06.11.2020 | 14:14

КИНИ ААТЫН ҮЙЭЛЭРГЭ УМНУОХПУТ СУОҔА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу дьыл алтынньы 10 күнүгэр биһиги кэккэбититтэн күндү чугас киһибитин, ыал аҕатын, кэргэнин, убайдарын, уолларын Георгий Леонидович Кычкины өлүү дэгиэ тыҥыраҕа ытарчалыы ылан олус хомолтолоохтук илдьэ барда.

Георгий Леонидович – милииссийэ полковнига, бойобуой хамсааһыннар бэтэрээннэрэ, үлэ бэтэрээнэ. 1959 сыл тохсунньу 31 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Майа сэлиэнньэтигэр Саха АССР үтүөлээх учууталлара Аэлита Георгиевна Павлова уонна Леонид Николаевич Кычкин дьиэ кэргэҥҥэ бастакы уол оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Георгий төрөппүттэрэ куоракка көһөн киирэннэр оҕо сааһа Дьокуускайга ааспыта. 1976 сыллаахха 29 №-дээх орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1980 с. Ийэ дойдутугар ытык иэһин төлүү аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Рядовойунан тиийэн баран старшай сержант буолбута, “химик-разведчик 3 класса” анал идэни ылбыта.

Аармыйа кэнниттэн Георгий араас тутуу тэрилтэлэригэр үлэлээбитэ. Онтон 1989 сыллаахха СГУ история салаатын бүтэрбитэ.

Георгий чугас дьоно кэпсииллэринэн, кини олус элбэҕи ааҕар, билэр-көрөр, биир саамай сөбүлүүр дьарыга ааҕыы эбит. Кини биир сыл балыс быраатыныын оҕо оҕо курдук мэниктээн, араас түгэннэргэ түбэһэн, быракаас да оҥорбуттара элбэх этэ диэн быраата Николай ахтар. Кинилэр кэннилэриттэн кыралара, мааны кыыстара Марийка 1967 сыллаахха төрүүр. Онон уолаттар балтыларын көрөр түбүгэр түһэллэр. Балтылара уолаттары кытта тэҥҥэ сылдьара, оонньуура, онон бэрт бойобуой буола улааппыт. Кини хаһан даҕаны, ханна даҕаны сырыттар, убайдарым суон дурда, халыҥ хахха буолалларын, кимтэн барытытыттан көмүскэллээх буоларбын билэр этим диэн кэпсиир. Ол курдук Георгий ыал улахан оҕото буолан кыралары көмүскэһэр, кырдьаҕастары ытыктыыр, төрөппүттэригэр биир саамай эрэнэр киһилэрэ буола улааппыта.

Дьоҥҥо көмөлөһүү, чиэһинэй, кырдьыксыт буолуу, эппит тылыгар туруу, эппиэтинэстээх салайааччы, диссипилиинэни чаһы курдук толоруу, барытын кэмигэр оҥоруу – бу барыта кини ураты хаачыстыбалара этэ.

Бу хаачыстыбаларын кини 1991 сылга Ис дьыала Министиэристибэтигэр үлэлии киирэн баран туһаммыта.

Кини үлэтин суола патрульнай-постовой сулууспаттан саҕаламмыта. Тута сыаналаммат үлэһит буоларын көрдөрөн барбыта. Ол курдук буруйдаахтары “итиитинэ” тутуу, араас дьыалалары арыйыы барыта салалта өттүттэн биһирэнэн хаста да махтал тылларынан, суруктарынан бэлиэтэммитэ.

1993 с. Георгий Леонидович Дьокуускай куорат ИДьУ бирикээһинэн дознание инспекторынан ананар. Бу үлэлиир кэмигэр Георгий өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн холуобунай дьыалалары арыйыыга биир улахан көрдөрүүлэри ситиһэр, кини арыйбыт дьыалаларын прокуратура хаһан да төттөрү ыыппат, суут эбии силиэстийэҕэ атаарбат.

Үчүгэй үлэһит тарбахха баттанар, буолаары буолан ис дьыала салаатыгар бастыҥ дьону өрө таһааран иһэллэр. Ол курдук 1995 с. ИДьУ старшай дознавателиттэн Ис дьыала Министиэристибэтигэр старшай дознавателинэн ананар, кини манна ураты, ыарахан холуобунай дьыалалары салгыы арыйар.

