05.05.2023 | 14:00

Ким үөрэххэ баҕалаах — ол ситиһиилээх!

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр ХИФУ бастыҥ устудьуоннара М.К. Аммосов аатынан истипиэндьийэни туттулар. “Тэтим” бүгүҥҥү ыалдьыта – кинилэртэн биирдэстэрэ.
Ким үөрэххэ баҕалаах — ол ситиһиилээх!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Санаайа Охлопкова – М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Математикаҕа уонна информатикаҕа институтун 4-с кууруһун туйгун устудьуона. “Фундаментальнай информатика уонна информационнай технологиялар” хайысхаҕа үөрэнэр, программист буолар баҕа санаалаах.

Өрүү туйгун

Санаайа академик В.П. Ларионов аатынан Физико-тэхиньиичэскэй лицейи кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Оскуолаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр математика учуутала Любовь Ивановна Ефремоваҕа уһуйуллубута. Кыра сааһыттан ахсаан-суот эйгэтин ис сүрэҕиттэн сөбүлээбит кыыс олимпиадаларга өрүү бириистээх миэстэлэри ылара. Ол курдук Санаайа ханнык үөрэххэ туттарсарын уһуннук толкуйдуу барбатаҕа, инники олоҕун программированиены кытта ситимнииргэ быһаарыммыта.

Дьиҥэр, оскуолаҕа эргиччи туйгуннук үөрэммит кыыс талбыт үөрэҕэр киирэр кыахтааҕа. Ол эрээри дьонуттан ыраатыан баҕарбатаҕа, кылааһын оҕолоро киин куораттарга барбыттарын сайыспатаҕа.  Дьокуускайга хаалбытын билигин да кэмсиммэт.

Туйгун үөрэхтээх буолан, ыйдааҕы истипиэндьийэтэ үрдүк – 25 тыһ. солк.  Санаайа ситиһиитин кистэлэҥнэрин арыйда:

– Биһиги үөрэхпитигэр куонкурус мэлдьи үрдүк. Бастаан киирэрбит саҕана бөлөхпүтүгэр 30 этибит, билигин 14 буолан хааллыбыт. Туйгун үөрэхтээхтэр бэһиэбит.  

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара рейтиннээх систиэмэнэн үөрэнэбит. Пааралары көтүтүө суохтааххын, лабораторнай үлэлэргин кэмигэр туттаран иһиэхтээххин. Үөрэххэ баҕалаах уонна дьулуурдаах эрэ буоллаххына элбэҕи ситиһэҕин.

Колледжка үөрэх кэмигэр. Грин-Бей куорат, АХШ, 2021 с.

М.К. Аммосов аатынан истипиэндьийэ – бастыҥ сыанабыл

“Устудьуоннар ситиһиилэригэр улахан болҕомто ууруллар буолбута олус үчүгэй”, – диэн санаалаах сэһэргэһээччим. М.К. Аммосов аатынан истипиэндьийэни ыларга элбэх устудьуон сайаапкатын биэрбит, онтон түөрт бастыҥ талыллыбыт.

– Бастакы куурустан саҕалаан туох баар ситиһиилэрбитин көрбүттэрэ. Мин олимпиадаларга кыайыыларбын, үөрэх бырагыраамаларыгар, уопсастыбаннай үлэҕэ кыттыыбын сыаналаабыттара буолуо дии саныыбын. Манна даҕатан эттэххэ, Үөрэнээччилэр хотугулуу-илиҥҥи олимпиадаларыгар (СВОШ), өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияҕа волонтерунан үлэлээбитим.  

Науканан дьарыктамматаҕым. Ол эрээри дипломнай үлэбитин көмүскүүрбүтүгэр НПК-ҕа кыттыыбыт хайаан да ирдэнэр диэн, быйыл саас икки конференцияҕа ситиһиилээхтик кытынным.

Биир кэмнээх истипиэндьийэм кээмэйэ 50 тыһыынча солкуобай. Тугу ыларбын быһаарына иликпин, – диэн кэпсээтэ.

Устудьуон түөрт сыллаах сыралаах үлэтэ сыаналаммыта саҥа кыайыыларга кынаттыыр. Салгыы магистратураҕа үөрэнэр былааннаах, ханна киирэрин быһаарына илик.

Бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта, 2023 с.

Тас дойдуга үөрэх – үчүгэй уопут

Санаайа үһүс кууруска атастаһыынан Америкаҕа баран кэлбит. Ол курдук ХИФУ биир бастыҥ устудьуона Висконсин штатыгар Грин-Бей куоракка Хотугулуу-Арҕааҥҥы тэхиньиичэскэй колледжка биир үөрэх дьылыгар дьарыктанар дьолго тиксибит. АХШ посольствота үбүлээбит.

– Грин-Бей – дьоҕус куорат, нэһилиэнньэтин ахсаана 100-тэн тахса тыһыынча киһи.  Биһиги үөрэммит колледжпытыгар үксүн чугастааҕы штаттартан кэлэллэр эбит. Арассыыйаттан 100 кэриҥэ оҕо барбыта, ХИФУ-тан мин соҕотох этим.

