16.05.2022 | 20:44

Куорат нэһилиэктэрэ сааскы халааҥҥа бэлэмнэр

Куорат нэһилиэктэрэ сааскы халааҥҥа бэлэмнэр
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат территориятыгар сааскы халаан уута ааһар кэмигэр гидротехническэй тутуу тоҕо барар түбэлтэтигэр, 9 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһуур Табаҕа, Хатас, Пригороднай, Сыырдаах, Тулагы, Капитоновка сэлиэнньэлэригэр уонна Кангалаас, Даркылаах, Марха оройуоннарыгар.

 

Итинник куттал суоһуурун туһунан куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай бэрэссэдээтэллээх суһал штаб мунньаҕар этилиннэ.

«Гражданскай оборона, нэһилиэнньэни уонна территориялары айылҕа уонна техногеннай ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан куттал суоһаабатын хааччыйар управление» МХТ салайааччыта Николай Егоров иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куорат уокуругар, Кангалаас тумулун оройуонугар муус харан уонна уу таһыма үрдээн, 1558 киһи, ол иһигэр 382 оҕо олорор 491 дьиэ ууга барар кутталлаах.

Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын салайааччыта Өлүөнэ эбэ уутун таһыма кытаанах хонтуруолга сылдьарын, гидрологическай кэтээн көрүүгэ 3 төгүрүк суукканан үлэлиир уонна биир быстах кэмҥэ үлэлиир («Дьокуускайдааҕы гидрометеорологияҕа уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ управление» ФСБТ пууна) пууннар тэриллибиттэрин туһунан иһитиннэрдэ. Кэтээн көрүү пууннара Дьокуускай куоракка, Табаҕа сэлиэнньэтигэр, Кангалаас оройуонугар уонна  Тулагы сэлиэнньэтигэр (быстах кэмнээх пуун) тэриллибиттэр.

Өлүөнэ тардыытын ууга салалтата Дьокуускай куорат таһыгар мууһу кэбирэтэр үлэни түмүктээбит. 47 гектар иэннээх муус хараарбыт, муус харар учаастактарыгар уопсайа 13 км муус эрбэммит. Итини сэргэ ууну ыытар уонна гидротехническэй тутуулар сааскы халаан уутун куттала суох ыытарга бэлэмнэрэ бэрэбиэркэлэммит.

Николай Егоров, «Гражданскай оборона, нэһилиэнньэни уонна территориялары айылҕа уонна техногеннай ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан куттал суоһаабатын хааччыйар управление» МХТ салайааччыта:

— Табаҕатааҕы өрүс тас үөһүн кытыла сууллар кутталлаах, итиннэ 37 дьиэ баар, онно 101 киһи, итинтэн 22 оҕо олорор. 2021 сылга куттал суоһаабатын хааччыйар сыаллаах Пригороднай сэлиэнньэтиттэн Эргэ Табаҕаҕа диэри биэрэги бөҕөргөтөр үлэ барбыта. Ити тэрээһин саамай сэрэхтээх учаастактарга,  кытыл ордук улахан эрозиялаах сирдэригэр ыытыллыбыта.

 «Якутдорстрой» АУо кытта «инертнай» матырыйааллар саппаастарын оҥорууга уонна тиэхиньикэ дьуһуурустубатын тэрийиигэ дуогабар түһэрсиллибит. Билиҥҥи туругунан Табаҕа, Хатас, Пригороднай, Тулагы сэлиэнньэлэригэр «инертнай» матырыйааллар (буор, кумах) саппаастарын оҥоруу түмүктэнэн эрэр.

Ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түбэлтэтигэр, суһаллык гражданнары быстах кэмҥэ олордор пууннар арыллыахтара. Ити сыалга Табаҕа, Хатас, Сыырдаах, Тулагы, Капитоновка, Пригороднай сэлиэнньэлэригэр, Кангалаас, Даркылаах уонна Марха оройуоннарыгар уопсайа 1450 миэстэлээх 11 быстах кэмнээх пуун арыллар.

Ууга барар сирдэртэн дьону көһөрөргө «ЯПАК» МУТ тырааныспара үлэлэһиэҕэ, пууннарга көһөрүллүбүт нэһилиэнньэҕэ уонна аварийнай-быыһыыр салааларга анаан итии аһылык тэриллиэҕэ. 

Ынах сүөһүнү уонна сылгылары кэмигэр куоттарар сыаллаах үрдүк сирдэргэ быстах тутар пууннар былааннаммыттар, итиннэ уопсайа 795 ынах сүөһү уонна 759 сылгы киириэхтээх. Кинилэргэ 9,5 тонна ас бэлэмнэммит. Манна даҕатан эттэххэ, муус устар 25 күнүгэр Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр сүөһүнү, сылгыны эрдэттэн бэлэмнэммит, ууга барбат сирдэргэ куоттарарга эрчиллэр тэрээһиннэр ыытыллыбыттара.

Гидротехническэй тутуу тоҕо барар түбэлтэтигэр куттал суоһуур нэһилиэнньэлээх пууннарын ахсааныгар киирэр муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын кытта кэпсэттим.