1996 сыл муус устар ыйтан ИДьМ буруйу арыйар уонна силиэстийэлиир отделение хонтуруоллуур-методическай салаатын начальнигынан ананар. Онтон, 1998 сылтан Георгий Леонидович ИДьМ дознание салаатын начальнигын солбуйааччы дуоһунаһыгар үлэлиир. 2001 с. СӨ ИДьМ бирикээһинэн милииссийэ уопсастыбаннай куттала суох буолуу начальнигын солбуйааччынан ананар.

Ити курдук  үлэлии сырыттаҕына 2002 сыллаахха милииссийэ майора Георгий Леонидович Кычкины 50 киһиттэн турар этэрээти салайар хамандыырынан анаан терроризмы утары эпэрээссийэни тэрийэр бойобуой сорудахха Хотугу Кавказка ыыталлар.

Кинилэр муус устартан алтынньыга диэри Чечняҕа сулууспалыыллар. Манна киһи киэн тутта кэпсиирэ диэн бука бары тыыннаах дойдуларыгар эргийэн кэлэллэр. Маныаха хамандыыр уопуттаах салайыыта, кини эрэллээх илиитигэр туттаран ыыппыт чугас дьонноругар, төрөппүттэригэр, кэргэттэригэр бу эппиэттээх сорудаҕы хорсуннук толорон биир да киһи энчирээбэккэ кэлбитэ элбэҕи этэр.

Ол курдук профессиональнай бэлэмэ, олох атын сирдээх-уоттаах дойдуга тиийэн, кинилэр усулуобуйаларын ылына охсон, суһал дьаһаллары ылан ытык иэстэрин бары чиэстээхтик толорон төннүбүттэрэ. Кини манна ханнык да быһыыга-майгыга тус диссипилиинэтинэн, тулуурдаах, дьиппиэн майгытынан барыларыгар үтүө холобур буолбута.

Бу сулууспалыыр кэмнэригэр Кычкин этэрээтэ туруоруллубут сорудахтарын барытын чиэстээхтик толороллор, хас да быһылааны туораталлар.

Кини хаһан да, ханна да буоллун аптарытыаты ылара. Дьону, кэллиэгэлэрин кытта сүрдээх эйэҕэс, тактичнай сыһыаннаах этэ.

2011 сылга Георгий Леонидович милииссийэ полковнига званиелаах биэнсийэҕэ тахсыбыта. Онон ис дьыала уорганыгар 20 сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Бу тухары кини араас элбэх судаарыстыбаннай, биэдэмистибэннэй наҕараадалардаах. Олортон биир саамай суолталааҕа, РФ бэрэсидьиэнэ В.В. Путин ыйааҕынан бойобуой сулууспатын чиэстээхтик толорбутун иһин “За отличие в охране общественного порядка” диэн судаарыстыбаннай мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

2012 сылтан кэргэнэ Евдокия Афанасьевна Рахлеевалыын “Эркин” диэн үөрэтэр киини тэрийбиттэрэ. Билигин бу киин үлэтэ барыта Евдокия Афанасьевна нарын санныгар сүктэрилиннэ. Онно кинилэр уолаттара Алдан оройуонун силиэстийэлиир отдел старшай силиэдэбэтэлэ Максим, ХИФУ горнай институтун 4-с кууруһун устудьуона Антон ийэлэригэр сүбэ-ама буолуохтара, аҕаларын оҥорботоҕун оҥоруохтара, кини суолун салгыы олоруохтара диэн бука бары аймахтара эрэнэбит.

Уон төгүл өлөр өлүүгэ киирэн тахсыбыппыт

Тимофеев Еремей Николаевич, Ис дьыала отделын Усуйаана оройуонун оперативнай дьуһуурунайа, полиция хапытаана.

- 2002 сыллаахха Дьокуускай куорат милииссийэтин холбоһуктаах этэрээтэ командировкаҕа бардыбыт. Чечняҕа,  Гудермес куоракка. Этэрээппит хамандыырынан Кычкин Георгий Леонидович анаммыта. Биһигини кытта Дьокуускайга номоххо киирбит ОМОН этэрээтэ хайаларга көтүһэн иһэр.

