12.12.2021 | 15:21

Константин СТЕПАНОВ: «Саха аһа быыстапкаҕа эрэ турбатын, иһитэ музейга эрэ хараллыбатын»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Урут өр көрсүбэтэх киһибититтэн хайдах сылдьарын ыйыталаһарбыт. Билигин ырбытын дуу, уойбутун дуу өйдөөн көрөбүт. Аныгы үйэ дьоно бассааптыы туран астыыбыт, төлөпүөммүтүн туппутунан аһыыбыт. Ити барыта кэпсэтиибит төрдө, аска сыһыаммыт уларыйбытын туоһулуур.

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт “Саха сирин амтана” бэстибээл чэрчитинэн Емельян Ярославскай аатынан Саха музейын балаҕаныгар ыытыллыбыт баай ис хоһоонноох тэрээһиҥҥэ кыттыбыта. Кини лиэксийэтин үгүс киһи сэргээбитэ, өрөйөн-чөрөйөн истибитэ. “Сөпкө этэр ээ”, “кырдьык, оннук эбит” диэн сөбүлэспит үгүс буолуохтаах.

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ас-үөл технологиятыгар уонна аһылык индустриятыгар кафедратын профессора, СӨ наукаларын үтүөлээх деятелэ Константин Максимович Степанов сүбэлэрин тускутугар туһаныҥ. 

 

Дьэ, олоххо баар көстүү!

– Түргэн аһылык үйэтэ кэллэ. Мэлдьи солобут суох аатырабыт. Мас мастаабаппыт, оһох оттубаппыт, оһох саппаппыт, муус киллэрбэппит. Ол эрээри бириэмэбит суох. Тоҕо? Билигин информация олус элбэх. Ол иһин аска сыһыан уларыйда. Ыал ийэтэ бассааптыырын быыһыгар астыыр. Оҕо көмпүүтэр иннигэр эбэтэр планшетын туппутунан, оттон аҕалара тэлэбиисэр көрө олорон аһыыллар.  Аны туран, элбэх оҕо эти сиэбэт. Ону өссө сорохтор киэн туттан кэпсииллэр, – диэн профессор аныгы олоххо баары уот харахха этэр.

 

Шоу буолбатах

– “Ас култуурата” диэн өйдөбүл олус дириҥ ис хоһоонноох. Аныгы үөрэнээччилэр, устудьуоннар “култуура” диэн тылы истэн, оонньуу-күлүү, шоу курдук саныыллар. Дьиҥэр, итиннэ аска  сыһыаммыт, хайдах олорон аһыырбыт, хайдах туруктаах астыырбыт кытта киирэр. 

Ас диэн иистэнэр кэриэтэ. Минньигэс, ураты амтаннаах, иҥэмтэлээх буолуохтааҕын таһынан, остуолга кыраһыабайдык ууруллуохтаах. Аны туран, киһи сиэбитин умнуо суохтаах.

 

Тылыттан кутуругар диэри

– Билиҥҥи кэмҥэ туох да булкааһа, химията суох органическай аһылык ордук сыаналанар буолла. Киһи тугу да эппэтэх-көҕүрэппэтэх, туустаабатах-тумалаабатах аһа. Ол биһиэхэ баар дуо? Кырдьык, сылгыбыт кыһыннары-сайыннары аһын бэйэтэ булунар буолан, этэ органическай аһылык буолуон сөп. Таба эмиэ. Миигиттэн үгүс киһи ыйытар: «Бу хомуйар үүнээйибит, айылҕабыт биэрэр бэлэҕэ, булт аһа органическай дуо?”– диэн. Сокуон быһыытынан киирбэккэ сылдьар. Тоҕо диэтэххэ, маҕаһыыҥҥа атыыга турар эрэ органическай диэн ааттанар. Онон сокуоҥҥа эмиэ уларыйыылар киириэхтэрин наада.  

Биһиги айылҕа биэрбит бэлэҕин, баайын сүтүгэ суох астыахтаахпыт. Ол эбэтэр тылыттан кутуругар диэри барытын туһаҕа таһаарыахтаахпыт. Билигин ынах төбөтүн, туйаҕын, тириитин, кутуругун, оннооҕор хара иһин үчүгэйдик туттубат буоллубут.

