22.05.2021 | 09:02

Кустан сонун бүлүүдэлэри астааҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күн хас биирдии саха ыала булт аһын амсайаллар, ордук кус миинин иһэллэрин ордороллор, айылҕалыын алтыһалларын сөбүлүүллэр, тэлгэһэлэрин арыылаах, алгыстаах алаадьынан күндүлүүр, салама ыйыыр үгэстээхтэр. Онон, Сахабыт сирин ытык-мааны дьоно-сэргэтэ, Ньукуолуммутун уруйдуу-айхаллыы көрсүөҕүҥ! Үөрүү-дьол аргыстастын, ситиһии, табыллыы доҕордостун!

 

Булчуттарга кылгас сүбэ:

Уу көтөрүн (куһу, хааһы, андыны), ойуур көтөрүн (улары, куртуйаҕы) кытта бииргэ буһарыллыбат. Байанайыҥ хаҥнар.

Эдэр сааһыттар саҥа сирдэригэр мунаараллара элбэх. Ол иһин бастакы киэһэ кус таптаан түһэр сирин үчүгэйдик кэтээн, сирийэн көрөргө кыһалын. Күөлгэ киирээт, көтүөхчэ көппөттүү сылдьар кустары күөрэтэн күүппээллээн, ытан түптэлээн барар сыыһа. Олохтоох кус  тыаһырҕаан атын чугастааҕы күөлгэ көтөн хаалыан сөп.

Саҥардыы көппүт кус оҕото аһылыктаах ханнык баҕарар бадарааннаах ууга түһүөн сөп. Ол эрээри сааһыттар улахан күөллэргэ, өрүстэр, үрэхтэр арыыларыгар сытар күөллэргэ, көлүйэлэргэ кустуулларын ордороллор. Ханнык баҕарар күөлгэ кус таптаан түһэр сирдээх буолар. Кырдьаҕас сааһыттар ону эндэппэккэ билэллэр.

 

Куһу үргүүр сылаалаах буолааччы. Ону дьахталлар бэркэ билэбит. Үргэнэ илик куһу чаас аҥаарын устата кыра суодалаах ууга сытыарыҥ. Эбэтэр 3-4 төгүл итии ууга умсаахтатан ыллахха, түүтэ кэбэҕэстик кэлэр. Оттон үргэммит куһу 1 -2 чаас тымныы ууга сытыардахха, этэ сымныыр.

Хаппыысталаах кус

- Биир дьоҕус сибиэһэй хаппыыстаны бүтүннүү быһыҥ, кыра гына кырбастааҥ. Эмиэ буһарыллыбыт куһу хол-буут араартаан сотейникка угуҥ. Кырбаммыт хаппыыстанан бүрүйүҥ, мэлиллибит суухараны таммалатыҥ, соуһунан саба кутуҥ уонна духуопкаҕа бөскөтүҥ. Гарнир быһыытынан буспут хортуосканы ууруллар.

Кус иһин миинэ

- Сибиэһэй кус иһин, быарын, куртаҕын хостоон сууйуллар. Оһоҕоһун ырытыллар, ол эбэтэр сыыйан ыраастаныллар. Итиэннэ дьоҕус иһиккэ уган, бэйэтигэр сөп гына хортуоскалаан, лапсалаан, лууктаан, тумалаан миин бэрдин буһарыллар.

Кус миинэ

Куһу үргээн, иһин хостоон, тымныы ууга сууйуллар. Өр сыппыт кус иһин тута быраҕыллар. Көстүрүүлэҕэ 2 куһу уган, 3 лиитэрэ ууну кутан, 1-2 чаас устата туруора түһүллэр. Онтон уутун сүөкээн баран, саҥа ууну кутан оһоххо туруоруллар. Оргуйдаҕына тахсар күүгэнин холбуйуллар, амсайан көрөн туустанар. Уотун арыый мөлтөтөн, 1 чаас буһарыллар. Саха лапсатын кутуллар, лавровай лииһи уонна 1 ньуоска хонуу күөх луугун эбиллэр. Күөс оһоххо туруоҕуттан 1,5 чаас устата оргуйан, кус атаҕа арахса сылдьар буоллаҕына, ол аата буспут.

