23.07.2020 | 14:44

Кус иһиттэн сонун бүлүүдэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 Татьяна Михайловна Петрова-Мойуу Кыыһа, Хаҥалас улууһа, ааҕар-суоттуур идэлээх. Элбэх сиэн эбэтэ.

«Өлүөнэ долгуннара» литературнай кулууп чилиэнэ, «Дьөппөнүм оһуордаах ыллыгынан», «Санаам кустугар куустаран», «Иэйиим илгэтэ тылбааска»  диэн ааттаах кинигэлэрдээх. «Сайылыгым оһуордаах ыллыгынан» сайылык олоҕун, «Орджоникидзевскай сопхуос 50 сыла» сопхуос историятын туһунан ахтыы кинигэлэри хомуйан таһаарбыта.

Татьяна Петрова:

Сарсыарда саҥа күн тахсыыта алаадьы буһарарбын, бэрэски астыырбын олус сөбүлүүбүн. Сайын сибиэһэй оҕуруот аһынан ону-маны булкуйан буһарарбын туохтааҕар да ордоробун. Эдэрбэр хотунум кус иһин соркуойдуурун көрөр этим, сааһыран, ону үтүктэн саас-күһүн кус ыраастаан, мунньан, мииннээн дьоммун үөрдэбин. Олус судургу ньыманан астанар астары астааҥ, амсайыҥ диэн үөрэ-көтө үллэстэбин.

 Быартан алаадьы

Састааба:

- 150 г быар

- 100 г ириис

- биир орто төкүнүк луук

- 1 устуука сымыыт

- 200 г  үүт

- 200 г бурдук.

Быары эрийэбит, буспут ириис, төкүнүк луук, хара биэрэс, туус кутан, үүккэ сымыыттаан булкуйабыт, бурдуктуубут уонна арыыга алаадьы курдук буһарабыт. Итиилии хортуоппуйу кытта уурабыт. Сойдоҕуна халбаһы курдук килиэп үрдүгэр ууран, бутерброд оҥостон сиир олус үчүгэй.

Сахалыы бэрэски

Буспут үөс тардар, бүөр, сүрэх, тыҥа – барытыттан кыра-кыра 150 грамм курдугу ылан холбуу буһарабыт. Сойбутун кэннэ эрийэбит, 200 грамм буспут ириис, күөх луук, туус кутан булкуйабыт. Мас арыытыгар ыһаарылыыбыт.

Балык бэрэски

Орто сыалыһары ыраастаан, уҥуоҕуттан арааран ылабыт, искэҕин кытта буһарабыт. Санаа курдук буспут ириис кутабыт, күөх луук уонна ууллубут ынах арыыта кутан булкуйабыт.                      

Эт бэрэскитэ

Састааба:

  • 400 г эриллибит эт
  • 200 г түөркэлэммит хортуоппуй.

Эриллибит эти, түөркэлэммит хортуоппуйу туустаан бииргэ буһарабыт, күөх луук кутан булкуйабыт. Уонна мас арыытыгар буһарабыт. Ууллубут ынах арыытын кытта наһаа минньигэс буолар.

 Кус иһиттэн миин

10 кус бөтөҕөтүн, сүрэҕин, эмис кус оһоҕоһун сууйан, ыраастаан, мунньан баран, кыра ууга буһарабыт. Бэйэ сөбүлүүрүнэн уонна харах холооһунунан көрөн, туус, күөх луук кутабыт. Буһарын саҕана бурдугунан сэлиэйдиибит.

Кус иһиттэн торуой

10 устуука кус иһин (бөтөҕө, сүрэх, эмис кус оһоҕоһо) мунньан ууга буһаран баран, төкүнүк лууктаан ынах арыытыгар ыһаарылаан ылабыт. Остуолга хортуоппуй пюретын кытта уурабыт.

Сахалыы алаадьы

Састааба:

- 300 г  үүт

- 1 устуука сымыыт

- бурдук.

Олус хойуута суох алаадьы тиэстэтин охсон баран, итии хобордооххо оһоххо буһарабыт.

Кабачоктан түргэн соркуой

Састааба:

- 1 бааҥка эт кэнсиэрбэтэ

- 200 г  буспут сыа тэллэйэ

- сибиэһэй оҕуруот аһа

- 1 устуука луук

- 3 устуука минньигэс биэрэс

- 1 устуука моркуоп

- 1 устуука орто кабачок

- 1 остолобуой ньуоска томатнай паста (4-5 устуука эбэтэр кыһыл помидор).