 

Өбүгэлэрбит мындыр өйдөрүнэн

– Урут саас, харалдьык тахсыыта, халадьыас буһарыыта саҕаланара. Онуоха дьиэ кэргэн бары кыттара. Аҕалара тириитин, түүтүн ыраастыыра, бэлэмнээн биэрэрэ. Ону дьиэ хаһаайката холумтаныгар туран, күнү быһа буһарара. Билиҥҥи курдук мультиваркаҕа уган кэбиспэт этэ. Ол кэмҥэ оҕолор кэлэ-бара ас сытын ылан үөрэллэрэ-көтөллөрө.

Суорат, бутугас, тар, ымдаан уо.д.а. үүт ас өбүгэлэрбит олус мындырдарын туоһулуур. Кинилэр туох да науката, чинчийиитэ суох бэйэлэрин өйдөрүнэн айбыт астара. Ол саҕана холодильник, морозильник, ларь да суоҕа. Үүт элбиир кэмэ сайын буоллаҕа. Тары тоҥорон баран, быччыкылары, мундулары куталлара.

Былыргы сахалар үүт аһы кыһыҥҥыга бэлэмнииллэрэ, хаһааналлара. Арыыны убатан, элбэтэн, хайах оҥостоллоро. Билигин үүт, арыы собуота диэн баар. Оттон урукку өттүгэр ити үлэни барытын дьиэ хаһаайката соҕотоҕун биир ытыгынан уонна лаппаакынан оҥороро. Туох да венчигэ, блендерэ, миксерэ суох.  

Күһүҥҥү өттүгэр собо, булт аһа абырыыра. Онтон идэһэ кэмэ кэлэрэ. Ол аата биһиги эмиэ оннук аһыахтаахпыт, оҕолорбутун үөрэтиэхтээхпит.

БАД оннугар

– Атын омуктар “жеребятина” диирбитин сөбүлээбэттэр. Хайдах кып-кыра кулунчугу сиигитий дии түһэллэр. Онуоха биһиги үс сааһыгар диэри эдэр сылгы этин барытын “жеребятина” диибит диэн быыһанабыт.

Дьиҥэр, улахан сылгы этэ олус туһалаах. Этин өҥө хараҥа соҕус буолар, ол аата кини тимирэ элбэх. Билигин хайдаҕый? Оҕо үксэ, хат дьахтар аҥаара анемиялаах.

Убаһа үс сааһыгар диэри ис сыатыгар холестерины ыраастыыр Омега-3, Омега-6 бааллар диэн үгүстүк суруйабыт. Маныаха төһө баара оруолу оонньообот. Ити эппит туһалаах сыаларбыт хабааннаһыыларыттан (соотношение) тутулуктаах. Холобур, 1:6. Биир өлүү Омега-3, алта өлүү Омега-6 буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ  кинилэр пааралаһан үчүгэйдик үлэлиэхтээхтэр.

БАД-ы аҥаардастыы хаалана-хаалана, сыаны да, тугу да сиэбэт буоллахпытына, онтубут үчүгэйдик туһалыа суоҕун сөп. Ити сыаны туттар киһи аҕыйах. Таблетка саҕа гына кырбаан, тоҥорон баран, уура сылдьан оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр сиэтэр буоллахпытына, олус туһаныахпыт этэ.

Синтетическэй битэмиин киһи организмыгар 100% иҥпэт. Сорох битэмиин 36%, сорох 72% иҥэр. Онтон атына ханна барарый? “Таҕыстаҕына” үчүгэй, оттон оһоҕос истиэнэтигэр, тириигэр хаалыан эмиэ сөп ээ. Тоҕо аллергия арааһа элбэҕий? Ити барыта биһиги сыыһа аһыырбытыттан буоллаҕа.   

