Кэргэним үөрэххэ барбыта...
Уу, дьэ, баран эрэ абыраатын. Эчи оҥостубута уһунун-киэҥин. Үөрэхпэр бэлэмнэнэбин диэн ый анараатыттан бэринэр-тэринэр. Ол курсовой, контрольнай садаанньалара, онтукалара-мантыкалара. Аны эксээмэн иннигэр тугу кэтэн барарын кытта атыыласпыта. Баара-суоҕа түөрт уонча күн буолар дуу, суох дуу, бирээминэ алта сыл барарын курдук бэринэр. Көрө-көрөбүн саныыбын ээ, хайдах соҕотох олоруохпунуй диэн, кылаабынай дьарыга суох, чэ, тулуйар инибин, түөрт уон эрэ күн, үлэбэр умса түһүллүө буоллаҕа. Киэһэ кэлэн тиэрэ түһэн сытыллыа, кини хаппырыыһа онто суох баппат, хата, сынньана түһүллүө. Көҥүл, көҥүл, көҥүүл! Эн күндүгүүн! Ырыа баар этэ да.
Саатарын бэйэтин садаанньаларын эрэ толороро буоллар, киһи туох да диэ суох этэ. Миэхэ эмиэ садаанньа биэрэр! Киэһээ таах сытыма, ампаар иһин, бөҕүн-саҕын ыраастаан көтүр диэннээх. Көстүүтэ уһаайбаны буортулуур үһү. Кини таҥаһа-саба, тэрилэ-тээбиринэ дьиэ иһин бүтүннүү баһылаан тураллар. Мин сэбим-сэбиргэлим, саппаас чаастарым, кирдээх да, сыттаах-сымардаах да аатыраннар, таһырдьаны булбуттара ыраатта. Эргэрбит ампаарга сыталларын иһин аны бөх-сах буолан хааллылар. Дьэ, соруйан, кэлэригэр үнүстүрүмүөннэрим дьиэ иһин баһылаабыт оҥортуом ээ, кини сээкэйин хочуоҥкаҕа архыыптаныллыа... Дьэ, бэрт эбит. Бардаҕына дьиэ иһигэр былааһы ылар эбиппин. Куухуна миэнэ, саала миэнэ. Уу, дьэ, баран эрэ абыраатын!
Кэргэним үөрэххэ барбыта бастакы күнэ. Эчи үчүгэйиин! Холодильник миэнэ! Бээ-бээ, туох-туох хаалбытый... Һа, бу хаһааҥҥы халбаһыный? Тоҕо ууран турбутай? Ок, дьэ, тугун эмиэ миинэй, торуойай, халбаһылаах, майонезтаах килиэп сиир эбиппин. Тэлэбииһэргэ туох көстөөр... Ээ, сериал саҕаланна дии, били чүөчэ бу сериалы сүгүн көрдөрбөтөҕө, ытааһыннаах-соҥооһуннаах чүөчэ канаалын холбоон баран сылдьара. Дьэ бу криминальнай сериалбын көрөр эбиппин. Айуу-айа, сүнньүм көһүйүүһүк, дьыбааммар сытыыһыкпын дуу. Ээ чэ, тугун эмиэ ороной, ойоҕум да суох, дьыбааҥҥа оҥостон утуйуох...
"Чыычаах... Чыычаах! Будильниккын араарыый... Араар диибин!" Тууй-сиэ! Соҕотох этим дуу... Хайа, бу будильник ханна тыаһыырый? Тууй-сиэ! Дьыбааҥҥа утуйдум этэ дуу, хоско тыаһыыр буоллаҕа. Айуу-айа! Өттүгүм бүтүннүү көһүйбүт. Кэбис, дьыбааҥҥа утуйуо суохпун. Киэһэ киһилии үлэлээн кэлэн баран ампаарбын чөкөтөн саҕалыыр эбиппин, сылайыахпар диэри хамсанан баран ороммун булуллуо...
