Колымана СОЗОНОВА: «Баар стандартартан тэйэн, дьон олоҕу көрүүтүн уларытан»
Киһи хараҕын арыйар, үгүһү толкуйдатар быраас элбэҕэ суох. Кини сэһэргиирин истэ олорон, “чахчы даҕаны”, “кырдьык ээ” диигин. Оннук “һык” гына түһүөххэр диэри олоххо баары, оруннааҕы уонна туһалааҕы кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх клиническэй балыыһа Гериатрическай киинин үрдүк категориялаах эндокринолога, терапевт, гериатр быраас Колымана Константиновна Созонова халыып буолбуту хатылаабата, ааҕааччыларга медицинаҕа сонун хайысхалары билиһиннэрдэ.
Кинини кытта киһи организма туохтан соһуйарын, туохха барытыгар (оннооҕор бөрүкүтэ суохха) үөрэнэрин, биһиэхэ тугу этэ, биллэрэ сатыырын туһунан сэһэргэстибит. Бу интервьюттан олоҕуҥ майгытын уларыттаххына эрэ доруобуйаҥ тупсарын итэҕэйэҕин.
Эниэргийэ атастаһыыта
– Киһи ыйааһына эбиллэр буоллаҕына, ол метаболическай уларыйыылар бэлиэтэ. Ол үгүс ыарыыга тиэрдэр. Бэрт судургу формула – ИМТ (индекс массы тела) диэн баар. Киһи ыйааһынын бэйэтин уҥуоҕар (кв.м) түҥэтэр. 21-тэн 24,9 диэри тэҥнэһэр буоллаҕына, “нуорма” диэн. 25-тэн 29,9 диэри – “избыточнай ыйааһын” (Аан дойдутааҕы доруобуйа тэрилтэтэ (ВОЗ) араарбытынан). Билиҥҥи хос көрүүнэн ити 1-кы истиэпэннээх уойуу. 30-34,9 – 2-с истиэпэннээх уойуу. 35-40 – 3-с истиэпэннээх уойуу. Онтон үөһэ буоллаҕына – морбиднай уойуу.
Киһи быһыыта-таһаата тус-туспа (“дьаабылыка”, “груша” о.д.а.). Биһиги ыарыһахтар бииллэрин эргимтэтин көрөбүт. Дьахтар киэнэ 80-тан, эр киһи киэнэ 94-тэн тахсар буоллаҕына, кини дьиксиниэхтээх, сэрэхэдийиэхтээх. “Дьаабылыка” быһыылаах киһи метаболическай синдромнааҕын бэлиэтиир.
Эниэргийэ атастаһыыта диэн баар. Судургутук быһаардахха, киһи төһөнү аһыыр да, оччону ороскуоттуохтаах. Ол сөп түбэспэт буоллаҕына, сыаҕа кубулуйар, биил кэтириир. Сыыйа-баайа хаан баттааһына, холестерин, саахар таһымнара үрдүүллэр. Манна биири этиэхпин баҕарабын. Холобур, киһи анаалыһа саахара үрдээбитин көрдөрөр, ону хос туттарбыта “үчүгэй” буолар, оччоҕо кини уоскуйан хаалар. Дьиҥэр, тута долгуйуохтаах. Бу бырассыаһы балтараа сыл иһигэр тохтоппотохпутуна, олохпут майгытын уларыппатахпытына, организм куһаҕан өттүгэр барар. Кини “метаболическай өйө” ыһыллар, хаһаайына саахара үрдээбитигэр үөрэнэн хаалар. Киһи саахара кыратык түстэҕинэ да, аччыктыыр, ону тулуйбат буолар.
Урукку өттүгэр конвенциональнай медицинаҕа олоҕуран үлэлиирбит, онон үгүс сыстыганнаах ыарыыны эмтииргэ үөрэммиппит. Ол эрээри аныгы үйэҕэ олохсуйбут ыарыы үксээтэ. Оннукка уруккуттан кэлбит стандартарынан муҥурдаммаккын, персонифицированнай медицина эрэ көмөлөһөр.
Гормоннар үлэлэрэ туохха тиэрдэрий?
