18.12.2019 | 14:58

КУОБАХ КӨҤҮЛЛЭММИТИН БИЛЭҔИН ДУО?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

КУОБАХ КӨҤҮЛЛЭММИТИН БИЛЭҔИН ДУО?

Саха сирин үрдүнэн 100 тыһыынчаттан  тахса булт билиэттээх киһи баар. Булчут уопсай ахсаанын 30 бырыһыана Дьокуускайга олорор.

Дьокуускай куоракка булт көҥүлүн ылыы быйыл иккис сылын электроннайдык барбыта. Быйылгы булт сезонун үөрүүтэ буолбут сонун – 10-ча сылы быһа бобуллубут куобах булда көҥүллэммитэ.

Сыл аайы куобах бобуута салҕыы бигэргэнэн иһэр этэ. Оттон быйыл Арассыыйа Росприроднадзора көҥүллээн кэбистэ. Саха сиринээҕи булт Департамена бобуу оруннааҕын туһунан бырайыагын кыайан көмүскээбэккэ хаалла. Ол эрэн, булт сокуонугар олоҕуран, куобах квотата хааччахтанар.

Куобах син баар дииллэр. Ордук хоту улуустарга биллэн эрэр курдук. Тааттаны таппыт. Дьааҥыга аһара мэнээктии сылдьан баран, ыарыы туран, имири эстибиттээх. “Саҥа үөскүөхчэ буолан эрдэхтэринэ, көҥүллээн кэбиһэн, өссө аҕыйатарбыт буолуо”,- диэн нэһилиэнньэ сэрэхэдийэр. Уонча сыл хааччахтанан даҕаны, куобахпыт урукку курдук элбээбэтэ – айылҕа бэйэтин бэйэтэ дьаһанар.

БУЛТУУР СИР 3 КӨРҮҤНЭЭХ

Сокуон бултуур сири үс көрүҥҥэ араарар:

  • Уопсай бултуур сирдэр;
  • Ханнык эмэ хаһаайыстыбаҕа сыһыарыллыбыт сирдэр;
  • Ураты харыстанар ытык сирдэр.

Саха сиринээҕи булт департаменын чахчытынан, өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн 354 бултуур хаһаайыстыба баар, кинилэр туристыыр өҥөнү оҥоруу быһыытынан үлэлииллэр. Ол аата бултуурга анаан ылбыт көҥүллэрин кимиэхэ баҕарар атыылыахтарын сөп. Сокуон ону бопсубат.

Оттон уопсай бултанар сирдэргэ көҥүлү тустаах министиэристибэ эрэ биэрэр. Бу докумуону дьон уочараттаан ылыахтаах.

Уопсай сирдэргэ бултуурга көҥүл квотатын улахан аҥаара улуустарынан тарҕанар. Дьокуускайга отучча бырыһыана хаалар.

Быйыл булт көҥүлэ бэриллибит:

  • Тайахха – 2171 устуука (2018 с. – 2396 уст.);
    • Кыыл табаҕа – 21704 уст. (2018 с. – 17000 уст.);
    • Киискэ – 48497 уст.
    • Эһэҕэ – 1408 уст. (2018 с. – 1143 уст.)

Бэрээдэк быһыытынан, сезон бүттэ да, булду учуоттааһын, ааҕыы ыытыллар.  Олунньуттан кыһыҥҥы кыыл-сүөл суолун-ииһин ааҕыы саҕаланар. Онно олоҕуран, РФ Айылҕа ресурсаларын министиэристибэтинэн регион квотата быһыллар. Билигин кыыл ахсаана бултуур сирдэринэн туһунан ааҕыллар буолан турар. Урут кыыл ахсаана уопсай уонна хаһаайыстыбалар сирдэринэн барытынан бииргэ кууһунан ааҕыллар буоллаҕына, кэнники ылыллыбыт сокуон маны тохтоппута. Чуолаан булт хаһаайыстыбалара төһө кыыл баарын ааҕан отчуоттаан истэхтэринэ эрэ квота ылар кыахтаналлар. Быйыл хас да хаһаайыстыба, суоту-учуоту кэмигэр баттаспакка, бултуур көҥүлгэ тиксибэккэ илиитин соттон хаалбыт.