Харайар уонна хаһаанар болдьоҕу тутуһуҥ

– Эми, БАД-ы капсулаҕа уган оҥороллор уонна, холобур, үс сыл сытар диэн суруйаллар. Ол тухары туга да уларыйбакка сыппат, син биир биологическай кырдьыы, сааһырыы диэн туохха барытыгар баар. Ол иһин ас болдьоҕо төһөнөн кылгас да, кини соччонон натуральнай буолар. Ити маҕаһыыҥҥа атыыланар бородууктабыт тиһэх уһугар туох эмэ “натуральнайа” хаалара дуу, хаалбата дуу?

Биһиги, уопсайынан, аһы харайар уонна хаһаанар болдьоҕу тутуһабыт дуо? Чэ, сөп, маҕаһыыҥҥа атыылаһыахпыт иннинэ көрбүтэ буолабыт. Болдьоҕо бүтэн эрэр “кыһыл” уонна “араҕас” сыаналаах, үс төгүл чэпчэтиилээх аһы үөрэ-көтө ылабыт. “Өссө үс хонук баар”, “биэс хонук хаалбыт”, “сарсыҥҥа диэри сиэххэ сөп эбит” диибит. Оннук маҕаһыынтан ылан аҕалабыт уонна бүттэ. Холодильникка төһө баҕарар өр туруоҕа, ким даҕаны кыһаллыа суоҕа. Биир эмэ ыалдьыт көрөн соһуйдаҕына, “пахай даа” диэхпит. Өссө: “Оттон биһиги сии сылдьабыт, туох даҕаны буолбаппыт”, – диэхпит. Дьиҥэр, болдьоҕо ааспыт ас кутталлаах. Ону өйдүөхпүтүн, үчүгэйдик көрүөхпүтүн наада.

 Быары сөпкө сиир ньыма

Кэнники кэмҥэ куорат дьоно ис миинин кыбыстыбакка иһэр буоллулар. Атыыга былдьаһыгынан барар. Аны туран, кэһии оҥостор үтүө үгэскэ кубулуйда. Урут куорат ыалыгар, ама, хайаан иһи ыытыаххыный? “Пахыый, сыта-сымара” диэн буолара. Тыый, билигин иһи сакаастаан ылан астанабыт.

Сылгы быарыгар, хааныгар, хартатыгар тимир, калий, магний, цинк, А, В битэмиин бөлөҕө, селен уо.д.а. киһиэхэ саамай элбэх наадалаах бэссэстибэлэрбит бааллар. Бу бэйэлээх туһалаах аспытын сөпкө сиибит дуу, суох дуу? Бука, билигин сылгы быарын Саҥа дьылга сиэхпит диэн хаһаанан олордоххут. Эбэтэр үбүлүөйгэ, уруу киэһэтигэр. Ол гынан баран, саҥа дьыл сарсыныгар били сыаналаах быарбыт ситэри сиэммэккэ, тэриэлкэҕэ ньалҕаччы ирэн сытар буолуоҕа. “Чэ, эһээ сиэҕэ”, “оҕонньор бүтэриэҕэ” диэн сыҥалааһын саҕаланыаҕа. Ол иһин рафинад саахар курдук быһан баран, ууруна сылдьан күн аайы сиирбит ордук туһалаах. Оччоҕо тимиргэ наадыйбат буолуохпут.

Амтанныын атын, сыттыын ураты

Саха ынаҕын үүтэ 9% диэри сыалаах. Бу кини уратыта. Сайыҥҥы ынах үүтүттэн оҥоһуллубут арыы ыыс араҕас буолар. Оттон күһүөрү маҥхайбытынан барар. Ынах арыытын сиэҥ, сорохтор сиэмэҥ диэн үгүстүк суруйаллар. Кыралаан сиирбит үчүгэй, килиэптээҕэр халыҥнык бистэ-бистэ сиэтэхпитинэ, биллэн турар, доруобуйабытыгар куһаҕан. Ынах арыыта А битэмиинэ, каротина элбэх. 

Саха ынаҕын этэ быыһыгар сыалаах. Ити айылҕаттан уратыта. Ону “мраморнай” диибит. Амтана минньигэс, сыттыын ураты, этэ сымнаҕас буолар.

