08.05.2020 | 11:22

Куорат олохтоохторо дьаһалтаҕа тугу суруйалларый?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар Дьон туһаайыытын кытта үлэлиир анал салаа баар. 2020 сыл бастакы кварталыгар дьаһалтаҕа уопсайа 6332 докумуон, 1229 дьон суруга уонна 231 ирдэбил киирбит.

Куорат олохтоохтоорун саамай долгутар  боппуруостара, буоларын курдук, дьиэ-уот туруга уонна хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар кыыллары кытта үлэ.

“Судаарыстыба, уопсастыба, политика” тиэмэлээх салааҕа 246 сурук киирбит. Манна дьон тус туһаайыылаах суруйаллар, приемҥа киирээллэр, каадырабай боппуруостары быһаарсаллар.

“Социальнай эйгэ” салаатыгар 173 сурук киирбит. Бу салааҕа үксүн үөрэхтээһин, социальнай көмө, оҕо уһуйаанын кыһалҕатын быһаарсар сыалаах суруктар киирэллэр.

 “Оборона, куттал суох буолуута, сокуон” салааҕа 40 сурук киирбит. Манна олохтоохтор бэрээдэги кэһиини туоратыы туһунан суруйаллар.

“Экономика” салааҕа быйыл 425 сурук киирбит. Баһыйар өттө сир уонна тутуу боппуруостарыгар сыһыаннаах.

“Олох-дьаһах эйгэтигэр” 347 сурук киирбит. Салайар хампаанньалар үлэлэригэр үҥсүү, олорор усулуобуйаны тупсарыы туһунан этиилэр элбэхтик киирэллэр.

Куорат олохтоохторун туһаайыыларыгар эппиэттииргэ, тустаах миэрэлэри ылыыга 1229 сорук туруоруллубут, олортон 1215 сорук толоруллубут, 14 сурук билигин да үлэҕэ сылдьаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...