27.04.2023 | 14:00

«Кэргэттэргитин өйөөҥ, өйдөөҥ...»

Саха быһаҕа аар-саарга аатырар, биһиги уран тарбахтаахтарбыт аан дойдуга талба талааннарынан биллэллэр. Өйдүүр-өйүүр кэргэннээх уус урбаанньыт буолуон сөп. Ол үтүө холобура – Байдам Уус кэргэнэ Татьяна Николаевна Васильева.
«Кэргэттэргитин өйөөҥ, өйдөөҥ...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Үс оҕолоох ыал ийэтэ, эргиччи айар эйгэлээх дьиэ кэргэн алгыстаах суола туохтан, хантан саҕаламмытын сэһэргээтэ, ситиһиигэ сүрүн кистэлэҥнэрин үллэһиннэ. 

– Олоҕум аргыһа Александр Владимирович Васильев-Байдам Уус Ньурба Маарыттан төрүттээх. Бастакы үөрэҕэ – “ювелир-монтировщик”. Онтон Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжыгар муосчут идэтигэр уһуйуллубута. Устудьуоннуу сылдьан “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй, эппиэтинэстээх, дьону түмэр уолу таба көрөн, Санкт-Петербургтааҕы технология уонна дизайн университетыгар “Художник декоративно-прикладного искусства” диэн алта сыллаах үөрэххэ ыыппыттара. Онно туохха барытыгар уһуйаллар – таҥастан, муодаттан саҕалаан, живописька, маска, тимиргэ тиийэ. Санкт-Петербург музейдарын кэрийэ сылдьан үөрэммиттэр, быыстапкаҕа турбатах, архыыпка сытар үлэлэри кытта көрдөрөллөр эбит. Биһиги ол кэмҥэ билсибиппит. Мин буҕаалтыр-экономист үөрэҕин бүтэрэн, манна үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үрдэтинэ сылдьар этим. 2005 сыллаахха дьоммутуттан үп-харчы көрдөөбөккө, бэйэбит харчы мунньунан уруу тэрийбиппит. Онтон кэргэммин батыһан, Санкт-Петербурга барсыбытым.

2007 сыллаахха Александр үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар төннүбүтэ, тута бөдөҥ тэрилтэлэргэ үлэҕэ ыҥырбыттара. Мин кэргэммэр: “Айар эйгэлээх киһи кимиэхэ эрэ үлэлээн элбэҕи ситиспэт, кимтэн да тутулуга суох сылдьарыҥ ордук, эйигин өйүөм”, – диэн сүбэлээбитим. Онон 2008 сыллаахха ИП тэриммиппит. Урбаан министиэристибэтигэр бизнес-былаан суруйан, Граҥҥа сайаапка биэрбиппит. Кыттааччы элбэх буолан, барыбытыгар 80-нуу тыһ.солк. туттарбыттара. Ол курдук араас сувениры оҥорон саҕалаабыппыт, ону сэргэ багет мастарыскыайын арыммыппыт. Ол саҕана Автовокзал иккис этээһигэр миэстэ куортамнаан, дьоҕус маҕаһыыннаммыппыт. Сакаас тохтоло суох киирэрэ. Онтон иккис оҕобун күүтэр кэммэр сылааргыыр, сылайар, ыарырҕатар буолбутум, онон маҕаһыыммытын сабарга күһэллибиппит. Сыах син биир наада диэн, аҕыйах бырыһыаннаах кирэдьиит ылан, анал оборудование атыыласпыппыт. Ол саҕана биир сыл иһигэр иэскин сабыахтааххын диэн усулуобуйа этэ. Кирэдьиит ылыы – хабала.  Ол эрээри оччоттон баччааҥҥа диэри туттар тэрили, тээбирини, матырыйаалы ыларга харчыны хаһан да харыһыйымаҥ диэн санаанан салайтарабыт. Ийэм Галина Павловна Егорова сыах туттарбытыгар диэн даачатын бэлэхтээбитэ. Онон уус кыһата, икки этээстээх гараас туттубуппут.

Саха быһаҕа – туспа бренд

Кэргэним сахалыы аатын өр толкуйдаабыппыт. Библиотекаҕа сылдьан кинигэлэри көрөн, көрдөөн, Байдам Уус диэн ааты ылыммыта.

