18.03.2022 | 12:21

Крым – биһиэнэ

Крым – биһиэнэ
Ааптар: Галина Спиридонова
Бөлөххө киир

Бүгүн, кулун тутар 18 күнүгэр, Крым Арассыыйа састаабыгар киирбитэ ахсыс сыла. “Крым, чахчы да, биһиэнэ эбээт!” дэһиэхпит биһиги, сахалар, сирин-дойдутун былыргы ааттарын истэн, көрөн, кыынньар кымыһын амсайан баран.

Крым хайаларын, күөллэрин, куораттарын ааттарын ханан эрэ сахабыт тылыгар ханыылыы истэрбит, кырдьык, баар суол. Элбэхтэн аҕыйах холобур: Аджи Голь күөл – Аһыы Күөл, Ай Петри хайа – Айыы Петр, Ак-Кая хайа – Үрүҥ Хайа, Кара-Даг хайа – Хара хайа, Сары-Кая хайа – Саһархай хайа, Ат-Баш хайа – Ат Баһа, Балыклава куорат – Балыга элбэх, Коктебель куорат – Күөх төбө о.д.а.

Крым Сэбиэскэй Сойуус саҕана сэллик ыарыыны эмтиир санаторийдарынан аатырара. Бу санаторийдар сүрүн эмтэрэ – муора чэбдигирдэр салгына уонна Крым кыынньар кымыһа этилэр. Крым билигин даҕаны кымыһын оҥорор, кафеларга сырыттахха, олохтоох нэһилиэнньэ сөбүлээн атыылаһар.

“Крым – биһиэнэ” диэн санааны салгыыр буоллахха, “Ласточкино гнездо” комплекска сахалыы... салама баайар мас баар. Бу маһы кинилэр биһиги курдук Кэрэх мас, Ытык мас эҥин диэбэккэ, Дьол маһа диэн ааттыыллар. Үтүөнү, кэрэни санаан баран, салама баайдахха, Дьол маһа ол туоларыгар көмөлөһөр.

Мин маны барытын, биллэн турар, Крымы сахалар төрүттээбиппит диэри ахтыбатым. Араас үйэҕэ бу кэрэ көстүүлээх, өҥ буордаах, сымнаҕас айылҕалаах, ордук эргиэн, байыаннай өттүнэн табыгастаах тумул арыыны хайҕыы көрөн, таврдар, скифтэр, гректэр, римляннар, туроктар, итальянецтар, татардар о.д.а. омуктар олоро сылдьыбыт бэлиэлэрэ буоларын санатаары аҕынным.

Киһи тугу барытын эт кулгааҕынан истэн, уу хараҕынан көрөн, тутан-хабан, этэргэ дылы, ытыран, амсайан боруобалаатаҕына ордук үчүгэйдик ылынарын тэҥэ, “Крым – наш” диэн этиини биһиги ити курдук аҥаардас сирин-уотун аатынан уруулуу ылынан эрэбит.

 

Быйыл Крым Арассыыйа састаабыгар киирбитэ Саха сиригэр, Дьокуускай куоракка өрүү буоларын курдук далааһыннаахтык бэлиэтэнэн эрэр. Куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит салалталара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр анал бырагырааманан элбэх тэрээһиннээхтэр. 

 

“Наполеон көмүллэ сытар сиригэр саамай улахан кыайыыларыгар аналлаах 13 барельеф оҥоһуллубут. Олортон биирдэстэрэ «Победа над Бородино» диэн. Ити аата французтар, история чахчытын мэлдьэһэн, токурутан туран, Бородинону бэйэлэригэр “сурунар” буолан тахсаллар. Итинник быһыы-майгы билигин даҕаны салҕанар. Ону тохтотуохха наада. Холобура, Крым сэриитигэр Саха сириттэн элбэх киһи кыттыыны ылбыта. Аллараа Бэстээххэ, Төхтүргэ, Дьокуускайга автомэхээнньигинэн үлэлээбит Денис Сяткин Симферополь горисполкомуттан былааҕы устууга кыттыыны ылбыта – история мэлдьэһиллибэт чахчыта”, - диэн Сергей Зорин санаатын үллэстэн турар. Сергей Александрович Дьокуускай куоракка олорор, аҕыйах сыл биһиги “Эхо столицы” хаһыакка худуоһунньугунан үлэлии сылдьан, Крым былдьаһыктаах күннэригэр тустаах кыттыыны ылбыттаах.

 

Чахчылар:

Крым – Саха сирэ – Дьокуускай

2014 сыл. Крым туриндустриятын бэрэстэбиитэллэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин “Sakha-Travel” уонна “Бриллиантовая неделя Якутии” быыстапкаларыгар кыттыыны ылбыттара.

2014 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр Дьокуускай куорат биир уулуссата “Севастопольская” ааттаммыта. Севастополь куорат 1983 сыллаахтан өрөмүөннэммэтэх гериатрическай киинигэр харчынан көмө оҥоһуллубута.

2014 сыл от ыйын 10 күнүгэр Дьокуускай куорат уонна Севастополь бырааттыы-куораттар буолбуттара. Ол туһунан докумуону Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев уонна Севастополь губернатора Сергей Меняйло илии баттаабыттара.

2014 сыл алтынньы 17 күнүгэр экстремал сүүрүүк, бастакы группалаах инбэлиит Петр Наумов  Дьокуускайтан саҕалаабыт 3850 км усталаах соҕотохтуу марафонун Севастополь куоракка түмүктээбитэ. Бу ураты хорсун холобурун иһин Петр Наумовы “Кандагар” ГК бэрэсидьиэнэ Борис Зелинскэй “Полтава-Крым” санаторийга путевканан наҕараадалаабыта.

2015 сыл кулун тутар 19 күнүгэр Саха сиригэр, ол иһигэр Дьокуускай куоракка Крым Арассыыйа састаабыгар киирбитэ бастакы сыла үөрүүлээхтик бэлиэтэммитэ. Бу күн Ем. Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах музейыгар быыстапка тэриллибитэ. Быыстапкаҕа ааспыт үйэ 30-с сылларынааҕы Крым хаартыскалара, Крым историятын, сэриитин туһунан кинигэлэр, ыйынньыктар, атын даҕаны экспонаттар туруоруллубуттара.

2015 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр Крым дэлэгээссийэтэ Туймаада ыһыаҕын ытык мааны ыалдьыта буолбута.

2015 сыл от ыйын 25-26 күннэригэр Айсен Нкиколаев баһылыктаах Дьокуускай куорат официальнай дэлэгээссийэтэ Севастопольга ыалдьыттаан, Якутская уулуссаҕа баар сквергэ оҕо оонньуур балаһааккатын үөрүүлээх арыйыыга кыттыыны ылбыта.

2015 сыл. Крым «Кипарис», «Ласпи», «Радость» лааҕырдарыгар Дьокуускай куораттан 260 оҕо сынньанан кэлбитэ.

2022 сыл. Крым Саха сиригэр аатырар Ай-Петри хайа тэллэҕэр, Воронцовскай дыбарыас аттыгар турар “Предгорнай” санаторийы бэлэхтээтэ. Санаторий тыынар уорганнар, ньиэрбэ систиэмэтин эмтээһиҥҥэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...