҕонньор лоп курдук үс чааска кэлэн, дьон кэннигэр олоппоско олорунан кэбистэ. Сүүнэ улахан дүҥүрдээх (мин эрэ көрөбүн). Киниэхэ анаан икки олоппоһу эрдэттэн бэлэмнээн тэйиччи уурбутум. Лиэксийэ ааҕа олорон «оҕонньоргут кэлбитэ, кэннигитигэр олорор» диэбиппэр, сорох дьахталлар куттаннылар. «Ньыыкан сахаттан бастакы таҥара буолбут киһи, таҥараттан куттамматтар» диэн дьону өйдөттүм. Хомуска оонньообуппар Ньыыкан кыырда, дүҥүрүн охсуолуур, кутурар, биир сиргэ турда кэриэтэ. Лиэксийэ кэнниттэн Оҥхойго дьиэлэри ыраастаатым. Көбүс- көнө дойду, биир оҥхойо суох сир. Бастакы дьиэбэр улахан ороҥҥо икки ородьоос ыллыга баара (орто абааһы). Аҕалара биэс уонугар тиийбэккэ өлбүт, ити ороҥҥо сыппыт. Билигин уоллара кэргэниниин онно сытар. Кыра кыыстара түүнү быһа ытыыр, сарылыыр эбит (абааһы сиир). Уол майгыта алдьаммыт, иһэр буолбут (абааһы буулаабыт). Сахалар киһи ыалдьан өлбүт сиригэр сыппаттар этэ, олус дьаахханаллара. Ороннорун атын сиргэ көһөрдүм.

*       *        *

    Сарсыныгар Боотулууга тиийэн лиэксийэ аахтыбыт. Халлааҥҥа киһи бөҕө тоҕуоруспут, ити Ньыыкан Айыылары муспут. Хомустуур кэммэр Ньыыкан дүҥүрдээх көтө сырытта, кырдьаҕас оҕонньор диэтэххэ, имигэһэ, хамсанара туох да сүрдээх. Дүҥүрэ сүүнэ улахан, бэйэтин саҕа. Бүтэригэр дүҥүрүн төбөтүн үрдүгэр охсуолуур, өссө хомустаа диир. Күн аайы кэпсэтэр буоламмын, оҕонньору тута өйдүүбүн. Дойдутугар наһаа кыһанар эбит. Лиэксийэ кэнниттэн Боотулууга ким даҕаны эмтэппэтэ, дьиэтин ыраастаппата. Дьоно наһаа сабыылаахтар эбит. Тоҕо манныктарый диэн ыйыппыппар, Ньыыкан быһаарда. Боотулу – эргэ, күүстээх эниэргийэ уйата. Ол иһин улуу ойуун Ньыыкан онно үөскээбит. Эргэ, дьапталлыбыт эниэргийэ саҥаны ылыммат, наһаа туормастыыр. Ол иһин Үөһээ Бүлүү уонна Үөһээ Дьааҥы дьоно олус сабыылаахтар, саҥаны, Киһилээх хайа эниэргийэтин өйдөөбөттөр. Саҥаны түргэнник ылынар улуустар – Сунтаар уонна Уус Алдан. Үөһээ Бүлүү уһугуннаҕына, Саха сирэ барыта уһуктуо, арыгыны испэт буолуохтара, итэҕэл төннүө, духуобунай сайдыы күүскэ барыа диир Ньыыкан кырдьаҕас. Ол иһин куруук манна үлэлээҥ диэтэ. Хомус кэнниттэн күммүт кустуктанна. Сарсыныгар Хороҕо тиийэн лиэксийэ аахтыбыт, дьиэлэри ыраастаатым. Инсуллаабыт киһи биир миэтэрэ кэтиттээх хоноһо ыллыгар сытара. Убайа инсуллаан өлбүтүн кэннэ, үс хоноот, аны кини охтубут. Уҥа хамсаабат өттүгэр инсульт иччитэ, уһун эриэн үөн баар. Ону бэрт эрэйинэн ороотум. Бу ыарыы иччитэ эрдэ киирэр, төбө тымырын кэрбиир, онтон инсульт буолар. Бу үөн киниэхэ убайыттан көһөн кэлбит.

*       *        *

    Үөһээ Бүлүүгэ эмиэ лиэксийэ аахтыбыт, дьиэлэри көрдүбүт. Үс саастаах кыыс бронхит (аллергия) буолан эмискэ балыыһаҕа киирбит. Биир миэтэрэ кэтиттээх хоноһо абааһытын ыллыгар ороно турбут. Хаартысканан көрөн оҕоттон уонча куту (үөнү) таһаардым. Ол иһин аллергияны быраастар кыайбаттар, бу иччилээх ыарыы. Ыллыкка утуйар дьон аллергия буолаллар. Икки этээстээх уопсай дьиэлэргэ ыллык бөҕөтө баар. Онно икки оскуола оҕотун эмтээтим, ыллыктан куттар киирбиттэр, оронноро ыллыкка турара. Биир кыыс иһэ быһыта тутан медкииҥҥэ эмтэнэ сыппыт, быраастар тугу да булбатахтар. Иһигэр улахан кут сылдьара, ону ороотум, уматтым. Иккис кыыска хараҕын анныгар искэн тахсыбыт уонна иһэ ыалдьар. Эмиэ икки кут сылдьара, хараҕын анныгар уонна ахтатыгар. Куоракка эпэрээссийэ оҥорон искэнин бырахпыттар. Иһин ыарыытын быраастар эмиэ булбатахтар. Куттары ороотум, уматтым. Хомуска оонньоон эмтиибин. Ыарыы иччилэрэ мээнэ көстөн биэрбэттэр, аны буллахха, киһиттэн тахсан биэрбэттэр. Үксүгэр кыргыттарга киирэллэр, кинилэр ыллыкка утуйбут буолаллар. Оттон ыллыктар хос аайы бааллар.

*         *       *

    Өбүгэ этэринэн, иччилээх ыарыылар бааллар. Куоракка кэлэн баран, сэттэлээх аллергиялаах кыыстан бронхатыттан сэттэ куту таһаарбытым. Аллергия – иччилээх ыарыы, итинэн ыллыкка утуйар кыргыттар ыалдьаллар. Хороҕо икки киһи арыгытын эмтэппитэ. Арыгы абааһылара киһи төбөтүттэн тутуһан туран охсуһаллар, тэбиэлэнэллэр этэ. Сүдү олоҥхону айбыт улуу өбүгэлэрбит ыарыы иччилээх, абааһылаах дииллэрэ. Онтулара оруннаах эбит. Ол иһин былыргы ойууннар дьону наһаа түргэнник үтүөрдэллэрэ. Оттон билиҥҥи медицина аллергия, диатез ыарыы тоҕо үөскүүрүн сатаан быһаарбат. Өбүгэ сүдү билиитэ дьиҥнээх нанотехнология буолар. Биһиги, сахалар, эдэр арҕааҥҥы омуктары үтүктүбэккэ эрэ, өбүгэ сүдү билиитин – куттары, иччилэри үөрэтиэхтээхпит. Сүдү кыах, сүдү билии, атын омуктар ытыктабыллара бу хайысхаҕа сытар. Киһилээххэ, Сатаҕа сылдьыбыт дьон аһыллаллар, сүдү кыахтаналлар, көрөр, эмтиир буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...