26.09.2020 | 17:55

Климент Иванов: “90-ус сылларга Саҥа Саха сирин акылаата ууруллубута”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтиэхпит. Суверенитет биһиэхэ тугу биэрбитин толору өйдүүбүт дуо?

2020 сыл Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан биллэриллибитэ. Саха өрөспүүбүлүкэтэ үөскүүрүгэр, сайдыы хайысхатын буларыгар сүрүн кылааттарын киллэрбит чулуу дьоммутун тыыннаахтарына баттаһарбыт, кэмигэр сыаналыырбыт буоллар...

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, биллэр судаарыстыбаннай деятель Климент Егорович Иванов Сунтаар улууһун Элгээйититтэн төрүттээх. Кини дьылҕата Саха судаарыстыбаннаһын  уонна парламентаризмы кытта ыкса ситимнэммитэ.

– Аҕа дойду сэриитэ бүтэригэр мин майнайгы кылаас үөрэнээччитэ этим. Учууталбыт: “Биһиги кыайдыбыт! Сэрии бүттэ!” – диэн биллэрбитин өйдүүбүн. Бука бары “Ура-а-а!” хаһыылаах таһырдьа ойон тахсыбыппыт. Оскуола оттук маһын бэлэмнээһиҥҥэ субуотунньук буола турар кэмэ этэ. Биир дойдулаахтарым дьолломмут, үөрбүт-көппүт сирэйдэрин өйдөөн хаалбыппын. Онтон бэс ыйыгар спортивнай балаһааккаҕа Кыайыы Ыһыаҕын ыспыттара. Хаһан да маннык элбэх киһини көрө илигим, оһуохайдаабыппыт, кымыс испиппит.

Мин дьонум боростуой холкуостаахтар этэ. Ийэм ыанньыксытынан, асчытынан, оробуочайынан үлэлээбитэ. Аҕам холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта этэ. Ыалдьан, эрдэ үлэлиир кыаҕа суох буолбута. Икки кыра бырааттаах этим: Владимир уонна Петр. Кэлин көҥүл тустууга аатырбыттара, СССР спордун маастардара буолбуттара.

Дьонум иккиэн оҕолордоох дьон эбит. Аҕам биир оҕолоох, ийэм үс оҕолоох холбоспуттар, онтон үс оҕоломмуттар. Онон сэттиэ буолбуппут. Улахан эдьиийим Бүлүүгэ олорор этэ. Ол иһин 7 кылаас кэнниттэн 1952 сыллаахха Бүлүү педучилищетыгар  киирбитим.

1956 сыллаахха, 19 эрэ саастаахпар учуутал буолан Күндэйэҕэ кэлбитим. Биир сыл учууталлаабытым кэннэ Хоро оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Онтон Элгээйи орто оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэлээбитим. Салгыы комсомол райкомун инструкторынан, онтон 2-ис, 1-кы сэкирэтээринэн үлэлээбитим.

Н.Хрущев оройуоннары тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар управлениеларыгар холбооттуурун саҕана миигин Бүлүү управлениетыгар комсоргунан ыыппыттара. Онно Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Ленинскэй (Ньурба), Кэбээйи оройуоннарын комсомолецтара киирэллэрэ. Үлэ өрө күүрүүлэхтик барбыта. Орджоникидзевскай оройуон райкомун бастакы сэкирэтээрэ буолбутум.

Хабаровскайга 4 сыл Партия Үрдүкү оскуолатыгар үөрэммитим. Онно кэргэммин Татьянаны көрсөн ыал буолбуппут. Кыыстаахпыт, икки сиэннээхпит.

 1968 сыллаахха Абыйга ыыппыттара. 7,5 сыл онно үлэлээбитим. Оройуон киинин Дружина бөһүөлэктэн көһөрөн, Белай Гора бөһүөлэги тутан таһаарбыппыт...

Историяны уларыта сатааһын – билиҥҥи уопсастыба сүрүн итэҕэһэ

Бириэмэ наһаа түргэнник иннин хоту баран иһэр. Билигин биһиги, сааһырбыт дьон, санаатахпытына, соторутааҕыта эрэ коммунизмы тута сылдьарбыт, сайдыыбыт таһымынан сотору Американы ситэр соруктаах этибит. Маассабай идеологическай үлэ күүскэ барара, бар дьон партия ыҥырыыларынан сирдэтинэрэ. Онтон онтубут барыта сымыйа буолан сууллан түспүтэ.

