12.05.2020 | 16:55

Коронавирус кэмигэр дьиэ кэргэн өйөбүлүн туһунан

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин коронавирус кэмигэр дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыбаттан оҥоһуллар көмөлөр тустарынан сааһылаан кэпсиибит: ⠀ 1. 3 сааһыгар дылы оҕолоох хас биирдии ыалга 5 тыһыынча солкуобай муус устарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар көрүллэр (бу 3 ыйга эрэ).

3 сааһыгар дылы икки эбэтэр үс оҕолоох буоллаххытына, хас биирдии оҕоҕо ылаҕыт. Сайабыланньаны Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө эбэтэр Биэнсийэ пуондатын саайтын нөҥүө номнуо туттарыахха сөп. ⠀ 2.  3 сааһыттан 15 сааһыгар дылы оҕолоохторго 10000 солкуобай көрүллэр буолла.

Бу харчы биирдэ эрэ бэриллэр. 3 сааһыттан 15-гэр дылы хас да оҕолоох буоллаххытына, хас биирдии оҕоҕо ылаҕыт. Официальнай ыйаах тахса илик буолан, госуслуги саайтыгар билиҥҥитэ суох. Баҕар эбии уларыйыы киириэн сөп.

3. 3 сааһыттан 7 сааһыгар дылы оҕолоох кыаммат (“малоимущай” диэн билиниллибит) ыаллар 8 930 солкуобай ый аайы ылыахтарын сөп.

Коронавируһунан сибээстээн аны бэс ыйыттан оҥотторуохха син буолла (урут от ыйыттан диэн этэ). Босуобуйа  тохсунньуттан саҕалаан ааҕыллар, перерасчет оҥоһуллар. 3 сааһыттан 7 сааһыгар дылы хас да оҕолоох буоллаххытына, хас биирдии оҕоҕутугар төлөнөр. Госуслуги сайт нөҥүө бэс ыйын 1 күнүттэн сайаапка ыытаҕыт. ⠀ 4. Үлэтэ суохтарга учуокка турар уонна 18 сааһын туола илик оҕолоох буоллаххытына, хас биирдии оҕоҕутугар эбии 3-түү тыһыынча ылар бырааптааххыт. Маны ыларга муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри Дьарыктаах буолуу кииниттэн (Центр Занятости) билсэҕит. ⠀ 5. Социальнай харалтаттан оҕо балтараатыгар дылы босуобуйа саамай кыра сууматын (4726 солк.) ылар буоллаххытына, коронавирус кэмигэр икки төгүл үрдүк суумманы ылар буолаҕыт. ⠀ Арассыыйа үрдүнэн үгүс киһи сайабылыанньа биэрээри gosuslugi.ru киирэр буолан, сайт харар буолла, ол иһин сарсыарда өттүгэр, Арассыыйа киин регионнара утуйа сытар кэмнэригэр, киирэр табыгастаах эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....