05.12.2020 | 16:58 | Просмотров: 617

Куорат бастыҥ олохтооҕун быһаарар бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 1 күнүттэн сыл аайы ыытыллар “Якутянин года-2020. Якутск” уопсастыбаннай бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы саҕаланна. Быйыл “На страже здоровья” уонна “За сплочение поколений” диэн икки саҥа хайысха баар буолла.

Киин куорат сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит аныгы кэм дьоруойдарын быһаарар аналлаах бириэмийэ дьон-сэргэ билиниитин ылбыт олохтоохторго туттарыллар. Тэрийээччилэр – Ykt.ru портал, “Журфикс” сурунаал, “Воспитание – всем обществом” оҕону иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ гражданскай көҕүлээһиннэри өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын. Тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ – Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева.

Куонкуруска киин куоракка олорор уонна үлэлиир дьон кытталлар. Сайаапкаларгытын Yakutyanin_goda@mail.ru электроннай почтаҕа ыытаҕыт эбэтэр Ленин проспегын 15-гэр турар олохтоох дьаһалта дьиэтин бастакы этээһигэр тиийэн, «Якутянин года-2020. Якутск» диэн почта дьааһыгар угаҕыт. Сүүмэрдээһини ааспыт хандьыдааттар сайаапкаларын салгыы тэрийэр кэмитиэт көрөр. Ол кэннэ 21 киһилээх испииһэк бигэргэнэр.

Тохсунньу 11-27 күннэригэр Ykt.ru сайтка интэриниэт куоластааһын ыытыллар. 2021 сыл олунньу 2-4 күннэригэр тэрийэр кэмитиэт мунньаҕа буолар. Онно куоластааһын түмүгүнэн бириэмийэ лауреаттарын ааттара биллэр.

Куоластааһын түмүгүнэн 6 лауреат уонна саамай элбэх баалы ылбыт Гран-при хаһаайына быһаарыллар.  Кыайыылаахтары 2021 сыл олунньу 5 күнүгэр наҕараадалыахтара.

Санатан аастахха,  «Якутянин года – 2019. Якутск» кыайыылааҕынан профессор, социологическай наука дуоктара Ульяна Винокурова ааттаммыта.

Ханнык хайысхалар баалларын, туох докумуон ирдэнэрин сиһилии якутск.рф сайтка киирэн аах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.