04.11.2022 | 10:00

Крематорий

Дьокуускайга сотору кэминэн крематорий тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Бу дьыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри болдьохтоох тутуу Маҕан кылабыыһатыгар сүрдээх түргэнник баран эрэр.
Крематорий
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Ол аата кэлэр сылтан өлбүт киһини уматыахха сөп буолар, өҥө сыаната быһа холоон отучча тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэхтээх. Баҕалаахтарга өлбүт киһи күлүн биэрэллэр, быһата, били киинэҕэ көрөрбүт курдук буолуохтаах...

Сыллата Дьокуускайга барыллаан 1743 киһини көмөллөр.

2015 сыллаахха – 1605 киһи көмүллүбүт;

2016 с. – 1814 киһи;

2017 с. – 1768 киһи;

2018 с. – 1832 киһи;

2019 с. – 1695 киһи;

Крематорий туһунан сиһилии:
Бырайыак сыаната: 150 мөл. солк.;
Турар сирин иэнэ: 3300 кв. м;
1 мэндиэмэннээх;
Үлэлиир кыаҕа: сууккаҕа 10 кремацияны оҥоруон сөп;
Олоххо киирэр болдьоҕо: 2021-2022 сс.
Үлэҕэ киирэр: 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри.

 

Крематорий киин куоракка сир тиийбэтин уонна кылабыыһалар аһара улаатан эрэр сытыы кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһүөхтээх.

Көмүү ороскуотун үс төгүл кыччатыахтаах

Кэнники кэмҥэ крематорий туһунан элбэхтик суруйдулар, ол эрэн сыыһа-халты бэчээттэнэр информация дьону бутуйуон сөп диир Дьокуускай куорат дьаһалтатын Инвестициялары уонна бырайыактыыр үлэни салайар управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Андрей Леонидович Владимиров:

– Бырайыак сүрүн сыала-соруга – ритуальнай өҥө ороскуотун кыччатыы уонна кылабыыһаларга миэстэ тиийбэт кыһалҕатын быһаарыы. Крематорий Маҕанныыр суол 5 км турар.

Бырайыагы тутууга кыттыһан үлэ барда: Дьокуускай куорат дьаһалтата сир учаастагын биэрдэ; “Быдан Эргиир” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тутуу ороскуотун үбүлүүр уонна крематорийы үлэлэтэр. 150 мөл. солк. чааһынай инвестор үбүлээһинэ киирдэ. 

Дьокуускай куорат уокуругун сиригэр-уотугар уопсайа 5 кылабыыһа баар: Татарскай, Еврейскэй, Бүлүүлүүр суолга, Маҕан кылабыыһата уонна “Птицефабрика” оройуонугар.

Киһини харайарга нуорманан 4 м2 (2м х 2м) сир бэриллэр. Бу Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Уурааҕар олоҕуран быһыллар (03.02.2016 г №25). Сыллата өлбүт дьону көмүүгэ 0,7 га сир бэриллэр. Маннык тэтиминэн аны биэс хас сылынан Маҕан кылабыыһата туолар, оччоҕо “Птицефабрика” дьоҕус оройуон кылабыыһата эрэ хаалар. Кылабыыһалар аһара туолуулара куорат диэки кимэн киириигэ тиэрдэн эрэр. Куорат улаата турар кэмигэр бу соччото суох көстүү.

2020 сыл дааннайынан, өлбүт киһини көмүү өҥөтө саамай кыччаабыта 16 666 солк. буолбута. Ол эрэн барытын суоттаан көрдөххө, ритуальнай салоннар сыаналарын үөрэттэххэ, билигин киһини көмүү эргиирин, пааматынньыгын, киһини көмүүгэ бэлэмнээһинин барытын саамай чэпчэкинэн быһан аахтахха, 90 000 солк. саҕаланар буолла. Онон үгэс буолбут сиргэ көмүү билигин олус ороскуоттаах.

— Кремация диэн биһиэхэ саҥа көстүү буолар...

— Сиргэ көмүү альтернативатын быһыытынан кремация буолуон сөп. Кремация туох көдьүүстээҕий:

— Сири туһаныы суола уларыйар, кылабыыһаларга бэриллэр сир кыччыыр.

— Кылабыыһаларга холоотоххо, колумбарийдар тулалыыр эйгэҕэ буортута суохтар. Куорат экологията тупсар, иһэр уубут киртийбэт.

— Кремация көмүүтээҕэр ороскуота быдан кыра буолар, ороскуот үс төгүл кыччыыр диэн суоттааһыннар бааллар.

— Колумбарийдар сабыылаах эйгэ буолаллар, онно вандализм тахсарын сэрэтиэххэ сөп.

— Кремация киһини харайыы өҥөтүгэр өссө биир көрүҥ эрэ быһыытынан киирэр. Дьон маны таллаҕына эрэ оҥоһуллар.

2020 сыллаахха ykt.ru сайтка ыытыллыбыт ыйытык түмүгүнэн, 6364 куоластаабыт киһиттэн 79,58 (5065 киһи) бырыһыана Дьокуускайга крематорий наадатын бэлиэтээбит, 10,86 бырыһыана (1299 киһи) утарбыт этэ.

– Биһиги дойдубутугар крематорийдар төһө тарҕаммыттарый?

– Арассыыйа үрдүнэн 22 куоракка 28 крематорий үлэлиир.  Өлбүттээхтэр кремацияны талаллара 15-20 бырыһыан диэн ааҕыллар. Үгүстүк Санкт-Петербург, Норильскай уонна Москва куораттарга бу өҥөнү туһаналлар – баларга өлбүт дьон 50-70 бырыһыанын уоттууллар.

Арассыыйаҕа саамай улахан крематорий – Николо-Архангельскай – сэттэ кремационнай оһохтоох. 1972 сыллаахха тутуллубут. 210 га иэннээх, алта траурнай саалалаах.