Урбаанньыт, бренд оҥостуон баҕарар буоллаҕына, быыстапкаларга кыттыахтаах. 2021 сылга диэри куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаларга кыттан, бастакы, иккис миэстэлэри ыларбыт. Онтон кэргэним ыарытыйар буолбута, эттэтэн киирэн барбыта. Атын таһымҥа тахсыан наада диэн үөһэттэн сэрэтии курдук кэлбитэ. Инньэ гынан, 2021 сыллаахха эрдэттэн кэпсэтэн, Мандар Ууска тиийбиппит. Борис Федоровичтаахха үс хонон, сүбэ-ама, алгыс ылан кэлбиппит. Онон Мандар Уус аартыкпытын арыйбыта диэн куруук махтана саныыбыт.

Салгыы биллэр уус Сарыал Билюкин сүбэтинэн “Клинок” диэн Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ кыттар буолбуппут. Урбаанньыттары өйүүр пуонда өйөбүлүнэн Москваҕа бастакы улахан быыстапкабытыгар “Национальнай быһах” номинацияҕа бастыҥынан ааттаммыппыт. Уопсайынан, улахан быыстапкаларга саха быһаҕа барыларын баһыйар диэн туспа номинация толкуйдуур буолбуттар эбит. Манна Сарыал Билюкин аатын ааттыыр тоҕоостоох, кини итинник күрэхтэргэ тэҥнээҕин булбата, мэлдьи кыайара-хоторо, онон саха уустарыгар суол тэлбитэ диэхпин баҕарабын.  

Ньурба тимир уустарын кытта Санкт-Петербурга ыытыллыбыт “Клинок на Неве” быыстапкаҕа барар чиэскэ тиксибиппит. Түөрт диплому ылан, кыайыы көтөллөммүппүт. Ити курдук, “Клинок” быыстапкаҕа сыл аайы ситиһиилээхтик кыттабыт. Былырыын күһүн Москваҕа ыытыллыбыт күрэхтэн икки дипломнаах, быйыл сааскы быыстапкаттан алта дипломнаах кэлбиппит. Саҥа дьыл кэнниттэн Экспортнай киин көмөтүнэн “Мир охоты и рыбалки” быыстапкаҕа кытынныбыт. Онно 100 быһахтаах тиийэн баран, барытын батарбыппыт.

Саха быһаҕа аан дойдуга биллэр бренд буолла. Кырдьык, хас эмэ үйэни уҥуордаан кэлбит, элбэх тургутууну, бэрэбиэркэни ааспыт быһах быһыытынан сыаналанар. Саха – мындыр омук, сатаабата суох. Ол иһин да быһахпыт хас да көрүҥнээх. Биһиги Мандар Уус кинигэтин остуолбутугар ууруна сылдьан үлэлиибит, онно-манна тиийэрбитигэр хайаан да уктан барабыт. Охсуу үөстээх быһахпытын собо көрүҥнээх, батыйа курдук дииллэр. Аалыы үөстээх көнө моһуоннааҕы эмиэ оҥоробут. Биилээһин хас да ньымата баар. Онтон  үөһэ суох өттүттэн биилэнэр ньыманы талбыппыт. Ол иһин биһиги быһахпытын туохха барытыгар туттуохха сөп – тирии сүлэргэ, эти кырбыырга, балык кыһарга.

Кэргэним 2019 сылтан “Сделано в Якутии” ассоциация чилиэнэ. 2023 сыллаахха миигин Сэбиэккэ киллэрбиттэрэ. 2022 сылтан туох баар оҥоһуктарбытыгар, бородууксуйабытыгар “Сделано в Якутии” диэн бэлиэни туһанар быраабы ылбыппыт. Бу патент дойду үрдүнэн биир бастакынан баар буолбута, бэрэссэдээтэлбит Ольга Григорьева сүүрэн-көтөн ситиспитэ. 

Дьиэ кэргэн өйөбүлэ – сүрүн тирэх

Үс оҕолоохпут. Бары биһиги үлэбитин көрөн улааттылар. Кыра эрдэхтэриттэн оонньуур оннугар пластилинынан ону-маны оҥороллорун, уруһуйдуулларын ордороллор этэ. Улахан кыыспытыгар 14 сааһын туоларыгар планшет бэлэхтээбиппит, билигин сакааска уруһуйдуур. Маны таһынан, полимернай туойунан ураты харысхаллары оҥорор. Уолбут 11 сааһыттан мастан саабыла, бэстилиэт, быһах арааһын кыһар. Дьиҥэр, уһан диэн күһэйбэтэхпит ээ. Билигин быһах кыынын оҥорорго көмөлөһөр. Оҕолорбут быыстапкаларга атыыга-эргиэҥҥэ илии-атах буолан абырыыллар. Үлэлээн ылбыт харчыларын мээнэ бараабаттар, уурунан, мунньан иһэллэр.

