Кэрэ эмиэ, таптал курдук, кэрэхсээһини эрэйэр
Норуот суруйааччыта Сайа дьиҥ-чахчы бу тэрээһиҥҥэ сөп түбэһэрдии эппит тылларынан мээнэҕэ саҕалаабатым. Кырдьык даҕаны, оннук буоллаҕа, бу орто дойду олоҕор баар кэрэ, үтүө, үчүгэй барыта кэрэхсиири, сэргиири эрэйэр…
Хатастааҕы «Хатастыына» кулууп (салайааччы А.А. Горохова) туһунан бу иннинэ хаста да сырдатан, билиһиннэрэн турабыт. Бу түмсүү далбардарын холобуругар хас биирдии (!) саха киһитэ ураты дьоҕурдаах, сатабыллаах, истиҥ, иһирэх эйгэлээх диэни көрөбүт. Кинилэр хайалара даҕаны иистэнэр, уруһуйдуур, оҕуруолуур, баайар, тигэр анал үөрэхтэрэ суох. Ол гынан баран бэйэ-бэйэттэн үөрэнэн, бэйэ-бэйэни ситэрсэн, уһуйуллан, умсугуйан үлэлээн, харахха быраҕыллар, хаачыстыба өттүнэн таһымнаах үлэлэр бааллар.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 24 күнүгэр, Хатас нэһилиэгин музейыгар «хатастыыналар» быйылгы өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрдээх, СӨ Ийэ сылыгар, Арассыыйаҕа норуот айымньытын нэһилиэстибэтин сылыгар анаммыт быыстапкаларын арыйдыбыт. Саха дьонун сиэринэн кэлбит дьону арыылаах алаадьылаах, үрүҥ илгэлээх көрүстүлэр. Дьэ, этэр курдук, харах халтарыйар, сүрэх өрүкүйэр, дууһа дуоһуйар араас хайысхатынан тигиллибит, баайыллыбыт, тиһиллибит оҥоһуктар, суруллубут хартыыналар кэккэлэһэ ыйаммыттар, сэргэстэһэ ууруллубуттар. Кыра харысхалтан саҕалаан, сахалыы толору хомуллубут таҥаска – сон, бэргэһэ, үтүлүк, хаппар суумкаҕа тиийэ баар.
Баһыйар өттө тус бэйэ оҥоһуктара эрээри, холбоһук үлэлэр эмиэ бааллара түмсүү дьоно биир тыыҥҥа, тэтимҥэ сылдьалларын туоһута. Холбоһук үлэ хаһан баҕарар уустук буолар – ким кимиэлэйдик тигэр, ким холкутук иистэнэр, биир мээрэйинэн тигэҕин да буоллар, киһи-киһиэхэ араас кээмэй тахсыан сөп…
Бу быыстапка биир уратытынан «хатастыыналар» музейга баалларын тухары маастар-кылаастары ыыталлара буолар. Маастар-кылаастар бүгүҥҥүттэн номнуо саҕаланнылар:
25.05 – 14:00 ч. «Оҕуруонан киэргэллэри оҥоруу” (С.И. Генерова);
26.05 – 14:00 ч. “Күрүчүөгүнэн сэлээппэ баайыы” (М.Н. Керегяева), “Сэлээппэ киэргэлин баайы” (Т.И. Данилова);
28.05 – 14:00 ч. “Макраме” (А.А. Горохова);
29.05 – 14:00 ч. “Сахалыы быысапка арааһа» (В.И. Иванова, Н.И. Пестрякова);
Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргээҥ, кэрэхсээҥ.