ЭЛЕКТРОННАЙ УОЧАРАТЫ УЛУУСТАР СӨБҮЛЭЭБЭТТЭР

Бэлиэтээн эттэххэ, электроннай уочарат өҥөтө Дьокуускайга эрэ баар. Улуустарга суох, ол иһин сэрэбиэй (жеребьевка) ыыталлар. Алдаҥҥа, Нерюнгригэ уонна Мииринэйгэ булчут аҕыйах буолан, сэрэбиэй курдук тэрээһиннэри тэрийбэттэр. Былырыыҥҥы тэрээһин түмүгүнэн оробуочай бөлөх үлэлиир. Сокуон быһыытынан хайаан да уочараттаан ылыахтаахтар, ол иһин улуустарга булчуттар бэйэлэрэ көҕүлээн сэрэбиэй ыыталлар.

Дьокуускайга электроннай уочарат билиҥҥитэ оннун була илик. Дьиҥэ, булт сокуонун уларытыыга балай эмэ элбэх үлэ барбыта. Ил Түмэн дьокутааттара, Экологияҕа уонна Инновацияҕа, цифровой сайдыыга, инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэлэр, булчуттар, балыксыттар сойуустарын специалистара сокуоҥҥа уларытыылары оҥорон киллэрбиттэрэ, Ил Түмэҥҥэ иккис ааҕыыны ааспатаҕа. Маннык ньыманан көҥүлү түҥэтиигэ улуус булчуттарын атаҕастыыллар диэн буолбута.

Электроннай портал улуус эбэтэр куорат булчута диэн араарбат. Уопсай бултуур сиргэ Арассыыйа ханнык баҕарар киин куоратыттан кэлэн бултуохтарын сөп. Порталга киирбит сайаапка булт көрүҥнэринэн түмүллэр. Манна булчут улуус дуу, куорат дуу буолара учуоттаммат. Онтон сэрэбиэй “генератор случайных чисел” диэн көмөтүнэн ыытыллар. Куораттартан элбэх киһи кыттара биллэр, онон көҥүл үксэ куораттарга түбэһиэн сөп диэн улуустар утарсаллар.

ЭҺЭ ЭҺИИЛ ЭМИЭ ЭРЭЙДИИҺИ

Быйыл сайын үгүс улуустарга тыатааҕылар дьон олорор сиригэр аһара чугаһаан, нэһилиэнньэни куттуу сырыттылар.

Холобур, Кэбээйи нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта туруорсуутунан булчуттар биригээдэлэрэ тэриллибитэ, биир эһэни бултаһарга көҥүл ылыллыбыта. Уоннааҕы адьырҕалары бөһүөлэктэн тэйитэргэ кэтэбил олохтоммута. От ыйын саҕаланыыта тыатааҕы олох да ыаллар тэлгэһэлэригэр киирэн «дьаарбайан» тахсыбытын, Бараһыылап учаастагар өссө дьиэлэр быыстарынан сүүрэ сылдьан сүөһүлэри, Ходуһалаах учаастагар сылгыһыты эккирэппитин туһунан сурах бөһүөлэги тилийэ сүүрбүтэ. От-мас үлэтин үгэнигэр, сир аһын буһуута кэлбитигэр сылгыга, сүөһүгэ кутталлааҕын ааһан дьоҥҥо-сэргэҕэ тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскүү сылдьыбыта.

Хара тыа хаһаайына Кэбээйигэ эрэ буолбакка, уопсайынан Саха сирин үрдүнэн  ахсаана аһара элбээн мэнээктээн хаалла. Бөһүөлэктэргэ талбытынан киирэн айбардыыр буолла. Ыттан-кустан, дьонтон-сэргэттэн куттаммат, толлубат эбит. Көҥүлү нэһилиэктэргэ ботуччу соҕус биэрэллэрэ буоллар, тыа хаһаайыстыбатыгар, дьон олоҕор, доруобуйатыгар хоромньуну аҕалар адьырҕа кыыл тохтотуллуо эбитэ буолуо.

Саха сирин Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, эһэ мэнээктээһинэ хас да төрүөттээх: уопуттаах эсэһит булчуттар аҕыйахтарыттан, ону сэргэ эһэҕэ нолуок үрдүгүттэн (3000 солк.) сылга бэриллибит квота туһаныллыбакка хаалар. Холобур, 2014-15 сс. булт сезоныгар эһэни бултуурга 349 көҥүл бэриллибититтэн 210 эрэ эһэ өлөрүллүбүт. Ону сэргэ ойуур баһаарыттан куотан чугастыы сытар эрэгийиэннэртэн кэлии да баар буолуон сөп эбит. Маны таһынан бөҕү, убаҕас тобохтору бөһүөлэктэн чугас эргин тоҕорбутуттан эмиэ буолуон сөбүн иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...