Оҕолорго – таба этиттэн чипсы

– Билэҕит дуо, кып-кыра табаттан 102 бородууктаны (бүлүүдэ буолбатах) ылыахха сөбүн? Ону таһынан, элбэх БАД-ы, эми, косметиканы, гигиеническэй сириэстибэни кытта оҥоруохха сөп.

Таба этэ саамай диетическэй. Бу кураанах реклама буолбатах. Сыата ынах киэнин курдук бүтүннүү бүрүллүбэт, сиһигэр эрэ баар уонна араҥаланан сылдьар. Олус эмис эрэ буоллаҕына сыата тарҕаныан сөп. Таба этэ киһи организмыттан 6-8 чааһынан буһан тахсар. Ынах этэ биһиги испитигэр төһө өр сылдьара буолуой? (ким да таайбата – Ааптар). 18-20 чаас. Күнүс миин иһэбит, киэһэ торуой сиибит. Бу эт барыта хаһан тахсарый? Толкуйдааҥ эрэ.

Оҕолор чипсы сиэхтэрин баҕараллар. Онуоха таба этин сип-синньигэс гына кырбаан, духуопкаҕа хатаран, чипсы курдук оҥоруохха сөп.

Балык өрөҕөтө ордук туһалаах

– Балыкпытыгар тохтуохха. Собону сүтүгэ суох астыырга үөрэнэн эрэбит. Бэл диэтэр, хатырыгыттан олус үчүгэй халадьыаһы астыахха сөп. Ол туһунан бассаапка тарҕаммыта, тэлэбиисэргэ кэпсээбиттэрэ. Балык хабаҕа туспа бүлүүдэ буолар. Собо үөһүн хаһан даҕаны быраҕымаҥ, күөмэйгитин сайҕаныҥ, профилактика курдук туттуҥ. Собо өлө элбэх битэмииннээх. Аны туран, уҥуоҕа бүтүннүү кальций. Балыгы сиэн баран, уҥуоҕун быраҕымаҥ, сууйан, духуопкаҕа хатаран баран, кофемолканан үлтүрүтүҥ. Бурдук курдук буолуохтаах, кыра да бөлкөй уҥуох сылдьара куһаҕан. Ону балык сиэбэт күннэргитигэр чаайынай ньуоска аҥаарын сии сырыттаххытына, кальцийга ончу наадыйбат буолуоххут.

Билигин суол туран, балык арааһа атыыга тахсыаҕа. Кыһын балык иһэ сыанан бүрүллэр. Ол иһин өрөҕөтүгэр сыата, саамай үчүгэйэ, D битэмиинэ элбэх. Ону биһиги хайдах сиэхтээхпитий? Өрөҕөтүн туспа ылан, бысталаан, ууран кэбиһиҥ. Оҕолорго, кырдьаҕас дьоҥҥо нэдиэлэҕэ иккитэ биэрэ сылдьыҥ, оччоҕуна D битэмиин тиийбэт кыһалҕатын билиэхтэрэ суоҕа. Манна даҕатан эттэххэ, D битэмиин “жирорастворимай”. Сыа суох буоллаҕына, наадалаах битэмиин хайдах суураллан, организмҥар иҥиэҕэй? Суох буоллаҕа. Ити ырыан баҕалаахтар истиилэригэр.

Билиҥҥи хамсык ыарыытын кэмигэр быраастар бу битэмиини үгүстүк аныыллар. Ыалдьан үтүөрбүт дьоҥҥо уонна профилактикаҕа. Маннык кэмҥэ сыалаах аһы хайаан да сиэхтээхпит. Биһиэхэ сылгы иһин сыата, хаһата, балык өрөҕөтө баар. Ол гынан баран, сүрэхпит эриллиэр диэри сиэтэхпитинэ, туох да туһата суох. Кыра-кыралаан эрэ сиэхтээхпит.

Парабен диэн тугуй?

