Киин куораппыт бүгүҥҥүтэ
Норуотунан талыллыбыт куорат баһылыга Сардаана Авксентьева ыытар үлэтин-хамнаһын туһунан куорат олохтоохторо туох санаалаахтарын истиэҕиҥ.
Киин куораппытыгар кэлиҥҥи уон сылга харах халтарыйар сиэдэрэй тутуулара тэллэй курдук үүнэн таҕыстылар. Норуот күүһүнэн сонун бырайыактар олоххо киирдилэр. Суол оҥоһуута, бөҕү бэрээдэктиир үлэ тиһигин быспакка ыытыллара – бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлии олорор куорат дьаһалтатын уонна нэһилиэнньэ ситиһиитэ.
Тылтан – дьыалаҕа
Василий Васильевич Илларионов – филологическай наука доктора, профессор:
- Куорат баһылыга Сардаана Владимировна Авксентьева Юрий Заболев баһылыктыырын саҕана солбуйааччынан үлэлээбитэ. Оччолортон кытаанах, ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан биллибитэ. Кэллиэгэлэрэ “кытаанах леди» диэн ааттыылларын, үлэһиттэрэ бары киниттэн толлор сурахтарын истэрим. Аны баһылык быыбарыгар турарыгар бырагыраамата чопчу сыаллаах-соруктаах, боростуой дьон санаатын иһинэн этэ. Куорат кыһалҕатын, тугунан тыынарын ымпыгын-чымпыгын бэркэ билэрэ миигин сөхтөрбүтэ. «Якутск вечерний» хаһыат таһаарар колонкаларыгар куорат дьонун олоҕо тупсарын туһугар олохтоох тыллаах-өстөөх буолар. Оптуобуска төлөбүрү чэпчэтии эмиэ дьон туһугар кыһаллыыттан тахсар дии саныыбын. «Триумфка» тиийэн дьоҥҥо-сэргэҕэ Ил Дарханныын уу сахалыы тылынан өрө күүрбүт дьону уоскутан эппиттэрэ, мин саныахпар, сөптөөх. Ол кэнниттэн тута миграннарга сыһыаннаах дьаһаллары ылбыта Сардаана Владимировна тылтан дьыалаҕа сатабыллаахтык тиийэрин кэрэһилиир.
Баһылык С.В. Авксентьева ыам ыйыгар Ньургуһун күнүгэр пааркаҕа тиийэн оһуокайдьыттары кытта көрсүһүү оҥорбутун биһирии санаабытым. Оһуокайдыыр түһүлгэни санаа хоту тупсарарыгар санаабын эппитим, ону толоруо диэн эрэнэбин. Туймаада маҥнайгы ыһыахтарын тэрийсэн ыытыыга кыттыбыт киһи сиэринэн сыаналаатахпына, Сардаана Владимировна хара маҥнайгыттан дьоһуннаахтык тэрийэн ыытта. Аттар парадтарыгар сахалыы таҥнан баран дьоһуннаахтык хаамтаран иһэрин көрөн, чахчы астына санаабытым. Аны ыһыах иннигэр дьонун-сэргэтин ыҥыран, эмиэ киһи санаатын иһинэн тыл эппитэ. Ыһыах кэнниттэн тэрийээччи быһыытынан норуотун иннигэр туох кыаллыбатаҕын аһаҕастык эппитэ миигин үөрдүбүтэ. Кэлэр сыллааҕы ыһыах туһунан билиҥҥиттэн толкуйдана сылдьара миигин улаханнык сөхтөрдө. Баһылыкпыт Сардаана Владимировна санаатын уурдаҕына, транспорт боппуруоһун эһиил быһаарарыгар бүк эрэнэбин. Ол быһаарылыннаҕына, өссө элбэх киһи ыһыахха кыттыыны ылыаҕа. Биир баҕа санаам – ыһыах барыта сахалыы тыыннанан ыытыллара. Сахалыы ырыа-тойук, таҥас-сап, сэһэн-сэппэн, сиэр-туом буолуохтаах. Аҕыйах ыалдьыттарга кылгастык арыаллааччылар тылбаастаатыннар ээ. Дьэ оччоҕо чахчы айыылардыын аргыстаһан, иэйэхситтэрдиин эҥэрдэһэн, тахсар күммүтүн көрсөн, кырылыы кыынньыбыт кымыһы иһэн, үтэһэлээх этинэн үтэлэнэн, тэптэрии саламаатынан сүрэхпитин сылаанньытан, ыһыахтаабыт курдук сананыа этибит. Ыһыах, оһуокай, олоҥхо тустарынан санаа, толкуй элбэх. Итиниэхэ аналлаах мин «Ыһыах-оһуокай-олоҥхо», «Олоҥхо ыһыахтара», «Олоҥхо аптаах эйгэтэ» диэн кинигэлэрбин булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Оччоҕо эһиил тэрийэр ыһыахпыт өссө тэрээһиннээхтик барыаҕа.
