26.11.2019 | 12:12

КУОРАТ ОЛОХТООҔО ӨССӨ БИИР КААРТАЛАНАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уон араас докумуону, сэттэ эгэлгэ каартаны, сүүс маҕаһыын бонуһун каартатын соһо сылдьар... эрэйдээх. Барытын биир сиргэ түмүөххэ сөп эбит. Ол эрэн бу төһө барыстааҕа буолла?

Олохтоох дьаһалтаҕа бу ый саҕаланыыта «куорат олохтооҕун каартата» диэн пилотнай бырайыагы быһаарсыбыттара. Бырайыак “Өйдөөх куорат” бырагыраама иитинэн үлэлиирэ сабаҕаланар. Саҥа тэрил Арассыыйаҕа эрэ туһаныллар электроннай «Мир» каартаҕа тирэҕирэр. Манна баан каартата, куорат маҕаһыыннарыгар чэпчэтиилэр, оннооҕор оптуобус төлөбүрэ о.д.а., ону таһынан туоһулуур докумуоннар (пааспар, СНИЛС, ОМС полис), электроннай уонна сыыппара илии баттааһына барыта киириэхтэрэ үһү. Быһата, куорат олохтооҕо үбүн-харчытын, туох-баар докумуонун барытын биир сиргэ түмэр кыахтаныан сөп.

ӨЙДӨӨХ КУОРАТ

«Өйдөөх куорат» бырагыраама Дьокуускай куоракка үлэлээбитэ быданнаата. Үчүгэй өрүтүн көрдөрөн, салгыы улуустарга киллэриллэрэ сабаҕаланар. Технология уопсайа 100 араас сервистээх буолар. Ол курдук, эниэргийэни харыстыыр технология, куорат сыыппара инфраструктурата, куттала суох буолууну хааччыйар ситим, ОДьКХ үлэтин уонна телекоммуникационнай салааны онлайн кэтээн көрүү о.д.а. – бу барыта биир бырагыраамаҕа түмүллүөҕэ.

САҤА КААРТА

Өрдөөҕүтэ, 2005 сыллаахха, Москваҕа «Социальная карточка москвича» диэн бырайыак үлэҕэ киирэн турар. Каартаҕа москвичтар тус ааттара-суоллара суруллар, мантыларынан кинилэр нолуоктарын төлүүллэр, ДьУоКХ өҥөтүгэр, уопсастыбаннай тырааныспарга, аптекаҕа чэпчэтиилэринэн туһаналлар, балыыһаҕа көрдөрүнэр страховай полистарын, туттар каарталарын кытта киллэрэллэр. Биһиги куораппыт каартатыгар туох баар буолуоҕай?

Антон Коноплев, Арассыыйа Уһук Илин регионун Саха сиринээҕи баанын салайааччыта: «Бүгүҥҥү күҥҥэ элбэх куоракка «Мир» каарта баазатыгар куорат олохтооҕун каартата олоххо киирэн турар. Маннык каарталаах киһи судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрүнэн судургутук туһанарын таһынан, бонуснай систиэмэнэн эмиэ туһанар кыахтанар. Ону таһынан каарта национальнай төлүүр систиэмэ аныгы технологияларынан туһанар быраабы биэрэр. Ол иһин биһиги куораппытыгар эмиэ маннык каарта киириэх тустаах”.

Куорат  баһылыга Сардаана Авксентьева этэринэн, каарта нэһилиэнньэҕэ, бастатан туран, судаарыстыба көмөтүн ыларга көмөлөһүөхтээх.

Холобура, бүгүн биһиги күҥҥэ, аччаабыта, 500 солкуобайы барыыр буоллахпытына, бу каарта үлэлээтэҕинэ, баҕар, саатар оптуобуспут төлөбүрүгэр барыһырыахпытын сөп буолуо дуо?

УСТУДЬУОННАРГА

Пилотнай бырайыак салайааччыта Михаил Лукин этэринэн, анал каарта устудьуоннарга эмиэ толкуйдана сылдьар эбит. Ол курдук, библиотекаларга, араас хабааннаах тэрээһиннэргэ, маҕаһыыннарга чэпчэтиинэн туһанар гына.

ОСКУОЛА ОҔОЛОРО

Кэлиҥҥи кэмҥэ, олох усулуобуйата да кытаатан, төрөппүт оҕотун ханна сылдьарын чаһынан кэтииргэ күһэллэр. Онуоха бу каарта эмиэ туһалаах буолуохтаах эбит. Анал сыһыарыыны хачайдаан, оҕо ханна тиийбитин, оптуобуска киирбитин-суоҕун, хайа диэки айаннаабытын PUSH-иһитиннэриинэн кэтии олорор кыахтанар. Маны таһынан, оскуолаҕа, оҕо уһуйааныгар ыйдааҕы төлөбүрү эмиэ бу каартанан төлүүр кыах баар.

Михаил Лукин, бырайыак сүрүннүүр исписэлииһэ:

Маны сэргэ саҥа каарта бааннарга чэпчэтиилээх бонустары биэрэр. Биэнсийэ, хамнас кэлиитин-барыытын, социальнай босуобуйалары кэтээн көрөр, маҕаһыыннарга чэпчэтиилээх кэшбэктэри, онтон да араас өҥөнү мэктиэлиир.