– Айылҕаҕа туох барыта ситимнээх. Киһи доруобуйатыгар экология 5-10%, доруобуйа харыстабыла 5-10% дьайар. 85% киһи бэйэтиттэн, кини олоҕун майгытыттан тутулуктаах.
Киһи – айылҕа оҕото. Төһөнөн киниттэн тэйэр да, оччонон ыарыы үксүүр. Былыргы дьон күн эргииринэн салайтаран олороллоро. Сырдыкка аһыыллара, хараҥаҕа утуйаллара.
Хас биирдии киһи организмыгар циркаднай ритм диэн баар. Ол айылҕаны кытта дьүөрэлэһиэхтээх. Билиҥҥи олоххо ол кэһиллиитэ үгүстүк көстөр. Холобур, киһи түүн биир чааска утуйар. Эбэтэр киэһэ аайы тоҕус чааска ыга аһыыр, симинэр. Дьиҥэр, киһи айылҕа чаһытынан бу кэмҥэ утуйуохтаах, киниэхэ саамай туһалаах гормоннара оҥоһуллан тахсыахтаахтар: мелатонин, улаатыы гормона о.д.а. Кинилэр киэһэ 9-тан түүн 2 чааска диэри эрэ тахсаллар.
Киһи аһаатаҕына, организмыгар инсулин оҥоһуллан тахсар. Сарсыардаттан күнүс 12 чааска диэри ордук үлэлиир, онтон киэһэ түһэр эрэ аакка барар. Оттон үгүс киһи хайыырый? Киэһэ хойут аһыыр-сиир. Оччоҕо инсулин күөрэйэн тахсар, “мин хаһаайыммын” диэн атын гормоннары үүртэлиир, баһылыыр-көһүлүүр. Биллэн турар, киһи сарсыарда дэлби сылайан уһуктар, аһыан баҕарбат. Дьиҥэр, кини киэһэ 9-10 чааска утуйуохтаах уонна сарсыарда аччыктаан туруохтаах.
Киһи күнү быһа аһаабакка сылдьан баран киэһэ хойут ыга симинэр, эбиитин түүннэри сылдьар, хойут утуйар буоллаҕына, организм стресстиир, эстэр, кортизол диэн стресс гормона элбиир, устунан маннык турукка үөрэнэргэ күһэллэр. Ити туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Киһи ону кэмигэр уларыппатаҕына, 50 сааһыгар тиийэн аччаабыта үс олохсуйбут ыарыылаах буолуоҕа.
Кислород суолтата
– Киһиэхэ, уопсайынан, ханнык баҕарар тыынар тыыннаахха эниэргийэ наада, ол кислородтан үөскүүр. Ол үлэтигэр киһи организмын иһигэр баар килиэккэлэргэ олорор митохондриялар эппиэттииллэр. Кинилэр олус уйаннар. Холобур, таһырдьа тымныйдаҕына, митохондриялар тута билэллэр – элбэх эниэргийэни оҥоруохха наада дииллэр.
Киһи күҥҥэ уһуннук хамсаммакка олоруутун гиподинамия диэн ааттанар. Бу түгэҥҥэ кини организмыгар сөптөөх кислород киирбэт, ол иһин эниэргийэни глюкозанан оҥороругар күһэллэр. Бу быстах кэмҥэ үөскүүр, түргэнник уостар эниэргийэ.
Манна холобурдуохха. Киһи организмыгар 6 эрэ (нуорматтан аҕыйах) молекула киирэр. Оччоҕо митохондриялар мыыналлар. Киһи эниэргийэтэ аҕыйах буолар, биллэн турар, түргэнник сылайар.
Киһиэхэ сөптөөх кислород киирэр буоллаҕына, митохондриялар үөрэ-көтө үлэлии тахсаллар. Киһи эниэргийэни глюкозаттан ылбат. Маннык түгэҥҥэ кини ис сыатын “уматар”.
Билигин хайдаҕый? Эдэр дьон фитнес кулуупка сүүрэн тиийэллэр, омуннаатахха, охтуохтарыгар диэри дьарыктаналлар. Оннук гынан митохондрияларын барыыллар. Организмҥа нуорманы таһынан кислород киирдэҕинэ, лактаттар (“молочнай кислота”) үөскүүллэр. Туһаны аҕалыахтааҕар, төттөрүтүн, организмҥа улахан охсууну оҥороллор. Ол иһин: “Ыйы быһа дьарыктанным да, тоҕо эрэ ырбаппын, ыйааһыммын түһэрбэппин, эбиллэр курдук”, – диэн үгүс дьонтон истэбин.