Егор Попов,  Тулагы-Киллэм нэһилиэгин баһылыга:

— Егор Гаврильевич, нэһилиэккит халаан уутуттан куттал суоһуур сирдэр ахсааннарыгар сылдьар. Билиҥҥи балаһыанньа хайдаҕый? Хороҕор муостаахтары, сыспай сиэллээхтэри кураанах сиргэ куоттарарга эрчиллибиккитин билэбит.

— Сыл аайы буоларын курдук, нэһилиэкпитигэр сааскы халаан уутун куттала суох аһарарга үлэ-хамнас эрдэттэн саҕаламмыта. Ол курдук, муус устар 25 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үөрэх буолбута, ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, ынах сүөһүнү, сылгыны уу ылбат, кураанах сиргэ куоттарыы диэн. Итиэннэ сааскы халаан уутун куттала суох аһарарга бэлэмнэнии чэрчитинэн хамаанданан-штабынан үөрэх эмиэ буолбута. Бэйэм нэһилиэк иһинэн дьаһал таһаараммын, былаан оҥорбуппут. Ити былааҥҥа олоҕуран хас даҕаны бөлөх тэриллэн үлэлиир, ый анараа өттүгэр ыалларынан сылдьан хайдах буолуохтаахтарын туһунан ыйыы-кэрдии биэрбиппит. Дьон быстах болдьоххо олорор үс пууна баар – Сыырдаах кулуубугар 50 куойка-миэстэлээх, Киллэм кулуубугар эмиэ 50 миэстэлээх уонна «Светлячок» диэн радиостанцияҕа баар оҕо уһуйааныгар 50-тан 100-кэ диэри миэстэлээх. Барыта бэрэбиэркэни ааһан бэлэм. Радиостанцияҕа 300 төбө сүөһүнү, сылгыны туруорар быстах пуун баар. Бүгүҥҥүттэн үлэһиттэрбитин төгүрүк суукканан дьуһуурустубаҕа туруордубут. Уу таһымын гидропостка көрө-көрө дакылааттыыбыт, билиҥҥитэ 2-лии чаас буола-буола көрөбүт, онтон чаас аҥара, саамай муҥутаан үрдүүр кэмигэр 15 мүнүүтэ аайы көрүөхпүт. Олохтоохтор эмиэ олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар, 1998-2001 сылларга улахан алдьатыылаах уу кэлэн барбыта.

«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ сайаапка суруйаммыт 500 к/м кумаҕы, 700 к/м «скальная порода» диэн тааһы бэлэмнэтэммит, даамбаларбытыгар сытыарабыт уонна погрузчиктар кэлэннэр дьуһуурустубалыыллар. Ыксал буолар түбэлтэтигэр диэн «ЯПАК» МУТ оптуобустарыгар эмиэ сайаапка түһэрбиппит. Нэһилиэнньэни сылаас аһынан-таҥаһынан хааччыйарга сайаапкалары эмиэ биэрбиппит, дуогабар түһэрсибиппит. Онон бэлэм курдукпут.

Евгений Пермяков, Хатас нэһилиэгин баһылыга:

— Евгений Петрович, халаан уутун куттала суох аһарарга төһө бэлэмнээххитий, туох үлэни ыыттыгыт?

— Хатас нэһилиэгэ боротуоха үрдүгэр турар буолан, сыл ахсын бэлэмнэнии үлэтин ыытабыт. Ааспыт сылларга биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ барбыта. Биэрэккэ 36 дьиэ турар, итиннэ сылдьан рейдэлээн инструктаж туттарбыппыт. Ону таһынан «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ «инертнай» матырыйааллары – 90 куб кумаҕы уонна 54 тонна «скальнай грунт»  аҕалан бэлэмнээн сытыарар. Ону таһынан дьону быстах кэмҥэ олордор пууннары бэлэмнээтибит. Итиэннэ ынах сүөһүнү тутар пууннары отунан, уунан хааччыйдыбыт. Социальнай ситимнэр нөҥүө уонна биллэриилэри ыйаталаан, халаан уутугар бэлэмнэнии үлэтэ бара турарын нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрбиппит. Бэлэмнэнии үлэтэ билигин да бара турар. 

Николай Ксенофонтов, Марха дьаһалтатын баһылыга:

— Николай Анатольевич, Мархаҕа сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии чэрчитинэн туох үлэ ыытылынна?

— Билиҥҥи туругунан куттал суоһаабат, барыта этэҥҥэ курдук. Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын кытта наадалаах дуогабардары барытын түһэрсибиппит. Ыксал буолаары гыннаҕына олохтоохтору көһөрөргө «ЯПАК» МУТ оптуобустарын туһаныахпыт. Биһиги территориябытыгар дьону быстах кэмҥэ олордор икки пуун баар. Марха олохтоохторугар наада буолбатаҕына даҕаны, чугаһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннартан – Тулагы-Киллэмтэн, Кангалаастан, Промышленнай уокуруктан кэлэр дьоҥҥо көмөлөһөргө, пууннарбытыгар олордорго бэлэммит. 

 

Өлүөнэ эбэ мууһа ыам ыйын 18-19 күннэригэр арыллара күүтүллэр, ити урукку сыллардааҕар 3-4 хонугунан эрдэлээн буолуоҕа.

Саха сирин территориятыгар муус устарын https://www.sakha.gov.ru/ledohod  онлайн камеранан көрүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...