Норуоту кытта биир ситимҥэ
Лариса Аввакумова, суруналыыс:
-Дьокуускай куорат олохтооҕо буоларым быһыытынан, олорор куоратым туһунан санаабын этиэхтээхпин дии саныыбын. Ханнык баҕарар дьиэ, тэрилтэ салайааччылааҕын, хаһаайыннааҕын курдук, тапталлаах куораппыт баһылыга Сардаана Авксентьева быыбарданан олоруоҕуттан куораппытыгар сүрдээх элбэх уларыйыы киирдэ. Дьахтар киһиэхэ куораты салайыы ыарахаттардааҕа биллэр эрээри, Сардаана Владимировна салайар уопуттааҕынан, эппит тылыгар турарынан, эр киһилии туруору майгылааҕынан уратылаах буолла. Саамай киһи сөҕөрө диэн, үтүмэн үп туора-маары баран, туһата суох ороскуоттанарын туһалаахха сүрүннээбитэ. Баһылыкпыт болҕомтотун үөрэҕириигэ, эмкэ, спортка, сиэргэ-туомна уурарын хайҕыахха эрэ сөп. Быйылгы куорат ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын бэлиэтиэххэ сөп. Аммаҕа ыытыллыбыт 7-с Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар куорат хамаандатын кытта бэйэтэ барсыбыта да элбэҕи этэр. Билигин куорат дьаһалтатын иннигэр улахан боппуруос – бөх хомуллуутун кыһалҕата. Бу боппуруоһу баһылыкпыт кыайа тутуо диэн бигэ эрэллээхпин. Киһи хайгыыра диэн, социальнай ситимҥэ (инстаграм) баһылыкпыт тугу үлэлээбитин, кимниин тугу быһаарсыбытын суруйара буолар. Бу буолар салайар уорган норуоту кытта биир ситимнээҕин үтүө холобура. Оччотугар төрөөбүт дойдута сайдыан баҕарар киһи оруннаах этиитин, төһө кэскиллээҕиттэн көрөн олоххо киллэриэн сөбө тахсан кэлэр. Норуотун убаастыыр, норуот санаатын истэр киһи кэскиллээхтик толкуйдуур, ырааҕы анаара көрөр кыахтанар. Мин биир бэйэм кини ыытар үлэтин суруйарын астына ааҕабын. Ханнык да баһылык норуоту кытта итинник аһаҕас кэпсэтиигэ тахсыбат этэ. Куорат иһинээҕи суолу урукку салайааччылар улаханнык болҕомтоҕо ылбатахтара. Ол да иһин Сардаана Владимировна хаачыстыбалаах суолу оҥорорго туруммутун норуот сөбүлээтэ. Хас ардах, хаар аайы халтархай буолан, суолтан төһөлөөх киһи эчэйбитэ буолуой? Онон сыл аайы оҥоһуллар, өрөмүөннэнэр суол хаачыстыбалаах матырыйаалынан атыннык оҥоһуллара – билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолла дии саныыбын. Маннык санааларбын этэн туран, Сардаана Владимировнаҕа кэскиллээх үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын.