Аҕыйах сыллааҕыта дьиэ кэргэнинэн Санкт-Петербурга бара сылдьыбыппыт. Оҕолор аҕалара чахчы ураты сиргэ уһуйуллан тахсыбытын, улахан үөрэхтээх киһи буоларын өйдөөн кэлбиттэрэ.

 

Ситиһии кистэлэҥэ

Бастатан туран – үөрэх. Иккиһинэн, үлэни таптыахха наада. Сөбүлүүр идэлээх буоллаххына, сылайбаккын. Үлэһит киһи өлөн-охтон биэрбэт. Оҕолорбутугар: “Уус хаһан да аччыктаабат”, – диэн куруук этэбин. Былыр биир үчүгэй быһах идэһэ сыаналанара, сорох баайдар хас да ынаҕынан төлөһөллөрө. Билигин тимир элбэх буолан, быһах сыаната удамыр. Ол эрээри илии үлэтэ син биир өрө тутуллар. Холобур, болгуо быһах чахчы идэһэ саҕа сыаналанар.  

Санкция биллэриллиэн иннинэ оҥоһуктарбытын Америкаҕа, Европаҕа ыытар этибит. Хата, быыстапкаларга кыттар буолуохпутуттан Арассыыйа үрдүнэн сакааспыт элбээтэ. Быйыл Казахстаҥҥа икки тэрилтэни кытта бииргэ үлэлэһэр курдук кэпсэтэн кэллибит. Биир тэрилтэни кытта экспортнай дуогабар түһэрсээри сылдьабыт.

Сатабылы – ыччакка

Биһиги оҕону иитиигэ улахан болҕомто уурабыт. Оҕолорбут үөрэнэр кылаастарын ыҥыран үлэбитин көрдөрөбүт. Инникитин оскуолалары кытта үлэлэһиэхпитин баҕарабыт да, дьиэбит-уоппут ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Дьиҥэр, тиэргэммит иһигэр кыра балаҕаннаах сыах туттан, оҕолору үөрэтиэхпитин сөп. Маныаха биир этиилээхпин. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уус, иистэнньэҥ элбэх, кинилэргэ өйөбүл хайаан да наада. Тыа хаһаайыстыбатыгар ураты болҕомто ууруллар, Бырабыыталыстыба дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин үбүнэн өйүүр, эмиэ оннук курдук урбаанньыт уустарга көмөлөһөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Оччоҕуна айар эйгэлээх дьоммут оҕо аймахха, ыччакка сатабылларын иҥэриэхтэрэ, уһуйуохтара этэ. Холобур, биһиги чугастыы Речевой оскуоланы уонна 12-с нүөмэрдээх оскуоланы кытта үлэлэһиэхпитин сөп.

“Үлэ кыбаартала” кластер туһунан билэбит эрээри, биһигиттэн олус ыраах, куорат биир түгэҕиттэн атын уһугар диэри айанныахпытын наада. Улууска олорор уустар эмиэ күн аайы онно кэлэр-барар кыахтара суох буоллаҕа.

Биһиги учаастакпыт Покровскайдыыр суол 13 км баар, онон туристическай маршрукка кытта киириэхпитин сөп. Холобур, Саха сиригэр кэлбит айанньыттар Өлүөнэ очуостарыгар баран иһэн биһиэхэ таарыйан ааһыахтарын, быһах охсорго холонон көрүөхтэрин сөп. Ити баҕа санаалар кэскиллээх бырайыакка кубулуйуохтара диэн эрэнэбин. 

***

“Уус кэргэнэ – кини сүрүн өйөбүлэ. Айар эйгэлээх киһи тула өттүттэн харысхаллаах буолуохтаах, куруук сылаас дьиэҕэ, итии аска сылдьыахтаах. Күндү кэрэ аҥаардар, кэргэттэргитин өйөөҥ, өйдөөҥ”, – диэн Татьяна Васильева ыллыктаах тылларынан бүгүҥҥү кэпсэтиибит түмүктэнэр

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...