Ил-76 байыаннай сөмөлүөтүнэн Хабаровскайа көтөн кэллибит. Онно Приморскай кыраай своднай этэрээтэ уонна Чукотка Собра буоламмыт Моздок куоракка көттүбүт. Моздокка түүн тиийдибит. Иккис күнүгэр Гудерга байыаннай бөртөлүөтүнэн көттүбүт. Гудерга биһиги этэрээппитигэр үс обьегы биэрдилэр.

Блокпоспутун саллааттар харабыллыыллар, тула барыта окуопа. Онно олороллор-аһыыллар, бу стратегическай объект. Блокпост Сунжа үрэх үрдүгэр турар. Ол блокпостка биһиги иннинээҕи этэрээттэр сэргэ туруорбуттар этэ. Ону көрөн  биһиги наһаа үөрбүппүт.

Ыһыах күн биһиги блокпостка ыһыах ыстыбыт. Ыаллыы турар бүрээттэр этэрээттэрин ыҥырдыбыт уонна хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар күрэхтэри тэрийдибит. Сиэри-туому тутуһан алаадьы буһаран Айыылартан көрдөстүбүт, уоппутун аһаттыбыт. Ол курдук сулууспа баран истэ. Блокпостка мээнэ турбаккын, кэлбит-барбыт тиэхиньикэни, дьону, докумуоннарын, сааны-сэби барытын бэрэбиэркэлиигин.

Дарбанхи уонна Брагуны диэн дэриэбинэҕэ заставаҕа икки бөлөҕү ыыппыттара. Онно старейшиналары кытта уолаттар билсиспиттэрэ. Старейшиналар боевиктар баалларын кистээбэттэр этэ. Сахалары убаастыыллара. Ол курдук сырыттахпытына атырдьах ыйын бүтэһигэр саллааттарга колонна кэлбитэ. Үс массыына уонна икки броня. Уолаттар барытын сүөкээн баран, сэргэ аттыгар хаартыскаҕа түспүттэрэ, барыта нуучча уолаттара (контрактниктар). “Это что за дерево” – диэн күлэ-күлэ ыйыппыттара. Ону биһиги сүгүрүйэр ытык сэргэбит диэн быһааран кэпсээбиппит. Өр буолбатахтара, бары колоннаҕа олорон илиилэринэн сапсыйа-сапсыйа айаннаабыттара. Биэс да мүнүүтэ ааспатаҕа, улахан дэлби тэбии буолбута, бу биэс эп-эдэркээн броняҕа олорбут уолаттар бары суох буолбуттара... Барахсаттар миинэҕэ түбэспиттэр этэ.  

Биһиги, сахалар, уон төгүл өлөр өлүүттэн тыыннаах ордубуппут. Маныаха хамандыырбыт Георгий Леонидович дьаһала, салайыыта элбэхтэ көмөлөспүтэ саарбаҕа суох.

Егор Бекренев:

- 2002 сыллаахха Дьокуускайтан ИДьМ араас сулууспатыттан талыллыбыт Кавказка барар этэрээккэ мин эмиэ баарым.

Сулууспа алта ый устата барар диэн эрдэттэн сэрэппиттэрэ. Мин өр толкуйдуу барбакка хамандыыр аатыгар рапорт суруйбутум. Дойдубар кэргэним, икки оҕом хаалбыттара. Улахан уолум бастакы кылааска барбыта, кырам икки саастааҕа.

Бу мин бастакы командировкам этэ. Ол курдук Чечняҕа көппүппүт. Хамандыырбын Георгий Леонидович Кычкины бастакыбын көрбүтүм. Ол иннинэ билбэт этим. Кинини кытаанах майгылаах, ирдэбиллээх, быһаарыныылаах диэн сыаналыы санаабытым, дьиҥнээх полководец курдук көрөрө-истэрэ. Илдьэ барар этэрээтин бэйэтэ талан ылар диэбиттэрэ. Барыахпыт иннинэ хамандыырбыт этэрээт дьон бары таҥара дьиэтигэр тиийэн сүрэхтэнэрбитигэр эппитэ.