Рукавка буспут кус

- Куспутун үргээн баран ууга уган сытыара түһэбит. Амтана тупсар, улахан куһу түөһүнэн иккитэ хайытабыт. Иһин-таһын тууһунан, хара биэрэһинэн сотон баран, сүөгэйгэ угуттуубут. Оччоҕуна сымнаҕас буолар. Онтон куспутун анал рукавка угабыт, баайабыт. Рукаваны 3-4 сиринэн дьөлө анньабыт. Духуопкаҕа 210 кыраадыска 50 мүнүүтэ буһарабыт. Куспутун салаат лиистэригэр бүлүүдэҕэ уурабыт. Аһытыллыбыт хаппыыстаттан помидордаах, оҕурсулаах салааты тула уурабыт. Үрдүгэр уулаах отону табыгынатабыт.

Гречканан фаршируйдаммыт кус

Наада:

- Кус – 1 устуука

- Эриэппэ луук – 1 устуука

- Моркуоп – 1 устуука

- Гречка – ыстакаан 3/2

- Чеснок – 2-3 өлүүскэ

- Оливка арыыта — 60 гр

- Мүөт – 20 г.

- Кыһыл биэрэс (минньигэс)

- Мэлиллибит мускат эриэхэтэ

- Мэлиллибит хара биэрэс, туус

Гречканы сууйуҥ, уутун сүөкээн көстөрүүлэҕэ ууруҥ уонна уута кутуҥ, тууһааҥ. Оргутуҥ уонна уотун мөлтөтөн, бэлэм буолуор диэри буһарыҥ (илдьи буһарымаҥ). Миискэҕэ мүөттэ кутуҥ, бытарытыллыбыт чесногу, тууһу, эриэхэни, хара уонна кыһыл биэрэһи эбиҥ. Оливка арыытын кутан баран, кичэйэн булкуйуҥ. Куһу сууйан баран иһин-таһын кичэйэн маринадынан сотуҥ уонна 40 мүнүүтэ устата туруоруҥ. Эриэппэ луугу кырбаан баран ыһаарылааҥ. Моркуобу теркалаан баран луукта эбиҥ. Буспут гречканы ыһаарыламмыт оҕуруот аһын кытары булкуйуҥ уонна кускут иһигэр фаршируйдааҥ. Сиигин тигиҥ. Арыынан сотуллубут хобордооххо ууруҥ уонна 180 кыраадыска диэри ититиллибит духуопкаҕа угуҥ. Бу кэннэ кустан ууллан түспүт сыатын үрдүгэр саба кута-кута, бэлэм буолуор диэри үтүҥ. Бэлэм буолбут куһу порцияларга араартаан баран остуолга ууруллар.

Кустан плов

Наада:

- Кус түөһүн этэ ( тириитэ суох)— 600 г

- Сибиинньэ сыата -100 г

- Оливка арыыта -100 г

- Эриэппэ луук – 3 устуука

- Моркуоп – 3 устуука

- Чеснок 1 өлүүскэтэ

- Хара биэрэс

- Уһун ириис –  0,5 г

- Шафран –  ч.нь. 4/1

Ууга дьэҥкир буолуор диэри  ирииһи хаста да сууйуҥ уонна биир сантиметр ааһар гына уута кутуҥ. Тууһааҥ, шафранна эбиҥ. Булкуйан баран туруоруҥ. Хобордооххо сибиинньэ сыатын уулларыҥ. Сыаны ылан баран арыыта кутуҥ. Кус түөһүн кырбаан хобордооххо ууруҥ уонна саһарыар диэри ыһаарылааҥ. Эриэппэ луугу төгүрүктүү быһан үрдүгэр ууруҥ. Моркуобу усталыы кырбаан баран казаҥҥа түһэриҥ. Ириистэн уутун сүөкээн баран казаҥҥа ууруҥ. Ирииһи икки тарбаҕынан куотар уута кутуҥ. Ортотугар чеснокта уонна аһыы биэрэстэ батары угуҥ. Уута тэҥҥэ тарҕанарын курдук мас лаппаакынан хас да сиринэн дьөлөҕөстө оҥоруҥ. Күүстээх уокка оргутуҥ. Уута оргуйарын кытта уоту мөлтөтүҥ уонна булкуйбакка эрэ, 20-30 мүнүүтэ устата, бэлэм буолуор диэри буһарыҥ. Буспутун кэннэ бэйэтин суоһугар 10 мүнүүтэ туруора түһүҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...