Коронавируска анаалыс ылыы уларыйда
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, коронавируска анаалыс ылыы бириинсибэ уларыйда.
Ыарыы сибикитэ биллибит киһиэхэ “Коронавирусная инфекция без лабораторного подтверждения” диэн диагноз туруораллар, 8-10 күннэригэр кинини уонна алтыспыт дьонун босхо ПЦР чинчийиигэ ыыталлар. Маннык болдьоххо ыарыыны быһаарарга, бигэргэтэргэ ордук диэн кэтээн көрүү түмүгэр билиннэ.
COVID-19 дьаҥ тарҕаныаҕыттан, бэҕэһээҥҥи туругунан уопсайа 2500 кэриҥэ анаалыс ылыллыбыт. Ыйытыылаах дьон, министиэристибэ быһа линиятын нүөмэригэр 8-800-100-14-03 эрийиэххитин сөп.
Санатар буоллахха, хааччахтааһынтан тахсыы иккис түһүмэҕэ от ыйын 24 күнүгэр диэри уһаата.
“Мааскалаах сылдьыы булгуччулаах. 65-тэн үөһэ саастаах уонна ыарыһах дьон бэйэ изоляциятын тутуһуохтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ таһыттан вахтанан үлэлии кэлээччилэр икки нэдиэлэ изоляцияҕа олоруохтаахтар. Спорт, култуура улахан тэрээһиннэрэ көҥүллэммэттэр, спортсаалалар, ас-үөл тэрилтэлэрэ сабыылаахтар”, – диэтэ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.