Дириҥ иһиккэ эт кэнсиэрбэтин кутабыт. Онно буспут сыа тэллэйин эбэбит. Төкүнүк луук, моркуоп түөркэлээн буһара уурабыт. Биир тэҥник буһан истэҕинэ, минньигэс биэрэс кутабыт. Онтон кабачогу ыраастаан, кырбастаан угабыт. Сөбүнэн көрөн, кыратык биир ыстакаан уу эбэбит. Харах холооһунунан туус, хара биэрэс амтаһыйан көрөн кутабыт. Өссө буһарын саҕана кыһыл помидор эбэбит.

Бэйэ халбаһыта

Ынах сүрэҕин, бүөрүн бииргэ эрийэбит, буспут ириис холбуубут. Сөбүнэн көрөн туус, күөх луук, хара биэрэс эбэн булкуйабыт. Хаантан хаалбыт оһоҕосторго, ыксаабакка ньуосканан кутан, оһоҕоспутун толоробут, ыга баайабыт уонна оргуйбут ууга уган, биир чаас орто уокка буһарабыт.

    Көбүөрдээх лэппиэскэ

 Бастаан лэппиэскэни буһараҕын. Аһыйбыт үүккэ  суода кутан оҥордоххо, сымнаҕас буолар. 2 киилэ көбүөрү оҥорорго 800 г арыы наада. Арыыга сылаас үүтү кутаҕын, ытыгынан сымнатаҕын. Үчүгэйдик сымнаабытын кэннэ сылаас үүтү, онтон итиччэ тымныы үүтү кутан баран күүскэ ытыйаҕын. Ол курдук мөлбөркөй буолуор диэри сылаас, онтон тымныы үүтү кута-кута тохтоло суох ытыйыахтааххын. Лэппиэскэҕэ сыстар буолла дии санаатаххына, көбүөрү бытарытыллыбыт лэппиэскэҕэ кутан, мас хамыйаҕынан булкуйаҕын. Ол кэнниттэн кыра иһиттэргэ сойутаҕын эбэтэр тоҥороҕун.

  Сандалы бэрэски

Састааба:

  • эт
  • хаһа
  • луук, биэрэс
  • буспут ириис
  • бэлэм тиэстэ (слоенай.)

Хаһаны, луугу, биэрэһи, тууһу эккэ холбонуллар уонна буспут ириискэ булкуйуллар. Бэлэм тиэстэни  өлүүлэргэ араартаан баран, икки ытыска хачайдаан төгүрүктэри оҥоһуллар, чараас буоларын курдук тэнитиллэр. Онтон биир өттүгэр фаршы ууруллар, итиэннэ тиэстэ аҥаарынан холбуу бүүрүктүү тутуллар. Бүк тутуллуутун биилкэ тиистэринэн баттыалаан ойуулуохха сөп. Сандалы бэрэскини итии хобордооххо икки өттүттэн буһарыллар.

Куурусса этиттэн бөрүөк

Састааба:

6 уст. хортуоппуй, 350 гр. куурусса фарша, 70 гр. мас арыыта, 3 уст. помидор, 150 гр. сүөгэй, 4 ост.нь. кетчуп, 3 уст. луук, туус.

Хортуоппуйгутун синньигэс гына төгүрүктүү быһыҥ, икки устуука хортуоппуйу кубик гына биитэр уһун синньигэс гына кырбастааҥ. 2 устуука луугу төгүрүк аҥаара гына синньигэстик быһыҥ, онтон 1 луугу кыра гына кырбастаан баран, фаршкытыгар эбиҥ. Помидору кубик гына кырбастааҥ.  Буһарар иһиккитигэр хортуоппуйу ууруҥ уонна туустааҥ, онтон луук, хортуоппуй, фарш (эрдэттэн туустаан, тумалаан бэлэмниигит), онтон кубиктыы кырбаммыт хортуоппуйу уонна помидору ууран баран туустуугут. Сүөгэйи кетчубу кытта булкуйан баран, бу аскытыгар кутаҕыт.  Хаппахтаан баран, 180 кыраадыска 40-50 мүн. буһараҕыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...