17.03.2022 | 16:00

Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сыла бэлиэтэннэ

Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сыла бэлиэтэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүгэр норуоттар Доҕордоһууларын болуоссатыгар баар пааматынньыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолла. Тэрээһиҥҥэ куорат баһылыга Евгений Григорьев кытынна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Бүгүн Саха сирэ норуоппут чулуу уола, саха литературатын төрүттээччи, поэт, учуонай, сырдатааччы Алексей Елисеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 145 сылын бэлиэтиир. Кини толкуйдара уонна идиэйэлэрэ биһиэхэ уонна үүнэр көлүөнэҕэ улахан сабыдыаллаахтар. Алексей Елисеевич туһунан өйдөбүл норуоппут, тылбыт, литературабыт баалларын тухары үйэлэргэ тыыннаах буолуоҕа», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Суруйааччы сиэнэ Раиса Кулаковская дьиэ кэргэнин аатыттан Алексей Елисеевич Кулаковскай сырдык аатыгар уонна үлэлэригэр ытыктабылларын уонна болҕомтолорун иһин өрөспүүбүлүкэ, куорат олохтоохторугар махталын биллэрдэ.  
«Эһэбит олоҕун тухары учуутал этэ. Кини Таатта, Бүлүү уонна Хаҥалас оройуоннарыгар, ону кытта Дьокуускай куоракка үлэлээбитэ. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир кэмҥэ Алексей Елисеевич Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтоспут Исидор Бараховы, өрөспүүбүлүкэ чулуу судаарыстыбаннай уонна политическай деятелин Степан Аржаковы, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятели Степан Гоголевы уонна онтон да атын өрөспүүбүлүкэ төрүттэнэригэр кылааттарын киллэрбит дьону иитэн таһаарбыта диэн санатыахпын баҕарабын», — диэтэ Раиса Кулаковская.
Пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн уурууга норуодунай дьокутааттар, Олохтоох дьаһалта бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннай деятеллэр, Алексей Елисеевич Кулаковскай аймахтара уонна биир дойдулаахтара, уопсастыбанньыктар уонна куорат олохтоохторо кытыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...