07.09.2023 | 10:00

Киин куоракка плов бэстибээлэ ыытылынна

Куорат күнүн көрсө, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар «Норуоттар доҕордоһуулара» диэн аан бастакы плов бэстибээлэ ыытылынна. Тэрийээччи – Олохтоох дьаһалта.
Киин куоракка плов бэстибээлэ ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сонун тэрээһиҥҥэ барыта 8 хамаанда кытынна, ол иһигэр «КИД» ХЭТ – «Чолбон» остолобуой, «Эркээни» ХЭТ, «SportБАZA» спортивнай кулууп, «Узбектар национальнай култуурунай кииннэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ, ИП Мамуров Х.А., ИП Шамшиев И.С. «Плов киинэ», ИП Мирмахмудов М.М., ИП Петрова Л.Н. бааллар.

Олохтоох дьаһалта Предпринимательствоҕа, потребительскэй ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар департаменыгар бэлиэтээбиттэринэн, бэстибээлгэ дьиэ кэргэттэр, уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлтэлэрэ, урбаанньыттар уонна национальнай диаспоралар ыҥырыллыбыттар.

Кыттааччылар дьон-сэргэ дьүүлүгэр плов араас көрүҥүн оҥорон таһаардылар, кулинарнай кистэлэҥнэрин үллэһиннилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ «Сибирь» бааһынай хаһаайыстыбатын (Мархатааҕы сибиинньэ комплекса) шеф-повара Александр Пантюхов, «Тыгын Дархан» ресторан шеф-повара Константин Матаннанов уонна Олохтоох дьаһалта предпринимательствоҕа салаатын начаалынньыга Гаврил Харлампьев үлэлээтилэр.

Күрэх түмүгэ маннык буолла:

1 миэстэ – ИП Шамшиев И.С. «Плов киинэ»;

2 миэстэ – ИП Мирмахмудов М.М;

3 миэстэ – «SportБАZA» спортивнай кулууп.

Кыайыылаахтар Олохтоох дьаһалта аатыттан харчынан бириэмийэлэри, итиэннэ Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын сертификаттарын туттулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...