Киин куораппыт сэргэхсийэр
Михаил Сидоров, худуоһунньук:
- Киин куораппыт саҥа салайааччытынан Сардаана Владимировна Авксентьева талыллыаҕыттан, Дьокуускайбыт тас көстүүтэ лаппа тубуста. Урукку өттүгэр бу хайысха кыаттарбат кыһалҕа буолан, олохтоохтор айманыыллара оруннааҕа дьиҥ чахчы этэ. Сардаана Владимировна кыһамньытынан, суолта уурбутун түмүгэр бөҕү, уулуссалары хомуйуу лаппа тупсуохтааҕын, ити «Экосети» диэн региональнай оператор эбээһинэһин толорбото атахтаата. Бэйэбит тэрилтэлэрбит сарсыарда олох эрдэттэн уулуссалары, дьиэлэр тастарын хомуйа сылдьар буолааччылар. Эбиитин бөх хомуллар дьааһыктарын элбэтэннэр, дьон сырыылаах сирдэригэр туруорбуттара уулуссаны киртитиини аччатта. Мөкү көстүү туоратылынна. Бу барыта куораппыт салайааччытын ситиһиитэ. Куорат суола алдьаныылаах буоллаҕына, төһө кыалларынан тута туоратыллар. Үп кэмчититтэн ити хайысхаҕа билигин даҕаны кыһалҕа баар эрээри, биһиги, куорат олохтоохторо, айаммыт суола тупсарыгар бигэ эрэллээхпит. Куораппыт баһылыгар сыралаах үлэтигэр ситиһиини баҕарыаҕыҥ.
Арассыыйа таһымыгар тахсыбыт баһылыкпытынан киэн туттабыт
Элеонора Семеновна Анисимова, Учууталлар учууталлара, Үөрэҕирии Бочуоттаах бэтэрээнэ:
-Дьокуускай куораппыт баһылыга Сардаана Авксентьева чахчы киһи астына көрөр Далбар Хотуна. Сүрдээх дьыалабыай хаачыстыбалааҕын, ылынар быһаарыылара чахчы дьоҥҥо чугастарын сүрүннээн бэлиэтиэм этэ. Үлэтигэр ирдэбиллээх, барытын бэйэтэ көрө-истэ сылдьар. Дьон кыһалҕатыгар чугас. Киниэхэ кыһалҕалаах киһи көрсүһүүгэ киирэр уонна наадалаах боппуруоһугар сөптөөх, толкуйдаах хоруйу ылар. Бэл, ханнык баҕарар үлэҕэ, субуотунньукка бэйэтинэн кыттыыны ылара норуокка чугаһын көрдөрөр дии саныыбын. Ол иһин куораппыт тупсар, сайдар.
Биһиги, боростуой дьон, кини ыытар үлэтиттэн сүрдээҕин астынабыт. Ылан көрүөҕүҥ быйылгы ыһыаҕы. Киһи эрэ дуоһуйар. Бу норуоттан тахсыбыт салайааччыбыт, акка олорон тахсыбытын көрөн чахчы киэн тутуннубут. Саха Далбар Хотуна аты миинэн иһэрэ... Дьиҥнээх быһаарыылары ылара Үс Хатыҥҥа дьону таһар оптуобустарын бырайыаһын чэпчэтиитэ да көрдөрөр. Баҕар сорохтор кыраны да арбаан диэххит. Туох барыта кыраттан саҕаланар ээ.
Сардана Владимировнаҕа эппиэттээх үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын! Инникини киэҥник толкуйдуур салайааччы ыытар үлэтэ үтүө түмүккэ тиийэрин саарбахтаабаппыт. Кини ыытар үлэтин түмүгэ Арассыыйа таһымыгар таҕыста диэн киэн тутта этэбин.