Кылгастык историяны санаан ааһыахха. 80-ус сыллар бүтүүлэригэр Арҕаа уонна Киин Европаҕа норуодунай өрөбөлүүссүйэлэр күөдьүйбүттэрэ. Румынияҕа, Польшаҕа өрөбөлүүссүйэлэр, Чехословакияҕа уонна Венгрияҕа норуот хамсааһыннара буолуталаабыттара. Онтон экономическай кризис халыйан кэлбитэ. Бу барыта Сэбиэскэй Сойууска дьайыылаах буолбута. СССР Европа дойдуларыттан сэбилэниилээх күүстэрин таһаартаабыта, Варшаватааҕы дуогабар көтүрүллүбүтэ.

1986 сыллаахха КПСС 27-ис съеһигэр М.С. Горбачев ыйыытынан, кэккэ политическай реформалары ыытар быһаарыыны ылыммыттара. «Сущность перестройки состоит в том, чтобы советские люди почувствовали себя хозяином своей страны», – диирэ истэргэ үчүгэй да курдуга... Салалта дьаһала бу тылларга соччо эппиэттээбэтэҕэ. Партия ыытар политикатын сөбүлээбэт дьон ахсаана хаҥаан барбыта. Экономика таҥнары сырылаабыта. Куораттарга сүрүн табаары ыларга халыҥ уочараттар субуруспуттара. Ону кытта тыл көҥүлэ кириитикэҕэ биллибитэ. Хас биирдии өрөспүүбүлүкэ кимтэн да тутулуга суох буоларга дьулуспута. Сорох сиргэ норуот долгуйуулара ааспыттара.

1989 сыл кулун тутарга СССР Үрдүкү Сэбиэтигэр демократическай быыбардар буолбуттара. Онно норуодунай дьокутаатынан таллыллыбытым. Өрөспүүбүлүкэбититтэн 16 дьокутаат этибит. Наһаа көхтөөх съезтэр буолаллара. Дьокутааттар сытыы боппуруостары ырытыһаллара. Ону барытын араадьыйанан, телевидениенэн быһа эфиргэ көрдөрөллөрө. Коммунистическай партия оппозицията күүһүрэн барбыта. Бүттүүн дойду политическай туруга уустугурбута. Урут ким да былааһы маннык утара илигэ. Съезкэ СССР Конституциятын 6-ыс ыстатыйатын соторго этиилэр киирбиттэрэ, онно дойдуну комммунистическай партия эрэ салайарын туһунан сурулла сылдьара. Түмүккэ ол ыстатыйа, дьокутааттар ытыстарын тыаһын доҕуһуолунан, Конституцияттан таһаарыллыбыта. Уопсастыба олоҕор онтон ыла уларыйыылар саҕаламмыттара.

Дьокутаат С.С.Алексеев этиитэ өйбөр хатанан хаалбыт, съезд трибунатыттан саҥалыы демократическай бириинсиптэринэн олоруохтаахпытын эппитэ. Партия ыйыытынан буолбакка, сокуонунан олоруохтаахпыт диэбитэ. Судаарыстыбаҕа саамай сүрүн оруолу сокуон ылыахтаах, сокуон иннигэр гражданнар бары, дуоһунаһыттан тутулуга суох, тэбис-тэҥнэр диэн санааны тиэрдибитэ. Өй-санаа уһуктуута саҕаламмытын онно өйдөөбүтүм.

Биһиги дьолбутугар, бу уларыйыылар кэмнэригэр гражданскай сэрии буолбатаҕа. Буорах сытын 1991 сыллаах путч саҕана уонна 1993 сыллаахха алтынньыга судаарыстыбаннай уларыта тутууну оҥоро сатааһын саҕана билбиппит. Москваҕа мээрийэ уонна телевидение дьиэтин штурмнаабыттара. Онуоха бэрэсидьиэн Б.Н. Ельцин Үрүҥ дьиэни ытыалааһынынан эппиэти биэрбитэ. Правоведтар сыана быһалларынан, икки өттүттэн сыыспыттар, Конституцияны тутуспатахтар. Сэрии буолбатаҕар баһыыба...