2017 сылтан Нижнэй Новгородка Европа саамай улахан кылабыыһатын таһыгар крематорий тутуллан үлэлиир. Маны тэҥэ Ярославльга, Хабаровскайга, Владивостокка, Архангельскайга, Новосибирскайга, Челябинскайга крематорийдар үлэлииллэр.

Экология өттүнэн саамай ыраастык үлэлиир крематорий Волгоградка 2011 сыллаахтан үлэлиир. Хромосорбционнай фильтрдээх КЕ 400 тииптээх кремациялыыр оһохтоох – Дьокуускайга маныаха майгынныыр оһохтоох, салгыҥҥа буортулаах эттиктэри бырахпат тэриллээх оһох барыйаана көрүллэр.

2020 сыл балаҕан ыйыттан, оччотооҕу баһылык Сардана Авксентьева дьаһалынан, Инвестициялары уонна бырайыактыыр үлэни салайар управление бастакы дааннайдары үөрэтэн, хомуйан, инвестордары көрдөөн барбыта. 2020 сыл ахсынньытыгар ритуальнай өҥөнөн дьарыктанар чааһынай хампаанньаларга туһааннаах информацияны тиэрдибиппит.

2021 сыл тохсунньутугар Дьаһалтаҕа инвестор буолуон сөптөөх хампаанньаттан этии киирбитэ. 2021 сыл тохсунньу 29 күнүгэр, онтон олунньу 19 күнүгэр буолан ааспыт мунньахтар түмүктэринэн, концессия схематынан бырайыагы бэлэмниир быһаарыы ылыллыбыта. Маҕан кылабыыһатыгар сир учаастагын бэлэмнээн барбыппыт.

2021 сыллаахха от ыйын 6 күнүгэр куонкурус процедурата ааспыта – куорат Концессионнай хамыыһыйата сөбүлэҥ түһэрсэн, “Быдан Эргиир” ХЭТ-ни кытта крематорий тутар туһунан, 21.07.2005 №115-ФЗ «О концессионных соглашениях» сокуоҥҥа олоҕуран, куонкуруһа суох дуогубардаспыттара.

2021 сыл от ыйын 16 күнүгэр концессионнай сөбүлэҥ оҥоһуллубута, крематорий эскиистээх бырайыага баар буолбута. Атырдьах ыйын 4 күнүгэр сир учаастагын арыандатын дуогабара түһэрсиллибитэ.

2021 сыл сэтинньи 29 күнүгэр “Быдан Эргиир” ХЭТ бырайыактыыр докумуоннарын оҥорон бүтэрбитэ, экспертизаҕа ыыппыта. Ахсынньы 10 күнүгэр экспертиза үчүгэй түмүгэ кэлбитэ. Ахсынньы 30 күнүгэр тутуу көҥүллэммитэ.

2022 сыл олунньутугар концессионер «СТРОЙ ИНДУСТРИЯ» тэрилтэни кытта тутууга дуогабар түһэрсибитэ. Кулун тутар саҥатыттан тутуу саҕаламмыта. Муус устарга территорияны зоналарга араарыы, балаһаакканы бэлэмнээһин, сыбаайалары туруоруу, уот ситимин тардыы оҥоһуллубута.

Бу сайын оһохтор уонна ыраастыыр тэриллэр турдулар.

Сэтинньи 19 күнүнээҕи туругунан эбийиэк 90 бырыһыан бэлэм буолла, үлэ икки симиэнэнэн тохтоло суох бара турар. “Якутскэнерго” ситимнэригэр технологическай холбонуу баар буолбут, электро-хочуолларынан ититии холбоммут.

Тутуу барыта сэтинньи 22 күнүгэр бүтэрэ былааннанар. Ол кэннэ экспертиза оҥоһуллар – ахсынньы 15 күнүгэр диэри силигэ ситэрэ былааннанар.

Саха хайдах ылыныай?

Өлбүт киһини крематорийга дьаһайары саха куттаах араастык ылыныан сөп. Мөккүөрдэр, араас санаалар билигин да тахсан эрэллэр. Эдэр өттө барытын өйдүүр, экология, харчы да өттүнэн кыра ороскуоттааҕы талар эбит буоллаҕына, аҕам саастаах өттө сүөргүлүөн сөп.

Өлбүт киһини крематорийга дьаһайыыны, уоттаан тиһэх суолугар атаарыыны саха хайдах ылыныан сөбүй диэн ыйытыыны айылҕаттан айдарыылаах, саха итэҕэлин тарҕатааччы Александр Сергеевич Артемьев-Кулаҥҥа биэрдибит:

– Мин саныахпар, ити сөптөөх дьаһал. Тоҕо диэтэххэ, бастакытынан, олох сайдыыта хаамыытынан баран иһиэхтээх. Иккиһинэн, былыр-былыргыттан киһи буор кута түргэнник бураллан, ыһыллан (ол аата киһи этэ-сиинэ, килиэккэлэрэ салгыҥҥа, сиргэ тарҕаныахтаах. Киһи этэ-сиинэ сиртэн оҥоһуллан тахсар. Ол иһин “прах” диэн буолар) түргэнник төннүөхтээх диэн өйдөбүллээх этэ. Ол иһин араҥастааһын диэн баара. Көмөр да буоллахтарына, бэрт чычаастык көмөллөрө. Улахан суолталаах киһини дириҥ ииннииллэрэ баар, онуоха да ис уорганын эҥин ылан хатараллар эбит – былыргы түүрдэргэ, биһиги өбүгэлэрбитигэр, бу баар. Ол иһин крематорийга дьаһайыы, биһиэхэ, сахаларга, бураллыыны түргэтэтии курдук буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....