Куорат олохтооҕун каартата 2020 сыл I-кы аҥаарыгар киириэн сөп.

Сардаана Авксентьева, куорат баһылыга: “Биһиги хас биирдии баантан этиилэри, кинилэр усулуобуйаларын  кэтэһэбит. Бырайыакка кыттыһыан баҕалаах бааннар бары тэҥҥэ киирсэллэрин хонтуруоллуубут. Бүгүҥҥү туругунан «Алмаасэргиэнбаан»

бэлэмин биллэрэр, кинилэр оптуобус каартатын оҥорор буоланнар, билэллэр.  Ол эрэн уопсай түмүгү “Өйдөөх куорат» бырайыак  таһаарыҕа”.

МОСКВА КААРТАТА МАННЫК:

Москуба олохтооҕун каартата куорат олохтоохторугар эрэ анаан оҥоһуллар уонна дьүһүнүнэн арахсар буолар эбит. Тус  ааттара-суоллара сурулла сылдьар пластик каартанан нэһилиэнньэ нолуок уонна ДьУоКХ  өҥөтүн төлүүр, биэнсийэтэ, хамнаһа, стипендията түһэр, субсидия, босуобуйа кэлиитин хонтуруоллуур. Страховай полис быһыытынан уонна уопсастыбаннай оптуобуска, барыыга-кэлиигэ чэпчэтиинэн туһанар буолбуттара. Биир уратыта – каарта 7500 кэриҥэ араас маҕаһыыҥҥа чэпчэтиини көрөр.

КИМНЭЭХ ТУҺАНАЛЛАР?

Биэнсийэлээхтэр

Оптуобуска босхо айанныыллар

Социальнай суолталаах таксинан туһаналлар

Маҕаһыын табаардарыгар уонна араас өҥөҕө чэпчэтиинэн туһаналлар

Бырааска суруйтараллар

Москва олохтооҕун каартатын социальнай көмөнөн туһанар дьоҥҥо эрэ  биэрэллэр биитэр социальнай харыстабыл уорганнарыгар учуокка турбут, биэнсийэлээх дьоҥҥо.

Устудьуоннар

Уопсастыбаннай тырааныспарга чэпчэтиллибит бырайыаһынан туһаналлар

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна араас өҥөҕо чэпчэтии көрүллэр

Маҕаһыыҥҥа түһэриллибит сыананан атыылаһаллар

Стипендияны  тутатына каартаҕа ылаллар

Устудьуоннар каарталарын пропискалаах ыччаттар ылаллар. Аспиратураҕа, ординатураҕа уонна күнүскү үөрэххэ үөрэнэллэрэ хонтуруолланар. «Бакалавр” эбэтэр “магистр” буоллаҕына ылбат. Үөрэҕин тэрилтэтэ Москва куоракка аккредитацияламмыт буолуохтаах.

Хат дьахталлар

Босуобуйаны каартаҕа ылаллар

Маҕаһыын табаардарыгар уонна араас өҥөҕө түһэриллибит сыананан атыылаһаллар

Бырааска суруйтараллар

Тырааныспарга "Тройка" сыһыарыынан чэпчэтии көрүллэр

Хат дьахталлар бастайааннай пропискалаах эрэ буоллахтарына ылаллар уонна тутатына учуокка турбут буолуохтаахтар.

Оскуола уонна коллежд үөрэнээччилэрэ

Уопсастыбаннай тырааныспарга чэпчэтиилээх бырайыастаахтар

Оскуолаҕа аһылыкка чэпчэтии көрүллэр

Маҕаһыын табаардарыгар уонна араас өҥөҕө түһэриллибит сыананан атыылаһаллар

Бырааска суруйтараллар

Орто анал үөрэх кыһалара,  судаарыстыбаннай уонна судаарыстбаннайа суох  оскуолалар туһаналлар. Үөрэх тэрилтэтэ Москва куоракка судаарыстыбаннай  аккредитацияны ааспыт буолуохтаах

КААРТАНЫ ХАЙДАХ ОҤОТТОРОЛЛОР?

  1. Сайбалыанньаны МФЦ-га тиийэн суруйаллар эбэтэр онлайн систиэмэнэн дьиэттэн тахсыбакка эрэ толороллор.
  2. Сайабалыанньа түмүгүн электронннай почта нөҥүө бэрэбиэркэлиигин.
  3. МФЦ-га кэлэн каартаҕын ылаҕын. Оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар үөрэнэр тэрилтэлэриттэн ылаллар.

Муниципальнай  оскуолаҕа, колледжка үөрэнэр киһи сайабалыанньатын mos.ru. куорат порталыгар биэрэр. Чааһынай эбэтэр судаарыстыбыннай оскуолаҕа, колледжка эбэтэр атын судаарыстыба гражданина буоллаххына, сайабалыанньаны «Мои документы» туттараҕын.

Бу курдук, олохтоохтор санаалара араас. Оттон эн, киин  куорат олохтооҕо, “куорат олохтооҕун каартата” бырайыагы сэҥээрдиҥ дуо? Санааҕын хаһыаппыт 8914-270-64-04 бассаап нүөмэригэр күүтэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...