– Дөлүһүөн сэбирдэҕэр С битэмиинэ отонунааҕар ордук элбэх. Морошка А битэмиининэн баай. Отон битэмиинин састаабыгар туох да уһулуччу суох. Ол эрээри киниэхэ кыра-кыра элбэх битэмиин арааһа баар. Манна органическай кислоталарга тохтуохха. Отону хомуйан аҕалан, күлүк сиргэ уурабыт, онтубутун кыһыннары сиибит,  туох да буолбат. Оттон дьэдьэни оннук сытыар эрэ, барыта түүнүгүрэн хаалыаҕа. Отон бензойнай кислотата элбэх, ол иһин буортуйбат.

Сугун натуральнай парабена элбэх. Ол иһин айах бааһын эмтииргэ олус туһалаах. Урукку өттүгэр ханна эрэ бараары сылдьан, сугун барыанньатын сиэмэ, уоһуҥ көҕөрүө диэн буолара. Билигин наһаа оннук көҕөрбөт курдук. Ити сугун ханна үүнэриттэн, хайдах хомуйаргыттан, айылҕабыт төһө киртийэн турарыттан тутулуктаах.    Оттон синтетическэй парабен диэн олох куһаҕан. Ону дьон бэркэ билэр, быһаарсар буолла. Ол иһин маҕаһыыҥҥа шампунь атыылаһа туран: “Парабеннаах дуу, суох дуу?” – диэн ыйыталларын үгүстүк истэбит. Косметикаҕа,  гигиеническэй сириэстибэҕэ синтетическэй парабены эбэллэр, ол куһаҕан.

Урут оттуу сылдьан ыт тиҥилэҕин ытыскар хомуйан аҕаллаххына, отуу иһэ барыта дыргыйара. Саҥа дьылга сиэри барыанньалаах бааҥканы арыйдаххына, сыта дьиэни ылан кэбиһэрэ. Билигин оннук буолбатах. Муннугун даҕайдаххына эрэ барбах кэлэр курдук.    

Отоннору бурдук аска эбэр үчүгэй. Холобур, аһыы отону туус оннугар, минньигэс отону саахар оннугар кутуҥ диэн сүбэлиибин.

Кыһалҕабыт – тылбытыгар

– “Кини стресстии сылдьар”, “депрессиялаабыт үһү” диэн үгүстүк истэбит. “Мин ити киһини көрө-көрө ньиэрбэм ыалдьар”, – диигит дуо? Туттаҕыт буолбат дуо? Ол аата ньиэрбинэй систиэмэ ыарыыта элбээбитэ биһиги тылбыт тамаҕыттан биллэр. Урут ньиэрбэ ыарыһах диэни псих курдук көрөрбүт.

Билигин кэпсэтиибит ис хоһооно да уларыйда. Урут ким эрэ кэлбитин иһиттэхпитинэ, хайдах сылдьарын ыйыталаһарбыт. Билигин ырбыт дуу, уойбут дуу диэн сураһабыт. “Ыран хаалбыт, ыалдьар быһыылаах” эбэтэр сорохтор, төттөрүтүн, “ырбыт, тупсан хаалбыт” дииллэр. “Уойан хаалбыт, наһаа ынырык буолбут” дэһэбит. Ити баар, бу аата кыһалҕабытын бэйэбит билбэппитинэн кэпсии сылдьабыт.

 

Истибиккитин барытын итэҕэйимэҥ

– Сорохтор эти сиир дьон үйэлэрэ кылгас үһү дииллэр. Бу туһунан миигиттэн элбэх киһи ыйытар. Баһаалыста, биһиэхэ анаммыт информацияны ылыныҥ. Кырдьык, Африкаҕа олорор киһиэхэ убаһа этэ барсыбата буолуо. Биһиги, Саха сирин дьоно, этэ, үүтэ, балыга суох сатаан олорбоппут.

Килиэп кэлиэҕиттэн аспыт барыта уларыйан хаалбыт диэн бэлиэтиэххэ наада. Сүрүн ас курдук саныыр буолбуппут ыраатта. Килиэп уочаратын туһунан төһөлөөх элбэх кэпсээн, анекдот баарый? Аны билигин килиэптэн, бурдук астан уойабыт, аккаастаннахпытына ырабыт диир буоллубут.