Мин бу биһиги олохпутугар буолбут трагическай быһылааннары туохха кэпсээтим диэ? 90-ус сыллартан Арассыыйа сайдыытын суола тосту уларыйбытын өйдөтөөрү. Төһө да билигин 90-ус сыллары араастаан баһааҕырдыы баарын иһин, оччолорго дьылҕабыт оҥоһуллубута.

Дойду историятын хайдах баарынан ылыммакка, уларыта сатаан өйдөөһүн – билиҥҥи уопсастыба саамай улахан итэҕэһэ.

Биллэн турар, Сэбиэскэй Сойуус эстиитэ Саха сирин курдук ыраах сытар сиргэ куһаҕаннык дьайбыта. Киинтэн үбүлэммэт буолбуппут, сүрүн хааччыйааччыларбытын кытта ситиммит быстыбыта.

– Эн билиҥҥи Саха сирин сайдыылаах суола дьаалхааннаах 90-ус сыллартан саҕаламмыта диигин...

Саха өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин XII съеһэ үлэтин саҥа саҕалыырын саҕана биһиги дойдубут экономическай уонна социальнай сайдыыта Москваттан эрэ салайыллара. Саха сиригэр баар пуондалар 11 % эрэ олохтоох былаас салайара. 89 % министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр дьаһайаллара. Кинилэр быһаччы киинтэн хааччыллар, тутулуктаах этилэр. Саха сиригэр 3 % эрэ олохтоох оҥорон таһаарыы табаара баара. 97 % кииҥҥэ бас бэринэр биэдэмистибэлэр бородууксуйалара этэ. Ол министиэристибэлэр дохуоттарыттан 4 % эрэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирэрэ. 1990 сыллаахха СӨ бүддьүөтэ 600 мөл. солк. эрэ этэ.

Уустук политическай уонна экономическай балаһыанньаттан тахсарга, Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев балаһыанньаны тупсарарга кытаанах быһаарыылары ылынар. Ол курдук, 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыллар.

Саҥа демократическай, правовой, гражданскай уопсастыбалаах Саха сирин тутуу 1991 сылтан саҕаланар. Икки фронунан үлэ барбыта. Бастакы фронт – Арассыыйа киин былааһын кытта. М.Е. Николаев бу фроҥҥа таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саҥа тахсыбыт ыйаахтарга олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ бас билиилэммитэ, бэйэтин бэйэтэ хааччынар буолбута.

Иккис фронт – экономическай тыыннаах хаалыы туһугар охсуһуу этэ, судаарыстыбаннай тутулу, норуот хаһаайыстыбатын салайыыны уларытыы барбыта.

Манна эбэн эттэххэ, 2000 сыл түмүгүнэн, Саха сирэ ВВП көрдөрүүтүнэн уон бастыҥ, нэһилиэнньэ дохуотунан уонна социальнай харысхалын көрдөрүүтүнэн 15 бастыҥ иһигэр киирбитэ. Биллэн турар, үгүс салаалар өрүттэллэригэр элбэх сыл наада буолбута.

Маныаха мин биири чорботуом этэ, Михаил Николаев уонна кини соратниктара уларыта тутуулары утарар дьон самнарар кириитикэлэрин үрдүнэн хорсуннук барбыттара. Үксүн хомуньуустартан турар оппозиция үөскээбитэ. Ол саҕана бэрэсидьиэммит киһи барыта тыл этэр бырааптаах диирэ.

Кириитэкэни тулуйан туран киирсии уонна олох кырдьыгын булан таһаарыы прогрессивнай реформатордар суоллара этэ.

Норуот бэрэсидьиэнин өйөөбүтэ. Биир да кириитик, оппозиционер хаарыллыбытаҕа. Онон бастакытын тыл уонна личность көҥүлэ олохтоммута. Устунан былааһы кириитикэлээһин аһаҕас уонна оруннаах буолбута.

Билиҥҥи, наар урукку сыллары ахтар “ностальгическай” кириитикэ оруна суох. Бу кириитикэ былааска тугу да саҥаны эппэт, төттөрүтүн былыргыга тарда сатыыр. Араҕас прессаҕа, социальнай ситимнэргэ, бассаапка салайааччылары аҥаардастыы үөхсүү элбээтэ. Кириитикэ оруннаах, саас-сааһынан этиллэр буоллаҕына эрэ туһалаах.