Үлэбиттэн кэллим. Эчи, дьиэм чуҥкуйбутун. Туох эрэ тиийбэт. Ээ, аһылыгым! Холодильник тугу кэпсиир... Пахай, киһи сиэх айылааҕа хаалбатах. Онтон кэргэним хайдах ону-маны булан буһарбыт буоларай? Бу отунан-маһынан дуо? Онтон эппит-балыкпыт ханнаный? Дьэ, ол иһин даҕаны, буолуохтаах этэ, киһини түүннэри "мой зайчик-плейбой" диэн күлүү гынар эбит, куобах курдук моркуобунан, хаппыыстанан аһатаары. Бу тугуй, ээ, Буш атаҕа дии, хата бэрт, маны үс күннээҕибин астаан кэбиһиэх, ээх чэ, ампаар хааллын, сэрии сэриинэн, аһылык бастакы миэстэҕэ туруохтаах.
Аам! Астыннахпыан... Ис көппөйдө, тойон оҕото буоллум. Кэргэммин дьээбэлии түһэн баран утуйуох эбиппит... Оо, орон. Барахсаны, мэктиэтигэр ахтыбыт курдукпун. Абааһы дьыбаана, ити ыалдьыттар хайдах хонон ааһаллара буолуой, наһаа да астыктык утуйдубут диэччилэр. Киһи дуоһуйа утуйуо суох тэрилэ ээ... Утуйа сатыахха. Хата, тоҕо бэрдэй, син биир туох эрэ тиийбэт. Утуйар уу кэлэн быстыбата сүрүн. Кэргэним тиийбэт эбит буолбаат. Ол иһин да оронум сөрүүн курдук, оронум оһоҕо суох буолан...
"Чыычаах... Чыычаах! Ити будильниккын алдьатыам ээ билигин!" Айакка да! Ампаарга таһааран быраҕыам ээ. Бириэмэтин аһара эрдэ туруорбут. Эрдэ туран медитациялыыр, йогалыыр, сэрээккэлиир. Кэргэним кэлиэ өссө да ыраах, киэр илгэн эриэххэ. Сүгүн да утуйуллубата. Онтон бултуу-алтыы, оттуу-мастыы сылдьан киһи кыһаллыбат буолара дии, спальнай мөһөөччүккэ хорҕойон хаалыллара. Манна дьиэм буолан дуу, кэргэммин кытта үллэстэр оронум буолан дуу, сатаан утуйбат эбиппин. Биир дьиибэ. Онтон кэргэним мин суох кэмнэрбэр хайдах утуйара буолла? Кини мэлдьи дьиэтигэр буолара дии. Кини да, миигин таптыырын тухары, суохтуура буолуо ээ, сордооҕу эмиэ сүгүн утуппакка эрэйдиир эбиппин буолбаат.
Үлэбиттэн кэллим. Дьиэм, мэктиэтигэр, көҥдөйдөммүт курдук. Холодильнигым үрдүгэр түстүм. Торуойбун сылытан аһаары гыммытым, килиэбим түүнүгүрбүт. Оо, дьэ, килиэп ылан ааспатахпын. Маҕаһыыҥҥа сылдьыллар диэн баар этэ дуу. Ити баар, кэргэним барытын бэрийэр буолан, атыылаһа үөрэммэтэх кыһыытыан. Сарсын сылдьыллыа. Айыкка, ампаар хаалан эрдин, тугу эрдэттэн эмиэ түбүгүрэн, саатарын бөөлүүн да сүгүн утуйуллубатаҕа. Харах кытарыар дылы киинэ көрөн баран утуйууһукпун.
"Чыычаах..." Ээ, чэ, дьиэттэн бара охсуох. Бу дьиэ кэргэним суоҕар ураты эбит, атын киһи дьиэтин курдук, ыалдьыт эрэ курдукпун. Кэргэним кэлиэр диэри тугу да тыыппаппын. Утуйан эрэ ааһыллыа. Коллегабар да аһыы сылдьыллыа...
