Куорат күнүгэр атыыга-эргиэҥҥэ сайаапкалары хомуйан саҕалаатылар
Урбааҥҥа, потребителькай ырыынакка уонна туризмы сайыннарыыга департамент Куорат күнүгэр атыыга сайаапкалары балаҕан ыйын 6 күнүгэр диэри хомуйар.
Сайаапкалары атырдьах ыйын 14 күнүттэн балаҕан ыйын 6 күнгэр диэри Олохтоох дьаһалта дьиэтигэр (Ленин пр., 15) 207 каб. туталлар, төл.: 40-80-95.
Куорат күнүгэр атыы-эргиэн туочукатын туруорарга ирдэнэр докумуоннар:
1. Сайабылыанньа;
2. Пааспар куоппуйата;
3. Нолуок уорганыгар учуокка турар туһунан сибидиэтэлистибэ (куоппуйа);
4. Урбаанньыт буолары туоһулуур сибидиэтэлистибэ (куоппуйа);
5. ЕГРИП суруга (куоппуйа);
6. Производственнай хонтуруол бырагыраамата – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр;
7. СӨ Гигиена уонна эпидемиология киинин кытта дуогабар;
8. Роспотребнадзортан учуокка турар туһунан сурук – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр (куоппуйа);
9. Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр дьиэ куортамын туһунан дуогабар (куоппуйа) эбэтэр дьиэни бас билии туһунан сибидиэтэлистибэ;
10. Табаар сертификата, хаачыстыба туһунан декларация (эргиэн кэмигэр бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар);
11. Үлэһиттэр испииһэктэрэ;
12. Санитарнай киниискэ (оригинал), прививка туһунан сертификат – оригинал уонна куоппуйа. Атыы кэмигэр бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар:
13. Ковид прививката (Кылаабынай судаарыстыбаннай быраас 13.07.2021г № 4 бирикээһинэн);
14. Шигеллвак (сылга биирдэ) – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр;
15. Альгавак, Хадрикс (А Гепатит), корь – уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр;
16. Быраас көҥүлэ (сылга биирдэ)
17. ФЛГ (сылга биирдэ)
18. Сан.минимум (икки сылга биирдэ).
Сайабылыанньа