Күн аайы кэриэтэ устудьуоннарга аналлаах сонун тэрээһиннэр, оонньуулар ыытыллалларын сэргээбитим. Холобур, онно кыттан босхо эбиэти сүүйүөххүн сөп. Атын дойдулартан үөрэнэ кэлбит устудьуоннарга араас айаннар, экскурсиялар тэриллэллэрэ. Баскетбол күрэхтэһиитигэр бара сылдьыбыппытын, ватрушканан хатааһылаабыппытын өйдөөн хаалбыппын.

Америкаҕа эмиэ рейтиннээх систиэмэнэн үөрэнэллэр этэ. Лекция барыта онлайн платформаҕа угуллара үчүгэй. Холобур, көтүттэххинэ, онно киирэн көрөр, матырыйаалы билсэр кыахтааххын. Сорудаҕы кэмигэр туттарыы кытаанахтык ирдэнэр. Хойутаан ыыттаххына, хас эрэ баалыҥ сотуллар, оннооҕор аҥаарын сүтэриэххин сөп.

Үөрэнэр тэрилгэ, тээбириҥҥэ харчыларын харыстаабаттарын бэлиэтии көрбүтүм, барыта аныгылыы, тупсаҕай.

Бастаан барыта сонун курдук этэ. Онтон чугас дьоммун, доҕотторбун ахтан барбытым. Кыһыннара сылаас, хаар ый эрэ курдук сытар, онтон ууллар. Уопсайдара кыбартыыра тииптээх. Блокка түөртүү буолан олороҕун.

Америкаҕа уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта мөлтөх, туох барыта ыраах-ыраах, арҕам-тарҕам турар, ол иһин кыһалҕаттан устудьуоннар кытта тимир көлөлөнө сатыыллар эбит. Аны туран, үөрэхтэрэ төлөбүрдээх, истипиэндьийэ көрүллүбэт буолан, бары үлэлииллэр. Ол иһин кинилэргэ табыгастаах усулуобуйа тэриллибит.

Мин истипиэндьийэм ыйга 425 дуоллар этэ. Харчыбын кэмчилээн туттарым, айаҥҥа диэн уурунан иһэрим. Ыйга аска-үөлгэ 300 дуоллары барыырым. Төрөппүттэрим эбии харчы ыыталлара, онтон кэлин санкция биллэриллиэҕиттэн уустук буолбута.

Лос-Анджелеска, Бостоҥҥа, Нью-Йорка, Майамига сылдьыбытым. Саас Вашингтоҥҥа уонна Нью-Йорка баран кэлбитим. Вашингтон  – олус улахан, кыраһыабай, баай историялаах куорат. Нью-Йорк куоракка олох күөстүү оргуйар, киһи барыта ыксыы сылдьар курдук дии санаабытым. 

Америкаҕа уопсай олоҕун билбитим, кимтэн да тутулуга суох бэйэбин көрүнэргэ, дьаһанарга үөрэммитим. Элбэҕи билэн-көрөн кэлбитим.

IT кэрэхсэбиллээх эйгэтэ

Санаайа билигин аан дойдуга киэҥник биллэр урбаанньыт Арсен Томскай төрүттээбит Sinet Spark Lab устудьуоннар лабораторияларыгар стажировкалана сылдьар. Суолга оллур-боллур сирдэри быһаарар мобильнай сыһыарыыны оҥорор бырайыакка үлэлэһэр, дипломнай үлэтэ эмиэ ону кытта ситимнээх.

– IT эйгэҕэ хамаанданан үлэ суолтатын өйдөөтүм, Scrum методология хайдаҕын-тугун биллим. Хас биирдии бырайыак бэрт кыраттан саҕаланар уонна быыкаа хаамыынан иннин диэки баран иһэр эбит. Үлэҥ түмүгэ көстөр, ол иһин бу эйгэ ордук кэрэхсэбиллээх.

 

Дьиэ кэргэн, иллэҥ кэм

Санаайа – ыал улахан оҕото. Балта Айыллаана 12-лээх, кыра бырааттара Арчын сэттэлээх. Ийэлэрэ – финансист, аҕалара –урбаанньыт.

– Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр спортивнай-бальнай үҥкүүнэн үлүһүйбүтүм. Билигин да иллэҥ кэммэр үҥкүүлүүбүн. 12 сааспыттан тимир манньыаттары мунньабын. 10-нуу уонна 5-тии солкуобайдаах харчыны. Син балачча буолла, – диэн сэһэргээтэ.

 

Санаайа Охлопкова устудьуоннары: “Кыаххыт тиийэринэн туохха барытыгар кыттан иһиҥ, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх буолуҥ!” – диэн ыҥырда. Бу судургу, ол эрээри олус туһалаах сүбэ ситиһиигэ сирдиирин, кыайыыга кынаттыырын кини үтүө холобуругар көрүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...