Историческай сыаннастарбытын хаттаан көрүөхтээхпит

– Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыллыбыта 30 сыл, Саха өрөспүүбүлүкэтин  саҥа Конституциятын ылыммыппыт 28 сыл буолла.

Биһиги билигин кимниин баҕарар күрэстэһэр кыахтаах гражданин идеологиятын уонна менталитетын пропагандалыахтаахпыт.

Билиҥҥи дьон үксэ историяны билэ сатаабат буолла. Аҥаардастыы ахтылҕанынан урукку олоххо тардыһар. Дойду Бэрэсидьиэнин быыбарыгар Саха сиригэр Павел Грудинин иккис миэстэни ылбыта да ону туоһулуур. Ол аата биһиги историческай сыаннастарбытын хаттаан көрүөхтээхпит.

Саха өрөспүүбүлүкэтэ Арассыыйа биэс гыммыт биирин ылар, сиртэн хостонор баайа элбэх. Саамай тыйыс усулуобуйалаах дойдуга үлэлиибит, олоробут. 4 үйэ эрэ анараа өттүгэр нууччалар кэлэн олохсуйбуттара. Олохтоох сахалар кэлии дьону уруйдуу көрсөллөрө. Улуу нуучча айанньыта Арсентьев Сибиир омуктарыгар саха тылын оруолун аан дойду норуоттара французтуу саҥаралларыгар тэҥнээбитэ. Биһиги тыйыс дойдубут, былыргы култуурабыт кими да утарбатаҕа. Ол иһин билигин даҕаны Улуу Арассыыйа хотугу тирэҕэ буолан олоробут.

Киһини тыыннааҕар сыаналыахха

Судаарыстыбаннай суверенитет, экономическай тутулуга суох буолуу, бэйэни хааччыныы Саха өрөспүүбүлүкэтэ бөҕөргүүрүгэр, култуура, үөрэх таһыма үрдүүрүгэр, нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буоларыгар тирэх буолбуттара. Национальнай өй-санаа уһуктуута онтон саҕыллыбыта. М.Е.Николаев хорсун уонна толкуйдаах политикатыгар экономика салаллар кыахтаммыта, саҥа судаарыстыбаннай политика туһалаах буолбута.

Өрөспүүбүлүкэ 90-ус сыллар уопуттарыгар олоҕуран, бэйэтин быраабын кэҥэтэргэ эрэ буолбакка, эппиэтинэһи сүгэргэ дьулуһуохтаах.

Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев 80 сааһын куоһарбыта ыраатта. Кини тыыннааҕар тоҕо сөбүгэр сыаналамматый? Атын регионнар холобурдарыгар көрдөххө,  национальнай лидердэрин үрдүк наҕараадаларга түһэрэллэр, “Арассыыйа Дьоруойа” ааты кытта иҥэрэллэр, пааматынньыктары туруораллар. Татарстан күнүгэр Арассыыйа Дьоруойа Минтимер  Шаймиевка Казань куоракка пааматынньык арыйдылар.

– Билигин дьон социальнай ситимнэринэн, интернетинэн тарҕанар кириитикэҕэ, былааһы үөҕүүгэ наһаа охтон хаалла. Оччотооҕу Конституция, Суверенитет да суолтатын сыаналаабат буолуу баар буолла. Ыччакка ааспыт сыллар суолталаах үлэлэрин, Конституция, Суверенитет, 90-тар суолталарын хайдах өйдөтүөхтээхпитий? Хайдах, туохтан саҕалаан быһаарабыт?

– Күн-дьыл олорон турдах аайы ыраатан иһэр, урукку дьыл улаҕааларыгар буолбут түгэннэр аччаан көстөллөр. Ол эрээри, дьон-норуот олоҕор уһулуччу оруолламмыт кэм норуот сайдыытын историятыгар киирэн суолтата өлбөөдүйбэт.

