15.08.2021 | 11:54

"Киһи тыла – уот"

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

«Өрөспүүбүлүкэ  Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев  сүрдээх уустук кэмҥэ хорсуннук, сатабыллаахтык сахатын дьонун-сэргэтин туһугар, Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайдарын туһугар Арассыыйа салайар эргимтэтин кытта күүскэ, сэниэлээхтик, имигэстик үлэлэһэн, элбэх социальнай эбийиэктэр үлэҕэ киирбиттэрин, киирэ туралларын көрө-билэ, истэ олоробун. 

Айсен Сергеевич үлэлиир 3 сылын кэмигэр урукку өттүгэр хаһан да буолбатах аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит пандемия дьаҥа, айылҕа араас хамсааһыннара, ол иһигэр, баһаардар буолан дьон олоҕун уйгутун, үлэтин-хамнаһын аймаабыттара, атахтаабыттара баар суол. Бу билинҥи курдук уустук кэмнэргэ урукку Сэбиэскэй былаас атаҕар туруутун, Аҕа дойду сэриитин ыарахан сылларын аахсыбатахха, өрөспүүбүлүкэни салайбыт биир даҕаны салайааччы өрөспүүбүлүкэ  Ил Дархана Айсен Сергеевич курдук уустук кэмҥэ үлэлээбэтэҕэ.
Бары көрөн, билэн олорон Сэбиэскэй сойууһу, Сэбиэскэй Арассыыйаны ыстарбыппыт, ол кэмҥэ сокуоннарбыт, Ойуур кодекса уларыйан урукку курдук улуустар аайы «Лесавиалар» суох буолбуттара, ойуур баһаардара умайалларыгар улахан суолта биэрбэт буолбуттара, кыаллыбат диэн сабан кэбиһэллэрэ.
Биир кэмҥэ Арассыыйаҕа баһаардар тураннар,  элбэх дэриэбинэлэр уокка былдьаммыттарын сонуннарга истибиппит, билбиппит. Ол биһигиттэн ыраах буолан суолта биэрбэтэхпит чуолкай.

Айсен Сергеевич Арассыыйа Бэрэсэдьиэнэ  Владимир Путин  салайан ыыппыт мунньаҕар Ойуур  кодексатыгар  уларытыы киллэрэр, Дьокуускай куоракка баһаары утары охсуһар «Авиа» киини арыйар туһунан күүстээхтик туруорсан, тылын ылыннарбытын истибиппит.
Салгыы урукку курдук, улуустарга «Лесавиалар» баар буолуохтара диэн эрэбил үөскээтэ.
Биллэн турар,  баһаардар үксэ айылҕа уларыйыыларыттан, этиҥтэн, чаҕылҕантан, кураантан буолалларын үрдүнэн дьон дьалаҕай, сэрэҕэ суох сыһыаннарыттан эмиэ тахсар.
Онон саас, сайын бары уокка, айылҕаҕа сыһыанҥа сэрэхтээх буолуохпутун наада.

Сэрии кэмнэригэр Сэбиэскэй дьон ССРС салалтатыгар эрэнэр этэ, аччык сыллары тулуйан тыылга дьоннор бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээн бурдугу үүннэрэн, сүөһүнү, сылгыны көрөн, сэрии сэбин оҥорон тыылга кыайыыны уһаарбыттара, уоттаах сэрии толоонугар «За Родину!», «За Сталина!» диэн өстөөҕү утары хабыр хапсыһыыга киирэллэрэ.

Ол курдук,  дойду салалтатыгар Улуу Иосиф Виссарионович Сталинҥа, сэриини салайар хамандыырдарга эрэл, итэҕэл баар этэ. Үөһээ Бүлүү оруйуонун Балаҕаннааҕын хорсун уола Прокопий Софронов-Боороо  өстөөх хамандыырын ытан эрэрин көрөн, бэйэтин модун түөһүнэн хаххалаан, өлөртөн быыһаан Аҕа дойду сэриитин кэмигэр атын киминэн даҕаны хатыламматах хорсун быһыыны оҥорбута. Бу хорсун быһыы туһунан Сэбиэскэй сойуус телеграфнай агентствота биллэрбитэ, «Социалистическая правда» хаһыакка саха ньургунун хорсун быһыытын туһунан бүтүн сэбиэскэй норуот билбитэ, истибитэ.
2022 сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээри олоробут. 
Саха Автономиятын  туруулаһан тэрийсибит, улуу уолаттарбытын Исиидэр Бараахабы, Махсыым Аммосовы, Былатыан Ойуунускайы сахалар бэйэбит ордугурҕаһан, үҥсэн репрессиялатан турабыт, ону устуоруйа чахчылара кэлин өссө чопчулуохтара.

