Киһини сылыктыыр билгэ
Көстөр дьүһүнүнэн:
٠Кырдьыбат, өр үйэлээх киһи бэлиэтэ: хаана сиинэ үчүгэй араҕас, чэпчэки, куҥа-таһа үчүгэй.
٠Түүлээх киһи, уһун астаах дьахтар дьоллоох буолаллар.
٠Кыыс, дьахтар кэтэҕин ньирэй аһа хойуу буоллаҕына – үгүс оҕолоох буолар.
٠Дьахтар баттаҕа эмискэ уһуура – эрдэ өлөрүгэр.
٠Киһи кэтэҕин сиигэ улахан кэдэгэр буоллаҕына – өйдөөх, оттон кэтэҕэ чокоойу курдук буоллаҕына, кэтэҕин олоруута куһаҕан, өйө суох баҕайы буолсу дииллэр.
٠Сүүһэ намыһах, баһа үөһэ үмүрүйэн, баттаҕа өрө үүнэр киһи акаары буолар.
٠Тэрбэгэр хаастаах, үрдүк сүүстээх, үөрүнньэҥ хааннаах киһи – үтүө майгылаах.
٠Убаҕас хаастаах киһи дьоло суох буолар.
٠Кулгааҕын үөһээ төбөтө олус үөһээ киһи мөлтөх буолар.
٠Ап-араҕаһынан арылыччы көрбүт олохтоох харахтаах, лоп курдук тыллаах-өстөөх киһи – үчүгэй киһи бэлиэтэ.
٠Киһи хараҕын иччитэ кырата – уһун үйэлэниигэ.
٠Акаары киһи бэлиэтэ – хараҕа иччитэ суох.
٠Хараҕа албын – уоруйах буолар.
٠Кубархай хоҥоруулаах киһи кылгас үйэлээх буолар.
٠Бөҕө тиистээх киһи уһун үйэлээх буолар.
٠ Бөҕө киһи моонньо сэтэлээх, суон, илиитэ кырыылаах.
٠Кэтит түөстээх, дараҕар сарыннаах, кырыылаах харылаах киһи – күүстээх, бөҕө буолар.
٠Саар тэгил уҥуохтаах сылбырҕа киһи – хапсаҕай, атаҕынан кытыгырас буолар.
٠Үлэһит киһи ытыһа кэтит, халыҥ, тарбаҕа кылгас.
٠Киһи ытыһа чараас буоллаҕына, дьоло суох, кылгас үйэлээх аатырар.
٠Ытыһа бүтэй дьахтар – дьоллоох, ытыһа тэһэҕэс – дьоло суох.
٠Киһи тарбахтарын сүрэхтэрэ аһаҕас саастаах буолаллара – киһи дьоло суох буоларыгар.
٠Уус киһи тарбаҕа кэдэгэр уһуктаах буолар.
٠Илиитэ олус уһун киһи – ылыгас (уоруйах) буолар.
٠Киһи харытын бобо тутан баран ньиккэрийдэххэ, тымыра аһаҕас буоллаҕына – ол киһи оҕоҕо-сүөһүгэ дьоло суох; хаҥас илии – оҕо дьоло, уҥа илии – сүөһү дьоло.
٠Маадьаҕар атахтаах киһи тирэхтээх, күүстээх, кытыгырас буолар.
٠Тобуга кыпчыгыр киһи – мөлтөх, сүһүөҕэ суох.
٠Мэҥ – Айыыһыт уурбут бэлиэтэ, онон мэҥнээх киһи дьоллоох.
Р.И. Бравина "Киһи уонна дьылҕа". Бичик - 2002