17.07.2024 | 09:19

Куорат пааркатыгар экологическай ыллык баар буолла

Куорат пааркатыгар экологическай ыллык баар буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 16 күнүгэр Дьокуускайга Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар экологическай ыллык арылынна. Бу – В.П. Ларионов аатынан Физико-тэхиньиичэскэй лицей (ФТЛ) үөрэнээччилэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы «Движение Первых» Граннар күрэхтэригэр ситиһиилээх кыттыыларын түмүгэ.
Ол курдук, Саха сириттэн кыттыбыт 100-тэн тахса тэрилтэттэн биэһэ кыайыылаах аатын ылбытын, ол иһигэр Дьокуускай куораттааҕы В.П. Ларионов аатынан Физико-тэхиньиичэскэй лицей «Эко+» бырайыагынан 7-с миэстэҕэ тиксэн, 1 820 000 солк. суумалаах  Грант хаһаайына буолары ситиспитин «Киин куорат» суруйан турар.

Бу күннэргэ Дьокуускай куораттааҕы Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар экологическай ыллыгы тэрийиигэ туһуланар «Эко+» бырайыак номнуо олоххо киирдэ. Бырайыагы көҕүлээччинэн ФТЛ 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Мария Степанова буолар. Мария бу бырайыагынан кини куорат усулуобуйатыгар үөскүүр, үүнэр окко-маска, үөҥҥэ-көйүүргэ, хамсыыр харамайга барытыгар харыстабыллаах сыһыан наадатын көрдөрөр сыаллаах. Кыыс бэйэтэ бэс мас таас куорат усулуобуйатыгар үүнэрин чинчийэр научнай үлэлээх.
ФТЛ үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Артем Еремеев экологическай ыллыкка туруорбут ыйынньыктары оҥорорго элбэх үлэ барбытын кэпсиир. Бэлиэтээн эттэххэ, ФТЛ үөрэнээччилэрэ 2017 сыллаахха Кэҥкэмэ территориятыгар эмиэ эколологическай ыллыгы тэрийэн тураллар. 


Оттон «Эко+» бырайыак партнердарынан Култуура уонна сынньалаҥ паарката, «Дьокуускай куорат уопсастыбаннай туоналарын салайар киин» муниципальнай тэрилтэ, СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ, СӨ «Юные якутяне» ресурснай киинэ, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет уонна РНА СС Криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар института буолаллар.
«Движение Первых» граннар күрэхтэригэр Арассыыйа араас регионуттан 6 тыһыынча кэриҥэ сайаапка киирбит (Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспатын матырыйаалыгар сигэнэн). Хаартыска: Дмитрий Тымыров, «Движение Первых» CӨ салаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....