23.08.2021 | 17:00

Крымҥа айаннааччыларга сүбэлэр

(суоллааҕы бэлиэтээһиннэртэн)
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта кэрэ айылҕалаах Крым Евпатория диэн куоратыгар астына сынньанан, күнтэн күүс ылан, муора салгынынан дуоһуйа тыынан кэллибит. Бүгүҥҥү балаһаҕа тугу билбиппин-көрбүппүн, туохтан соһуйбуппун, тугу сэргээбиппин түмтүм. Айанньыттарга туһалаах иһитиннэриини, соргулаах сүбэлэри бэлэмнээтим.

Мобильнай бааҥҥа эрэнимэҥ. Мантан харчы устан тиийэр ордук. Үгүс маҕаһыыннарга, ырыынакка, кыра лааппыларга төлөбүрү уу харчынан ылаллар. Каартаҕар элбэх харчылаах эрээри, хараххынан хайҕаабыккын сатаан атыыласпакка эрэйдэниэххин сөп.

Оптуобуска бырайыас. “МИР” каартанан төлүүр барыстаах – 17 солкуобай. Киирэн иһэн, даҕайан ааһаҕын, туох да муоҕа-чуоҕа суох төлөбүрү ылаллар. Оттон уу харчынан 22 солкуобайы көрдүүллэр. Манна эбэн эттэххэ, оптуобус суоппардара сорох тохтобуллары биллэрбэккэ, ааһа барыахтарын сөп. Онон тахсарга эрдэттэн бэлэмнэниҥ.

Крымҥа иһэр уу – тыын боппуруос. Сыаната ыарахан. Биһиги манна 19 л ууну 100 солк. сакаастаан ылар буоллахпытына, онно 0,5 л бытыылкалаах ууну 180 солк. атыылаһыаххыт. Ити “Банановая республика” аквапаарка сыанатын холобурдаатым. Бастакы күннэргэ маҕаһыынтан 5 л ууну 53 солк. атыылаһа сылдьыбыппыт. Арай көрдөхпүтүнэ, дьон 5 л бытыылкаларын туппутунан, “Талая вода” диэн суруктаах автомакка уочараттаан тураллара. Онно 1 лиитирэ уу 3 солк. Бастакы сырыыга атыылаһан баран, бытыылкаҕытын бырахпакка, анал автоматтан куттар буолуҥ. 

Аэропортан тахсыы – туспа сүпсүлгэн. Биһиги билэр дьоммут биэрбит таксиларын сакаастаабыппыт, сөмөлүөт кыайан көппөккө, киэһэ хойут тиийбиппит. Онуоха айаммыт сыаната үрдээн соһуппута. Кинилэргэ киэһэ, кнопканы баттаабыт курдук, олус түргэнник хараҥарар. Ол иһин түүҥҥү тарыып үрдүүр. Куорат иһигэр “Максим” такси сыаната удамыр дииллэр. 

Манна даҕатан эттэххэ, биһиги куораппыт уулуссалара хараҥа диэн муҥатыйабыт да, ытыс таһынар хараҥа уулуссалар, киэһэ иннэ-кэннэ көстүбэт уһун да уһун суоллар онно бааллар. Онно холоотоххо, Дьокуускайбыт сандааран, олус сырдык эбит!

Сайдыы.  Олохтоохтор Арассыыйа састаабыгар киирэн абыранныбыт диэн кэпсииллэр. Аҥаардас суол тутуута тэтимнээхтик ыытыллар. Бу иннинэ “быраҕыллыбыт”, “умнуллубут” курдук олорбуппут дииллэр. 

Уулуссалара кыараҕас. Аны туран, “пробка” диэн онно баар эбит. Хас да чаас кутуйах хаамыытынан айанныахха сөп. Суоппардар этэллэринэн, сүрүн биричиинэтэ – сатыы дьон суолу туоруур сирдэрэ олус элбэх. “Камера элбэх, хайыаххыный, ыстарааптаммат туһуттан барыларын аһардаҕын”, – диэн Алексей кэпсиир.

Сибээс мөлтөх. Сорох күн интэриниэт сүтэр. Ол иһин ыксаабыт киһи эрийэн кэпсэтэрэ ордук.

Олохтоох бородууксуйа арааһа элбэҕэ сөхтөрдө: халбаһыттан саҕалаан, мороженайыгар тиийэ баар. Үрүҥ ас дэлэй, сыаната удамыр. Ол эрээри фирменнэй маҕаһыыннарга быдан чэпчэки буоларын өйдөөҥ.

Ынах этэ кэмчи, сыаната ботуччу. Ол оннугар сибиинньэ, куурусса этэ, балык баһаам. Үрдүк суортаах “тушенка” 196 солк. турарыттан харахпытын тиэрэ көрбүппүт. Хайыахпытый, хата, бэрт минньигэс миин астанан испиппит. 

Крымҥа айылҕата, килиимэтэ уратылаһар эбит. Холобур, Ялта ууга баран турар кэмигэр Евпаторияҕа хааппыла да ардах суох. Бу сааскыттан түспэтэх. Севастополь диэки барыта хайа, оттон Евпатория диэки – дэхси сир.

Үлэ миэстэтэ кырыымчык, онон  кыра да хамнаһы сирбэттэр. Ыйга 25-30 тыһыынча хамнас, тыый, үрдүк аатырар. Оскуола үөрэнээччилэрэ кыра саастарыттан үлэҕэ сысталларын, улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ тиргиллэ сылдьалларын сэргии көрдүбүт. Аҕам саастаахтар биэнсийэлэригэр эбинэллэрэ – биллэр суол.

Куоскалаах куорат. Евпаторияҕа бэйдиэ сылдьар ыт, куоска элбэх. Анаан-минээн аһаталлар, ол иһин элбии тураллар. Чуолаан куоска хардыы аайы баар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...