13.02.2022 | 18:00

Киһи үйэтэ уһуурун ситиһиэххэ сөп

Киһи үйэтэ уһуурун ситиһиэххэ сөп
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Ивановна Николаева быһа эфиргэ нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата. Аан дойдуга Искэннээх ыарыыны утары охсуһуу күнүгэр анаммыт кэпсэтиигэ дьон-сэргэ көхтөөхтүк кытынна.

“Бастатан туран, кэнники сылларга аныгы медицина олус киэҥ хардыылары оҥордо диэн этиэхпин баҕарабын. Онкологическай ыарыылар – бүтүн аан дойдуга сытыытык турар кыһалҕа, ол курдук нэһилиэнньэ өлүүтүгэр искэн инники күөҥҥэ турар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр – хаан эргиирин систиэмэтин ыарыыларын кэнниттэн иккис миэстэ.

Билигин аан дойду онкологтара ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ сүрүн болҕомтолорун уураллар. Кутталлаах искэн тарҕаныытын эрдэ быһаарыахха, киһи олоҕо уһуурун, бэл диэтэр, толору үтүөрэрин ситиһиэххэ сөп”, – диэн санаатын үллэһиннэ. 

Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер  – онкологическай ыарыһахтарга көмө оҥорорго анаммыт соҕотох тэрилтэ. Татьяна Ивановна этэринэн, судаарыстыба өйөбүлүнэн уонна национальнай бырайыактар көмөлөрүнэн диагностическай уонна эмтиир бааза толору хааччыллыбыт. Ол курдук, аныгы компьютернай томографтар, МРТ-аппарааттар бааллар, балыыһаҕа табыгастаах усулуобуйа тэриллэр диэтэ. Эпэрээссийэлиир блок электрохирургическай, эндовидеоскопическай тэриллэринэн хааччыллыбыт. Онон кэнники сылларга онкологическай ыарыылары эмтииргэ хамсааһын баар буолла диэн бэлиэтээтэ.

Эфиргэ кыттыспыт дьон приемҥа хайдах суруйтарары, улуус олохтоохторо куоракка хайдах көрдөрүнэ кэлэри, ыарыы биричиинэлэрин, удьуордааһын туһунан ыйыталастылар.

Татьяна Ивановна искэн үөскүүр төрүөтэ араас буолуон сөп, утумунан эмиэ бэриллиэн сөп диэн бэлиэтээтэ. “Холобур, табахтааһын – үгүс ыарыы төрдө”, – диэтэ кини. Оттон саахардара үрдүүр дьон учуокка тураллара, кэтэбилгэ сылдьаллара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Быраас солярий, күҥҥэ уһуннук сылдьыы сэрэхтээҕин кэпсээтэ. Элбэхтик хамсанар, доруобуйатын көрүнэр, чөл олохтоох киһиэхэ ыарыы ыалласпатын быһаарда.  

 “Онкологическай көмө үс таһымнаах систиэмэнэн оҥоһуллар. Бастакы сүһүөх – нэһилиэнньэлээх пууннарга, улуус киин балыыһаларыгар баар медицинскэй тэрилтэлэр. Ыарыһахтар үксүн олорор сирдэриттэн суруктаах кэлэллэр. Докумуоннарын эрдэттэн ыыттарабыт. Хас биирдии улууска куратор быраастаахпыт”, – диэтэ онкодиспансер салайааччыта.

Татьяна Ивановна бастакы сүһүөх онкокабинеттар, онкологическай көмөнү оҥорор амбулаторнай кииннэр үлэлииллэрин кэпсээтэ.

Быһа эфир кэмигэр “Коронавируһу утары быһыыны ылбытым, этэҥҥэ курдукпун. Кэлин охсуо дуо?” диэн ыйытыы киирдэ. Онуоха онколог быраастар тугу сүбэлииллэрин кэпсээтэ.

“Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ мэктиэлииринэн,  быһыы ылар кыахтаах учуокка турар ыарыһахтары “Спутник V” туруортаралларыгар ыҥырабыт. Маны таһынан эпэрээссийэ кэнниттэн анал терапиянан сылдьар ыарыһахтарга эмиэ көҥүллэнэр. Ол эрээри билигин эмтэнэ сылдьар дьон ылалларын-суоҕун онколог быраас быһаарар”, – диэн хоруйдаата.   

Хомойуох иһин, сорохтор (оннооҕор киин куорат олохтоохторо) ыалдьыбыттара ыраатан, хомнуо хойут буолан баран балыыһаҕа кэлэллэрэ кистэл буолбатах.

Диспансер кылаабынай бырааһа нэһилиэнньэ сыл аайы көрдөрүнэрэ, диспансеризацияны доруобай сылдьарга бастакы хардыы буолар диэн сүбэлээтэ. Тоҕо диэтэххэ ыарыы төһөнөн эрдэ булуллар да, оччонон эмкэ бэринэр. Кини этэринэн, тыҥалара фиброзтаах, обструктивнай бронхиттаах, күҥҥэ 1 хааттан элбэх табаҕы тардар дьон эмиэ кэтэбилгэ сылдьыахтаахтар. Оттон гастриттаах дьон икки сылга биирдэ ФГДС чинчийиитин ааһыахтаахтар.

“Дьахталлар 50 саастарыттан маммографияны ФЛГ курдук сыл аайы барыахтарын наада. Бу процедура эмиий искэнин эрдэтээҥҥи стадиятыгар быһаарар кыахтаах. Маммография 1 см диэри искэни быһаарар, ол – 100% эмтэнии”, – диэтэ Татьяна Ивановна. 

Онкодиспансер кылаабынай бырааһа: “Оннооҕор туоххут да ыалдьыбат буоллаҕына, доруобуйаҕыт туругун хайаан да көрдөрүнэ сылдьыҥ”, – диэн бар дьону ыҥырда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...