Сөпкө эмтэниэххэ

– Билигин хамсык ыарыытыгар кытыаны олус рекламалаан, үлтүрүтэ сынньан бүтэрдилэр. Бу от ыраастыыр, отоно күөх, ол аата тыынар уорган, ньиэрбинэй систиэмэ ыарыыларын эмтииргэ олус туһалаах. Кини сымалалаах, онон сэрэхтээхтик туттуохтаахпыт. Аска илдьиритэн кутуохха сөп. Эбэтэр уган баран, ылан кэбиһиҥ диэн сүбэлиибин. Иннэтин оргутан иһиллэр. Ол эрээри хааннара хойдор, быардара мөлтөх, үөстээх дьон бэргииллэр. Онон сэрэхтээхтик туттуҥ. Бассаапка “бүгүн биири сиигит, сарсын иккини, оннук 20-ҕэ тиэрдэҕит, онтон төттөрү түһэҕит” диэн араас сүбэ тарҕанар. Ону барытын итэҕэйэн иһимэҥ, бэйэҕит эмтиэкэлэнимэҥ.

От да, мас да буоллун, киһи кэмнээн туттуохтаах. Ханнык да эми тохтоло суох иһиллибэт. Сынньана түһүөхтээххит. Нуорма, дуоза диэн хайаан да тутуһуллуохтаах. Онтон элбэх буоллаҕына, кутталлаах диэн өйдөөн кэбиһиҥ. Аны туран, сыаналаах эми харыстаан, дуозаттан аҕыйаҕы иһэр – бэйэни албыннаныы. Билэн оҥорор буоллахтара. Биһиги Макаардыы эмтэнэрбитин, дьэ,  сөбүлүүбүт. Быраас биири иһэҕин диэбитин, “аҕыйаҕа бэрт, түргэнник үтүөрүөххэ наада” диэн сыыһа толкуйдуурбут баар суол. Аны бэттэх кэллибит, ама буоллубут да, эмпитин быраҕан кэбиһэбит, салгыы эмтэммэппит. Ити сыыһа. 

 Доруобуйабыт – бэйэбит илиибитигэр

– Билигин үгүс оҕо хараҕа мөлтөх. Биллэн турар, гаджеты буруйдуурбут оруннаах. Ол эрээри сыыһа аһыырбыт доруобуйабытыгар ордук охсуулааҕын өйдүөхтээхпит. Кэнники сылларга харах балыыһатыгар саамай элбэх киһи сылдьар буолла. Урут “Харах балыыһата” диэн оптуобус тохтобула эрэ баарын истэрбит.

“Биир, икки, үс. Турдубут!” – диэтэхпинэ, олорор олоппоскутуттан аҥааргыт айакалыы-айакалыы туруоҕа. Сүһүөхпүт оннук ыалдьар.

Кырдьар сааспытыгар эминэн аһылыктаммат туһуттан эти сиэххэ. Сарсыардабыт дабылыанньа кээмэйдэниититтэн саҕаланыа суохтаах. Хара сарсыардаттан дабылыанньа түһэрэр эми, күнүс “Панкреатины”, киэһэ “Кардиомагнилы” иһэн утуйуо суохтаахпыт. Доруобуйабыт – бэйэбит илиигитигэр.  

 Түмүккэ

– Саха сиригэр кэлбит ыалдьыттар аспытын-үөлбүтүн эрэ буолбакка, биһиги иһиппитин-хомуоспутун эмиэ көрөллөр. Хата, анал хампаанньалар бааллар, онон туох да кыһалҕаны көрсүбэппит. Бэлиэ күннэргэ бэлэхтииргэ олус үчүгэй.

Урукку киһи олоҕо остуол тула ааһара. Күннээҕи кэпсэтии, сүбэлэһии барыта онно буолара. Ол иһин остуолбутун умнумуохха. Саха аһа быыстапкаҕа эрэ турбатын, иһиппит музейга эрэ хараллыбатын диэн баҕа санаалаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...