Кэргэним үөрэххэ барбыта уонча хонно. Киэһэ аайы таҥас суунуом диэн кэлэбин даҕаны, били таҥас сууйар бороһуоктарын атыылаһарбын умнан кэбиһэбин. Уонна да бу массыыналарын туттубатах тэрилим эбит – сөп, сиппилиэнньэ, гаас баар тэрилин киһи син быһаарсыа этэ, онтон манна "деликатнай режим" эҥин диэн туохтара буолла? Деликатнайдаах ээ. "Баһыыба, баһаалыста" диирэ буолуо дуо? Чэ-чэ, былыргылыы тааска уу куттан суунуллуо, аны алдьатан кэбистэххэ, кэлэр хамнаспын саҥа стиральнай массыынаҕа ыытан буруйбун боруостуом.
"Чыы..." Бүгүн үлэлии сылдьан бииргэ үөрэммит доҕорбун көрүстүм. Куораттан кэлбит, уоппускатыгар күүлэй тэбэ дойдутугар кэлэ сылдьар. Бырааһынньыктыахха диэн хаайар. Бырааһынньыктаатахха да тугуй? Кэргэним субуоннаатаҕын аайы ол кафеҕа олоробут, ол концерка сылдьабын диир дии. Аралдьыйа да түһүллүө этэ, соҕотох сылдьан күлүккэ, абааһыга кубулуйаары гынным. Ээ чэ...
Айуу-айа! Төбө ыарыыта сүрүн. Абырахта! Хайа бу эмиэ дьыбааммар сытабын дуу? Онтон ороммор? Ок-сиэ, били доҕорум сытар буолбаат! Өссө чүөчэлээх! Бу иэдээни. Хаһан дьиэбэр кэлэ оҕустубут бу? Бэҕэһээ ыаллыы сэлиэнньэҕэ дискотекаҕа сылдьар курдук этибит. Өссө атын чүөчэлиин эрийсэр этим дии, акаарыбын! Тугу толкуйдаан түөһэкийэ сылдьыллыбытай. Итирбит да иирбит биир... Кэргэним муоспун тоһутара буолуо, чэ, бүгүн абырахтанан, доруобуйаны көннөрөн баран, сарсыҥҥыттан уу кыһыл оҕолуу ыраастык суунан-тараанан, киһи хара буолуллуоҕа...
Кэргэним үөрэххэ барбыта ый буолла. Сиэркилэҕэ көрүнэбин – «хайа, бу кимий?” диэх курдук... Хоп-хойуу бытык, бүтэһигин хаһан хоруннум этэй, арбайбыт баттах, саатарын суунуллубута буоллар, аччыктаан өлөөрү сылдьар сур бөрө курдук кытарбыт харахтар... Эчи, кэргэнэ суох киһи бииһирэр да эбит. Ол иһин да мэлдьи кэргэним саҥаран тахсар эбит ээ, билэр буоллаҕа, бу курдук дьүһүлүнэрбин. "Тулаайах уол оҕо курдук арбайан түһэҥҥин... бүгүн баттаххын аччатыахпыт",- диирин акаарыбар киһини мөҕөөрү эрэ саҥарар курдук өйдүүрүм, билигин ол тыллара сүрэхпэр сып-сылаастык илгийэллэр ээ... Хаһан кэлэр... Быстардым... Чэ, эр киһибин, тулуйуллуо! Холостуой уол оҕото буола сылдьыллыбыта дии, биир күн иһигэр киһи киһитэ буола туруору тупсан, силигилии сиппит эр бэрдэ курдук көрүҥнэнэр! Хас күн абырахтанным саатар, биир күн диэбитим нэдиэлэ буолла дуу, хайы үлүгэр дуу. Кэргэним субуоннаабытыгар командировкаҕа бардым диэбитим, кэпсэппэтэх да ыраатта. Дьэ үчүгэй командировкалаах киһибин аа, дьаабы. Кэллэҕинэ, сымыйалаабыппын биллэҕинэ, кэһэтиэ дии. Онон буомтура сылдьыллыбыт суолларбын сойутан быыллыахха наада, сарсыҥҥыттан... Ээ суох, бүгүҥҥүттэн! Бастаан баран килиэп уонна стиральнай бороһуок ылабын. Тоҕо да умна турарым буоллай... Тото аһаныллыа уонна ампаарбын ыраастаан саҕаланыллыа...