Хайа баҕарар омук быһаарыылах кэмнэргэ ситиһиилээхтик үлэлээбит бастыҥ дьоннорун холобур оҥостоллор, ааттарын-суолларын өрө туталлар. Холобур, 1986 сыллаахха ФРГ тэриллибитэ 20 сыла туолуутугар, канцлер Эрдхард Людвиг ситиһиилээх үлэтинэн аатыра сылдьар кэмигэр, биир дьоһуннаах этиини оҥорбута. Онно кини: “Германия саҥа государственноһын төрүттээбит, экономиканы саҥалыы сайыннарыы акылаатын уурбут, Германияны алдьархайдаах алдьатыылаах сэрии кэнниттэн аан дойду үрдүнэн политическай сойуолааһынтан таһаарбыт бастакы канцлербыт Конрад Аденауэр баар – кини дьиҥнээх реформатор. Оттон реформаны улуу эрэ киһи оҥорор. Онтон биһиги, кэнники канцлердар, кини дьыалатын салҕаабыппыт. Биһиги Аденауэр реформатыгар тирэҕирэн, кини оруолун намтаппакка илдьэ сылдьан, дойдубутун салгыы сайыннарар соругу туруорунуохтаахпыт,” –  диэн эппитэ. Ити этиини билигин даҕаны тас демократическай дойдулар салайааччылара үтүө холобур быһыытынан тутталлар. Кинилэргэ салайааччылар бэрдимсийиилэрин норуот ылыммат. Дойду салайааччытын бэрдимсийиитэ унитаризмҥа, авторитаризмҥа тиэрдэрин өйдүүллэр.

Кырдьыга да оннук буолуохтаах. Биһиэхэ Сэбиэскэй Сойууска биир да салайааччы үтүө ааты ылбатаҕа. Сталинтан саҕалаан, Ельциҥҥэ тиийэ бука бары дойдуга туох да улаханы оҥорботохторун курдук хараарда үөрэммиппит. Биһиги дьоммут тыллара тымтык курдук умайар, суобаспыт хараастыбат. Мин саныахпар, бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги сүрүн итэҕэспититтэн биирдэстэрэ ити буолар.

Көлүөнэлэр сибээстэрин сүтэрии, дьыалабыт хантан саҕаламмытын билбэт, ханна баран иһэрбитин анаарбат буолуу, күннээҕинэн эрэ олоруу, аҥаардастыы бэйэ оруолун үрдэтэ сатааһын (имиджевай политика) – бу салалтабыт систиэмэтин сүрүн итэҕэһэ буолар.

1990-1991 сыллартан саҕалаан, судаарыстыбаннас саха аныгылыы демократическай көрүҥэ сайдыбыта. Дьоҥҥо-сэргэҕэ көҥүл санаа аһыллыбыта, бэчээккэ цензура уһуллубута, экономикаҕа ким төһө дьоҕурдааҕынан, санаата күүстээҕинэн, сөбүлээбит бас билиитин форматынан туһанар кыаҕа бэриллибитэ. Саха омуга уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар омук быһыытынан санаалара күүһүрүүтүн, өйдөрө уһуктуутун хааччыйбыта, кинилэр аан дойду цивилизациятыгар тардыһыыларын күүһүрдүбүтэ.

Мин ити кэми Саха сирин историятыгар бигэтик киирэр Саҥа Саха сирин тутуу кэминэн ааҕабын. Бу сүҥкэн суолталаах дьыаланы норуот билиммит лидербит Саха АССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев баһылаан-көһүлээн оҥорбута. Ону норуот бэйэтэ билинэр, хайа да өһөс оппозиционер мөккүһэр кыаҕа суох. Үтүө дьыалаҕа кыттыспакка сылдьан, куһаҕанынан айдаарар, бэйэлэрин ааттарын үрдэтэн биллэ-көстө сатыыр, дьон өйүн-санаатын бутуйан норуот сайдыытын кэҕиннэрэр “политиктары” олох историята накаастыыр. Үөһэттэн сылаас салгын илгийэн, оннук эрдьигэттэр ааттарын-суолларын күһүҥҥү хойуу тумаҥҥа көтүтэр, халлаан ырааһырар. Норуот олоҕун үтүө санаалаах, норуокка бэриниилээх, чиэһинэй дьон салгыы сайыннараллар.

Онон 90-ус сылларга төрүттэммит Саҥа Саха сирин бигэ акылаата салгыы саха дьонун, өрөспүүбүлүкэ бары норуоттарын сайдарын туһугар сулууспалыы туруоҕа дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...