15.03.2022 | 18:00

Киин куоракка 31-с кыбаартал маастар-былаана оҥоһулунна

Киин куоракка 31-с кыбаартал маастар-былаана оҥоһулунна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы  Кирилл Бычков ыыппыт мунньаҕар 31-с кыбаартал маастар-былаанын оҥоһуута, ону тэҥэ Дьокуускай куоракка территориялар кэлим сайдыыларын быһаарыы боппуруостара көрүлүннүлэр.  Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бастакы вице-премьер маастар-былааннары уонна «суол каарталарын» бэлэмнээһиҥҥэ этиллибит болдьохтору тутуһарга ыҥырда.  
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствота 31-с кыбаартал (Бестужев-Марлинскай – Кальвица – Богдан Чижик уулуссаларын оройуона) маастар-былаанын бырайыагын оҥордо. Сотору кэминэн бырайыак өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын иһинэн үлэлиир архитектура уонна куораты тутуу Управлениетыгар кыбаартал кэлим сайдыытын быһаарыытын ылынарга киллэриллиэхтээх. 
Кыбаартал территориятын иэнэ – 4,84 га, куораты тутууга анаммыт кээмэйэ – 73,63 тыһыынча кв. м., онтон олорорго анаммыт иэнэ 58,9 тыһыынча кв. м. тэҥнэһэр. Манна даҕатан эттэххэ, 2076,1 кв. м. иэннээх элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн көһөрүү былааннанар.  Итинтэн 776,10 кв. м. иэннээх түөрт дьиэтэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибит. 
Олохтоох дьаһалта территорияларга төһө хаарбах туруктаах дьиэ баарын анаалыстаата, түмүккэ 28 кыбаартал чуолкайданна. Билиҥҥи кэмҥэ маастар-былаан бигэргэтилиннэҕинэ бастакы уочаратынан кэлим сайдыытын быһаарар курдук барыллаан 9 территория үөрэтилиннэ. 
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ киин куоратын маастар-былаана 2022 сыл от ыйын иккис аҥарыгар бэлэм буолуоҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ ахсаанын чуолкайдааһын, сир учаастактарын инвентаризациялааһын ыытыллар. 
Территориялары кэлим сайыннарыы олорор дьиэлэргэ эрэ сыһыаннаах буолбатах, социальнай эбийиэктэр тутууларын, офиснай баайы-дуолу, промышленнай кластердары эмиэ таарыйар. Бырайыактары олоххо киллэрии олорор дьиэ тутуутун кэҥэтэргэ, өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна оройуоннарыгар бары өттүнэн табыгастаах эйгэни оҥорорго төһүү күүһүнэн буолуоҕа. 
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Судаарыстыбаннай мунньахха Илдьитигэр олорор дьиэ тутуутун, территориялары кэлим сайыннарар бырайыактары олоххо киллэриини тэтимирдэр уонна тутуу индустриятын сайыннарар ирдэнэрин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...