Онуоха мин кини сүрэхтэммит буоллаҕына чиэһинэй, кырдьыксыт, маннык киһини кытта разведкаҕа холкутук сылдьыахха сөп уонна 100 бырыһыан бары дьиэбитигэр төннөн кэлиэхпит диэн эрэл кыыма сыдьаайбыта. Оччолорго Хотугу Кавказка быһыы-майгы судургута суох этэ, партизанскай сэрии буола турара, түүннэри ытыалыыллара, хардыы аайы миинэ туруораллара.

Хамандыырым туһунан ахтан аастахха, кини стратегияны билэр полководец, бойобуой эписиэр буолан олохпутун быыһаан турардаах. Командировкабыт төрдүс ыйа этэ, сайын, күн бөҕөтө тыган турар, уу чуумпу, чыычаахтар ыллыыллар. Биһиги Урал массыынабыт Дагестан өрөспүүбүлүкэтин Хасавюрт куоратыгар айанныахтаах этэ. Георгий Леонидович 3-с взводу эрдэттэн уларытарга быһаарынна. Онон биһиги 4-с взвод Ноберт Григорьев хамандыырдаах, сарсыарда бэйэбит 77-с блок-поспутун солбуйа бардыбыт. Эбиэт диэки биир БТР, үс дуу, түөрт дуу Урал массыыналаах байыаннай колонна кэллэ. Аттыбытыгар ВВ срочниктара землянкаҕа олороллор. Кинилэргэ ас-үөл, оттук мас, ол-бу наадаларын аҕалбыттар. Массыыналарыгар олорон аһыыллар, кэпсэтэллэр, күлсэллэр, биһигини “якудзалар” дииллэр. Өр буолбатылар, айаннаатылар. Уонча мүнүүтэнэн куукунаҕа арыы ыла киирдим, бу кэмҥэ олус улахан дэлби тэбии буолла. Аптамааппытын ыллыбыт, бронежилеттарбытын, каскаларбытын кэттибит, хахха сиргэ састыбыт уонна хамаанда кэтэһэн сыттыбыт. Ытыалаһыы, буруо-тараа бөҕөтө буолла. БТР-нан кэлэн барбыт саллааттар бары өлбүттэр, миинэҕэ түбэспиттэр.

Дэлби тэбии кэннэ боевиктар араадьыйабытыгар тахсан бу эһиги бүтэһик сырыыгыт диэбиттэрэ. Сотору соҕус буолан баран хамандыырдарбыт кэллилэр, олор быыстарыгар Георгий Леонидович КОМИ этэрээтин кытта. Кэнники быһыыны-майгыны үөрэтэн баран эппиттэринэн ити дэлби тэбии биһиэхэ, сахалар этэрээттэригэр, анаммыт эбит этэ. Онно өйдөөбүтүм, биһиги хамандыырбыт өлүүнү албыннаан, сөптөөх быһаарыныы ылан барыбытын быыһаабытын. Ол курдук 2002 сыл алтынньы 18 күнүгэр бука бары толору састааптаах тапталлаах ийэ буорбутугар тыыннаах эргиллибиппит, маныаха хамандыырбытыгар сиртэн халлааҥҥа диэри сүгүрүйэбит.

Мин махтаныам этэ Георгий Леонидович тапталлаах төрөппүттэригэр, чугас дьонугар. Биһиги бары киэн туттабыт, Ийэ дойдубутун кинини кытта көмүскээбиппитинэн, ытык иэспитин чиэстээхтик толорбуппутунан. Командировка кэмигэр ис дьыала Министиэристибэтиттэн, олохтоох дьонтон биир да сэмэни ылбатахпыт, хом тылы истибэтэхпит, бу барыта биһиги хамандыырбыт Георгий Леонидович Кычкин быһаарыылары, хамаанданы сөпкө ылынан, туруоран, барытын тута анаалыстаан салайыытынан. Биһиги маннык хамандыырдаахпытынан киэн туттабыт, кини сырдык мөссүөнэ биһиги сүрэхпитигэр куруук тыыннаах сылдьыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....