«Гормезис» бырагыраама уратыта
– Киһи олоҕун майгытын уларытыан баҕардаҕына, сөпкө дьаһаныахтаах. Онуоха кини, бастатан туран, бэйэтин үчүгэйдик билиэхтээх. Биһиги балыыһабытыгар маныаха туһалаах “Гормезис” диэн бырагыраама баар. Быйыл ыам ыйыттан үлэлиибит.
Хас биирдии киһи пульса тус-туспа. Биһиги кабинеппытыгар кэлбит киһи бастаан лактатнай тургутууну ааһар, онон киниэхэ киирэр кислород кыраныыссатын таһымын быһаарабыт. Кимиэнэ эрэ элбэх, сорох киһи киэнэ аҕыйах буолар. Биир буолбат. Онтон кини тулуура тутулуктаах.
Эниэргийэ атастаһыыта сөпкө үлэлииригэр үс хайысха дьүөрэлэһиэхтээх: сөпкө аһааһын, аэробнай ноҕорууска, циркаднай ритм (киһи утуйар, сынньанар уонна хамсанар-имсэнэр, сүүрэр-көтөр, үлэлиир кэмэ). Ити ааттаммыт барыта бэйэ-бэйэтигэр сөп түбэһэр буоллаҕына, киһи доруобай буолар. Биһиги бырагыраамабыт онно олоҕуран үлэлиир. Икки нэдиэлэ устата дьону судургу быраабылаларга үөрэтэбит, быһаарабыт, көрдөрөбүт, сүбэлиибит. Ону таһынан араас чинчийиилэри ыытабыт.
Киһи билиилээх буоллаҕына, олоҕун майгытын уларытарга дьулуһар. Холобур, кини аэробнай ритиминэн дьарыктаннаҕына, утуйара тупсар. Биһиэхэ кэлбит киһиттэн хайдах утуйаҕын диэн ыйытабыт. “Үчүгэй, 10 чаас утуйабын”, – диир. Киниэхэ чаһы кэтэрдэбит, ону таһынан глюкометр уонна глюкозатын сууккатааҕы нуорматын быһаарар аппарааты туттарабыт. Маны сэргэ кини нэдиэлэни быһа тугу аһаабытын сурунан иһэр. Аппараатын уһуларбытыгар ханнык түгэҥҥэ глюкозата түспүтүн-тахсыбытын быһаарабыт. Хайдах утуйарын быһаарар чаһынан эмиэ үгүһү билэбит. Били үчүгэйдик утуйабын диир киһи 10 бырыһыан эрэ кытаанахтык утуйар буолан тахсар. Ол иһин төһө да 8-10 чаас утуйбутун иһин, уутун хаммат. Бу гипоксия бэлиэтэ. Киһиэхэ кислород тиийбэт буоллаҕына, үчүгэйдик утуйбат.
Маны барытын сиһилии быһаарабыт. Сүүрэр, хаамар “дорожкалаахпыт”. Онно 40 мүн. хаамтарабыт, ол кэмҥэ экраҥҥа английскай тылга үөрэтэр биэриини холбуубут. Киһи дьарыктанар, ону таһынан истэр, көрөр.
Муораҕа барометр диэн тэрил туттуллар. Ону ылан баара-суоҕа биир эрэ кыраадыс уларыттахпытына, атын сиргэ тиэрдиэҕэ. Син ол тэҥэ, биһиги киһи олоҕу көрүүтүн кыратык да уларыттахпытына, үчүгэй түмүктээх буолуохпутун сөп. “Гормезис” бу санаанан салайтаран үлэлиир.
Баай уопуттаах, ураты көрүүлээх, сонун толкуйдаах быраас этэринэн, саха киһитэ мындыр, истибитин-билбитин таах хаалларбат. Ол иһин кини хаһыат нөҥүө туһалаах иһитиннэриини дьоҥҥо тиэрдэр, онон көмөлөһөр кыахтаахпытыгар бүк эрэнэр.