Хаарыан уолаттарбытын харыстаабакка, сахалар сайдыыбытын быспыппыт чуолкай. Сэрии буолан баран сүтүктээх, алдьархай барыта алдьатыылаах буолара, сүтүктээх дьон айманыылара өйдөнөр. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Сергеевич дьиэлэрэ уокка былдьаммыт дьоннорго өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар дьиэ тутан бириэхпит диэн эппитин итэҕэйэбит, эрэнэбит. 
Буола турар баһаардарга олохтоох нэһилиэнньэ кыанар өттө бары кыттыан наада.
Кэтээн-манаан олорбокко. аҥаардас улуус, нэһилиэк салалталарын, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын  баһаары утары охсуһуу үлэтин күүстээх хонтуруолга ылан, тус бэйэтэ тиийэн, билсэн салайа сылдьар өрөспүүбүлүкэбит салайааччытын буруйдуур тыллары этэр олох табыгаһа суоҕун үрдүнэн, сиэр-майгы үрдүнэн табыгаһа суох буолуо.

Аны төһө даҕаны кураанын иһин ынахпыт, сылгыбыт сыл кыстыыр отун буолуохпутун наада. 
От курааннаан үүммэтэҕэ ким да буруйа буолбатах, айылҕаны кытта ким даҕаны дуогабар түһэрсибэтэҕэ, ону тыа дьоно бары өйдүүллэр.
Оту оттуу сатыахтара, тиийбэтэҕинэ улуустар, өрөспүүбүлүкэ салалталара  көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэл санаалаахтар.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын быйылгы бары иэдээни, кураан сыл охсууларын этэнҥэ  сылгыбытын, ынахпытын көҕүрэппэккэ туораан өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич тула түмсэн, итэҕэйэн, эрэнэн, сомоҕолоһон Саха автономия ылбыт өрөгөйдөөх үбүлүөйүн үөрэ- көтө көрсүөҕүҥ!!!
Бары түмүстэхпитинэ, ханнык баҕар мэһэйдэри этэнҥэ туруохпут!!!»

***

Мин бу Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин муниципальнай тэриллиитин баһылыга, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Степан  Дмитриев социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт суругун тоҕо тутуннум?

Дьэ, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбигэр балаһыанньа уустугуран, дьон-сэргэ үтүө тылларын, баҕа санааларын сэргэ.  араас мөкү  (кырыыс да) тылы-өһү иһиттибит ини, истибэтибит ини. Хомойуох иһин,  куһаҕана баһыйар. Арай, бу Степан Иванович суруга санаабын арыый да көтөхтө, уоскутта.

Били,  үс атын-атын омугу хаайбыттарыгар сахалар бэйэ-бэйэлэрин төттөрү тарда туралларын туһунан үгэни дуу, уос номоҕун дуу санаан кэллим.

Аан дойдуга барытыгар ааҥнаабыт айылҕа  алдьархайын,  ама да Ил Дархан буоллар, хайаан биир охсуунан саба тутуой? Онтон да суох утуйар уутун умнан үлэлии сылдьар киһини сүгүн үлэлэппэккэ аҥаар кырыытыттан үөх да үөх, мөҕүтүн да мөҕүтүн. Дьэ, итини баҕас сатыыр аҕай эбиппит!

Оттон  кыахтаах буоллахтарына, тылланан тиийэн бэйэлэрин көмөлөрүн утары ууннуннар ээ. Тоҕо наар кыһыл тылларынан  кыыралларый? Маннык ыарахан кэмҥэ сомоҕолоһуох оннугар, наар куһаҕаны эрэ булан көрөбүт, ону  күүркэтэбит? Бу быһыыбытынан ыччаттарбытыгар,  атын  омуктарга туох үчүгэй холобурун көрдөрөбүт? Барыта риторическай ыйытыы. Оттон кыһыыта-абата бэрт ээ. Мин санаабар, бу барыта дьиҥнээхтии дьиэлэрин уокка былдьаппыт, кыһын хайдах кыстыыллара биллибэт, аана суох алдьархайга түбэспит  дьон саҥата-иҥэтэ буолбатах. Кинилэр дууһаларын  кыланыыта, сүрэхтэрин бааһа  билиҥҥитэ истэригэр сылдьаахтаатаҕа....

“Киһи тыла – уот” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саҕар да, өһөрөр да уот. Тыл хонноҕуна хонон барарын умнумуоҕуҥ, тумус туттар дьоммутун харыстыаҕыҥ.  Кэмигэр этиллибит үтүө тыл хайдахтаах да тыҥааһыны сымнатар, өһүлэр күүстээх, үөскээбит быһыыны-майгыны быһаарарга кыах биэрэр. Ол эбэтэр,  сүргэни көтөҕөрү эмиэ сатыаҕыҥ.  Өрөгөйдөөх да, кутурҕаннаах да күннэрбитигэр бэйэ-бэйэбитигэр суон дурда, халыҥ хахха буолуоҕуҥ. Кыахтаах омук буоларбытын умнумуоҕуҥ.

Ытык киһибит Нина Протопопова эппитинии: “Кыахтаах  омук оҕото буоларынан биһиги ыччаппыт киэн туттуохтаах. Киэн туттардаах киһи киртэн-хохтон, куһаҕан кэмэлдьиттэн дьалты хаамыахтаах, киэптээн буолбакка, киһилии. Кини урдус оҕото буолбатах, кини – төрүттээх-уустаах улахан омук оҕото”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...