Сарсын кэргэним үөрэҕиттэн кэлэр. Ампаарбын, хата, көтүрдүм. Бөхпүн тиэйтэрбэтим. Били ааспыкка аһаабыт-сиэбит, ыспыт-тохпут бөхпүн бүтүннүү ампаар бөҕүн кытта холбуу бырахпытым. Кэллэҕинэ даҕаны хасыһа турбат ини. Дьэ арай биир бүсгээлтир өйбүн-санаабын кыайа тутта. Киниэнэ дуу, били доҕорум илдьэ кэлбит чүөчэтин киэнэ эбитэ дуу? Кэргэним киэнэ буоллаҕына, суох гынар түгэммэр, "дьэ, ханнык чүөчэҕэ кэтэрдэн ыыттыҥ!?" диир буоллаҕа. Оттон арай ол чүөчэ киэнэ буоллаҕына, син биир: "Ханнык чүөчэни сыгынньахтаан ыыттыҥ!?" - диир эбит. Хайа да өттүттэн! Бырахпыт киһи дуу, уурбут киһи дуу... Чэ, ити хааллын, кэллэҕинэ атыҥҥа аралдьыйарын, умуннарар курдук тугу эрэ гыныахха наада. Ахтылҕаным күүһэ улаханыын диэн, сибэкки дьөрбөтө, сакалаат уонна вино атыылаһан тоһуйбут киһи дуу? Суох, оччоҕо эмиэ өйдүө суоҕа, "Туох буруйу оҥордуҥ?!"- диэн киһини курдары көрөр харахтарын холбоон кэбиһиэ. Ас астыаҕы эмиэ хайдах эрэ, "Ханнык чүөчэ аһаан-сиэтэн олордо?!" - диэҕэ. Онон хайдах эрэ уруккулуу, кини дьиэттэн тахсыбытын кэннэ туох да уларыйбатаҕын курдук оҥоруохха, арай бэйэм эрэ кинитэ суох быстыбыт-ойдубут курдук көстүөххэ баара. Чэ, оннук көрсөр эбиппин! Уонна эр киһибин эрэ диэн тоҥуйдук көрсүө суохха, кинитэ суох олох сатаммат эбиппин диэн чиэһинэ кэпсээн биэриллиэ.
"Оо кэргэним кэллэ! Олоҕум аргыһа, чыычааҕым! Сэгэрим-сэгэттэйим! Күнүм-ыйым! Чахчы, чахчы, тоҕо күлэҕин, эн эрэ баар буолаҥҥын биһиги дьиэбит итии-истиҥ сыһыаннаах, сылаас-сымнаҕас буолар эбит, эн суоххар мин быста сыстым, быһынным! Бу бара сылдьыбыт түөрт уонча күҥҥэр дьэ биллим тапталым эйиэхэ туохтааҕар да олус күүстээҕин, күүстээҕэр буолуох, иккиэммит ситимэ быһыннаҕына, сүрэҕим аҥаарын быһан ылан бырахпыт курдук киһи сорҕото буолан буккулла-тэккиллэ сылдьар эбиппин!"
Аан дойду кэрэ аҥаардара, эһиги баар буолаҥҥыт тулалыыр эйгэбит чэчирии сайдар, үүнэр, киэргэнэр. Өйдөөҥ: эһигинэ суох биһиги, эр дьон, киһи эрэ сорҕото буолан буккулла-тэккиллэ сылдьарбыт, бутукайданарбыт элбэх.
Дьолу-соргуну баҕарабын, алмаас кыырпаҕыныы кытаанах доруобуйаны, быстыбат-ойдубат олохтоох баайы-дуолу уонна уҕараан бүппэт дириҥ дьиҥнээх тапталы!